03.08.2021 | 14:00

Минньигэстик аһааҥ

Минньигэстик аһааҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Елена Олесова – элбэх оҕолоох дьиэ хаһаайката. Сөбүлүүр дьарыга – иис. Бэйэтин билиитин, дьоҕурун үллэстэн, киин куорат кэрэ аҥаардарыгар маастар-кылаастары ыытар, иис-уус албастарыгар уһуйар анал оскуолалаах. Ол эрээри ханнык баҕар ийэ, дьиэ хаһаайкатын быһыытынан минньигэс аһынан күндүлүүрүн сөбүлүүр. Ырысыаптарын инстаграм страницатыгар таһаарар, ону #галереямоихрецептов хэштегинэн булуохха сөп.

Куурусса быарыттан торт

Эйиэхэ наада:

 

– 5 00 г куурусса быара;

– 2 ост. нь. сүөгэй;

– 2 уст. куурусса сымыыта;

– 80 г бурдук;

– 2 ост. нь. мас арыыта;

– Туус.

 

Ингредиеннэри барытын блендердиибит. Тахсыбыт састаабы хобордооххо блины курдук буһарабыт.

 

Начыыныгар наада:

 –   450 г моркуоп;

– 200 г эриэппэ луук;

– Туус;

– Майонез.

 

Олус минньигэс, күннээҕи аһылыгы, ханнык баҕар бырааһынньык да остуолун киэргэтэр минньигэс уонна тотоойу торт бэлэм.

 

Сгущёнкаттан быырпах

 

Эйиэхэ наада:

 

– 3 лиитэрэ сылаас уу;

– 1 бааҥка сгущеннай үүт;

– 1 ыстакаан быырпах (олох, аһытыы).

 

5 лиитэрэлээх уу иһитин ылабыт (эмалированнай көстөрүүлэ ордук). Ыйыллыбыт бордууктаны барытын кутабыт. Муос ытыгынан ытыйабыт (мас күөрчэх да барсар). Сылаас сиргэ уурабыт (сайын күүлэҕэ, тэпилииссэҕэ ууруохха сөп).

 

Пластик бытыылка үллүбүт буоллаҕына, сэрэнэн хаппаҕын арыйан салгынын таһааран баран, дьалкытан булкуйабыт. Көстөрүүлэҕэ туруордахха эмиэ кэмиттэн-кэмигэр ытыгынан булкуйа сылдьабыт.

 

Маннык быырпах 10-12 чааһынан бэлэм буолар. Иһиэх иннинэ холодильникка тутан тымнытыллар.

 

 

Ньээм-ньээм сибэккиттэн мүөт

 

Эйиэхэ наада:

 

– 400 устуука ньээм-ньээм сибэккитэ;

– 1кг саахар;

– 750 мг уу;

– 1 устуука лимон сога.

 

Сибэккилэрбитин кичэйэн сууйабыт. Уубутун кутабыт. Үрдүгэр лимон согун ыгабыт. 15 мүнүүтэ бытаан уокка оргутабыт.

 

– Оргуйбут састааппытын 1 суукка хонноробут.

– Сарсыҥҥы күнүгэр сиитэлиибит (дуршлаг). Сибэккилэрэ быраҕыллар, убаҕаһа эрэ хаалар. Манна саахарбыиын кутан, кичэйэн булкуйабыт уонна өссө 45 мүнүүтэ кыра уокка оргутабыт.

– Тахсыбыт мүөтү тутатына өстүөкүлэ бааҥкаларга кутаттыыбыт. Сойбутун кэннэ холодильникка харайабыт.

Кыһын маннык мүөтүнэн сорох хаһаайкалар медовай торт астыыллар.

 

Оҕо сөбүлүүр алаадьыта

 

Эйиэхэ наада:

– 1 ыстакаан үүт;

– 1 ыстакаан сылаас уу;

– 1 устуука куурусса сымыыта;

–  1/2 кыра ньуоска туус;

– 2 ост. ньуоска саахар;

– 2 (2,5) ыстакаан бурдук.

 

Оҕолор олус сөбүлээн сиир алаадьылара бэлэм.

 

Түргэн блины

 

Эйиэхэ наада:

 

– 4 устуука куурусса сымыыта;

– 4 ыстакаан үүт;

– ½ ыстакаан саахар;

– 1 кыра ньуоска сода;

– 1 кыра ньуоска туус;

– 2 ост. нь. ынах арыыта;

– ½ кыра ньуоска лимон кислотата;

– 3 ыстакаан бурдук.

 

Бастаан сымыыты, саахары, ынах арыытын, тууһу булкуйабыт, онно үүт эбэбит, онтон бурдук кутабыт. Бүтэһигэр ыстакаан аҥаара ууга суурайан баран лимон кислотатын эбэбит.

 

Оҕолорум бу ырысыабынан блинины бэйэлэрэ буһараллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...