Музыка киһини киэргэтэр
Биһиги, аҕыйах ахсааннаах саха омуга, олохпут устатын тухары ырыаны-тойугу өрө тутан кэлбит норуоппут. Саха музыкальнай култуурата сайдарыгар улахан төһүү күүс буолбут, олохпут биир арахсыспат аргыһа, элбэх көлүөнэни ситимнээбит, биһиги музыкальнай искусствобыт үрдүк таһымҥа тахсарыгар олук уурбут инструменынан баян буолар.
«Өскөтүн музыка сүрэххэ сөҥнөҕүнэ,
Атын туора санаалар өйгө баппаттар...»
Бу инструмены чахчы толору баһылаабыт, нуучча-саха ырыаларын үрдүк таһымнаахтык доҕуһуоллуур, толорор, тупсарар, аранжировкалыыр идэтийбит баянист бэрт ахсааннаах. Мин бүгүн эһиэхэ билиһиннэрэр киһим олортон биир бастыҥнара, хас да көлүөнэ музыканы, баяниһы, аккордеониһы, музыка учууталын иитэн-үөрэтэн таһаарбыт баай уопуттаах уһуйааччы, Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж биир солбуллубат учуутала, музыкальнай салаа баянистарын, аккордеонистарын оркестрын уонна педагог-баянистар триоларын төрүттээччитэ уонна салайааччыта, баян искусствота сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрсэ сылдьар виртуоз, араас таһымнаах куонкурустар хас да төгүллээх лауреаттара, дэгиттэр талааннаах музыкант – Николай Абрамович Михайлов – «Оркестр киһи» («Человек – оркестр»).
Николай Абрамович 1953 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр Чувашияҕа музыкальнай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Онон кини ааспыт ыйга 70-нун томточчу туолбут өрөгөйдөөх үбүлүөйэ.
Кини оҕо сааһын бу курдук ахтан-санаан ааста:
– Ийэм сопрано куоластаах ылбаҕай ырыаһыт этэ, аҕам балалайкатын куруук кыбына сылдьара, оттон таайым хормуоскатын илиититтэн араарбата. Дьонум барахсаттар дьиҥнээх профессиональнай артыыстар буолуохтарын, сэрии мэһэйдээбит. Хаанынан бэриллэр удьуору киһи утумнуур буолар эбит, ол курдук мин эмиэ музыканы олус таптыыбын.
Николай номнуо уон сааһыттан музыканан утумнаахтык дьарыктанан барбыт. Музыка оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, алтыс кылаастан оркестр састаабыгар оонньоспут. Музыкальнай училище кэнниттэн Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы сылдьан байыаннай оркестрга киирбит. Аармыйаттан кэлээт да Чувашия судаарыстыбаннай пединститутун музыкальнай факультетыгар үөрэнэ киирбит. Онно кини идэтийбит музыкант быһыытынан үүммүтэ-сайдыбыта уонна төрөппүттэрин ыра санааларын толорбута.
Кэргэн ылыахтаах кыыһын кытары устудьуоннуу сылдьан билсиһэн, номнуо иккис кууруска холбоспуттар. Университет кэнниттэн иккиэн Саха сиригэр педучилищеҕа ананан кэлбиттэр. Онтон ыла иккиэн музыка эйгэтигэр 40-тан тахса сыл хаарын ууллардылар.
Светлана Николаевна – музыкальнай инструментальнай кылаас педагога, пианистка, концертмейстер. Удьуорунан бэриллибит учуутал идэлээх Михайловтар үрдүк ааттарыгар бүтүн үөрэх кыһата тутуллан турар диэтэххэ, бука, киһи алҕаһаабата буолуо. Николай Абрамович, киэҥ сиртэн кэлбит эдэр исписэлиис, билиитэ-көрүүтэ, сайдыыта таһыччы буолан, тыйыс тымныылаах Саха сиригэр кэлэн, педагогическай, концертмейстерскай уонна исполнительскай үлэни хамсаппытынан барар. Ол курдук, баяҥҥа хаҥас өттүгэр «выборканан» оонньооһуну киллэрэр. Маннык оонньуу инструмеҥҥа кыах биэрэр, фортепианоҕа ананан суруллубут айымньыны баяҥҥа таһаарыахха сөп. Академическай, народнай, эстраднай уонна джазовай музыкалары таһымнаахтык толорору ситиспитэ. Сойуус кэминээҕи учууталлар бары соҕуруу киин куораттартан ананан кэлэллэрэ. Дьэ, олорго Николай Абрамович баянистар дуэттарын, триоларын, ансаамбылларын тэрийэн, аан маҥнай Саха сиригэр аатыраллар-сураҕыраллар, телевидениеҕа уһуллаллар. Бырагыраамаларын бэйэлэрэ суруйаллар, аранжировкалыыллар.
