Моонньоҕон барахсаҥҥа тэҥнээх суох!
Баччаларга социальнай ситимҥэ сир асчыттар моонньоҕону биэдэрэнэн хомуйан олорор хаартыскаларын үгүстүк көрөбүт, биллэрии да баһаам буолар. Аҕыйах хонуктааҕыта билэр дьахтарым 10 лиитирэ моонньоҕону 4000 солкуобайга атыылыыбын диэн суруйда. Элбэҕэ бэрт, былырыыҥҥы хаһааспыт бүтэ илик диэн ылбатым. Ол киэһэ моонньоҕон туһатын туһунан үгүс ыстатыйаны түбэһэн аахтым.
Соторутааҕыта Крымҥа бара сылдьан, фрукта, оҕуруот аһын арааһын, отон эгэлгэтин астына амсайдыбыт. Ырыынакка, уулуссаҕа клубника, малина, ежевика, сугун, о.д.а. дэлэй, ону итии дойду дьоно харчыларын харыстаабакка атыылаһаллар. Олохтоохтор саадтарыгар, дьиэлэрин таһыгар отон арааһын кыайа-хото үүннэрэллэр эбит.
Саха киһитэ сир аһын хомуйан, ийэ айылҕа бэрсэр бэлэҕин уһун унньуктаах кыһын битэмиин оҥостор. Кэнники кэмҥэ куорат олохтоохторо даачаларыгар моонньоҕону анаан-минээн олордоллор. Бу отон доруобуйаҕа туһатын суруйдулар ини, суруйбатылар ини. Ол эрээри, баҕар, биир эмэ киһи бу матырыйаалтан саҥаны, сонуну билиэ диэн эрэнэбин.
Эргиччи туһалаах
Моонньоҕон барахсан отоно да, сэбирдэҕэ да туһалаах. Ыраата барбакка, судургу холобуру аҕаллахха, С битэмиинэ элбэҕинэн дөлүhүөҥҥэ эрэ кыайтарар, дыргыл сыттаах дьэдьэни 5 төгүл баhыйар. Оттон маҕаһыынтан атыылаhар дьаабылыкабыт С битэмиинэ моонньоҕонтон 20 төгүл аҕыйах, виноград – 100 төгүл. Онон иммунитеты бөҕөргөтөрө саарбаҕа суох. Бэл диэтэр, цинга ыарыыны бохсорго моонньоҕон абыраллааҕын суруйаллар. Онуоха күҥҥэ баара-суоҕа 4-5 эрэ устуука моонньоҕону сиэҥ диэн сүбэлииллэр.
Ас буһарар уорганнар үлэлэрин тупсарарын туһунан элбэх ыстатыйаҕа суруллар. Киһи организмыгар сүһүрүү процеһын утарар, ханнык баҕарар ыарыыны мүлүрүтэр, ону таһынан стреһи “хам баттыыр”. Тумууга, тыынар уорганнар ыарыыларыгар абыраллаах ас.
Бүгүн кэпсиир эргиччи туһалаах моонньоҕоммут А (каротин) битэмиинэ элбэҕинэн бочуоттаах иккис миэстэни ылар. Маны таһынан В1 (тиамин), В9 (фолиевая кислота), барий, марганец, цинк, молибден, кобальт, алтан, тимир, дьуот, о.д.а. диэн киhи доруобуйатыгар туhалаах микро уонна макроэлеменнэрин ахсаанын ааҕан сиппэккин. Сэбирдэҕэ С, Р битэмииннээх, эфирнэй арыылаах.
К.П. Токумова, П.П. Токумов “Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ” диэн кинигэлэригэр бу курдук суруйаллар:
“Моонньоҕон отонун көөнньөрөн (үс улахан ньуоска отону ыстакаан ууга), хаан аҕыйааһыныгар, аһыыр баҕаны көбүтэргэ, ииктэтэргэ, сөтөлгө, тымныйыыга ыстакаан аҥаардыытынан күҥҥэ үстэ иһиллэр. Оттон отон уутун куртах бааһын эмтэнэргэ туһаныллар. Отонун көөнньөһүгэ тиритиннэрэргэ, ииктэтэргэ, диатезка, ревматизмҥа, подаграҕа туттуллар. Боҕуруоскай окко холбоон, чэбдигирдэр чэй оҥоруохха сөп. Сэбирдэҕин кытта үнүгэһин буоккаҕа көөнньөрөн, 10-20 хааппыланы хойуу хаайтарыытыгар, солотуохаҕа, хаан аҕыйааһыныгар иһиллэр”.
