15.04.2022 | 12:00

Михаил НЕУСТРОЕВ: «Сылгы ыарыытын барытын сэрэтэр кыахтаахпыт»

Михаил НЕУСТРОЕВ:  «Сылгы ыарыытын барытын сэрэтэр кыахтаахпыт»
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Саха сылгыны былыр-былыргыттан сатаан ииппит, үөскэппит омук. Кэлин боруоданы уларытыы, сүүрүк сылгылары аҕалыы содулугар араас элбэх саҥа ыарыы кэлбитэ биллэр. 
Профессор, ветеринарнай наука доктора, Тыа хаһаайыстыбатын научнай чинчийэр институтун ветеринарнай биотехнология лабораториятын сэбиэдиссэйэ, “Хоту-Бакт” научнай оҥорон таһаарар киин» ХЭТ дириэктэрэ Михаил Петрович Неустроев сылгы ыарыыларын сэрэтиигэ туспа көрүүлээх:

 

Биһиги кэнники отут сылга Саха сиригэр сылгы ыарыытын утары вакциналары оҥорууга үлэлиибит. Бастакы научнай үлэбитин ааспыт үйэ 90-ус сылларыттан саҕалаабыппыт, оччотооҕуга Саха сиригэр баар сылгы ыарыыларын сиһилии, кичэйэн, научнай төрүккэ олоҕуран үөрэтии суох этэ. Учуонай сэбиэккэ мин аҕа табаарыстарым куруук сылгыбыт ыарыытын үөрэтиэххэ баар этэ, “хабарҕаһыт”, “сальмонеллезнай аборт” диэн ыарыылар Саха сиригэр наһаа бааллар, ону сэрэтэр, эмтиир вакцина суох, эмпит суох, наука өттүттэн туох да көмө суох диэччилэр. Оччолорго мин ньирэй ыарыытын үөрэтэр этим, онно эмиэ элбэх үлэ барбыта. Устунан, толкуйдаан баран, 90-ус сыллаахтан сылгы ыарыытын үөрэтэн саҕалаабытым.

Бастаан Москваҕа уонна да атын куораттарга сылдьан библиотекаларга үлэлиир, дьону билсэр, көрсөн кэпсэтэр этим. Москваҕа Арассыыйаҕа биир соҕотох Эскпериментальнай ветеринария научнай чинчийиилэргэ института баар. Онно тиийэн биһиэхэ туох көмөнү оҥоруоххутун сөбүй, мин ону үөрэтиэхпин баҕарабын диэбиппэр, сылгы вируснай ыарыыларын үөрэтэр Арассыыйаҕа соҕотох лаборатория сэбиэдиссэйэ, вирусология отделын сэбиэдиссэйэ профессор К.П. Юров өйөөбүтэ.

1995-1998 сс. уу вакциналары оҥорон саҕалаабыппыт. Бастаан хабарҕаһыт ыарыыны үөрэтэн, мытный стрептоккок баарын булан, бэйэбит усулуобуйабытыгар институкка вакцина оҥорбуппут. 2000 сыллаахха ол вакцинабытын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Ветеринарияҕа департаменыгар бигэргэппиппит.

Иккис үөрэппит ыарыыбыт “сальмонеллезнай аборт” диэн. Сылгы кээр ыарыыта биһиэхэ 1930 сыллардаахтан баар, ол аата эмиэ атын ыарыылар курдук тастан кэлбит ыарыы.

 

"Хабарҕаһыт уонна сальмонеллезнай аборт бастакы дьаамсыктар сылгыларын кытта кэлсибиттэр. Урут Саха сиригэр итинник ыарыы биллибэт этэ. Баҕар, ол наука сайда илигиттэн да эбитэ буолуо..."
 

2000 сыллардаахха үөрэтэр микробтарбыт почваҕа, айылҕаҕа төһө өр сыталларын чинчийэр пробаларбытыгар ханнык эрэ микроб киирэн бүрүйэн, сиэн кэбиһэр этэ. Бу туох буоллаҕай диэн, элбэх ветеринарнай лабораторияттан, атын учуонайдартан ыйыталаһан көрбүппүт. Bacillus subtilic диэн туһалаах, айылҕаҕа баар микроб эбит, ону үөрэтэн, Москватааҕы кэллиэгэлэрбитин кытта үлэлээбиппит.