– Биһиги, кэргэмминээн, биллэн турар, сарсыардаттан хара киэһээҥҥэ диэри музыка эрэ туһунан кэпсэтэр дьон буолбатахпыт. Ол эрээри биир интэриэстээх буолан өйдөһөбүт-өйөһөбүт, бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн-хоторсон биэрэбит,– диир Николай Абрамович.
«Өйдөөх киһи сололоох буолбат, куруук дьарыктаах сылдьар» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Николай Абрамович ол туоһутунан буолар. Музыкаҕа тардыһыыта кинини М.Н. Жирков аатынан Музыкальнай училищеҕа аҕалбыта. Үлэлии-үлэлии эбии үөрэнэн, флейтаны баһылаабыта. Ол саҥа идэтинэн тэрийбит оркестр бөлөҕө Оҕо искусствотын оскуолатыгар бүгүн да баар. Ол иннинэ 13 сыл тухары Галина Кривошапко салалтатынан Суорун Омоллоон аатынан Судаарыстыбаннай Опера уонна Балет тыйаатырын симфоническай оркестрыгар үлэлээбитэ.
Николай Абрамович үөрэтэр бырагырааматын музыкатын бэйэтэ суруйар. Олохтоох мелодистар ырыаларын тупсарар, оҥорор. Саха сиригэр кэлиэҕиттэн опера уонна эстрада ааттаах-суоллаах артыыстарыгар барыларыгар доҕуһуоллаата: СССР норуодунай артыыһа Анегина Ильинаҕа, РФ үтүөлээх артыыһа Марина Силинаҕа, СӨ норуодунай артыыстара Александр Самсоновка, Мария Николаеваҕа, Альбина Борисоваҕа, СӨ үтүөлээх артыыстара Наталья Трапезниковаҕа, Александр Алексеевка уо.д.а. Ону таһынан элбэх үөрэтэр-методическай үлэлэрэ, «Практический репертуар баяниста» пособиелара элбэх. Бу кинигэлэри Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйаҕа тиийэ туһаналлар.
Николай Абрамович 2004 с. баян уонна аккордеон оркестрын салайааччытынан ананыаҕыттан биир да тэрээһин тыыннаах доҕуһуола суох барбатын кэриэтэ. Оркестр кэлэктиибэ хас да бөдөҥ куонкурус лауреата, көрүү кыайыылааҕа.
– Оркестры тэрийэр уонна салайар чэпчэкитэ суох эрээри, олус интэриэһинэй! Бастатан туран, үлэтин хабаана киэҥ. Холобур, оркестр биир айымньыны толороругар салайааччы алтаттан итэҕэһэ суох партияны чочуйуохтаах. Биһиги репертуарбытыгар 40-чэ айымньы баар, сылын ахсын ону элбэтэн иһэбит. Аккордеонтан уонна баянтан ураты өссө ударнай инструменнар бааллар, бас-гитаралаахпыт. Уопсайа 20 устудьуон уонна 7 преподаватель оонньуур. Хас партия аайы педагогтар олороллор, олор уһуйуллааччыларга сүбэ-ама биэрэллэр. Ханнык баҕарар оркестр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн курдук ороскуота да улахан, үпкэ-аска да наадыйара үгүс. Уопсайынан, оркестрынан идэтийэн дьарыктанар буоллаххына, элбэх үп-харчы наада. Оттон ансаамбылынан толорууну музыка учуутала буолуохтаах исписэлиис хайаан да ааһыахтаах, сатыахтаах. Бөлөҕүнэн оонньооһуҥҥа биһиги бэйэ бэйэбитин истиһэ үөрэнэбит уонна ситэрсэн биэриэхтээхпит,– диир «оркестр» диэни киһини өйдүүр буолуоҕуттан билэр уонна бу күн бүгүнүгэр диэри дьарыктана сылдьар Николай Абрамович.
Николай Абрамович бэйэтин музыкальнай салаатыгар баар инструменнары биэс тарбаҕын курдук билэр: хаһан кэлбитин, хаста өрөмүөннэммитин, хайдах настройкаламмытын, кини дьылҕатын, туругун туһунан төһө баҕарар тохтоло суох кэпсиир. Оттон хас биирдии инструмент туруга, сулууспалыыр болдьоҕо көрөр-харайар, настройкалыыр маастартан улахан тутулуктааҕа биллэр суол.
