11.06.2020 | 10:41

Миигин тоҕо төрөппүттэрэй?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сорох ыал оҕолорун араастаан таптыыллар, этэргэ дылы, ким эрэ таҥара маһа, ким эрэ күрдьэх маһа. Ийэ, аҕа оҕото диэн туһунан, эбээ оҕото эбэтэр олох да төрөппүттэрин тапталларыгар тараҥнаабатах көйгө оҕо баар буолар.

Сорохтор олох да 40-50 саастарыгар диэри төрөппүт бэлэмигэр олороллор. Аны ыал кыра оҕото куруук кыра аатырар. Убайдара, эдьиийдэрэ кинини маанылаан, атаахтатан улаатыннараллар, ийэ, аҕа да буолбутун иһин сэмэлии, харыстыы, сүбэлии сылдьаллар. Оттон ыал улахан оҕото куруук улахан, барыларыгар “босс”, кини сүбэтэ-амата, ыйааһыннаах тыла, быһаарыыта улахан оруоллаах.

Көйгө оҕо үксүн ортоку оҕонон төрөөбүт буолар. Бастакы кэтэһиилээх, бүтэһик –  мурун бүөтэ. Олор икки ардыларыгар түбэһэн эбэтэр куруук эбэтигэр иитиллэн, дьонуттан тэйэн, хайдах эрэ туоратыллар. Онтун билэ улаатар, ийэ, аҕа тапталын толору ылбатаҕа кини өйүгэр-санаатыгар, уйулҕатыгар охсор.

Эбэлээх эһэм ииппиттэрэ

Дьонум биирим иннинэ миигин эбэлээх эһэбэр хаалларан куоракка көһөн барбыттара. Оччолорго массыына да аҕыйахта айанныыра буолуо, онон кэлбэттэрэ даҕаны, биирдэ эмит суругунан, төлөпүөнүнэн билсэллэрэ быһыылааҕа. Кыра буолан дьоммун түргэнник умнубутум, улаханнык суохтаабатах да үһүбүн. Эбэлээх эһэбин кытта убайдарым, эдьиийдэрим көрөллөрө, бүөбэйдииллэрэ. Ол курдук дэриэбинэҕэ уһуйааҥҥа сылдьыбытым, алын кылааска үөрэммитим. Ол тухары дьонум кэлэллэрин улаханнык өйдөөбөппүн. Куоракка киирэн иккиэн үлэ булбуттар, икки сылынан кыыс оҕоломмуттар. Онон тапталлара барыта киниэхэ бэриллибит. Ол кыыһы, балтыбын көрө, биирдэ эбэбиниин куораттаатыбыт. Дьонум миэхэ улаханнык кыһамматтар, балтыбыттан күннэрэ-ыйдара тахсар буолбут. Мин аҕыйах хоноору мөҕүллэн эҥин ыллым быһыылааҕа. Дьиҥэр, эбэм миигин хаалларардыы илдьэ барбыт этэ. Дьэ, сарсыныгар таһаҕас тиэйэр массыына эбэбин ыла кэллэ. Мин оонньуу сылдьарым.  Эбэм көрдөрбөккө барыахтаах эбит. Уу чуумпутук оонньуу сырыттахпына арай эбэм суумкатын тутан, мааны таҥаһын кэтэн тахсан иһэрин хараҕым кырыытынан көрдүм. Сарылыы түһээт, ырбаахытыттан,  суумкатыттан тутан ыллым уонна ытаа да ытаа. Оҕону эҥин уһугуннардым быһыылаах. Бу мин үспүн ааспытым кэннэ этэ. Соччо өйдөөбөтөрбүн да, дьонум кэпсээннэриттэн суруйабын. Ол курдук марылаччы ытаан, эбэбиниин иккиэн ытаһан барсыбыт үһүбүн. Дьонум хааллын диэн тыл да быктарбатахтар.

Ол курдук төттөрү дэриэбинэбэр тиийэн, мин саҕа дьоллоохтук олорбут киһи суох этэ. Уһуйаан кэнниттэн ханна үөрэнэр боппуруос турбута. Куоракка туох иһин барбаппын диэбитим. Эмиэ ытаһыы, ааттаһыы буолбута. Эһэм ыыппаппын, манна үөрэннин диэн мас-таас курдук эппитэ. Ийэлээх аҕам куолуларынан ыла сатаабатахтара. Ол курдук оскуолаҕа киирэн, син хоп курдук үөрэммитим. Иккис кылааһы бүтэрэрбэр тапталлаах эһэм ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Эбэм миигин кытта биэс оҕотунуун огдообо хаалбыта. Улахан абаҕам уонна мин аҕам эрэ үлэһиттэр этэ, атыттар оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Онно мин эбии буоллаҕым. Үһүс кылааһы бүтэрээппин кытта абаҕам быраатыгар, мин аҕабар уолгутун ылыҥ диэн кытаанахтык эппитэ. Ийэтин аһыннаҕа. Уонна оҕо төрөппүттэрин кытта олоруохтаах да буоллаҕа.