Ол микробтартан “Сахабактисубтил” диэн пробиотик препараты оҥорон таһаарбыппыт. Наука дьоно бу препараттары киэҥник таһаарар гына чинчийиилэри оҥоруохтаах этибит. Оҥорон баран ким эмит ылсан таһаарыа дуо диэн кэтэһэн көрдүбүт...

1990-2000 сыллардааҕы ыһыллыы саҕана биологическай промышленнас кытта айгыраабыта. Инньэ гынан оҥорор уонна маны оҥоруохха диэн дьаһайар сүрүннүүр тэрилтэ суох этэ. “Этэ” диэтэхпинэ, билигин да кэтэмэҕэйдиибин, биологическай препараттары уонна эмтэри оҥорууга, сакаастыыр, ону бэрэбиэркэлиир, тэрийэр тэрилтэ Арассыыйаҕа билигин да суох. Ол иһин биһиэхэ биологическай промышленнас сайдыбат.

 

"Наука бэйэтин эрэ интэриэһин эккирэппэт, дьоҥҥо туһалаах буолаары үлэлиэхтээх. Бу бириинсип сорох кэмҥэ үлэлээбэт, Арассыыйаҕа оҥорон таһаарыы уонна наука икки ардылара аһара ыраах."

 

Бэйэбит айбыппытын туһаҕа таһаараары

Оҥорбут препараттарбытын туһаҕа таһаарыахха диэммит, 2000 сыллаахха коммерциализациялыырга сананан, институт иһинэн тэрилтэ арыммыппыт. Бастакы препараттарбытын 2000, 2006, 2012 сыллаахха таһааран, Россельхознадзор диэн тэрилтэ баар буолбутугар экспертизалары ааһар буолбуппут. Ити препараттары оҥорорго көмө, өйөбүл билигин да суох, арай хонтуруол күүстээх.

Россельхознадзор биһиги үлэбитин аһара хонтуруоллуур, туох эмэ биричиинэ булан, араастаан харгыстары үөскэтэр эрэ курдук көрөбүт. Маннык хайысхаҕа биһиги эрэ буолбатахпыт, импорты солбуйа сатыыр тэрилтэлэр үгүстэр эбээт. Олору өйүүр тэрилтэ Арассыыйаҕа суох.

2013 сыллааха “Хоту-Бакт” научнай оҥорон таһаарар киин» диэн ХЭТ тэрийбиппит. Мин онно, разработчик быһыытынан, дириэктэр буолбутум. Бэйэбит үөрэппит аспираннарбыт үлэлииллэр. Ветеринарнай наука доктора, профессор, микробтартан оҥоһуллар препараттар лабораторияларын сэбиэдиссэйэ Н.П. Тарабукина пробиотиктары оҥорууга уонна мин вакциналары оҥорууга үлэлиибит.

Бэйэбит айан таһаарбыппытын олоххо киллэрэрбит сүрдээх бытаан, элбэх күчүмэҕэйдэрдээх. Биһиги разработкаларбытын иилэ хабан ылан, фармсобуот дуу, фабрика дуу таһааран барбыта буоллар, наука дьоно, оҥорон таһаарыынан дьарыктаммакка, бириэмэбитин сүтэрбэккэ, төһөлөөх элбэҕи айбыт буолуо этибитий?

Хабарҕаһыт (мыт) 1800 сыллаахтан биллэр ыарыы. Ол тухары Арассыыйаҕа бу ыарыыны утары вакцина оҥоһулла илик этэ. Биһиги аан бастаан 2000 сыллаахха, онтон 2018 сыллаахха казахстаннар көрдөһүүлэринэн оҥордубут. Кинилэргэ 2 мөл. кэриҥэ сылгылаахтар. “Табын” диэн казахтыы ааттаан оҥорбут вакцинабыт билигин үлэлии сылдьар.

 2021 с. ахсынньыга хабарҕаһыт утары вакцинабытын тупсаран, иммуномодулятордарын күүһүрдэн, Россельхознадзорга бигэргэттибит. Онон билигин Арассыыйаҕа бу ыарыыны утары вакцина баар буолла.

 

Ыарыыны эрдэттэн сэрэтэн, сылгыбытын элбэтиэххэ

Мин бастакы диссертациябар сылгы хабарҕаһыт ыарыытын үөрэппитим, өрөспүүбүлүкэ убаһатын 65 бырыһыана, ол аата 6-7 ыйдаах эдэр сылгы улахан аҥаара ыалдьара биллибитэ. Уонна бу ыарыыны кытта кэнники сылларга наар бииргэ сылдьар вируснай ыарыы баар – ринопневмония. Эдэр сылгыга ринит уонна пневмония тэҥҥэ үөскүүр. Оттон биэлэр бу ыарыыттан оҕо куоталлар.

