07.11.2020 | 17:38

Михаил Люй Ден: “Уопсастыбаннай түмсүүлэр олоҕу уларытар кыахтаахтар”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу нүөмэргэ Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа, Айылҕа харыстабылын туйгуна, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо Михаил Сергеевич Люй Ден ыалдьыттыыр.

– Бастатан туран, түгэнинэн туһанан, “Патриот” уопсастыбаннай түмсүү Саха сиринээҕи салаатын уонна “Кытайы кытта доҕордоһуу” түмсүү аатыттан Саха сирин бары олохтоохторун, Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Сирдээҕи дьолу, үлэҕэ, үөрэххэ үгүс ситиһиилэри баҕарабын.

Мин омукпунан кытайбын. 1950 сыллаахха атырдьах ыйын 18 күнүгэр Сунтаарга, оробуочай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Юрист-экономист идэлээхпин. Билигин биэнсийэҕэ олоробун, отставкаҕа барбыт юстиция полковнигабын.

5 оҕолоохпун, 7 сиэннээхпин. 1968 сыллаахха Тойбохой детдомун базатыгар тэриллибит орто оскуола-интэринээти бүтэрбитим. 1969-1971 сс. Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр, Забайкальскай байыаннай уокурукка сулууспалаабытым. Онтон кэлэн дойдубар оробуочайдаабытым, физкултуура учууталынан үлэлээбитим. Сунтаар, Кириэстээх, Тойбохой сопхуостарын комсомольскай кэмитиэттэрин босхоломмут сэкирэтээрдэрэ этим. Сунтаар сэлиэнньэтин норуодунай дьокутааттарын Сельсоветыгар сэкирэтээрдээбитим.

1987 Ф.Э. Дзержинскэй аатынан Харьковтааҕы юридическай институту бүтэрбитим. Прокуратура уорганнарыгар, Өймөкөөн оройуонугар суут бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим.

 1992-1999 сс. СӨ Бэрэсидьиэнин администрациятыгар Быраап управлениетыгар үлэлээбитим. Бу өрөспүүбүлүкэбит атаҕар турар, суолун тэлинэр тыҥааһыннаах, өрө күүрүүлээх  кэмнэрэ этэ. Саҥа бэрэсидьиэннэммиппит – М.Е.Николаев, Конституция оҥорбуппут,  саҥа нормативнай быраап базата, сокуоннар үөскээбиттэрэ. Парламент тэриллибитэ. Ил Түмэн спикерэ  А.П. Илларионов этэ.

1987 сыллаахха РФ Судаарыстыбаннай сулууспа академиятын бүтэрэн, экономист идэтин ылбытым. 1999-2005 сс. СӨ Бэрэсидьиэнин уурааҕынан, СӨ Юстицияҕа миниистирин солбуйааччытынан анаммытым. Онтон Юстиция управлениетын начаалынньыгын солбуйааччыта этим.

ДОЙДУБАР БЭРИНИИЛЭЭХ БУОЛАММЫН

Биэнсийэҕэ тахсан баран уопсастыбаннай үлэнэн күүскэ дьарыктанным. 2017 сыллаахтан “Патриот” патриотическай иитиини уонна пропаганданы ыытар уопсастыбаннай түмсүү Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлинэн талбыттара.

Маны таһынан, “Кытайы кытта доҕордоһуу” уопсастыба ннай түмсүү бэрэссэдээтэлэбин, 2007 сыллаахха вице-президент А.К. Акимов, билигин СӨ сенаторын көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Бу сыллар устата Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин 9 куоратын кытта доҕордуу сыһыаны олохтоотубут.

Тас сибээс министиэристибэтин Кытайы кытта ыытар үгүс үлэтигэр кыттыһабыт. Өрөспүүбүлүкэбит үгүс куораттара уонна улуустара Кытай провинцияларын уонна куораттарын кытта бырааттыы сыһыаны олохтоотулар. Саха сириттэн биһиги оҕолорбут Кытай элитнэй үөрэхтэрин кыһаларыгар үөрэнэллэрэ элбээтэ. Оҕолорбут кытай тылын баһылыыллар, билиилэрин Кытай курдук модун судаарыстыбаны кытта үлэлэригэр туһаналлар.

