29.07.2022 | 11:00

Мин Ирам...

Мин Ирам...
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА, дьүөгэтэ, “Киин куорат” хаһыат суруналыыһа
Бөлөххө киир

Биһиги дьүөгэбит, баар-суох бастыҥ кыыспыт, биллиилээх суруналыыс Ира, Ирина Мартынова бу дьыл от ыйын 29 күнүгэр орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык арахсыбыта 1 сыла буолар.
Ол киэһэ дьүөгэбит Сардаана Сивцева миэхэ эрийэн баран: “Ира ушла...” диэбитэ. Сыччах ити икки тылы истэн баран дөйүөрэн олорбутум, итэҕэйбэккэ, абаран, хомойон, хараастан. 
Оччолорго Ирам туһунан элбэхтэ санаабытым, түүлбэр да көстөн ааспыта. Тоҕо эрэ суруйуум тахсыбатаҕа. Арааһа, мин кинини анараа олоҕор атаарсыбакка дуу, кини суох буолбутун эппинэн-хааммынан итэҕэйбэппиттэн дуу, суох киһи курдук суруйуохпун баҕарбатахпын эбит. Онтон 40 хонугар дьэ бэчээккэ ахтыыбын ыыппытым. Онтубун биир сылыгар эмиэ кэриэстээн, дьон аахтыннар диэн таһаарарга сананным.


Мин Иралыын 21 сыл анараа өттүгэр “Киин куорат” хаһыакка үлэлии кэлиэхпиттэн билсибиппит. Кини “Эхо столицы” редакцияҕа үлэлиирэ. Бары да талбыт курдук иллээх, эйэлээх коллектив этибит. Ханнык да отур-ботур кэпсэтии, туоратыы, кими эрэ холуннарыы суоҕа. Дьиҥэр, икки редакциянан элбэх кыыс, дьахтар этибит ээ. Оо, билигин төһөлөөх суохтуубун ол коллективпын, дьүөгэлэрбин, коллегаларбын.
Ира миигинниин эрэ буолуо дуо, үгүс элбэх киһини кытта доҕордоһор, дьүөгэлэһэр этэ. Кини баар буолла да төгүрүччү үөрүү, күлүү, дьээбэ-хообо, оонньуу-көр буолара. Редакция бырааһынньыктара кини Сардана Сивцевалыын сценарийдарынан, оонньууларынан элбэхтэ ааспыта. Ира киһи киэнэ боростуойа, судургута, талааннааҕа, туох да киэргэтиитэ суох кыыс кылааннааҕа, киһи кэрэмэһэ этэ. Аргыый, намыын куолаһынан саҥаран, сүбэлээн биэрэрэ туохтааҕар да күндү буолара. Киниттэн эрэ “Абаҕаа”, диэн олус минньигэстик этиллэр тылы истибитим. Абаҕатын чахчы да олус ытыктыыра, таптыыра. 


Мин дойдубар, Уус Алдан Кэптэнитигэр бастаан түөрт дьүөгэм тахса сылдьыбыттара. Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, иккитэ Ньурба кыргыттара. Наһаа да астынан, сөбүлээн, өссө да кэлиэхпит диэн барбыттара. Дьэдьэн диэни бастаан үргээбит, алаас диэни аан бастакытын көрбүт, кырдьык да Олоҥхо дойдутун курдук сиргэ олорор эбиккит диэн хайҕаабыттара, Эбэбин өҥөйө сытар тэлгэһэбин таптаан кэбиспиттэрэ. Ол кэннэ Иралаах Сардаанам өссө иккитэ кэлэ сылдьыбыттара.
Билигин кинилэри кытта сылдьыбыт алаастарбыт кыргыттары санаталлар, бу алаастан Сардаана биир тэллэйи булбута, манна аҥыр дэлби хаартыскаҕа түһээри өҥөҥнөөбүтэ, манна массыынабыт алдьана сылдьыбыта диэн элбэҕи санаталлар. Ол сылдьан көрүдьүөс, күлүүлээх да түгэннэрбит элбэхтэрэ.
Сардаана хоту кыыһа буолан анды кэһиилээх кэлбит этэ. Мин Иралыын ону дьэ үргээн да биэрдибит. Ыксаан болоскобууссанан эҥин тарда, үргүү сатыыбыт. Сардаанабыт көрөн дэлби күлэн баран бэрт судургутук кынаттарын сүлэн кэбиспитэ, аны эттиирин, чаастарга араарарын көрүөххүт этэ. Ол кэннэ оһоҕоһун буһардылар. Ону Ира кэргэмминээн Баһылайдыын утары көрсөн олорон сиэн кэбистилэр, атыттар чугаһаабаппыт да, сиэбэппит да. 