1996-1997 сс. мин ринопневмонияны баар диэн чинчийии оҥорон баран этэн көрбүппүн, Ветеринария департамена ылымматаҕа. Саха сиригэр вируснай ыарыы суох диэн буолбута. Хайдах суох буолуоҕай? Сүүрүк сылгылары, атын боруода сылгылары аҕалыы уруккуттан баар, онон соҕуруу дойдуга баар ыарыылары үксүлэрин аҕаллыбыт. Биһиги дааннайбытынан, ринопневмония 99 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа, 19 улууска тарҕанна. Маны утары былааннаах үлэ барбат, вакцинация оҥоһуллубат.

Нэһилиэнньэҕэ ринопневмонияны утары охсуһуу быраабылалара тахсыбыттара. Манна “ринопневмониянан ыалдьыбыт сылгы этин сиэниллиэ суохтаах” диэн сурулла сылдьар. Буһаран баран кыылга, ыкка бэриллиэхтээх диибит. Оттон биһиэхэ бу ыарыыны диагностикалааһын да, вакцинациялааһын да суох. Бу быраабылалар кулун тутар 1 күнүттэн олоххо киирдилэр, онно биһиги туох да бэлэммит суох. Туһааннаах исписэлиистэр билэллэр, кыаҕым баарынан сэрэттим, сөптөөх миэрэлэр ылыллыахтара диэн күүскэ эрэнэбин.

Сальмонеллезный аборт диэн ыарыы, биһиги дааннайбытынан, 120 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тура сылдьыбыта, улууска барытыгар кэриэтэ тарҕаммыта. Манна эмиэ былааннаах үлэ барбат. Ыарыы турбут сиригэр, бөһүөлэк биир муннугар, нэһилиэк биир ыалыгар эрэ быһыы оҥоһуллар. Дьиҥэ, быраабыла быһыытынан, биир нэһилиэккэ турдаҕына, аттынааҕы нэһилиэктэри барытын быһыылыахтаахтар. Сылгы кыраныыссаны билиммэт, айылҕатынан көҥүл мэччийэр. Ол иһин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, Ветеринария департаменыгар, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлигэр, дьокутааттарга, хаһыаттарга 2-3 сыл устата суруйа, туруорса сатаатым. Маннык балаһыанньаны туоратыахха, былааннаах вакцинацияны оҥорон, сылгыбыт көрдөрүүтүн үрдэтиэххэ диэн.

Сылгыбыт көрдөрүүтэ хайдаҕый? 100 биэттэн ылар сылгыбыт ахсаана, саамай элбээбитэ, племенной хаһаайыстыбаларга сорохторугар 60 бырыһыан буолар. Оттон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 55-60 бырыһыан. Ол аата биһиги 40-ча бырыһыан кулуну ылбакка хаалабыт, ити хоромньуну харчыга таһаардахха, 1 млрд 200 мөл. солк. тэҥнэһэр.

Оттон бу ыарыылары утары биһиги оҥорбут вакциналарбытын, пробиотиктарбытын туттан, төрүөх ылыытын, саамай аччаабыта, 10 бырыһыан улаатыннаран, сылга 400 мөл. солк. сыаналаах эбии бородууксуйаны ылыахпытын сөп. Маны барытын дакаастаан, суруйан, кэпсээн, дьэ быйыл, хата, СӨ Баһылыга сөпкө этэр эбиккин диэн сөбүлэһэн, Үп министиэристибэтигэр уонна Бырабыыталыстыбаҕа суруйан, Ил Түмэн дьокуттааттара өйөөннөр, бүддьүөккэ киллэрдилэр.

Биһиги бүддьүөттэн 43 мөлүйүөнү көрдөөбүппүт. Эттэххэ улахан суума курдук эрээри, туһата 400 мөл. буолуоҕа – барыстааҕа көстөр. Быйыл 15 мөл. биэрэбит диэн бүддьүөт суругар киллэрдилэр уонна хаһаайыстыбаларынан суоттаан, маннык улуустарга баччаны оҥороҕун диэн Ветеринария департамена сурук ыытта. Дьэ, бу үчүгэй саҕалааһын! Биллэн турар, 15 мөлүйүөнүнэн сылгы төбөтүн барытын хабар кыахпыт суох. Бу сальмонеллезнай аборт утары охсуһууга эрэ анаммыт үп.

