Муммут
1975 сыл, алтынньы ый. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн кэргэмминээн иккиэн Хомустаахха ананан учууталлыы кэллибит. Муксуновтар диэн ыалга хос куортамнаан олоробут. Учууталларга коммунальнай диэн ааттаан хас да массыына саһаан биэрэллэр. Ону оскуола массыыната дэлээнэттэн оскуола үлэһиттэригэр таһар. Мин эмиэ илиибэр икки толуоннаах сылдьабын. Дириэктэр сарсын массыына биэриэхпин бэйэҥ барсан тиэниэҥ дуо диэтэ. Оруобуна уруога суох күнүм түбэстэ. Оскуола суоппарын Ньукулайы көрсөн кэпсэттим, сарсыарда эрдэ соҕус барарга болдьостубут. Алтынньы ый саҥата, хаар өссө түһэ илик, сир хара. «Саалааххын дуо?» - диэн Ньукулай соһуччу ыйытта. «Баар», - диэтим. Аҕам анаабыт эргэ ИЖ-16 калибрдаах икки уостаах саалаахпын, аҕыйах да буоллар ботуруон баар.
— Баҕар, таарыччы куобах көрүөхпүт. Сааланааччыгын дуо? – диэн киһим ыйыталаста.
— Сааланан буо. Куска сылдьааччыбын, – хоруйдаатым.
— Чэ, бэрт. Сарсыарда сөпкө айанныахпыт, бэлэм олороор.
Сарсыарда эрдэ соҕус массыынам элээрдэн кэллэ. Саабын, үрүсээкпин туппутунан кабинаҕа киирдим. Күн-дьыл үчүгэйэ сүрдээх, начаас айаннаан элэҥнэтэн, Үс көлүйэ дэлээнэтигэр тигинэтэн тиийдибит. Мас кэрдээччилэр балоктара баттыктаах, иһирдьэ киирбиппит, саппыыска хаалларбыттар: «Аллараа бөһүөлэккэ киирдибит. Мас тиэннэххитинэ, толуоҥҥутун остуолга хааллараарыҥ», – диэн. Тахсаммыт дэлээнэҕэ киирэн тиэммитинэн бардыбыт. Ортолуу тиэнэ туран хараҕым кырыытынан көрбүтүм, талах быыһыгар туох эрэ кылбас гынна. «Куобах!» диэн хаһыытаабыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Массыынаттан эмискэ сиргэ баар буола түстүм. Саабын да ылар бокуойа суох талахтар диэки ыстанным. Сүүрэн тиийбитим, сүүнэ улахан атыыр кырынаас миигиттэн күрэнэн сүүрэн кутуруга субуруйда. Мин кэнниттэн эккирэтэн көрдүм. Тыа кыыла тыа кыыла буоллаҕа дии. Аҕыйахта от-мас быыһынан кылбаҥнаан баран ханна эрэ мас быыһыгар киирэн сүтэн хаалла. Массыынабар төннөн кэллим.
— Хайа, куобаҕы кутуругуттан харбаары, эр санаалаах эрдьигэҥҥин быһыылаах, – Ньукулай күлэр.
— Ээ, куобах буолбатах, кырынаас эбит, – диэн алы гына сатаатым.
Саһааммытын тиэнэн бүтэн тахсаары гынныбыт. Биир сиргэ массыынабыт буксуйда, иннинэн-кэннинэн астара сатаата, онтон эмискэ тимис гынан, кэлин көлүөһэтэ көстүбэт буолуор диэри батары түһэн хаалла. Биһиги хаһыытаһан эрэ хааллыбыт. Өйдөөн көрбүппүт, үрүйэ сүнньэ эбит, баара суоҕа харыс аҥаара курдук тоҥмут. Ону тосту үктээтэ да, ыарахан таһаҕастаах массыына инчэҕэй сиргэ тимирэрэ биллэр буоллаҕа. Хайыахпытый, ыйааһын көҕүрэтэн тиэйбит саһааммытын сүөкээтибит. Ол да үрдүнэн массыынабыт кыайан тахсыбата, өссө эбии тимирбит курдук. Туһа тахсыа суоҕун өйдөөн балокпутугар бардыбыт. Тимир оһоҕу оттон чэй сылытынныбыт. Бэйэбит сотору кэлиэхпит диэн өйүө-тайма ылбатахпыт. Үүтээҥҥэ хаалбыт аһынан үссэммитэ буоллубут. Хайдах буолабыт диэн толкуй биһигини үүйэ-хаайа тутта. «Чэ, мин, кырдьаҕас киһи, бу дэлээнэ тула аргыый аҕай лэппэрдии сылдьыам, баҕар, биир эмит куобаҕы көрүөм. Уонна, кылаабынайа, баҕар, массыына дуу, тыраахтыр дуу кэлиэ, ону иһиллии сылдьыам. Эн, эдэр киһи, бу эргин ойууру эргийэн кэлээр, баҕар, куобах баара буолуо. Бука диэн наһаа ыраах бараайаҕын», - диэтэ Ньукулай.
