26.04.2024 | 12:00

Нацбырайыагынан тутуллар суолларга үлэ саҕаланна

Нацбырайыагынан тутуллар суолларга үлэ саҕаланна
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

«Главстрой» МКУ иһитиннэрэринэн, Дьокуускай куоракка «Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» национальнай бырайыагынан быйыл сайын түмүктэниэхтээх 19 эбийиэктэн 7-гэр тутуу үлэтэ саҕаланна.

Можайскай уулуссатын Пилоттар уулуссаларыттан Строд уулуссатыгар диэри (2,190 км) учаастак бүгүҥҥү күҥҥэ 30% бэлэм. Эбийиэккэ 4 экскаватор, 1 погрузчик, 1 прораб, 3 маастар, 6 оробуочай үлэлээн саҕалаабыттар.

Макаренко уулуссатыгар (0,380 км) ыытыллар хапытаалынай өрөмүөн 5% бэлэм, манна 1 экскаватор, 2 автосамосвал үлэлииллэр.

Винокуров уулуссатын Ильменскэй уулуссатыттан Чайковскай уулуссатыгар диэри (1,014 км) кэрчигин саҥардан оҥоруу 61,5% бэлэм. Манна 1 экскаватор, 4 оробуочай үлэлээн эрэллэр.

Генерал Притузов уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ (1,155 км) 3% бэлэм, эбийиэккэ 1 погрузчик, 2 автосамосвал массыына үлэлээн саҕалаабыттар.

Бүлүүлүүр суол Лермонтов уулуссатыттан Объездной шоссеҕа диэри (1-кы комплекс, 1,415 км) өрөмүөнэ 60% бэлэм. Манна 1 манипулятор, 1 автосамосвал, 2 экскаватор, 5 оробуочай үлэлээн эрэллэр.

Рыдзинскай уулуссатын Жорницкайтан Халтурин уулуссатыгар диэри кэрчигэр уонна Заречная, Новая уулуссалар, Тепличнай переулок уонна Пригороднай бөһүөлэгэр оскуолаҕа киирэр суол быһа охсуһуутугар эмиэ үлэ саҕаланна.

Салгыы муус устар 22-28 күннэригэр Можайскай уулуссатын Севастопольская уулуссаттан Өктөөп 50 сыла автострадаҕа диэри учаастагын хапытаалынай өрөмүөнэ саҕаланаары турар.

Хаалбыт 11 эбийиэккэ үлэ ыам - бэс ыйдарыгар саҕаланыаҕа.

Маны таһынан национальнай бырайыагы таһынан өрөмүөннэнэр уопсайа 9,028 км усталаах 8 эбийиэктэн түөрдүгэр үлэ саҕаламмыт: Набережнай уулусса бастакы түһүмэҕэ (0,600 км), Ойуунускай уулуссатын Дежнев уулуссатыттан Октябрьскай уулуссаҕа диэри кэрчигэр «Азия оҕолоро» НИСО аналлаах парковкаҕа диэри, Бөҕү сүөкүүр ыстаансыйа суолун бастакы түһүмэҕэ (1,400 км) уонна Роман Дмитриев аатынан кытыл (1,134 км).

 

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан 2019 сылтан Дьокуускай куоракка уопсайа 164 км усталаах суол ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоһулунна.

Можайскай уулуссатын аспааллаан эрэллэр

Сарсыҥҥыттан, муус устар 26 күнүттэн, хапытаалынай өрөмүөнүнэн сибээстээн, Можайскай уулуссатын Севастопольскай уулуссатыттан Өктөөп 50 сыла автострадаҕа диэри кэрчигинэн аны күһүн сэтинньи ыйыгар диэри тырааныспар сырыыта хаарчахтанар.

Ыам ыйын бастакы аҥаарыгар манна аспаал ууруута саҕаланаары турар. Бэлиэтээн эттэххэ, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан былырыыҥҥыттан суолу түөрт балаһаҕа диэри кэҥэтиинэн сибээстээн киэҥ хабааннаах өрөмүөн үлэтэ ыытылла турар.

Муус устар 20 күнүгэр баһылык Евгений Григорьев үлэ хаамыытын билистэ. «Былырыын «Белое озеро» ырыынактан ГАИ поһугар диэри аспаалламмыта. Бэдэрээтчит «Дороги Саха» АУо бу күннэргэ уу ааһар ситимин тардар, 2 км 400 м усталаах бетон халдьалары оҥоруунан дьарыктанар. ГАИ поһун кэнниттэн эргиир суол тутуллуохтаах. Ыам ыйын бастакы аҥаарыгар итиннэ аспаал ууруута саҕаланыаҕа», - диир Евгений Григорьев.
Маны сэргэ «Азия оҕолоро» НИСО көрсө быстах өрөмүөн ыытыллар. «Сотору кэминэн гарантиялаах эбэһээтэлистибэлэри толоруу үлэтэ саҕаланыаҕа, ону тэҥэ «дьаама өрөмүөнүгэр» киириэхтэрэ. «Азия оҕолоро» Оонньууга үлэ былааннаммытын курдук ыытыллыаҕа», — диир Евгений Григорьев.

Бэдэрээччит тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, Оонньууларга диэри тутааччылар “Сулус” спорткомплекса тиийиэхтээхтэр. Ааспыт сылга 1 км усталаах аспаалы уурбуттар.

