16.04.2022 | 12:00

Минньигэстик аһааҥ

Минньигэстик аһааҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сымыыттаах, ивасилаах салаат

Туох наадата:

2 сымыыт;

Иваси;

Селедка балык;

Майонез;

Помидор;

Оҕурсу;

Күөх луук;

Туус.

 

Астаныыта:  

Селедканы ыраастыыбыт, уҥуоҕуттан араарабыт (бэлэм ыраастаммыты да ылыахха сөп). Кытаата буспут сымыыты уһаты аҥаардыыбыт. Бүлүүһэҕэ олорчу сытар гына белогуттан кыратык элийэн ылабыт. Балык сиһин этин лоскуй гына быһабыт уонна хас биирдии лоскуйу чиҥник эрийэн, бөкүнүк быһыылаан баран, сымыыт аҥаардыытыгар уурабыт. Үрдүгэр майонез кутабыт. Оҕурсу, помидор төгүрүктэринэн, күөх луугунан киэргэтэбит.

Сыырдаах, хаппыысталаах алаадьы

Туох наадата:

1 кг сибиэһэй хаппыыста;

100 г сыыр;

1 сымыыт;

20 остолобуой ньуоска сүөгэй;

Арыы;

Туус.

 

Астаныыта:  

Хаппыыстаны бытархай гына кырбаан баран, кыра соҕус ууга сүөгэй эбэн буһарабыт. Салгыы сойутабыт, түөркэлэммит сыыры, сиикэй сымыыты эбэбит уонна үчүгэйдик булкуйан баран алаадьылаан кэбиһэбит.

Аата суох салаат

Туох наадата:

Сибиэһэй оҕурсу;

Сиикэй моркуоп;

Дьаабылыка;

Икки помидор;

50 г күөх салаат:

2 ост. ньуоска саахар;

Петрушка;

Туус.

Астаныыта:  

Ыраастаммыт, сууйуллубут оҕурсуну, моркуобу, дьаабылыканы синньигэс, соломо курдук быһыылаан кырбыыбыт, салаат сэбирдэхтэрин сууйабыт, 3-4 гына кырбыыбыт, барытын холбоон бэйэ сөбүлүүрүнэн саахар, туус эбэн булкуйабыт уонна сүөгэй тумалыыбыт. Үрдүнэн помидор куһуоктарын уонна петрушка күөҕүнэн  киэргэтэбит.  

 

Кэриэйдии моркуоптаах салаат

Туох наадата:

Кэриэйдии моркуоп (кэнсиэрбэлэммит);

Кукуруза 1 бааҥка;

Сымыыт 4 устуука;

Крабовай палочка 200 г;

Чеснок – бэйэ сөбүлүүрүнэн;

Майонез эбэтэр сүөгэй;

Туус, күөх от;

 

Астаныыта:

Сымыыты буһарабыт, барытын кубиктыы кырбаан баран булкуйабыт.

«Кыһыҥҥы остуоруйа» салаат

Туох наадата:

Ыыһаммыт халбаһы – 150 г;

Оҕурсу 100 г;

Кытаанах сыыр;

Чернослив;

Грецкэй эриэхэ;

Майонез;

Туус, хара биэрэс.

 

Астаныыта:

Халбаһыны, оҕурсуну соломолуу кырбыыбыт, сыыр түөркэлэнэр, грецкэй эриэхэ бытарытыллар, чернослив кыра гына кырбанар. Барытын булкуйан майонезтыыбыт.

Сүөгэйдээх тэллэй

Туох наадата:

500 г сибиэһэй тэллэй;

Ыстакаан аҥаара сүөгэй;

1 кыра ньуоска бурдук;

2 улахан ньуоска мас арыыта;

 

Астаныыта:

Ыраастаммыт, сууйуллубут сибиэһэй тэллэйи кыра гына кырбаан, туустаан, арыыга ыһаарылыыбыт. Таһаарар саҕана бурдук эбиллэр, булкуйа туран сүөгэйгэ кутабыт, туустуубут уонна кыратык тэптэрэбит. Остуолга тардарга петрушка эбэтэр укуруоп күөҕүн кырбаан кутабыт. Сүөгэйдээх тэллэйи духуопкаҕа буһарыахха эмиэ сөп. Онуоха сыры бытарытан кутуллар уонна хобордоохтору итии духуопкаҕа уган 5-7 мүнүүтэ саһарыар диэри буһарыллар.

Креветка салаат

Туох наадата:

Креветка – 30 г;

Хортуоппуй – 100 г;

Моркуоп – 100 г;

Оҕурсу – 100 г;

1 сымыыт;

Күөх горох – 50 г;

Майонез – 50 г.

Астаныыта:

Буһаран баран ыраастаммыт креветкаҕа кырбаммыт моркуобу, хортуоппуйу уонна туустаах оҕурсуну, күөх гороҕу эбэн булкуйуллар, майонез эбэтэр сүөгэй кутуллар. Үрдүнэн кытаата буспут сымыыты төгүрүк гына бысталаан, креветка этин куһуочуктарынан, күөх үүнээйинэн киэргэтиллэр.

Туроктыы салаат

Ветчина – 300 г;

Крабовай палочка – 200 г;

Болгарскай биэрэс – 2 устуука;

Помидор – 2 устуука;

Сыыр;

Майонез.

Бэйэҥ сөбүлүүргүнэн кырбыыгын, сыыры түөркэлиэххэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...