«Сөп» диэбиттии ойон туран саабын сүгэн суол устун балачча барбахтаатым, онтон ойуурга киирдим. Хас да сиртэн муус маҥан куобахтар ойон турдулар, биири-иккини ытан көрдүм да, табар аата суох. Арааһа, саам хайдах эрэ буолбут быһыылаах, кыайбат дуу, тугуй диэн толкуйдуубун. Ол иһин наар үрдүлэрин көрө-көрө ыта сатыыбын. Биир кэрдиллибит мастаах дэлээнэ кытыытынан хааман истэхпинэ иннибиттэн хара улар көтөн күһүгүрээн таҕыста. Тэйиччи турар суон тиит мутугар олоро биэрдэ. Байанайым бэрсээри гынна дуу диэн саныы-саныы умса туттан үөмэ былаастаан уларбар чугаһаатым. Саа ылар сиригэр чугаһаан баран сыалбар киллэрдим. Эмиэ үөһэ өттүн көрөн баран чыыбыспын төлө тардан кэбистим. Саа эстэн дэлби бараатын кытта уларым охтон иһэн өрүһүнэн ойуур устун көтөн күпсүйэ турда. Ыраахтан от-мас быыһынан иккистээн ытан көрдүм да, таппатым. Кыһыыбыттан ытыы сыстым, итиччэ Баай Байанай маанылаах булдуттан маппыппыттан олус хомойо санаатым. Чэ, табыллыа суохпун, суолбун көннөрөн дэлээнэм диэки хайыһыахха диэн санаа киирдэ. Туораан киирбит суолбар төннөн кэлээри быһа холуйан бу диэки хайысханан барыахтаахпын диэн хааман истим. Балайда барбахтаатым даҕаны, билэр суолум кэлбэтэ, атын араас от-мас тиэйэр суоллар-иистэр элбээн киирэн бардылар. Биир суолу батыстым – санаабар, атын хайысханан барда, төннөн кэлэн иккис суолга киирдим – кини да санаабыт сирбэр тиэрпэтэ. Дэлээнэм диэки ханнык суолунан барарбын билбэккэ, харааччы мунан хааллым. Кыратык былыттаах, күнэ суох, кураанах күн. Бөһүөлэгим илин диэки баар буолуохтаах диэн бигэтик билэбин, дэлээнэбин булбатахпына, оттон массыынам суолунан кэлбит сирим диэки түһэ туруом буоллаҕа дии диэн толкуйдуубун.
Үрэх кытыытынан суол устун хааман истим. Арай үөһэ ычык быыһыгар туох эрэ элэҥнээн көһүннэ. Оруобуна сонос соҕус тиит мас күлүгэр сөрүөстэ түстүм уонна саабын бэлэм тутан кэтэһэн турдум. Көрбүтүм биир кыһыл саһыл тугу да билбэккэ сыыр үрдүттэн аллараа үрэх диэки ньырыкычыйан иһэр, миигин олох көрбөт, тиит кэннигэр саһан турабын. 20-чэ миэтэрэлээх сиргэ сонос соҕус тииттэн төбөтө быгарын кытта бэлэм туран ытан саайдым. Саһылым табыллан суол ортотугар холорук курдук ытыллан киирдэ. Кэтээн туран иккис уоспунан ытан кибилиннэрдим. Саһылым суол ортотугар хамнаабакка сытар, тиийэн өрө көтөҕөн таһаардым. Орто соҕус кыһыл саһыл, өҥө-түүтэ син ситиэхчэ буолбут. Бултуйбут киһи быһыытынан кыылбын хааһахпар хаалаат, айаммын салҕаатым. Бу сырыыга дэлээнэбин булар эрэл санаам эһиннэ. Хайдах эмит гынан дойдулуур суолу таба тайанан мунан хаалбатах киһи диэн толкуйдаахпын. Арай суол устун хааман иһэн өйдөөн көрбүтүм, биир киһи атаҕын суола бөһүөлэк диэки барбыт курдук. «Хайа? Бу аата Ньукулайым миигин кэтэһэ сатаан баран тыраахтыр көрдөһө бөһүөлэккэ киирбит буоллаҕа дуу?» - диэн санаа киирдэ. Оннук санааны ылынан, баҕар, киһибин ситиэм диэн, харса суох суол устун түһүнэн кэбистим. Күн аҥаара уута, аһа суох сылдьан, дэлби ойууру кэтэн, сылайыы-элэйии да ханна бараахтыай? Ол гынан баран саҥа учуутал мас тиэйэ баран баран тыаҕа мунан хаалбыт үһү диэн дьон кэпсээнигэр барыам диэн эмиэ да кыбыста саныыбын. Ол аата олох тыа диэни билбэтэх, саа диэни туппатах куорат оҕото буолуо диэн сиилиэхтэрэ диэн эмиэ биир куттал. Ол аайы сылайбыппын улахаҥҥа уурбакка, харса суох инним диэки харбыалаһан истим.