Евгения Иванова, Можайскай уулусса олохтооҕо:

Үлэ бөҕө бара турар, олохтоохтор ону барытын көрө-истэ сылдьабыт. Өр күүппүт суолбут дьэ оҥоһуллан эрэриттэн үөрэбит эрэ. Аны маннык тэтиминэн атын уулуссалары эмиэ өрөмүөннүүллэрэ буоллар.

Андрей Иванов, Можайскай уулусса олохтооҕо:

Мин көрдөхпүнэ, үлэһиттэр түүннэри-күнүстэри бааллар. Соторутааҕыта куорат баһылыга Евгений Григорьев бэйэтэ кэлэн бэрэбиэркэлии сылдьарын түбэһэ көрбүтүм. Суол оҥоһуллара диэн ааттаах буоллаҕа, кытаатан үйэлээх гына оҥордуннар.

 

Түөрт балаһалаах Можайскай уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ кэлэр сыл сайыныгар түмүктэнэрэ былааннанар.

 

Намныыр суолу сөргүтэллэр

Намныыр суол өрөмүөнүн бэдэрээтчитэ «Сельстрой» тэрилтэ. Санатан эттэххэ, Намныыр суолунан Дьокуускай куорат Марха оройуонун олохтоохторо уонна Тулагы нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ айанныыр.

Бэдэрээтчиттэр бүгүҥҥү соруктарыгар грейдэлээһин уонна уот тирээбиллэрин туруоруу турар. Эбийиэги туттарыы быйыл алтынньы ыйга былааннанар. Онон бу эҥэр олорооччулар долгуйа кэтэһэллэр.

Михаил Лопатин, Тулагы нэһилиэгин олохтооҕо:

Бу эҥэр суолбут оҥоһуллара бэрт буолуо этэ, билигин Можайскай уулусса оҥоһуллан, сырыы быдан тубуста диэххэ сөп. Ол эрээри куоракка киирэрбитигэр атыы-эргиэн киинин тутан кэбиһэннэр,  унньуктаах уһун “пробка” бөҕө тахсар буолла. Аны туран, халлаан сылыйан, дьон бары тимир көлө үрдүгэр түстүлэр, куорат ис да, тас да өттө барыта массыына, оттон суолбут кыараҕаһа бэрт.

 

Залог суоллара

Залог оройуонугар үрдүк мэндиэмэннээх саҥа дьиэлэр тэллэй курдук тутуллан тахсаллара элбээтэ, онон нэһилиэнньэ улаатта. Быйылгыттан манна Чепалов уонна Чкалов уулуссаларын биир бастакынан өрөмүөннээн саҕалаатылар.

Кистэл буолбатах, Залог сыллата күһүн-саас уунан туолар. Онон суолу тутааччылар бастатан туран чалбах ууларын обортордулар, бөҕүн-сыыһын хомуйдулар. Билигин манна суолу кутуу, тэҥнээһин үлэтэ бара турар. «Якутдорстрой» тэрилтэ күннэтэ 2-3 суолга өрүс кумаҕын кытта щебенка тиэйэн кутар.

Евдокия Дорофеева, Чепалов уулуссатын олохтооҕо:

Мин бэйэм бас билэр дьиэм суох. Онон, үлэбиттэн чугас диэн,  Чепалов уулуссатыгар ыйга 35 тыһ. солк. дьиэ куортамнаан олорбутум үһүс сылыгар барда. Суолу да оҥороллор, хаары да ыраастыыллар, үлэ барбат диир кыаҕым суох. Бу күннэргэ Строд аатынан уулуссаҕа үлэлии сылдьаллар. Биһиги, олохтоохтор, мантан үөрэбит эрэ буоллаҕа дии. Мантан сайын сатыы сылдьарбыт элбиэҕэ, онон бадараана суох ыраас уулуссалары күүтэбит.

 

Ленин болуоссатын өрөмүөнэ ханна тиийдэ?

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан былырыын Дьокуускай куорат саамай хорук тымырын, Ленин проспегын өрөмүөнэ түмүктэммитэ. Киин, Октябрьскай, Автодорожнай уонна Губинскай уокуруктары ситимниир, Хабаров уулуссатыттан саҕаланан баран Краснояров уулуссатыгар тиийэр суол уопсай уһуна 2,946 км.

Оттон болуоссат өрөмүөнэ график быһыытынан быйыл, 2024 сылга, түмүктэнэр. Санатар буоллахха, Ленин болуоссатын дизайн-бырайыага «Якутпроект» бырайыактыыр институтунан оҥоһуллубута. Үлэ бүттэҕинэ, биһиги манна киэҥ хабааннаах көҕөрдүү үлэтин, саҥардыллыбыт тротуардары, сухой фонтаны уонна 13 м үрдүктээх сэргэлэри о.д.а. көрүөхтээхпит. Ол курдук, балаҕан ыйын саҥатыгар аспаал үлэтэ түмүктэнэн, тырааныспар сырыыта аһыллыахтаах, алтынньы бүтүөр диэри көҕөрдүү үлэтэ, дьоҕус архитектурнай пуормалары, оптуобус тохтобулларын туруоруу түмүктэниэхтээх.

 

(Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспатын, "Главстрой" МКУ матырыйаалларын туһанныбыт)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....