07.08.2021 | 14:00

Минньигэс идэ

Ааптар: Лана ЕЛИСЕЕВА
Бөлөххө киир

Саха сирин олохтоохторо «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Дьарыктаах буолуу» федеральнай тосхолунан саҥа идэлэри баһылыыллар. Регион дьарыктаах буолууга судаарстыбаннай кэмитиэт Ю.А. Готовцев аатынан сервис технологическай техникумугар кондитер идэтигэр үөрэх түмүктэннэ. Бырагырааманан бастакы түһүмэх үөрэҕэ Ворлдскиллс «Кондитерское дело» компетенциятынан ыытыллар.
Үөрэх федеральнай бүддүөт үбүлээһининэн ыытыллар. Ол курдук “Труд.всем” сайт нөҥүө 7 киһи Дьокуускайдааҕы технологескай колледжка биир ыйдаах кууруска үөрэннэ. Экзамен туттаран 4-с категориялаах кондитер идэтин ылла. Үөрэҕи производственнай үөрэх маастара, «Трудовая Слава России» кыһыл көмүс мэтээлин наҕараадатын туппут Анастасия Владимировна Мейко ыытта.

 Сахайаана Добрецова, 39 саастаах, тыҥырах оҥорор салон үлэһитэ:

- Мин ватсапка кэлбит биллэриинэн маннык курс саҕаланарын туһунан истибитим. Бэйэм соччо астааччым суох эрээри, торт буһарарга үөрэнэр баҕаттан суруттарбытым. Бурдук астан заварной тиэстэттэн оҥоһуктары сөбүлүүбүн. Хайдах оҥоһулларын биллим. Бурдук аһын оҥорорго ыарахаттардаах. Үөрэнэн истэххэ сатыахха сөп. Крем оҥоруутугар эмиэ ыарырҕаппытым. Бэйэм айар киһи буоламмын, итинник фантазияны ирдиир идэни интэриэһиргиибин. Олус элбэх саҥаны биллим. Ол курдук, араас истээх сакалаат кэмпиэт хайдах оҥоһулларын, пирожнай, мусс-торт буһарарга үөрэнним. Салгыы тигэргэ үөрэниэхпин баҕарабын.

 

Сахаайа Кириллина, 24 саастаах, эдэр ийэ, сакааһынан торт, капкейк оҥорор:

- Эрдэ бу колледжка бурдук аһын технологын идэтигэр үөрэммитим. Былырыын пандемия саҕаламмытыгар торт астаан атыылаан саҕалаабытым. Сакаас киирэр, ол гынан баран өссө элбэх саҥаны билээри бу курска суруйтарбытым. Инстаграмҥа биллэрии көрөн, маннык куурус туһунан билбитим. Ордук сакалаат оҥорору сөбүлээтим, торт үрдүн велюрунан киэргэтии, глазирование диэни сэҥээрдим. Өссө даҕаны кондитерскай курстарга үөрэниэҕим. Ордук соҕуруу баран элбэҕи билиэхпин баҕарабын.

Марина Ломоносова, 38 саастаах, быраас, кыра оҕотунаан дьиэҕэ олорор:

- Мин астыырбын олус сөбүлүүбүн. Эрдэ онлайн кууруска үөрэммитим, араас торду оҥорон көрбүтүм. Колледжка үөрэнэр ордук эбит диэн түмүккэ кэллим. Манна технология туһунан кэпсээтилэр, бородууксуйаны сөпкө туһанар туһунан элбэх саҥаны биллим. Ордук сакалаат кэмпиэт оҥоһуутун сөбүлээтим. Үөрэтээччилэр таһымнара үрдүгэ биллэр. Бэйэм инникитин үрдүк таһымнаах кондитерскай студия тэринэр баҕалаахпын, ол иһин өссө даҕаны салгыы үөрэниэм, билиибин кэҥэтиэм диэн былааннанабын.

Евдокия, 62 саастаах, музыка Үрдүкү оскуолатын иитээччитэ:

- Уруккуттан кондитер үөрэҕин сэҥээрэр этим. Сайт нөҥүө суруттаран баҕа санаабын толордум. Саҥаны билэр олус үчүгэй, инникитин туһаныам, чугас дьоммун күндүлүөм.