Арай инним диэки суолбар кыракый сыыр көһүннэ. Матасыыкыл тыаһаата. Сыыры өрө дабайан тахсан көрбүтүм, оруобуна ойоҕос суолтан биир саалаах одинарка матасыыкыллаах киһи улахан суолга ойутан киирдэ уонна, этэргэ дылы, гаастаан кэбистэ. Кыл-мүччү баттаспакка хааллым. Кыһыыбыттан өр соҕус туора сытар дүлүҥ маска саҥабыттан матан олорбохтоотум. Киэҥ баҕайы Бүтэйдээх алааһын саҕатыгар кэлэн олорорбун өйдөөтүм. Сарсыарда массыынанан ол сайылык аттынан ааспыппыт. Матасыыкыллаах киһи алааһы туораан анараа саҕахха көстүбэт буолуор диэри олордум. Оттон хайыахпыный, тэҥнэһиэм дуо? Ойон тураммын суолум устун алаас ортотунан анньынан кэбистим. Балайда барбахтаан иһэн тыраахтыр тыаһын иһиттим. Көрбүтүм, миигин утары бөһүөлэк диэкиттэн бирисиэптээх бөлөрүүс тыраахтыр тарылаан иһэр.Көрсөн суолга тохтоттум. Иккиэлэр, биирдэстэрэ кэнники билбитим, Хомустаах олохтооҕо, оскуола хачыгаара Григорьев Миисэ эбит. Кыбыстан муна сырыттым диэн эппэтим. Мас тиэйэ тахсан баран массыынабыт батыллан аллараа тыраахтыр көрдөһө киирэн иһэбин диэн арыыйда ханарытан кэпсээтим. Хомустаахха диэри мантан төһө буолуой диэн ыйыппыппар, хойгур баһа буоллаҕа диэн хоруй кэллэ. “Хата, биһигини кытта барыс, мантан чугас дэлээнэттэн саһаан тиэниэхпит уонна тута төннүөхпүт, тыраахтарга олорсо сылдьыаҥ буоллаҕа, сатыы саллаҥнаан иһиэхтээҕэр”, – диэн буолла. Мин онно сөбүлэстим, бирисиэпкэ ойон таҕыстым. Өр-өтөр гымматыбыт, чугас баар дэлээнэҕэ тигинэтэн тиийдибит. 2 нуучча мас кэрдээччилэрэ балоктарыгар аһыы олороллор. Чэй кутан биэрдилэр, аҕыйах астаахтар. Кыратык аһаан, сэниэ киирэн, хараҕым сырдаабыт курдук буолла. Тахсаммыт начаас баҕайы бирисиэп хардаҕаһы тиэнээт, төттөрү айаннаатыбыт. Онуоха диэри халлааммыт хараҥара оҕуста. Этэҥҥэ айаннаан дьиэбитигэр хабыс-хараҥаҕа тиийдибит. Дьиэбэр киирбитим, кэргэним кэтэһэн ахан олорор эбит. Туох айылааҕын бачча хойут кэллигит диэн ыйыта тоһуйда. Ээ, дэлээнэ ыраах баҕайы уонна суола-ииһэ куһаҕан эбит диэн хоруйдааччы буоллум. Саһылбын таһааран кэргэммэр көрдөрдүм, соһуйда аҕай. Хайдах бултаабыппын кэпсээтим, киллэрэн боппуолдьаҕа ууран кэбистим. «Оттон маһыҥ, саһааныҥ ханнаный? Ханна сүөкээтигит?” – кэргэним уоскуйбат. «Ээ, Ньукулай сарсын сырдыкка сүөкүөхпүт диэбитэ», –диэн куотуна сатаатым. Муна сырыттым, массыынабыт батыллан саһааммыт тыаҕа хаалбыта диэн этиэхпин тылым тахсыбата, кэргэммин аймыахпын баҕарбатым. Ол олордохпутуна күүлэҕэ киһи атаҕын тыаһа лиһигирээн киирдэ. Аан аһылларын кытары Иннокентий Иннокентьевич диэн уруһуй учууталын кэтит сирэйэ көстөн кэллэ. Боруогу атыллаан иһэн миигин көрө биэрдэ уонна уһуутаабытынан сүһүөҕэ уйбакка боруокка олорунан кэбистэ. Соннук ааммыт аһаҕас турар, онтон киһибит