25.04.2021 | 10:08

Минньигэстик аһааҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн мин күндү ааҕааччыларбар саҥа, судургу ырысыаптары билиһиннэриэм.

Туустаах сыаттан сокууска
Туох наадата:
300 г сыа;
1 устуука эриэппэ луук (кыһыла ордук);
3 өлүүскэ чеснок;
3 ч.нь. 9 бырыһыаннаах уксус;
күөх тума арааһа;
1 ч.нь. биэрэс (арааһыттан).
Астааһына:
Сыаны синньигэс соломолуу кырбыыбыт уонна миискэҕэ угабыт. Биэрэс, илдьиритиллибит чеснок, луук, уксус (лимон сога да барсар), күөх тума кутан булкуйан баран тымныы сиргэ 20 мүнүүтэ уурабыт.
Килиэби кытта сииргэ, өйүөҕэ илдьэ сылдьарга бэртээхэй.
Помидордаах куурусса филета
Туох наадата:
2 помидор;
Куурусса филета;
3-4 устуука буспут сымыыт;
250 мл үүт;
Хара биэрэс, базилик, куркума.
Астааһына:
Духуопка илииһигэр филебитин кырбаан баран тэлгэтэбит.
Сымыыппытын кубиктыы кырбыыбыт, онно биэрэс, базилик, куркума, үүт кутабыт, барытын булкуйан баран эппит үрдүгэр кутабыт, помидорбутун чараас гына кырбаан баран тэлгэтэбит. Помидор үрдүгэр саахар таммалатабыт.
180 кыраадыс итийбит духуопкаҕа 50 мүнүүтэ буһарабыт.
Хопчуонай кууруссалаах салаат
Туох наадата:
Хопчуонай окорочка – 2 устуука;
2 орто помидор;
2 устуука сымыыт;
100 г сыыр;
Чеснок өлүүскэтэ, майонез, туус.
Астааһына:
Сымыыты буһарабыт.
Кууруссаны ыраастаан кубиктыы кырбыыбыт, салаат иһитигэр кутабыт.
Маннык араҥанан тэлгэтэбит: помидор+чеснок+майонез+сымыыт+майонез+теркаламмыт сыыр.
1 чаас холодильникка угабыт.
«Мексика» салаат
Туох наадата:
Халбаһы – 200 г;
Болгария биэрэһэ – 2 устуука;
3-4 устуука маринованнай оҕурсу;
Гауда сыыр – 200 г;
Биир тутум күөх луук;
Бэйэ сөбүлүүрүнэн туус, биэрэс;
4 ост. нь. майонез;
Кыра кэнсиэрбэлээх кукуруза.

Астааһына:
Барытын соломолуу кырбаан баран булкуйабыт, үрдүгэр майонезтыыбыт.
Сливочнай соустаах, тэллэйдээх куурусса
Туох наадата:
Куурусса филета эбэтэр окорочка;
1 устуука луук;
350 г тэллэй (кэнсиэрбэлэммит да барсар)
200 мл үүт;
Соевай соус – 2-3 ост. нь.
200 г ууллаҕас сыыр (плавленнай);
Туус, тума, мас арыыта;
12 өлүүскэ чеснок.
Астааһына:
Эппитигэр туус-тума кутан баран туруорабыт+булкуйабыт;
Луугу түөрт гына аҥаардыыбыт;
Тэллэйи аччатабыт;
Кууруссаны күүстээх уокка ыһаарылыыбыт;
Кууруссабытын ороон баран ол арыытыгар тэллэйи кутан 4 мүнүүтэ ыһаарылыыбыт, төттөрү кууруссабыт этин кутабыт.
Үүт, соевай соус эбэбит.
Ол кэннэ ууллаҕас сыырбытын эбэбит, булкуйабыт уонна 15 мүнүүтэ мөлтөх уокка бускутан буһарабыт.
Французскайдыы фарш
Туох наадата:
5-6 устуука хортуоппуй;
Ханнык баҕарар эриллибит эт;
Тума арааһа;
2-3 помидор;
Сыыр 200 г;
Сүөгэй эбэтэр майонез;
Эриэппэ луук.
Астааһына:
Хортуоппуйу хахтаан баран чараас гына кырбыыбыт, духуопка лииһигэр тэлгэтэбит.
Майонеһынан сотобут+эриллибит эт+луук+помидор+майонез+теркаламмыт сыыр
200 кыраадыс итийбит духуопкаҕа 50 мүнүүтэ буһарабыт.
«Соһуччу ыалдьыт» салаат
Туох наадата:
150 г хопчуонай халбаһы;
Улахана суох 2 оҕурсу;
3 сымыыт;
75 г сыыр;
100 г горох;
Луук, майонез, туус, биэрэс.
Астааһына:
Халбаһыны, оҕурсуну, сымыыты барытын соломолуу кырбыыбыт, сыыры теркалыыбыт, туустаан, тумалаан баран майонезтаан булкуйабыт. 
“Моментальнай” салаат
Хортуоппуйу хахтыы буһаран баран кубиктыы кырбыыбыт.
3 устуука сымыыты буһарабыт, кубиктыы кырбанар.
Кыра бааҥкалаах маринованнай оҕурсу кырбаан кутабыт.
Плавленнай сыыр эбэбит.
Араас тума, туус кутан баран майонезтаан булкуйабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...