Дария, 30 саастаах, дизайнер:

- Иллэҥ кэммэр куруутун үөрэнэ сатыыбын, кинигэ ааҕабын, тренинг, куурус ааһабын, спордунан дьарыктанабын. Идэнэн хааччыйар киин нөҥүө кондитер куурсугар суруттаран өссө биир саҥа идэни биллим. Бэйэм соччо астаабаппын эрээри, билигин биир эмит өрөбүлгэ дьиэбэр олорон минньигэһи астыам. Саҥа дьону кытта билсэр, үөрэх ылар куруутун интэриэһинэй. Өссө даҕаны билиэхпин-көрүөхпүн баҕарарым баһаам.

 

Чынара Тешебаева, 45 саастаах, 10 оҕолоох ийэ:

- Элбэх оҕолоохторго аналлаах ватсап бөлөҕөр маннык куурус туһунан биллэрии кэлбитэ. Оҕолорбун, сиэннэрбин минньигэһинэн күндүлээрибин үөрэнэргэ соруммутум. Саҥа дьону кытта билсэн, элбэххэ үөрэнэн олус сэргэхсийдим. Үөрэтээччилэр, бииргэ үөрэммит дьонум көмөлөрунэн минньигэс бурдук аһын астыыр буоллум. Ордук торт араас начыыннарын сэҥээрдим.Инникитин бу өттүнэн үлэлээбэппин эрээри, өссө даҕаны атын үөрэҕи ылыахпын баҕарабын.

 

Өссө ханнык идэҕэ үөрэниэххэ сөбүй?

3Д моделирование;

Агент по недвижимости;

Агрономия;

“Мои документы” киинигэр администратор;

Отель администратора;

Аналитик;

Бренд-менеджмент;

Бух/учет;

Веб-дизайн;

1С бухгалтерия;

Ветеринар;

С категориялаах суоппар;

Хайа дьыалата;

Графическай дизайн;

Застройщик;

Зоотехник;

Инвестиционнай менеджер;

Интернет ПР;

Стилист (интерьер);

Каменщик;

Лабораторияҕа анализ оҥорооччу;

Маляр;

Буровой установкаҕа машинист;

Иитээччи көмөлөһөөччүтэ;

Таба иитиитэ;

Котельнай оператора;

Баттах оҥорооччу;

Асчыт;

Баһаартан сэрэтии инструктора;

Иистэнньэҥ;

Урбаанньык;

1С программист;

Тигээйини иитии;

Реклама дьыалата;

Ресторан бизнеһэ;

Сантехника уонна ититии;

Секретарь-администратор;

Слесарь;

Тутууга суоттуур дьыала;

Учуутал;

Соц педагог;

Видео-блогинг;

Сайт оҥоруу;

Гос закупкаҕа специалист;

Стропальщик;

Сыр оҥоруута;

Таргетолог;

Уунан хааччыйыы уонна вентиляция;

Футбол тренерэ;

Физкультура тренерэ;

Фитнес-тренер;

Туризм;

Цифровой маркетинг;

Фермер оскуолата;

Штукатур;

Экономика;

Электромонтаж;

Эстетическэй косметолог;

Ювелир;

Юриспруденция;

Уонна да атын.

 

Ким үөрэниэн сөбүй?

Үлэ көрдүүр уонна үлэлээх буолуу сулууспатыгар учуокка турар дьон;

50-тан саастаах үөһэ саастаах дьон;

Пенсияҕа бараары сылдьар дьон;

3 саастарыгар диэри оҕолоох уоппускаҕа олорооччулар;

Оскуолаҕа бара илик оҕолоох үлэтэ суох дьахталлар.

Сайаапканы госөҥөнү оҥорор тэрилтэ нөҥүө ”Труд. Всем” сайтка ыыталлар. Ханнык категорияҕа киирсэргин талаҕын. Сорох үөрэх дистанционнай, сорох очнай. Бөлөххө наадалаах дьон киирдэҕинэ үөрэх саҕаланар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...