Кытайы кытта доҕордоһуу түмсүү салгыы култуура, үөрэхтээһин, култуура, спорт, доруобуйа харыстабылын уонна, биллэн турар, атыы-эргиэн, экономика эйгэлэригэр бииргэ үлэлэһэр киэҥ былааннаахпыт. Уопсастыбаннай түмсүүлэр бэрэстэбиитэлистибэлэрин арыйар былааннаахпыт.

 “Патриот” түмсүү хайдах үөскээбитэй, туох санааттан?

“Патриот” уопсастыбаннай түмсүү 2009 сыллаахха тэриллибитэ. Бастаан Иван Макарович Яковлев (үйэтин тухары байыаннай-патриотическай иитиини киэҥник пропагандалаабыт энтузиаст учуутал) туһунан кинигэҕэ матырыйаал хомуйууттан саҕаламмыта. Аҕаларбыт, эһэлэрбит олохторун суолун холобур оҥостон иитии улахан суолталааҕын өйдөөбүппүт. Кинилэр чахчы дойдуларыгар бэриниилээх көлүөнэ бэрэстэбиитэллэрэ буоллахтара.

Пионерскай уонна комсомольскай тэрилтэлэр курдук ыччакка дойду иннигэр ытык иэс, уҕараабат  таптал, үрдүк эппиэтинэс өйдөбүллэрин тарҕатар тэрилтэлэр олох суох буолбуттара. Ол иһин чаҕылхай дьон олоҕун кэпсээн ыччаты иитиигэ бэйэбит кылааппытын киллэрэр үлэни ыытарга ылсыбыппыт.

Иван Макарович Яковлев – мин солбуллубат көмөлөһөөччүм Зинаида Ивановна төрөппүт аҕата. Иван Макарович эрдэ тулаайах хаалбыт, биир дойдулаахтарын өйөбүлүнэн эрэ киһи-хара буолбут, үөрэхтэммит ыарахан дьылҕалаах киһи этэ. Дойдутун дьоно өйөөн Дьокуускайга кэлэн Түүлээҕи таҥастааһын техникумугар үөрэммит, икки сыл үлэлээн баран үрдэтинээри Москваҕа үөрэнэ барбыт. Онно тиийэн идэтинэн салгыы үөрэммэккэ, Вязьма куорат Үрдүкү байыаннай оскуолатыгар туттарсан киирбит. Туйгуннук үөрэнэн, бирисээгэ ылынан байыаннай киһи дьылҕатын талбыт.

И.М. Яковлев – түөрт сэрии кыттыылааҕа, бэйэтин олоҕун харыһыйбакка дойдутун туһугар байыаннай атааннаһыыларга хорсуннук киирсибитэ. 1939 сыллаахха Белоруссия кыраныыссатын көмүскээһиҥҥэ, 1939 аатырбыт Маннергейм линиятыгар бело-финскэй сэриигэ, 1941-1943 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр, Москва аннынан Юхнов, Наро-Фоминскай куораттары босхолооһуҥҥа, 1944-1945 сс. японскай милитаристары утары сэриигэ Кытай Сыпингай, Мукден, Чаньчунь куораттарыгар сэриилэспитэ.

Кыһыл Знамя уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин 1-кы истиэпэннээх уордьанынан, бойобуой мэтээллэринэн наҕараадаланан кэлбитэ. Төрөөбүт улууһугар кэлэн оскуолаларга, бастаан интэринэээт иитээччитинэн, үлэ уруогун уонна физкултуура учууталынан, байыаннай бэлэмнэнии учууталынан үлэлээбитэ. Сунтаар орто оскуолатыгар үлэлээбитин тухары 40 байыаннай офицеры иитэн таһаарбыта. Үөрэппит оҕолоро Алжирга, Въетнамҥа, Афганистаҥҥа, Чечняҕа сулууспалаабыттара, үгүстэрэ үрдүк наҕараадалаахтар. 100-тэн тахса үөрэнээччитэ полковник аатын ылбыттара, Ис дьыала министиэристибэтин араас салааларыгар, прокуратураларга уонна юстиция эйгэтигэр үлэлииллэр. Иван Макарович Саха АССР үтүөлээх учууталын аатын ылбыта.

