27.01.2023 | 14:00

Моонньоҕон клоннарын таһаараары

Моонньоҕон клоннарын таһаараары
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Тохсунньу 25 күнүгэр Арассыыйаҕа Сибэтиэй Татыйаана – Устудьуоннар күннэрэ бэлиэтэнэр. Хайа да киһи олоҕун саамай кэрэ, өрө көтөҕүллүүлээх кэмнэринэн, күөгэйэр күннэринэн устудьуоннаабыт сылларын ааҕар буолуохтаах. 
Ыччат – олоҕу хамсатар күүс. Билиҥҥи устудьуоннар наукаҕа ситиһиилэринэн киһини сөхтөрөллөр, дойдуларыгар, норуоттарыгар туһалаах арыйыылары, чинчийиилэри оҥороллорун хайҕыахха эрэ сөп.

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Естественнэй наукалар институттарын төрдүс кууруһун устудьуона Анастасия Кутукова айылҕаҕа үүнэр отонноох-астаах култууралары молекулярнай ньыманан чинчийиинэн утумнаахтык дьарыктанар. Кини научнай үлэтэ айылҕа үүнээйитин олордорго, битэмииннээх, иҥэмтиэлээх отонноохтору үүннэрэргэ төһүү буолуохтаах.

Анастасия выпускной үлэтигэр айылҕаҕа үүнэр уонна култуурунай үүнээйилэр геномнарын уратыларын быһаарыахтаах. Ол иһигэр көрүҥнэр истэригэр баар генетическэй араастаһыыны таһаарыахтаах.

“Мин моонньоҕоҥҥо (черная смородина) идэтийиэхтээхпин.  Моонньоҕон араас ыарыылары, буортулаах үөннэри утарылаһар геннэрин быһаарар, ол иһигэр айылҕа уларыйыыларыгар, холобур, тымныыны тулуйумтуо буоларыгар ханнык ген оруолу оонньуурун билэр соруктаахпын.

Биһиги курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга олорор дьон битэмииннээх уонна иҥэмтиэлээх бородууксуйанан хааччыллыыбыт мөлтөх. Биир үксүн ол да иһин нэһилиэнньэ отонноох үүнээйилэргэ интэриэһэ, үүннэрэр баҕата сыллата күүһүрэн, улаатан иһэр. Ол иһигэр күннэтэ элбии турар нэһилиэнньэлээх, тэтимнээх олохтоох  куорат сиргэ  түргэнник ситэр битэмииннээх сир аһа ордук наада буолара саарбахтаммат. Онуоха хаачыстыбалаах олордор матырыйаал баар буолуохтаах. Моонньоҕон – нэһилиэнньэҕэ тарҕатарга саамай табыгастаах отонноох үүнээйи, аһа, битэмиинэ элбэх, тымныы кыһыны тулуйар отонноох култуура”, - диэн санаатын үллэһиннэ Анастасия Кутукова.

Ааптар этэринэн, селекция көмөтүнэн үөскээбит астаах-отонноох үүнээйилэр аһы биэрэллэрэ үрдүк, амтаннарынан уонна хаһаайыстыбаннай сыаннастарынан үчүгэй хаачыстыбалаахтар эрээри, тулалыыр эйгэ дьайыытыгар ордук бэринимтиэ буоланнар, үүнүүлэрэ намтыан сөп. Култуураламмыт үүнээйилэр айылҕаҕа баар көрүҥнэрин геномнарын үөрэтэн, селекция үлэтин тупсарыахха сөбүн ордук тоһоҕолоон бэлиэтиир.

 

Анастасия инникитин отонноох култууралары салҕыы чинчийэн, молекулярнайтан ураты ньымалары туттан, моонньоҕон микроклоннарын оҥорон, урут киэҥ араҥаҕа тарҕана илик суортары таһаарар былааннаах. Онуоха кини айылҕа усулуобуйатыттан, дьыл кэмиттэн тутулуга суох үүнэрин ситиһэр соруктаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...