14.05.2022 | 15:00

Минньигэстик аһааҥ

Минньигэстик аһааҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Айар» кинигэ кыһата «Астыах! Астыныах, дуоһуйуох!» электроннай кинигэтин атыылаһаммын, олус диэн, кинигэ аатыгар этиллэрин курдук, астынным, дуоһуйдум!
Бастатан туран, кинигэ киһини угуйар, тардар хартыыналара, олус судургутук быһаарыллыбыт, кэпсэнэр ырысыаптар, ону тэҥэ аныгылыы тылынан лайфхактар, ол эбэтэр туһалаах кылгас сүбэлэр, албастар хас биирдии хаһаайкаҕа ананан, кыһаллан оҥоһуллубуттар. 
Аны хас биирдии ырысыап састааба, онтон хайдах астаныллара уонна хартыыната, астаммыт бүлүүдэ бэйэтинэн, бу сиэхтии киэргэтиллэн түһэриллибитэ киһини ордук ымсыырдар, астыырга ыҥырар.
Онон бүгүн ааҕааччыларбар олус судургу, минньигэс ырысыаптары билиһиннэриэм, өрөбүллэргитигэр астаныҥ, тото-хата минньигэстик аһааҥ!

Собо искэҕэ начыыннаах блины

Састааба: 2 сымыыт, 1 улахан ньуоска саахар, 500 мл үүт, 280 г бурдук, туус.

Начыына: собо иһин, искэҕин ыһаарабыт, буспут ирииһи кытта булкуйабыт, лууктуубут, биэрэстиибит, туустуубут, чосунуоктуубут.

Миискэҕэ сымыыты, саахары, тууһу бииргэ булкуйабыт. Үүт аҥаарын эбэбит. Сиидэлэммит бурдугу кыра-кыратык кутан эмиэ булкуйабыт. Ордубут үүппүтүн эбэбит. Тиэстэни, хомуога суох гына, үчүгэйдик булкуйабыт. Начыыҥкабытын блиныбытыгар тэлгэтэн сыбыыбыт уонна эрийэбит.

Куурусса рулет

Састааба: 1 куурусса, туус, хара мэлиллибит биэрэс, минньигэс паприка, тумалыыр от, чосунуок, чили биэрэс, мас арыыта, уу.

Кууруссаны сиһин өттүнэн быһабыт уонна тириитин сэрэнэн сүлэбит. Этин 5-7 мм халыҥнаах гына быһабыт уонна иһиккэ кутабыт. Үрдүгэр туус, биэрэс, тумалыыр от, чосунуок, мас арыыта уонна уу кутабыт. Үчүгэйдик булкуйабыт. Иһити хаппахтыыбыт уонна халадыынньыкка 10-12 чааска угабыт. Пергамеҥҥа кууруссабыт тириитин тэнитэбит уонна үрдүгэр угуттаммыт эти уурабыт, минньигэс паприканы таммалатабыт, эрийэбит. Рулеппытын анал салапааҥҥа суулуубут, кытыытын сабынан баайабыт уонна 80ºС итии духуопкаҕа 2,5 чаас буһарабыт. Буспут рулеты сойутан баран 8-10 чааска халадыынньыкка угабыт. Таһаараат суутун өһүлэбит уонна бысталаан остуолга уурабыт.

Сибэккилээх тарталетка

Састааба: 100 г тууһаммыт кыһыл балык, 180 г иэдьэгэйдээх сыыр, укуруоп, туус, 8–10 орто бэлэм тарталетка.

 Балык аҥаарын кыра гына бысталыыбыт уонна иэдьэгэйдээх сыыры кытта холбуубут. Манна кыра гына кырбаммыт укуруобу кутабыт, туустуубут, булкуйабыт. Кириэммитин кондитерскай мөһөөччүккэ кутабыт, муннугун быһабыт уонна тарталеткаҕа төгүрүктүү ыгабыт. Ордубут балыкпытын синньигэс гына быһабыт, розалыы эрийэбит уонна тарталеткабыт үрдүгэр анньабыт, укуруобунан киэргэтэбит.

 

Ананастаах салаат

Састааба: 150 г кэнсиэрбэлэммит ананаас, 200 г буспут куурусса этэ, 150 г гранат, 50 г грек эриэхэтэ, майонез, туус, хара биэрэс.