Биирдэ ыаллыы олорор убайым аах юбилейга бардылар. Ынаҕы ыарыҥ диэтилэр, биһиги тута сөбүлэстибит. Балтым оҕотунаан баара, иккилээх бэдик этэ. Сардаана педагог киһи оҕото көрө хаал диэтибит. Мин, Ира, балтым Саргы хотоҥҥо таҕыстыбыт. Арба ынахпыт эмиийэ баастаах эбит, ону тыытыа суохтаах үһүбүт. Тэбиэлэнэн туруо дии. Балтым оҕотун кытта ол иннинэ хотоҥҥо сылдьыбыт буолан хайа эмиийэ баастааҕын аттаан туран эрэ курдук көрдөрөр, манан диэн ыйан биэрдэ. Биһиги күлсүүбүт саҕаланна. Хотоҥҥо тахсаары биэдэрэ ылаары гыммыппыт дьоммут тоҕо эрэ ааннарын хатаан барбыттар. Хата Сардаана хайа биэдэрэ анныгар уурбуттарын ыраахтан көрбүт эбит. Эмиэ күлүстүбүт. Баран булан ылаат таҕыстыбыт. Мин дьоммор наһаа эрэнэбин, бэйэм ынах ыабат буоламмын. Хантаан, донум иккиэн ыабаттар эбит. Дьэ бабат-татат буоллубут. Бастаан ньирэйин ыытыахха диэн буолла. Саатар үһүөн адаарыһан улахаммыт, хотоҥҥо төҥкөйө сылдьабыт. Ньирэйбит эмэн бүттэ диэтибит да Ира харса суох тардааччы буолла. Өсөһүү кытаанаҕа саҕаланна. Мин кэнниттэн астым, ол курдук долборукка ыга баайан кэбистибит. Арай ньирэйбит наһаа хомойбуттуу умса туттан турар. Ира: “Арааһа стрестээтэ быһыылаах”, - диэн эмиэ хотону ньиргиччи күллүбүт. Ол курдук син муҥнанан, хардары-таары ынахпытын ыан бүтэн киирбиппит. 
Иллэрээ сайын Яшатынаан Кэптэнигэ кэлэн хонон-өрөөн Түүлээххэ барабыт диэн былааннаабыттара. Хантан, Ирабыт ыалдьан хаалан бука барыбытын аймаабыта. Күһүн киирэн кэпсэтэ сылдьыбытым. Хата бэйэбин уоскутар курдук эппитэ: “Наташа, ыарыы 80 бырыһыана бэйэҕиттэн тутулуктаах, мин ончу бу ыарахан ыарыы диэн толкуйдуу, санаарҕыы барбаппын, химия баран ыларбын атыннык саныыбын, көннөрү киирэн систиэмэ ылыыта дуу, укуол дуу курдук. Бу ыарыынан ыалдьыбыттар отуттуу сыл кытта олороллор эбит, оннук дьону кытта билистим, онон санаабын түһэрбэппин, эмтэниэм, үтүөрүөм”, - диэхтээбитэ. 


Саҥа дьыл кэннэ тохсунньу 1 күнүгэр Яшатынаан ыалдьыттыы кэлбиттэрэ. Онно көрөн “һык” гына түспүтүм. Быстар аҥаара эрэ хаалбыт этэ. “Ээ, ничего, соһуйума, диетанан аһыыр киһи маннык буолуом суоҕа дуо”, - диэн эмиэ оонньуу-көр курдук эппиэттээбитэ. Уруккуну-хойуккуну ахтыһан өргө дылы олорбуппут, кэргэттэрбит да кэпсээннэрэ бүппэтэҕэ. Онно эмиэ быйыл сайын Түүлээххэ хайаан да барабыт, Кэптэнигэ эбэһээт сылдьыахпыт диэбиттэрэ. Ол кэннэ Илиҥҥи Саҥа дьылга Сардаанабытыгар урукку “Эхолар” көрсүбүппүт. Уопсайынан кыргыттар, коллектив көрсөр буолла да Ира тута группа арыйа охсор, туох эрэ теманы толкуйдуур, бырааһынньыгы киэргэтэр оонньууну тэрийэр этэ. Онно даҕаны барыбытыгар оруолларынан наһаа үчүгэй кытайдыы эҕэрдэ толкуйдаан аҕалбыта. Онтон маайдарга мин группаҕа биир эмит күн көрсүөххэ диэбиппэр Ира эрэ “давай” диэбитэ, ол курдук хаалбыта. Бүтэһик кэпсэтиибит бэс ыйын 17 күнүгэр эбит. Москваттан кэллим, химиябын тохтоттулар “на поправку иду” диэн санаата дэлби көтөҕүллүбүт этэ. Ол айыыта онон, сыыйа-баайа умуллан, группаҕа тахсара, кэпсэтэрэ сүтэн, аҕыйаан барбытыттан дьаахханан Сарданаҕа эрийбитим...


Ира биһиги дьиэ кэргэн үөрүүбүтүн үллэстиигэ куруутун баара. Ол курдук саҥа дьиэм малааһыныгар, икки оҕом ыал буолуутугар. “Лера маладьыас, бизнеһин бэккэ үлэлэтэр, оҥоһуктарын куруук көрөбүн, хайҕыыбын”, - диэн хата кини тугу оҥороллорун миэхэ кэпсиирэ. Кини куруук сырдыгынан сыдьаайа сылдьара, кыыһырар диэни билбэтэ, олус имигэстик хамсанан үҥкүүлүүрэ, санаатын туохтан да түһэрбитин көрбөтөҕүм. Оннук сырдык, оннук ыраас этэ биһиги Ирабыт, мин Ирам...
Кырачаан Мишата биһиги дьүөгэлэр нууччалыы “Вести Якутии”, сахалыы “Дьолуо” хаһыаты оҥоро сырыттахпытына үөскээбитэ. Арай редакцияҕа тиийэн, кыргыттар таһырдьа салгын сии тахсыахха диэбитинэн киирэн кэллим. Оччолорго “перекур” оннук ааттанара. Онуоха Ира: “Суох кыргыттар, аны перекурдаспаппын, субу балыыһаттан кэллим, оҕо үөскээбит, 8 эрэ миллиметр үһү”, - диэн кэпсээбитигэр бары үөрэ-көтө, эҕэрдэлии түспүппүт. Куорат ыһыаҕын саҕана уол оҕо күн сирин көрбүт. Эһиилигэр биир сааһын Үс Хатыҥҥа бэлиэтээбиппит. 
Ира, эн биһиги сүрэхпитигэр куруук тыыннаах сылдьыаҕыҥ, эйигин ахта-саныы туруохпут, хаһан да умнуохпут суоҕа. Быдан дьылларга быралыйар бырастыы...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...