Биэнсийэҕэ тахсан баран Дьокуускайга олорон, байыаннай-патриотическай иитииттэн тэйбэтэҕэ. Ыччаты иитиигэ, эдэр военруктары бэлэмнээһиҥҥэ үлэлээбитэ. Настаабынньык учуутал быһыытынан өрөспүүбүлүкэни барытын кэрийэ айаннаан, военруктары үөрэтэр этэ. Аҕа дойду сэриитин инбэлиитэ буолбутун да иһин олоххо көҕүн хаһан да сүтэрбэтэҕэ. Тайах маһыгар  тирэнэн, үрүксээгин сүктэ да ханна баҕарар айанныан сөбө. Өрөспүүбүлүкэ үгүс хаһыаттара кини үлэтин сырдаппыттара. Номох буолар чаҕылхай олоҕу олорбута.

НОРУОТУ ТҮМЭР КҮҮС

Хантан да улахан өйөбүлэ, үбүлээһинэ суох үлэлиир уустук буолбатах дуо? Туох санаанан салайтараҕытый?

– Биһиги түмсүүбүт сүрүн уратыта – үгүстэрбит Иван Макарович үөрэнээччилэрэ – биэнсийэҕэ тахсыбыт полковниктар, кэллиэгэлэр.

Бастакы хардыыларбытын нэһилиэнньэни кытта сибээс олохтооһунтан саҕалаабыппыт. 2011 сыллаахха “Буойун-учуутал И. М.Яковлев” диэн кинигэни таһааран баран, бэс ыйыгар Үс Хатыҥҥа сунтаардар Ыһыахтарыгар  презентациялаабыппыт. Иван Макарович бииргэ үлэлээбит дьонун, биир дойдулаахтарын, үөрэнээччилэрин туспа түһүлгэҕэ муспуппут.

2012 сыллаахха А.П. Петров аатынан Сунтаар орто оскуолатын 150 сылын бэлиэтиир выпускниктар Ыһыахтарын тэрийбиппит. Арассыыйа араас муннуктарыттан 500 киһи кэлбитэ.

Эмиэ бу сыл Тойбохой орто оскуолатын 130 сылыгар бастакытын бу оскуола выпускниктарын түмэр улахан үлэни ыыппыппыт. Үбүлүөй ыытылларыгар көмө буолар хамыыһыйаны тэрийбиппит.

2015 сыллаахха Хочо орто оскуолатын 115 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир Ыһыаҕы ыспыппыт.

Онтон да атын элбэх үлэбит барыта түмсүүттэн уонна төрөөбүт дойдуга тапталтан саҕыллан тахсар. Дойдуларыгар бэриниилээх дьон ханнык да эйгэҕэ үлэлээтиннэр, ханна да ыраах көһөн олохсуйдуннар, дойдуларын инники сайдыытыгар ис дууһаларыттан кыһаллан, кылааттарын киллэриэхтэрин баҕарар буолаллар. Сүрүн хамсатар күүспүт – патриотизм.

– Туох-ханнык үлэни ыыттыгыт?

– 2013 сыллаахха аан бастаан байыаннай бэлэмнэнии үөрэҕин оскуолаларга уонна үөрэх кыһаларыгар анал кафедралары арыйыы туһунан боппуруоһу туруорсан барбыппыт. Хорутуулаах ырытыылаах төгүрүк остуол ыытыллыбыта.

Сыллата байыаннай-спортивнай оонньуулары ыытабыт. Сыл аайы нэһилиэккэ биллэр байыаннай киһи аатын ааттаан туран тэрийэбит.