Буспут куурусса этин соломолуу, кэнсиэрбэлэммит ананааһы түөрт муннуктуу кырбыыбыт. Үрдүгэр гранат отонун, илдьирийбит грек эриэхэтин кутабыт. Туустуубут, биэрэстиибит, майонез эбэн булкуйабыт. Остуолга уурарга гранат отонунан киэргэтэбит.

Эриллибит крабовай палочка

Састааба: крабовай палочка, 3 сымыыт, 100 г сыыр, чосунуок, майонез.

Ууга буспут сымыыты уонна сыыры түөркэлиибит. Чосунуогу илдьиритэбит. Барытын холбоон, майонеһы кытта булкуйан, начыыҥканы бэлэмниибит. Крабовай палочканы сэрэнэн тэнитэбит. Начыыҥкабытын сыбыыбыт, төттөрү эрийэбит.

Французтуу мимоза

Састааба: 1 бааҥка кэнсиэрбэлэммит горбуша, 5 сымыыт, 2 моркуоп, 2 дьаабылыка, 1 эриэппэ луук, «Дружба» диэн 2 ууллубут сыыр, лимон утаҕа, саахар, туус, майонез.

Луугу ортотунан аҥаардаан кырбыыбыт, иһиккэ кутабыт, туустуубут уонна кыратык саахардыыбыт. Онтон лимон утаҕын таммалатабыт, 5 мүнүүтэ туруорабыт. Ууга буспут сымыыттар үрүҥнэрин бөдөҥ гына түөркэлиибит – салаат бастакы «тэллэҕин» иһиккэ тэлгэтэбит, майонеһынан сыбыыбыт. Сиикэй моркуобу бытархай гына түөркэлиибит – сымыыт үрдүнэн тэлгэтэбит, майонеһынан сыбыыбыт. Кэнсиэрбэлэммит горбуша уҥуоҕун ыраастыыбыт, балыгы биилкэнэн илдьиритэбит, моркуоп үрдүнэн тэлгиибит, угуттаммыт луугу саба уурабыт уонна майонеһынан сотобут. Дьаабылыканы бөдөҥ гына түөркэлиибит, луук үрдүгэр тэлгэтэбит, майонеһынан сотобут. Сыыры сымыыт уоһаҕын кытта тэҥҥэ түөркэлиибит, салааты бүрүйэбит. Күөх луугунан киэргэтиэххэ сөп.

 

Хориатики – гректии салаат

Састааба: 200 г брынза сыыр, 1 оҕурсу, 2 черри помидор, 100 г маслина, 1 эриэппэ луук, 1 латук салаат, 4 улахан ньуоска олива арыыта, туус.

Оҕурсуну, эриэппэ луугу бытархай гына быһабыт. Помидору ортотунан, сыыры түөрт муннуктуу кырбыыбыт. Латук салааты илиибитинэн тырыта тыытабыт. Барытын холбоон, маслина кутабыт, туустуубут, олива арыытын таммалатабыт, булкуйабыт. Хориатики бэлэм буолла.

 

Ыыһаммыт халбаһылаах пицца

Састааба: 220 мл уу, 3 улахан ньуоска бурдук, 2 кыра ньуоска доруоһа, 2 кыра ньуоска саахар, 2-2,5 ыстакаан бурдук, 1 кыра ньуоска туус, 8 улахан ньуоска мас арыыта;

Начыыҥката: 200 г ыыһаммыт халбаһы эбэтэр ветчина, 4 тууһаммыт оҕурсу, 3 помудуор, 1 эриэппэ луук, 100 г сыыр, 1 улахан ньуоска майонез, 1 улахан ньуоска кетчуп, укуруоп, петрушка, күөх луук.

Сылаас ууга доруоһаны, саахары, тууһу уонна 3 улахан ньуоска бурдугу кутан булкуйабыт. 25–30 мүнүүтэ сылааска туруоран үлүннэрэбит, ол кэннэ кыра-кыралаан бурдугу сиидэлээн кутабыт уонна мас арыытын эбэбит. Сымнаҕас тиэстэни мэһийэн, 1–1,5 чаас туруорабыт. Тиэстэни арыынан сотуллубут лиискэ тэлгэтэн, өссө 15 мүнүүтэ сылааска сытыарабыт. Майонеһы кетчубу кытта булкуйан, тиэстэ үрдүн сотобут. Халбаһыны соломолуу, оҕурсуну, помудуору, укуруобу, петрушканы, күөх луугу, луугу төгүрүктүү бысталаан, сыыры түөркэлээн таммалатабыт. 200ºС итии духуопкаҕа 20–25 мүнүүтэ буһарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...