03.08.2023 | 12:00

«Мои объявления»: Атырдьах ыйыттан өссө тупсарыллыаҕа

Бу сыл ыам ыйыттан Саха сиригэр «Мои объявления» төлөпүөн саҥа сыһыарыыта үлэлиир. Ааптар Туйара Мигалкинаны кытта бу сыһыарыы атыттартан туох уратылааҕын, тугунан ордугун билистибит.
«Мои объявления»: Атырдьах ыйыттан өссө тупсарыллыаҕа
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

— Туйаара, IT эйгэтигэр хаһааҥҥыттан үлэлиигин?

Информационнай технология эйгэтигэр 2020 сылтан бастакы хардыылары оҥорон саҕалаабыппыт. Билигин аан дойду балаһыанньата судургута суох буолан, санкциялар биллэриллэннэр, уустуктар бааллар. Биһиги тэрилтэбит билигин IT-паарка резиденэ.

— Бу саҥа бородууктаҥ, биллэрии таһаарар сыһыарыыҥ туһунан кэпсээ эрэ.

“Мои объявления” сыһыарыы сүрүн сыала – Саха сирин бары куораттарын, сэлиэнньэлэрин уонна нэһилиэктэрин хабан туран, өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторугар туһалаах иһитиннэриини тириэрдии, атыылааччыны уонна атыылаһааччыны тиксиһиннэрии.

Холобур, тыа сиригэр олорор олохтоох оҥорон таһаарааччы бэйэтин табаарын посреднига суох, атыыһытынан, куоратынан эргиппэккэ,  быһаччы дьиэтиттэн олорон атыылыыр кыахтанна. Эбэтэр хотугу оройуоннартан сибиэһэй эти, балыгы эмиэ бу биллэриинэн быһалыы атыылаһыахха сөп. Ол курдук, табаары оҥорон таһаарааччы бородууксуйатын хаартыскалаан, угуйуктаан таһаарыан эрэ наада.

“Мои объявления” сыһыарыы биир уратытынан туристическай өҥөлөрү атыылыыр кыаҕы биэрэрэ буолар.

Санатан эттэххэ, сыһыарыыны App Store-тан, Google Play-тан хачайдаан ылыахха сөп.

— Атын даҕаны биллэрии сыһыарыылара бааллар дии, эһиэнэ олортон туох уратылааҕый?

Оннук, биллэрии таһаарар сыһыарыы элбэх. Оттон биһиэнэ Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын барыларын 100% хабарынан уратылаах.

Этэргит курдук, атын даҕаны сыһыарыылар бааллар, бары майгыннаһаллар. Биһиги олору үөрэтэн, тэҥнээн баран, туга тиийбэтин көрөн, тупсаран оҥордубут.

—  Ханнык баҕарар идиэйэ туох эрэ кыһалҕаттан, ыарахаттартан тахсар. Эн чуолаан тоҕо биллэрии сыһыарыытыгар тохтоотуҥ?

 Оннук. Туох уонна хайдах саҕаламмыта олус судургу. Дойдубар Уус Алдан Бороҕонугар бара сылдьан арай таһаҕас тиэйэр массыынаны, куурусчуттары булбакка эрэйи көрдүм. Олохтоох дьонтон ыйыталаһан, көрдөһөн, нэһиилэ биир массыынаны булбутум, оттон куурусчуттар көстүбэтэхтэрэ. Араас мессенджердарга, социальнай ситим бөлөхтөрүгэр тарҕанар иһитиннэриилэри көрдүөххэ сөп этэ гынан баран, ол бөлөхтөргө киирэр эмиэ уустук. “Мои объявления” диэн сыһыарыыбыт историята итинник. Ханнык баҕар ис хоһоонноох биллэриини ханна олороргуттан тутулуга суох дэбигистик булаҕын диэн.

— Хас буолан оҥордугут?

Хамаандабыт биэс киһиттэн турар, ону сэргэ «Квантум» устуудьуйа разработчиктара көмө буолаллар.

— Дьэ аны харчытыгар киириэххэ. Бу сыһыарыыгыт барыһы киллэрэр дуо?

Ханнык баҕарар сыһыарыыны оҥорор ороскуоттаах. Айан таһаарыытыттан, оҥоруутуттан саҕалаан, тарҕатыытыгар тиийэ. Биһиги туруоруммут сыалбытын ситиһэр былааннаахпыт. Күүстээхтик үлэлэтэн, барыска тахсыахтаахпыт.

— Оттон туһанааччылар биллэриини босхо ыйыыллар дуу, биитэр харчылаах дуу?

Биллэриини таһаарыы босхо. Арай укпут биллэриилэрин үөһэ, бастакынан туруоруохтарын баҕарар буоллахтарына, төлөбүрдээх тарыыптар бааллар. 

— Билиҥҥи туругунан, бу эһиги сыһыарыыгытынан төһө киһи туһанарый?

23 000 курдук киһи, саҥа саҕалааһын диэтэххэ, кырата суох көрдөрүү, ол аата дьоҥҥо чахчы наадалаах буоллаҕа дии саныыбыт.

