Мин идэм кэскиллээх!
Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит – хаҥыл хааннаах Хаҥалас ыччата. Кини кэрэ айылҕалаах Кытыл Дьурааҕа күн сирин көрбүтэ, ойор күннээх оҕо сааһа Өлүөнэ эбэ үрдүгэр ааспыта. Кыра сылдьан өрүс кытылыгар олорон эҥинэ бэйэлээх таастары эргитэ сылдьан өҥнөрүн-дьүһүннэрин, быһыыларын көрөрө, күн уотугар күлүмнүү оонньуулларын күндү тааһы буллум диэн үөрэрэ. Ол кэмтэн геолог буолар баҕа санаалаах улааппыта. Билсиҥ – М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ГРФ бэһис кууруһун устудьуона Матвей Петров.
Кини сэттис кылааска ханнык үөрэххэ туттарсарын номнуо быһаарыммыта. Оскуола кэнниттэн оҕо сааһын ыра санаатын толорон, баҕалаах факультетыгар туттарсан киирбитэ. Биэс сыл биллибэккэ ааһан, устудьуон уол хайыы үйэ “хайа инженерэ-буровик” үөрэҕи бүтэрээри сылдьар.
– Биһиги идэбит кэскиллээх. Үчүгэй үлэни булуохха сөп. Буровиктар хамнастара үрдүк, ол хайдах, төһөнү үлэлииргиттэн тутулуктаах. Ону былырыын бэйэм билбитим.
Үһүс кууруска устудьуоннарга тустаах докумуон бэриллэр, буур массыынатын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиэххин, бөдөҥ промышленнай хампаанньаларга практика ааһыаххын сөп буолар. Маннык “оскуола” биһиги үөрэхпитигэр хайаан да наада. Идэтийбит дьону кытта тэҥҥэ сылдьан, этэргэ дылы, биир сиргэ хоно-өрүү сытан, элбэҕи билэҕин-көрөҕүн, уопут ылаҕын. Ити эдэр дьоҥҥо олус туһалаах.
Былырыын сайын түөрт буолан талыллан, «АЛРОСА-Спецбурение» алмаас хостуур бөдөҥ хампаанньа иһинэн үлэлиир тэрилтэҕэ производственнай практиканы ааспыппыт.
Бастаан Удачнайтан чугас учаастакка үлэлээбиппит. Маҥнайгы күннэрбитигэр буурдааһыны (сири үүттээһин) ыраахтан эрэ көрдөрбүттэрэ, онтон сыыйа чугаһаан испиппит. Онно үлэлиир, олорор усулуобуйа үчүгэй этэ. Вагончиктарбытыгар ас астанар билиитэ, холодильник, душ – барыта баара.
Онтон бииргэ үөрэнэр доҕорбун кытта Айхалга барбыппыт. Өссө ордук тупсаҕай усулуобуйалаах сиргэ тиийбиппит. Анал таҥас-сап, атах таҥаһа биэрбиттэрэ. Үлэһиттэргэ диэн олус үчүгэй уопсайдаахтар. Түөрт миэстэлээх хоско үс буолан олорбуппут. Туспа душтаах, туалеттаах этибит. Аллараа этээскэ остолобуойдаах, эрчиллэр саалалаах, фойеларга бильярдыахха сөп. Хас биирдии этээскэ биирдии уопсай куукуналаах, онон эбии астанар усулуобуйа баар. Өрөбүллэрбитигэр куораты кэрийэ барарбыт, уопсайбытыгар сынньанарбыт.
Баазабыт бөһүөлэктэн соччо ырааҕа суох сиргэ турара, корпоративнай оптуобуһунан барар-кэлэр этибит. Эбиэккэ эмиэ илдьэллэр-аҕалаллар, онон абыраммыппыт. Уопсайынан, үлэһиттэргэ бары өттүнэн табыгастаах усулуобуйаны тэрийэллэр эбит.
Хас да киһилээх биригээдэҕэ – икки машинист, икки машинист көмөлөһөөччүтэ, дизелист, тырахтарыыс уонна геолог буолан үлэлээбиппит. Сөхпүтүм диэн, биһигини ким да туора көрбөтөҕө, тэҥнээхтэрин курдук сыһыаннаспыттара. Бары биир санаанан, иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн курдук сылдьыбыппыт. Мин икки ый практикаланан баран дойдубар оттуу кэлбитим. Доҕотторум дуогабарынан үс ый толору хаалбыттара.
Практикаҕа инники идэбит тугун-хайдаҕын эппитинэн-хааммытынан билбиппит, дьон хайдах үлэлиирин илэ харахпытынан көрбүппүт. Үрдүк хамнас халлаантан түспэтин, элбэх сыраттан кэлэрин өйдөөбүппүт. Үчүгэйэ диэн, барыта үлэ киниискэтигэр киирбитэ.
Устудьуоннаабыт сылларбыттан практикаҕа сылдьыбыт кэмнэрбин ордук өйдөөн хааллым. Бастакы кууруска Мохсоҕоллооххо, Табаҕаҕа, Кангалааска геологическай практикалары ааспыппыт. Пандемия эрэ сылыгар практикаҕа барбатахпыт.
Үөрэххэ 22 буолан киирбиппит, билигин уон буолан бүтэрээри сылдьабыт. Манна даҕатан эттэххэ, пандемия үөрэхпитигэр улаханнык мэһэйдээбитэ, ол кэмҥэ сибээһэ суох сиргэ олорооччулар ыарахаттары көрсүбүттэрэ, элбэх оҕо үөрэҕин кыайбакка, быраҕарга күһэллибитэ.
Матвей – университет олоҕор куруук көхтөөхтүк кыттар актыбыыс, спортсмен бэрдэ. Быыс көһүннэр эрэ, саалаҕа ойор. Араас күрэхтэһиилэргэ, тэрээһиннэргэ кыттан, ситиһиитэ үгүс. Сэргэлээххэ атаарбыт сылларын олус күндүтүк саныыр, уопсайга олорон элбэх эрэллээх доҕордоммутун үөрэ-көтө кэпсиир.
Бултаах-алтаах сиргэ төрөөбүт буолан, Матвей сиргэ-уокка сылдьарын, айылҕалыын алтыһарын туохтааҕар да ордорор. “Булт” диэн баран муннукка ытаабыт уол.
ХИФУ быйылгы выпускнига Матвей Петров Ийэ дойдутугар ытык иэһин төлүү, аармыйаҕа сулууспалыы барыахтаах. Онтон кэллэҕинэ “АЛРОСА” хампаанньаҕа үлэлии киирэр баҕалаах. Дипломнай үлэтин этэҥҥэ көмүскүүрүгэр, ыра санаатын олоххо киллэрэригэр баҕара хаалабыт.