дьэ тыын киллэрэн: «Хайа, хайдах кэллиҥ?» – диэн төлө биэрдэ уонна ойон туран дьиэҕэ күрүллэн киирдэ (бэйэтэ сахаҕа бөдөҥ-садаҥ киһи). Киһибитин уоскуттубут, остуолга олортубут. Мин тугу кистиэмий билигин кэлэн, туох баарынан тэбээн кэбистим. Онтон өй ылан Ньукулайбын ыйыттым. Икки чаас курдук эн иннигинэ кэлбитэ диэтэ. Ол кэлэн массыына батыллыбытын, мин кэлбэтэхпин кэпсээбит. Ньукулайым миигин сүрдээх өр кэтэһэ сатаабыт, уончата саатынан ытыалаабыт, баҕар, тыаһы истэн кэлиэ диэн. Ол сырыттаҕына, дьол быатыгар, биир мас тиэйэр массыына тиийэн кэлбит. Онон көмөлөөн массыыналарын хостообуттар, саһааннарын тиэммиттэр. Ол тухары киһилэрэ суоҕун курдук суох. Ыксаабыттар, чахчы муммут дии санаабыттар уонна бөһүөлэккэ киирэн сарсын элбэх киһини хомуйан таһааран көрдүөххэ диэн быһаарынан аллараа диэки айаннаабыттар. Кэлээт оскуола дириэктэригэр биллэрбит, сарсын көрдүү барар дьону сүүмэрдээбиттэр, бөлөх салайааччытынан Иннокентий Иннокентьевиһы, профком салайааччытын анаабыттар. Кэргэнигэр биллэриэххэ дуу, суох дуу диэн боппуруоска кэтэһэ түһүөххэ диэн буолбут. Баҕар, ойуурга, тыаҕа сылдьа үөрүйэх буоллаҕына, хараҥарыыта да булан кэлиэ диэн. Ол саҕана бөһүөлэккэ төлөпүөн да аҕыйах. Иннокентий Иннокентьевич биһигиттэн чугас олорор. Киниэхэ дьонунан төлөпүөннээн дириэктэр эппит: «Чэ, киһибит биллибэтэ, хайыахпытый, Мария Ивановна айманан эрэрэ буолуо, баран этэр буоллаҕыҥ дии». Иннокентий Иннокентьевич ол сорудаҕы толоро кэлбитэ, киһитэ чэй иһэ олорор эбит! Ол иһин бастаан, соһуйбута бэрдиттэн, тылыттан матан, боруокка олорунан кэбиспит эбит. Киэсэҕэ чэй кутан биэрдибит. Киһибит дьэ арыый уоскуйан наҕылыччы кэпсэтии буолла. Бөһүөлэккэ түрүлүөн тахсыбыт: Муксуновтарга олорор саҥа учуутал уол оскуола массыынатынан мас тиэйэ барсан баран тыаҕа мунан хаалбыт. Дьэ, тыаҕа сылдьа үөрэммэтэх оҕо бу айылаах тымныыга хайдах ойуурга-хонууга хоно сылдьыах бэйэккэтэй диэн саҥа-иҥэ тарҕаммыт. Хас да учуутал, техүлэһит сарсын көрдүү барар бөлөххө киирэллэрин биллэрбиттэр. Чэй иһэн, көхсө кэҥээн, Иннокентий Иннокентьевич дьиэтин диэки тахсан барда. Төлөпүөннээх сиргэ тиийэн дириэктэргэ уонна туһааннаах дьоҥҥо биллэртиэм диэтэ. Дьэ ити курдук биир мүччүргэннээх сырыыттан этэҥҥэ, эмсэҕэлээбэккэ, өссө кыһыл саһыл кыбыныылаах эргиллэн турардаахпын. Бастакы үлэлиир сылбар билбэт-көрбөт сирбэр, этэргэ дылы, бойобуой сүрэхтэниини ааспытым. Кэнники ити сирдэринэн араас итиигэ-буһууга, тыалга-тымныыга, хаарга-самыырга сорсуннаах булт соноругар элбэхтик сылдьыбытым. Ол усталаах туоратыгар сиргэ-уокка сылдьа үөрүйэхпинэн ханнык да уустук балаһыанньаттан тахсар суолу тобуларым, илии тутуурдаах, өттүк харалаах этэҥҥэ иэримэ дьиэбэр эргиллэн кэлэрим.