05.08.2022 | 10:00

Минньигэстик аһааҥ

Сибиэһэй оҕуруот аһа дэлэгэй эрдэҕинэ, боростуой, минньигэс уонна битэмииннээх салааттарда астанан хаалыаҕыҥ.
Минньигэстик аһааҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оҕурсуттан,помидортан уонна лууктан салаат

Эйиэхэ наада:

Оҕурсу – 2 уст.;

Помидор – 2 уст.;

Эриэппэ луук –
1 уст.;

Укуруоп – 10 г;

Мас арыыта – 2 ост. ньуоска;

Туус – 1 кыра ньуоска аҥаара;

Хара мэлии биэрэс (ким төһө сөбүлүүрүнэн).

Оҕуруот аһын бастаан ыраастык сууйабыт. Оҕурсу аһыы буоллаҕына эбэтэр сымнаҕаһы сөбүлүүр буоллаххытына, хаҕылаан кэбиһиэххэ сөп. Кыра гына кырбастыыбыт, помидоры эмиэ кыра гынабыт, иккиэннэрин холбуу кутабыт. Луукпутун чараас гына төгүрүктүү бысталыыбыт. Туустуубут, биэрэстиибит, маспыт арыытын кутабыт уонна укуруоппутун кырбастаан эбэбит. Маннык салааты өр туруорбакка, тута сибиэһэйдии сиир ордук.

 

Битэмииннээх салаат

Эйиэхэ наада:

Хаппыыста – 300 г;

Моркуоп – 1 уст.;

Эриэппэ луук – 1 уст.;

Дьаабылака – 1 уст.;

Болгария биэрэһэ – аҥаара;

Лимон сүмэһинэ – 4 ост. ньуоска;

Мас арыыта – 3 ост. ньуоска;

Саахар – 1 кыра ньуоска;

Петрушка, туус (ким төһө сөбүлүүрүнэн).

Сытыы быһаҕынан хаппыыстабытын чараас гына кырбастыыбыт, онтон илиибитинэн имитэн сүмэһинин ыгабыт. Моркуоппутун уонна дьаабылакабытын хастыыбыт, моркуоппутун орто, дьаабылакабытын бөдөҥ түөркэҕэ аалабыт. Дьаабылака хараарбатын курдук лимон сүмэһинин кутабыт. Эриэппэ луукпутун аҥаардаан баран синньигэс гынан кырбастыыбыт. Салааппытыгар биэрэспит аҥаарын усталыы бысталаан эбэбит, саахардыыбыт, туустуубут, мас арыытын кутабыт, петрушкабытын табыгынатабыт.

 

Ыһаарыламмыт оҕурсулаах салаат

Эйиэхэ наада:

Оҕурсу – 200 г;

Эриэппэ луук – 150 г;

Моркуоп – 130 г;

Мас арыыта – 4 ост. ньуоска;

Чочунаах 1 өлүүтэ;

Туус, хара мэлии биэрэс, укуруоп (ким төһө сөбүлүүрүнэн).

Састааппытын уунан сайҕыыбыт. Моркуобу, луугу, чочунааҕы хастыыбыт. Моркуоппутун кэриэй салаатыгар курдук синньигэс гына түөркэлээн, луукпутун аҥаардаан баран эмиэ синньигэстик кырбастыыбыт. Оҕурсубутун уһун синньигэс гына түөркэлиибит, ол кэнниттэн дуршлагка 10-15 мүнүүтэ сытыарабыт, сүмэһинин сүүрдэбит. Халыҥ түгэхтээх хобордооххо маспыт арыытын кутан ититэбит, луукпутун уган саһарчы ыһаарылыыбыт, тохтообокко булкуйа турабыт. Онтон итиннэ моркуоппутун эбэн өссө 3-5 мүнүүтэ буһара түһэбит, сөп буола-буола булкуйабыт. Итиннэ саамай наадалаах састааппытын – оҕурсубутун кутабыт, кыра гына кырбастаммыт чочунаахпытын эбэбит (кутуо суохха сөп), туустуубут, хара биэрэспитин табыгынатабыт. Оҕурсуну өр буһардахха, хааһы курдук буолар, онон кыратык, арыый өҥүн уларытыар диэри буһарыллар.