Хас да күн ааттаһан, каникул аайы ыытыах буолан, куоракка онно-манна ымсыырданнар дьонум кэлэн ылан барбыттара.

Бастаан утаа куруук ытыыр этим. Балтыбын кытта тапсыбаппын, хата, дьонум албыннаһан, син өйдөммүттэр быһыылаах этэ, дьон да саҥардаҕа буолуо, бэйэлэригэр сыһыара сатаабыттара. Ийэм да этэн ахан ыыттаҕа уонна улахан киһи үҥсэн туруохпун да сөбө. Мөҕүллүбэт этим, сыыйа балтыбын кытта хаан-уруу дьон быһыытынан тапсан, эйэлээх буолбуппут.

Үөрэхпэр ыарырҕаппатаҕым, аҕыйах кэминэн куорат олоҕор үөрэммитим. Аҕам командировкаҕа үгүстүк сылдьара, хайаан да кэһиилээх кэлэрэ, пааркаҕа, киинэҕэ, музейдарга сылдьарбыт. Тылларыгар турбуттара, каникул аайы тапталлаах эбэбэр барарым.

Билигин орто омурҕаным чугаһаата. Эбэм сааһыран, олоҕун моҥоон, дьоллоохтук олорон барбыта. Кэлин бэйэбэр ылбытым, чааһынай дьиэҕэ кэлэн син тэһийэрэ, хос сиэннэрин көрсүбүтэ.

Оҕону бэйэттэн тэйитэр олус охсуулаах эбит. Мин дьоммор куруубайдыырым, эһиги миигин ииппэтэххит диирим. Кыратык булкулла сылдьыбыт кэмнэрим бааллара. Дьиэттэн да баран хаалар түгэннэрдээҕим. Ол аайы ийэм кистээн хараҕын уутун сотторо, дэлби санаарҕыыр, кэмсинэр быһыылаах этэ. Эбэбин ахтан, эһэбин санаан, ытаан, төһөлөөх сыттыкпын инчэппитим эбитэ буолла. Оннук кэмнэргэ саамай абааһы көрөр дьонум ийэм, аҕам, балтым этилэрэ.

Билигин бары иллээхтик-эйэлээхтик олоробут. Сиэннэрим дьоммун албыннаан бөҕөлөрө. Миигин ииппэтэхтэрин сиэннэригэр таһаараллар быһыылаах. Биир нэдиэлэ көрбөтөхтөрүнэ табыллыбаттар.

Мин манан тугу этээри гынабыный? Төрөппүт оҕотун бэйэтиттэн тэйитэрэ, кини уйулҕатыгар олус улахан охсуулаах. Төһө да эбэлээх эһэтигэр хаалларбыккыт иһин билсэ туруҥ, оҕоҕутун таптааҥ, кэлэн ылан барыҥ, саатар сайыны бииргэ атаарыҥ. Оччоҕо оҕо бэйэтин бигэтик сананыаҕа, тыыннаах тулаайах курдук буолуо суоҕа.

Көйгө оҕобун

Оскуоланы бүтэрээри сылдьабын. Эксээмэннэрбэр бэлэм бөҕөтө. Бииргэ төрөөбүт иккиэбит эрэ. Мин эдьиийим кэнниттэн уон сыл буолан баран төрөөбүппүн. Дьиҥэр, кэтэһиилээх, кыра, мааны оҕо буоллаҕым. Ону баара, ийэлээх аҕам эдьиийбин ордук таптыыллар. Киниэхэ дьиэ атыылаһан биэрбиттэрэ, үөрэҕи бүтэрэригэр массыына бэлэхтээбиттэрэ. Билигин атын куоракка үлэлии-хамсыы сылдьар, кыахтаахтык олорор.

Оскуолабын бүтэрэн, соҕуруу үөрэнэ бараары гынабын. Суох, дьонум туох иһин ыыппаттар. Куонкурус бөҕөтө, аҕам сатаан кэпсэтэн киллэрбэт үһү. Онтон манна хааллахпына ханна баҕарар киирэбин уонна өссө үлэ булан биэрэллэр.