Билигин идеологическай үлэни ыытыы олус уустук. Биһиги саҕанааҕы курдук пионерия да, комсомол да курдук түмэр тэрилтэ суох. Онон “Патриот” түмсүү кинигэлэри, ыстатыйалары таһаарыыга, дойдуга бэриниилээх олоҕу олорбут чаҕылхай дьон аатын үйэтитиигэ күүскэ үлэлэһэр. Отучча улахан кинигэни таһаардыбыт. Байыаннай чаастарга сылдьыбыппыт, “Красная звезда” уонна “Суворовскай натиск” хаһыаттары кытта сибээс олохтоотубут, үлэбитин киэҥник сырдатабыт. Алдан (О.В. Бабич), Өймөкөөн (Т.М. Заболоцкая), Чурапчы, Уус Алдан, Таатта (Н.М. Андреев), Амма, Уус Майа (И.П. Гаранин), Кэбээйи (И.И.Борисов), Бүлүү улуустарын кытта уопут атастаһабыт.

Бастаан наар уопсастыбаннай саҕалааһын, норуот хамсааһынын быһыытынан үлэлээн баран, 2017 сыллаахха Юстиция министиэристибэтигэр регистрацияламмыппыт.

2017 сыллаахха Афганистан, Чечня, Сирия интернационалист буойуннарын түмсүүтүн тэрийэллэригэр көмө буолбуппут.

Быйыл Саха сиригэр биллэриллибит Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар үгэс буолбут байыаннай-патриотическай оонньууларбытын Үөһээ Бүлүүгэ ыытар былааннаах этибит. Бэлиэтээн эттэххэ, Үөһээ Бүлүү баһылыга В.С. Поскачин – Саха сиригэр аан маҥнайгынан “Арассыыйа патриота” кыһыл көмүс бэлиэни ылбыт киһи. Хомойуох иһин, пандемиянан сибээстээн, бу оонньууларбыт 2021 сылга көстүлэр.

Бар дьон, нэһилиэктэр  олохтоохторо уонна улуустар салалталара өйүүр буолан үлэбит табыллар. Норуот өйөбүлэ суох патриотическай иитиигэ туһуламмыт үлэ тахсыбат. Уопсастыба күүһүн түмүү эрэ түмүгэр үтүө хамсааһыннар үөскүүллэр.

БАЙЫАННАЙ СУЛУУСПАҔА ТАЛАҺАР ЫЧЧАТ ЭЛБЭЭТЭ

– Общественниктар диэн, чахчы, ураты дьон. Эһиги көлүөнэ патриотическай тыыҥҥыт модун күүстээх. Ыччат маннык үлэҕэ төһө көхтөөх дии саныыгын? Дохуот аҕалбат, барыһа суох үлэҕэ аныгы ыччат соччо таласпата буолуо...

Общественник үлэтэ биир да солкуобай хамнаһа суох, буор босхо үлэлиигин.Биһиги, пенсионердар, бэл, бэйэбит биэнсийэбитинэн харчы бырахсан кыттыһа-кыттыһа, элбэх тэрээһиннэри ыытан кэллибит. Сунтаарга, Ньурбаҕа, Бүлүүгэ барытыгар тиийэр этибит. Хас да киһи этэн турардаах: “Билигин байыаннай күрэх баһаам – ЮнАрмия ыытар, “Снежный барс” да баар, эһиги эмиэ тоҕо кыбылынныгыт”,  диэн. Биһиги нэһилиэк аайы тэрээһин ыытарбытыгар сыл устата бэлэмнэнэбит. Герой аатын үйэтитээри уһуйаантан, оскуолаттан саҕалаан, киһи барыта долгуйар, бэлэмнэнэр, улахан хамсааһыннар тахсаллар. Хас биирдии чаҕылхай байыаннай олоҕу олорбут киһи дьылҕатын үөрэтэллэр,  чинчийэллэр. Биһиги тиийэн күрэхпитин ыыттахпытына нэһилиэк олоҕо сэргэхсийэ, өрө оргуйа түһэр. Байыаннай күрэх эрэ буолбакка, тэрээһиммит улахан ахтыы бырааһынньыга буолан хаалар.