Кырдьаҕас киһи билэн эрдэҕэ
Бу олорон, урут кырдьаҕас эдьиийим кэпсээбитин санаан кэллим. Кини кыра эрдэҕиттэн хаана аҕыйах буолан, “анемия” диэн аргыстаах эбит. Муннун хаана балыыһаланыар диэри кэлэн эрэйдэнэрэ. Оннооҕор сорох бэргээбит кэмигэр сирэйин суунара улахан куттал эбит. Оҕо-оҕо курдук, сүүрэн элэстэниэн, доҕотторун кытта мэниктиэн баҕарарын муннун хаана кэлэн мэһэйдиирэ. Ону эбэтэ араас ньыманан эмтиирэ үһү. Биир дьыл моонньоҕон маска эрэ үүммэтэх. Ол кыһыны быһа эбэтэ сиэнин моонньоҕонун хатаҕалаабыт. Тоҥнуу сиэтэрэ уонна оргутан иһэрдэрэ диэн эдьиийим кэпсээбитэ. Ону кыра киһи “дьэдьэни биэрбэт, тоҕо эрэ моонньоҕону эрэ сиэтэр” дии саныыра. Аны туран, эбэтэ эмээхсин сэбирдэҕин хатаран, сиэнигэр чэй оҥордон иһэрдэр үһү. Эдьиийим сааһыары син ама буолбут. Эбэлэрэ моонньоҕону олох буһартарбат, битэмиинин сүтэрэр диирэ. Эрийтэрэн баран, саахардаан эрэ кэбиһэр эбит. Эбэтэр ыраастаан баран, булууска тоҥортороро. “Моонньоҕоннуурбутугар ким да ыраастык хомуйуҥ диэбэтэ, хата, биһиги үөрүү бөҕө. Сорох-сороҕор отонунааҕар сэбирдэҕэ элбэх да буолара быһыылаах”, – диэн эдьиийим күлэ-күлэ кэпсээбитэ. Эбэлэрэ биир да сэбирдэҕи сыыска түһэрбэт, бырахтарбат эбит. Барытын хатаран, хараҕын харатын курдук харыстаан хаһаанара. Кырдьаҕас киһи билэн эрдэҕэ.
Битэмиинин сүтэрбэт
Моонньоҕону норуот медицинатыгар, ас астааһыҥҥа киэҥник туhаналлар. Отонун сибиэhэйдии, саахары кытта эрийэн сииллэр, барыанньа, пюре, хомпуот, кисиэл, сироп, араас утах, арыгы, кэмпиэт, о.д.а. Сэбирдэҕин оҕуруот аhын, тэллэйи тууhуурга туһаналлар.
Моонньоҕонноох ас С битэмиинин өргө диэри сүтэрбэт диэн суруйаллар. Холобур, сыл аҥаара турбут барыанньаҕа 80-89% битэмииннээх. Оттон хомпуокка 42-100%, тоҥ отоҥҥо 40-70% хаалар.
Тирии бааһын кыайар!
Моонньоҕон лабаатын уонна сэбирдэҕин ууга оргутан, диатезтаах оҕону сууйар ууга кутуллар. Маннык ванна оҕо тириитэ кыһыйарын тохтотор, диатеһа киэҥник тарҕаммакка үтүөрэр. Экземаны эмтииргэ эмиэ туһалаах.
Саҥа лабааларын ууга оргутан төбө күүскэ ыалдьыытыгар тутталлар.
Моонньоҕон бүөрүн, сэбирдэҕин арамачыыска, хаан баттааһына үрдээһинигэр тутталлар.
Сэбирдэҕин чэй курдук көйөрөн тирии ыарыыларыгар, хабахха, бүөргэ таас үөскээһинигэр, хаан аҕыйааһыныгар иһэллэр.
Моонньоҕон бүөрүттэн 70% испииргэ настойка оҥорон 15-тии хааппыланан күҥҥэ үстэ аһыах иннинэ иһэн бүөргэ таас үөскээбитин эмтэнэллэр.
Интэриниэт ситимиттэн
“Туллукчаан” чэйэ
Моонньоҕон сэбирдэҕиттэн чэй бэрт минньигэс амтаннаах, киһи утаҕын ханнарар, уорганнарын үлэтин тупсарар.
Ютубка “Туллукчаан” оҕо библиотеката моонньоҕон сэбирдэҕиттэн чэйи оҥоруу кистэлэҥнэрин кэпсиир, видеонан барытын сиһилии көрдөрөр:
Моонньоҕон сэбирдэҕин сайын устата хаһан баҕарар үргүөххэ сөп.
Үргээн баран сымнатар сыаллаах халыҥ гына иһиккэ уган сытыарабыт. 5-6 чаас.
Морозильникка уган, 1 суукка тоҥоробут.
Тоҥ сэбирдэхтэри ирбитин кэннэ ытыспытынан уута ыгыллар гына кытаанахтык эрийэбит.
Эмалированнай иһиккэ 5 см итэҕэһэ суох халыҥнаах гына уган, сииктээх таҥаһынан сабан, ыйааһыннааҕынан баттатабыт. Таҥаспыт сиигэ кууруо суохтаах. +25 кыраадыстаах сиргэ турар. 8 чаастан ордук туруон сөп.
Эрийбит сэбирдэхтэрбитин кыра гына кырбыыбыт эбэтэр улахан хайаҕастаах мясорубкаҕа эрийэбит.
100 кыраадыс итийбит духуопкаҕа чарааһа суох гына тэлгэтэн куурдабыт. Духуопка аанын кыратык сэгэтэн туруорабыт.
Икки ый устата таҥас мөһөөччүккэ эбэтэр кумааҕы коробкаҕа уган салгыы сиигин көтүтэбит.