Куорат таһыгар чааһынай дьиэ тутта сылдьаллар, быйыл киириэхтээхпит. Ама, онтон сырытыннаран үөрэтээри гыналлара буолуо дуо. Мин санаабын, баҕабын хаһан да истибэттэр, барыта ийэм эппитинэн буолар, аҕам онно алын сыҥаах оруолун толорор. Эдьиийим баҕата туолан иһэрэ, миигин киһинэн да аахпаттар. Хайдах икки эрэ оҕону итинник икки аҥыы иитиэххэ, таптыахха сөбүй?

Мин кинилэри кытта олоруохпун да баҕарбаппын, тапсыбаппын, эдьиийбин кытта биир тылы хаһан да булбатахпыт.

Бэйэлэриттэн ханна да ыытыахтарын баҕарбаттар, хамначчыт курдук олордоору гыналлар. Саатар аһара улахан дьиэ туттарбыттар, дьэ ону мин сууйар-тарыыр, көрөр-истэр үһүбүн. Куоракка хаалларар буоллаххытына, дьиэтэ ылан биэриҥ диирбин истэ да барбаттар. Уопсайынан, тоҕо миигин төрөппүттэрэ буолла? Оҕо төрөттөххүнэ, киниэхэ үйэҥ тухары көмөлөһүөхтээххин буолбатах дуо? Эбэтэр оҕолоргун тэҥҥэ тутан, таптаан, иитэн улаатыннарыахтааххын дии саныыбын. Тоҕо дууһа моруута буолуохтаахпыный, миигин төрөтүҥ диэн көрдөспөтөҕүм ээ. Мин санаабар, бу чиэһинэйэ, сиэрэ суох быһыы курдук көрөбүн. Тоҕо эдьиийбэр барыта баарый, оттон миэхэ суоҕуй? Итинник санаатахпына олох олоруохпун да баҕарбаппын...

Былыр сахалар оҕолорун ииттэрэ да биэрэллэрэ, бэйэлэрэ хастыы да оҕону иитэллэрэ. Ол үксүгэр кыһалҕаттан тахсара. Оҕо турбат ыала диэн, ньадьараҥ, кыһалҕалаах олох, аймахтарын оҕолорун иитэ ылыы. Оччолорго оҕо барыта тэҥ этэ. Баай, дьадаҥы диэн, биллэн турар, арахсаллара, оттон дьадаҥылар барахсаттар бары биир баайыылаах буоллахтара. Төрөппүттэри сирэй-харах анньыы, ол наада, бу наада диэн тиэрэ түһүү сахалыы сиэргэ баппат дьыала буоллаҕа.

Билиҥҥи кэм оҕолоро олох атын үйэҕэ олордохторо. Төрөппүт  оҕотун туһугар ууга түһэрин, уокка киирэрин кэрэйбэт. Сорохтор халлаантан ыйы да ылан биэриэх курдуктар.

Оттон оскуоланы ситэри бүтэрбэккэ да сылдьан дьиэ-уот көрдөөһүн, талбыт сиргэр барыы эмиэ сиэри таһынан курдук көстөр. Төрөппүттэр билэн ыыппаттар буоллаҕа. Мин онус кылаас кэнниттэн Бүлүү педучилищетыгар бараары гыммыппар ийэм ыыппатаҕа. Ыал кырата да буоламмын буолуо, сатаан сылдьыаҥ суоҕа, бэйэҕин дьаһаммаккын диэбитэ. Онон бу оҕо эмиэ бэйэтин көрүммэтэ, дьаһаммата буолуо. Аны эдьиийиниин уон сыл арыттаахтар, син биир атаахтык иитиллибит буолуохтаах. Атааҕа кэпсээниттэн да көстөр.

Эбэлээх эһэтигэр уонугар диэри иитиллибит оҕо уйулҕата алдьаммыта биллэр. Саатар төрөппүттэрэ кэлэ сылдьыбаттар эбит.

Ийэ, аҕа тапталын толору ылбатах оҕо алаас ортотугар үүнэн турар соҕотох титириккэ маарынныыр. Эн төһө да сааһырдаргын, бэйэҥ ийэ, аҕа буолларгын, төрөппүт сүбэтэ, кини чугас баара хайдахтаах курдук күндүтүн, кэрэтин кэлин син биир өйдүүгүн.

Бэйэ-бэйэҕитин күүскэ да күүскэ таптааҥ, куруук өйөһүҥ, иллээх-эйэлээх олохтонуҥ диэн бу тиэмэбин түмүктүүбүн.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...