Хабарҕаһыт диэн ыарыыны суоҕунан ааҕар исписэлиистэри кытта сөпсөспөппүн. Бу ыарыы ханна да барбата, сөпкө диагностикалааһын суох. Ринопневмонияны кытта куруук бииргэ сылдьаллар. Биһиги кэтээн көрдөхпүтүнэ, убаһаларбыт күһүн сыыҥтаах-сырааннаах буолаллар. Кэмигэр эмтэммэккэ оннук бэйэлэрэ аһарыналлар, сорохторо, биһиги кэтээн көрүүбүтүнэн 22 бырыһыана, өлүөн сөп. Маннык түгэн Хаҥалас Төхтүрүгэр буолан турар. Онно убаһалар ыалдьыбыттарыгар ыҥыран, ый аҥаара бадьыыстаһан, эмтии сатаан, элбэх сырабытын биэрэн турабыт. 60-70 убаһаттан 22 бырыһыана өлбүтэ.

 

«Сахабактисубтил» – атын дойдулар кытта туһаналлар

– Бу вакциналары кимнээх туһаналларый?

Өрөспүүбүлүкэбит иһигэр быйылгыга диэри сакаас суох буолан, туһаныы олох кыра этэ. Саха сиригэр хабарҕаһыт ыарыыга вакцина оҥоһуллубутун кэннэ биир даҕаны сайаапка суох. Атын уобаластар, холобур, Алтай, Красноярскай, Хакасия ылаары сайаапка оҥордулар.

Дьиҥэ, бу ыарыы баарын сылгыһыттар да этэллэр. Бассаап диэн баар, сүрдээх сайдыбыт ситим, онно сүүрбэччэ бөлөҕү кытары кэпсэтэ олоробун – хаһан, ханна, кимиэхэ туох ыарыы турбутун, туох быһылаан буолбутун билэбин.

Казахтар номнуо тутталлар диэн эттим. Ону таһынан кинилэр биһиги айбыппытын бэйэлэригэр оҥорон таһаарыахтарын баҕаран эрэллэр. Ол сөп.  Бачча ыраахтан вакцина ыыта олорорбутунааҕар, кинилэр бэйэлэрэ оҥорон таһаарыыны тэринэллэригэр көмөлөһүөхпүт. Лицензионнай дуогабар оҥосторго бэлэммит.

 

– “Сахабактисубтил” диэн препарат туохха туттулларый?

Диспепсия диэн ньирэй сыптарыйар ыарыыта баар. 90 сыллардаахха улаханнык тарҕаммыт ыарыы этэ, элбэх ньирэй саҥа төрөөн баран бу ыарыыттан сыптарыйан өлөн хаалара. Ону биһиги, атын сиргэ туттуллар препараттары көрөн, “Сахабактисубтил” диэн оҥорон, ньирэй сыптарыйар ыарыытын 100 бырыһыан кэриэтэ сэрэтэр уонна эмтиир кыахтанныбыт.

Препараты саҥа төрөөбүт ньирэйгэ айаҕар 3-5 биэрдэххинэ, бу ыарыыны сэрэтэр, ыалдьыбыт буоллаҕына, үчүгэйдик эмтиир. Тоҕо эмтиирий? Биһиги сыптарыйар ньирэй сааҕын ылан үөрэтэн көрбүппүт, ханнык микрофлора баарын, хайдах буоларын. Онно көрбүппүт: ас буһарар, туһалаах микробтара суох буолан хаалаллар эбит. Ол аата микробтар атастаһыылара очоҕоско кэһиллэн, дисбактериоз (дьиҥэ, дисбактериоз диэн бэйэтэ ыарыы буолбатах, клиника аата, ол аата симптом бэйэтин аата) үөскүүр эбит диэммит, бу эми биэрбиппит. Эмп киирэн баран, бэйэтэ көрөн, айылҕаттан айыллыбытынан, туһалаах микробтары элбэтэр, патогеннай микробтары өлөртөөн кэбиһэр. Оччоҕуна микробтар атастаһыылара оннугар түһэн, очоҕоско ас буһарыыта тупсар.