— Ордук туох ис хоһоонноох биллэрии элбэҕий?

Бастакы миэстэҕэ массыына атыыта, хамсаабат баай-дуол, үлэ биллэриилэрэ, олохтоох бородууксуйа, туризм өҥөтө, оҕо табаара тураллар.

Кыратык быһааран эттэххэ, маннык:

Массыына, уопсайынан тимир көлө, бары билэрбит курдук, улуус, дэриэбинэ аайы баар уонна атыыланар. Хайаан даҕаны куораттан булуохтааххын, атыылаһыахтааххын диэн буолбатах. Наадыйар тэрилин, араас саппаас чааһын эмиэ чугастааҕы улуустан, дэриэбинэттэн булуохха сөп.

Хамсаабат баай-дуол, дьиэ-уот – эмиэ хаһан да сүппэт кыһалҕа да, дьол да. Билигин араас бырагыраамаларынан ханна баҕар атыыланар учаастагы, дьиэни булуохха сөп. Уһун, кылгас бириэмэҕэ куортамнанар дьиэлэри эмиэ. Аны, сир чааһыгар этэр буоллахха, билигин от үгэнэ дии, оттон ынахтаах-сүөһүлээх дьоҥҥо барытыгар оттуур сир тиийбэт быһыылаах. Ону, холобура, оттуур сирдээх эрээри, сүөһүтэ, сылгыта суох дьонтон эмиэ бу биллэриилэринэн судургутук  уларсыахха сөп. Сирин арендаҕа биэрэн, эккэ-аска, малга-салга  кэпсэтэн, аннараа дьон сири оттуу ыллахтарына, икки өттүттэн барыстаах буолар.

Үлэ биллэриилэригэр тохтоотоххо, үлэ куурук наада уонна баар. Кыра, биир күннээх үлэттэн саҕалаан, улахан промышленнай тэрилтэлэргэ, баахтанан да үлэ элбэх. Киһи барыта ол үлэни ханна тиийэн буларын билбэт. Биһиги ону барытын биир сыһыарыыга, илиигэ тута сылдьар төлөпүөҥҥэ киллэрдибит.

Олохтоох бородууксуйа – эт, балык, үүт ас, сир аһа – саамай натуральнай, туһалаах бородууксуйабыт. Ким эрэ Чурапчы эрэ этин сиэн баҕарар, ким эрэ – Кэбээйи эрэ соботун, Хаҥалас үүтүн аһын, Өлүөхүмэ сыырын, хортуоппуйун уо.д.а. Онтубут маҕаһыын аайы баар буолбатах уонна атыыһыт син биир бэйэтигэр барыстаах өттүн көрөр, сыанатын ыаратан таһаарар. Оттон биһиги сыһыарыыбытынан олох сибиэһэй, дьиҥнээх натуральнай үүт аһы оҥорон таһаарааччыттан быһалыы сакаастаан ылыахха сөп.

Оҕоҕо аналлаах табаар атыыта эмиэ үгэс курдук үгүс. Оҕо түргэн баҕайытык улаатар дии. Онон кыһалҕалаах дьон биһиги сыһыарыыбыт көмөтүнэн наадыйар табаардарын барыстаахтык булуохтарын сөп. Ким эрэ оҕото улаатан, олох кэппэтэх таҥаһын удамыр сыанаҕа атыылаан кэбиһиэҕэ – таҥас-сап, кэлээскэ, автокириэһилэ, оонньуур, хотуобай үүт о.д.а.

Улахан массыыналар, куруусчуттар, сантехниктар, электриктэр, сварщиктар өҥөлөрө да күн ахсын хас биирдии киһиэхэ наада. Биир розетканы туруорууттан саҕалаан, дьиэ тутуутугар тиийэ. Биирдиилээн талааннаах маастардар бэйэлэрин өҥөлөрүн таһааран, эбии дохуоттаныахтарын сөп.

Эппитим курдук, биһиги сыһыарыыбытын туризм эйгэтигэр кытта туһаныахха сөп – сынньанар сирдэр, дьиэлэр, туурдар. Сынньанар турбазалар сыл аайы элбии тураллара наһаа үчүгэй.

— Салгыы тугу былаанныыгыт?

Атырдьах ыйын саҥатыгар баар сыыһалары көннөрөн, функционалын кыратык уларытан, саҥардан биэриэхпит. Былаан элбэх, дьон туһанарыгар өссө табыгастаах буоларын курдук, биирдиилээн хаттыгастарга саҥаны киллэриигэ күүскэ үлэлэһиэхпит.

— Туйаара, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Салгыы өссө даҕаны сайдаргытыгар баҕарабын.

Интэриниэт ситимэ өрөспүүбүлүкэбитигэр балайда сайынна. Онон «Мои объявления» төлөпүөн сыһыарыыта, чахчы даҕаны, ханнык баҕарар улууска, дэриэбинэҕэ туһалаах буолуон сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...