Бу салааты итиилии да, тымныылыы да сиэххэ сөп. Кууруссаны, эти, хортуоппуйу кытта олус үчүгэйдик дьүөрэлэһэр.

Хачыгырас баклажаннаах Грузия салаата

Бу салааты туспа бүлүүдэ эбэтэр гарнир курдук сиэххэ сөп.

Эйиэхэ наада:

Баклажан – 1 уст.;

Помидор – 2 уст.;

Иэдьэгэйтэн оҥоһуллубут сыыр – 60 г;

Чили соус (минньигэс) – 2 ост. ньуоска;

Мята (2-3 сэбирдэх);

Кинза (2-3 сэбирдэх);

Базилик (2-3 сэбирдэх);

Оливка арыыта – 2 ост. ньуоска;

Кунжут арыыта – 2 ост. ньуоска;

Крахмал – 2 ост. ньуоска;

Подсолнух сиэмэтэ – 1 ост. ньуоска;

Кунжут – 1 чайнай ньуоска;

Мас арыыта – быһа холоон 250 мл.

Баклажаны сууйабыт, кубиктыы кырбастыыбыт, туустуубут уонна 5-7 мүнүүтэ сытыарабыт, тахсыбыт сүмэһинин тоҕобут, баклажаммытын куурдабыт. Кытаанах соҕус помидору талан сууйабыт, бөдөҥ гынан кырбастыыбыт. Күөх үүнээйилэрбитин сууйабыт, куурдабыт, бысталыыбыт.

Подсолнух сиэмэтин уонна кунжуту тус-туспа саһархай өҥнөөх буолуохтарыгар диэри ыһаарылыыбыт. Иккиттэн биирин кутуохха эмиэ сөп. Куурбут баклажаммытын крахмалга булкуйабыт.

Дириҥ иһиккэ мас арыыта кутан ититэбит, баклажаммытын фритюрга аҕыйахтыынан кутан буһарабыт. Буспут баклажаннары салфеткаҕа уурталаан арыытын оботторо түһэбит. Салааппытын иһитигэр кутан састааппытын холбуубут, оливка уонна кунжут арыыларын кутабыт, помидордары илдьириппэт курдук сэрэнэн булкуйабыт. Салааппыт үрдүгэр иэдьэгэйтэн оҥоһуллубут сыырбытын бысталаан уурабыт. Сонно тута сиибит, 15 мүнүүтэттэн өр турдаҕына, баклажаммыт илийэн, сымнаан хаалар, хачыгыраабат буолар.

Буспут биэрэстээх салаат

Эйиэхэ наада:

Болгария биэрэһэ – 1,2 кг;

Мас арыыта – 3 ост. ньуоска;

Чочунаах – 55 г;

Мэлии биэрэс арааһа – кыра ньуоска аҥаара;

Хмели-сунели – 1 кыра ньуоска;

Саахар – 1 кыра ньуоска;

Туус – 1 кыра ньуоска;

Лимон сүмэһинэ – остолобуой ньуоска аҥаара;

Күөх үүнээйи (ким тугу, төһөнү баҕарарынан).

Биэрэһи үчүгэйдик сууйабыт, духуопка лииһигэр фольга тэлгэтэбит уонна онно уурталыыбыт, 200 кыраадыска холбоон эргитэ сылдьан 15 мүнүүтэ буһарабыт. Арааран баран өссө 5 мүнүүтэ туруора түһэбит.

Буһа турар кэмигэр соуспутун бэлэмниибит: кыра миискэҕэ мас арыытын, саахары, тууһу, мэлии биэрэс арааһыттан, хмели-сунели уонна лимон сүмэһинин кутабыт, преһинэн илдьиритиллибит чочунааҕы эбэбит, барытын үчүгэйдик булкуйабыт. Буспут биэрэспитин духуопкаттан хостоон сойутабыт, иһигэр баар сүмэһинин соуспутугар кутабыт. Онтон иһин хостоон ыраастаан баран 1 см кэтиттээх лиэнтэ курдук бысталыыбыт, салааппытын иһитигэр уурталыыбыт, үрдүгэр бэлэмнээбит соуспутун кутабыт. Ким тугу сөбүлүүрүнэн кинза, укуруоп, петрушка эбэбит уонна булкуйан баран холодильникка 2 чаас туруорабыт.

Минньигэстик аһааҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...