– Саҥа кэлбит аккордеоннарга уонна баяннарга оҥорон таһаарбыт собуота, фабриката ортотунан аҕыс сыл гарантия биэрэр эбит, оттон үчүгэй көрүүгэ-истиигэ, харайыыга отут сылга тиийэ тыынын уһатыахха сөп,– диир Николай Абрамович. Бэйэтэ баяны, аккордеону өрөмүөннүүр «маастар» идэлээх, «Юпитер» собуотугар стажировкаламмыт, Москва куоракка «настройщик» кууруһугар үөрэммит буолан, инструменнарын оҥорор-абырахтыыр, тыыннарын уһатар уонна фортепианолары, рояллары настройкалыыр. Саха сирин идэтийбит музыканнара сыаналаах, концертнай инструменнарын киниэхэ оҥотторо аҕалаллар.
Николай Абрамович кыра сиэнэ Ксения удьуору утумнаан, Музыка үрдүкү оскуолатыгар умсугуйан туран дьарыктанар. Кыра эрдэҕиттэн музыкант буолар баҕатын биллэрэн, скрипкаҕа дьаныһан туран үөрэммитэ. Инньэ гынан саҥа үөрэнэн иһэн номнуо скрипкаҕа сольнай кэнсиэрин туруорбута.
– Саҥа саҕалаан эрэр киһиэхэ балай да ыарахан пьесалары оонньуур. Бэлиэр кэккэ ситиһиилэрдээх, онон, этэҥҥэ буоллаҕына, таһыччы музыкант үүнүүһү дуу диэн ээр-сэмээр кэтэһэбит. Икки-хас сыллааҕыта «Саҥа ааттар» диэн эдэр толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэригэр I испиэпэннээх лауреат аатын ылан турар,– диэн Николай Абрамович сөҕө-махтайа кэпсиир.
Туһааннаах дьон ааттарын ааттаабакка, тарбаҕынан ыйбакка туран, ытыктабыллаах үлэлиир тэрилтэтэ, үөрэх уонна култуура министиэристибэлэрэ Улахан буукубаттан суруллар педагогу болҕомтоҕо ылыахтара дуу диэн эрэллээх кылгас иһитиннэриибин түмүктүүбүн.
Николай Абрамович музыка туһунан санаалара:
* Музыканан дьарыктаныы судургу дьыала буолбатах. Музыкант буолуоххун баҕарар буоллаххына, хайаан да туйгун эбэтэр олох чаҕылхай буолуохтааххын, ортоһуор диэн сатаммат. Мин күҥҥэ кырата үс чаас дьарыктанабын, 70-мар диэри баяны аан бастаан илиибэр ылыахпыттан ыла биир да күн тохтуу иликпин.
* Аныгы ыччат баяҥҥа интэриэһэ намтаабытын билиниэххэ наада. Урут ханнык да уруу малааһына, үбүлүөйдээх дьоро киэһэ баяниһа суох ааспат буолара.
* Музыкаҕа үөрэтэр профессиональнай таһымнаах педагогтар көлүөнэлэрэ чарааһаата. Оттон олору солбуйааччылары бэлэмнээбэккэ хааллыбыт. Ол биир төрүөтүнэн материальнай өйөбүл суоҕа буолар. Ханнык эрэ кэмҥэ эдэр дьоҥҥо учуутал идэтин суолтата түһэ сылдьыбытын содула. Хата, дьолго диэххэ дуу, кэлиҥҥи кэмҥэ болҕомто ууруллар буолла. Ыччакка интэриэс үөскээн эрэр курдук...
* Музыка киһини киэргэтэр, сайыннарар. Оҕо сылдьан ДШИ-га араас элита, баай-тот, тойон-хотун, партийнай салайааччылар, араас дуоһунастаах, чыыннаах-хааннаах дьон оҕолорун кытта үөрэммитим. Кинилэр төрөппүттэрэ оҕолорун ханна биэрэллэрин эрдэттэн билэн эрдэхтэрэ...
... Тыыннаахтарыгар элбэхтик хайҕамматах, болҕомтоҕо ылыллыбатах, улахан чиэскэ-бочуокка, наҕараадаҕа, үрдүк дуоһунаска тиксибэтэх айылҕа анаан ыыппыт дьиҥнээх талааннаах, дьоҕурдаах дьоно баар буолаллар эбит диэн сөҕөбүн эрэ. Оттон кини үөрэппит оҕолоро бары ааттаах-суоллаах педагогтар, артыыстар: СӨ норуодунай артыыстара Екатерина Егорова, Герман Хатылаев, СӨ үтүөлээх артыыстара Эдуард Баланов, Николай Роббек, Мирослав Егоров о.д.а. Онон Николай Абрамовичка тус бэйэтигэр «СӨ үтүөлээх учуутала», «СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ» ааттар иҥэр кэмнэрэ уолдьаспыт...