Ону тэҥэ бу эми сибиинньэ оҕотугар оҥорбуппут, регистрациялаабыппыт. Кэнники бу эмпитин аспираннарбыт кууруссаҕа, табаҕа, сибиинньэҕэ, килиэккэлээх дьиэ кыылларыгар туһалааҕын дакаастаабыттара. Билигин бу препараттарынан дезинфекция оҥорууга үлэ бара турар.

Кэнники сылларга ырыганнаабыт сылгыга, ынах сүөһүгэ олус туһалааҕа билиннэ. Сылгы тоҕо ырарый? Сылгы аһын буһарбат буолан хааларыттан ырар. Дисбактериоз буолан, лакто- уонна бифидобактериялара аҕыйаан, аһын кыайан буһарбат. Аны туран биһиги “Сахабактисубтил” диэн препараппыт уонча фермени бэйэтэ оҥорор. Искусственнай эйгэҕэ үүннэрэн көрөбүт эбэтэр очоҕоско киирэн кини ити ферменнэри оҥорон таһаарар. Ол аата бу эмпит, бастатан туран, куһаҕан микробтары өлөрөр; иккиһинэн, үчүгэй туһалаах микробтары элбэтэр, үүннэрэр; үсүһүнэн, ас буһарар ферменнэри оҥорор; төрдүһүнэн, саамай улахан иммусностимулирующай дьайыылаах, ол аата иммунитеты күүһүрдэр.

Бу эми элбэхтик ылар буоллулар. Билигин ылыахтарын баҕараллар даҕаны, оҥорон бүттүбүт. Россельхознадзортан тохтотор кумааҕы кэллэ. Бастакыта бу эмпитин Тыа хаһаайыстыбатын научнай чинчийэр институтуттан регистрациялаабыппыт. Институппут билигин лицензията суох, “Хоту-бакт” лицензията баар, ол иһин докумуоммутун уларытан биэриэхтээхпит. Онуоха диэри наадыйааччыларга кыратык кэтэһэ түһүҥ диибит. Аны күһүҥҥүттэн препараппыт баар буолуоҕа.

“Сахабактисубтил” туһунан киһи элбэҕи кэпсиэн сөп, ылыан баҕалаахтарга брошюра биэрэбит. Бу брошюра Тыа хаһаайыстыбатын научнай чинчийэр институтугар баар. Электроннай почтаҕа эмиэ ыытыахпытын сөп.

– Туох ыарахаттар баалларый?

Ханнык баҕарар оҥорон таһаарыыга курдук ыарахаттары көрсөрбүт элбэх. Бастакы кыһалҕабыт – биһиэхэ институт иһигэр оҥорор сыахпытыгар ирдэбиллэр уларыйдылар. “Чистые помещения” диэн ирдэбил киирдэ, эмиэ омуктары үтүктэн GMP диэн быраабыланы ылынан, онон ирдииллэр. Санкциялар биллэриллиэхтэрин иннинэ бу быраабылаларга эппиэттиир гына оҥосторбутугар аччаабыта 27 мөл. солк. наада этэ. Билигин оборудованиебыт, технологиябыт барыта омук киэнэ, онон өссө ыараабыт буолуохтаах. Дуоллар, евро үөһээ барбыттарынан, ол 50 мөл. солк. тиийбит буолуохтаах. Ити харчыны Бырабыыталыстыбаттан, инвестордартан көрдөһө сатыыбыт. Кыайыахпыт диэн баҕа санаа баар.

Икки хаттыгастаах Научнай үөрэтэр киин диэн бырайыагынан Саха сирэ былырыын куонкурус ааһан сүүйбүтэ. Препараттары оҥорор бырайыакпытынан биһиги онно баарбыт. Бу киин иһинэн биофармсобуот оҥорбут киһи диэн баҕа санаалаахпыт. Былааҥҥа киирбитэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ А.Тарасенко кэлэ сылдьыбыта, өйүүрүн биллэрбитэ. Ил Дархан эмиэ тугунан дьарыктанарбытын бэркэ билэр, онон эрэл кыыма уостубат.

 

2013 сыллаахха тэрийбит тэрилтэбит билигин “Якутия” технопарк резиденэ буолла. 2015 сыллаахтан Сколково диэн науканы өйүүр, коммерциализацияҕа салайан ыытар тэрилтэҕэ Саха сириттэн бастакы чилиэн буолбуппут,  кинилэри кытта ыкса сибээстээх үлэлии олорорбут да элбэҕи этиэн сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...