Манна биир түгэни ахтан-санаан кэллим. Биирдэ Тойбохойго тэрээһин кэмигэр детдом иитээччитэ, эмиэ байыаннай сулууспаны ааспыт, 80-нун лаппа ааһан сылдьар аарыма кырдьаҕаспыт Т.Н. Жирков (102 сааһыгар диэри олорбута) Саха сирин уонна Арассыыйа гимнин тыаһаппыттарыгар форматын кэтэн кэлэн, чиэс биэрэн турда. Кэлбит дьон бары дууһабыт кылын таарыйда. Кини килбиэннээх олоҕун биир дойдулаахтара, дьиҥэ, бары билэр буоллахтара. Ол эрэн бу тэрээһиҥҥэ чиэс биэрэн стойкаҕа турбутугар мустубут оҕо барыта долгуйан ытаабыта. Оннук түгэннэргэ биһиги уопсастыбаннай үлэбит чахчы наадалааҕын, ыччакка маннык тыыны уһугуннарар аҕа көлүөнэ аата ааттаныахтааҕын өссө биирдэ өйдүүгүн.

Сылтан сыл күрэхтэһиибитин Бүлүү бөлөх 4  улууһугар ыыппыппыт. Сороҕор, чахчы күлүүгэ киирэр дьон этибит. “Кырдьан, түөһэйэн баран тоҕо улуустары кэрийэ бараҕыт?” – диэн элбэхтик ыйыталлар этэ. Онтон тэрээһиммитигэр сырыттахтарына “бырастыы гыныҥ, сыыһа эппиппин, алҕас инник санаабыппын” диир киһи элбэх буолар.

Билигин патриотическай хамсааһыҥҥа ыччат кыттыста. Афган, Чечня, Сирия  сэриилэрин оҕолоро бииргэ түмсэн эрэллэр. Байыаннай сулууспаны талар ыччат элбээн иһэр. Холобур, үөһээ бүлүүлэр быһаччы байыаннай үөрэхтэргэ ыытар кыахтаахтык үлэлииллэр.

Биһиги хамсааһыммытын былаас бары уорганнара өйүүллэр. Тэрээһин ыыта тиийдибит да, полиция, военкомат, о.д.а. буолан бары кытталлар.

ПАТРИОТИЗМ ИЙЭ ҮҮТҮН КЫТТА КИИРЭР

– Патриотическай иитии хаһан саҕаланыахтааҕый?

Манна өссө биир түгэни кэпсиим: Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымаҕар, герой Федор Попов төрөөбүт нэһилиэгин эдэркээн кыыһа тэрээһиҥҥэ: “Биһиги ийэбит иһиттэн патриотическай хааннаах төрүүбүт”,  диэбиттээх. Патриотизм ийэ үүтүн кытта киирэр өйдөбүл.

Бу соторутааҕыта зумунан тэрээһиҥҥэ кытынным. Саамай кырдьаҕастара мин эбиппин. Формалаах олорон түмсүүбүт үлэтин туһунан кэпсээтим. Онтон ыла оҕолор тэрилтэлэрэ сибээскэ тахсаллар, ыытар үлэбитин олус интэриэһиргээтилэр.

10 сыл устата ыытыллыбыт байыаннай оонньууларбыт сабыдыаллара – Кадетскай оскуолаҕа талаһан туран туттарсан, улахан куонкуруһу ааһан киирэр  оҕо элбээтэ. Биир оҕобут байыаннай училищены бүтэрбитэ, Кавказ байыаннай хамсааһыннарыгар кыттан наҕараадаламмыта.

– Патриотизм уонна омуктаһыы кыраныыссата ханан сытар дии саныыгын? Мин саныахпар, билигин, ордук ыччакка бу кыраныыссаны араарыы мөлтөх... Аһара патриоттаан национализмҥа тиийии баар... Ону туох диигин?

Аһара чугастар. Тоҕо диэ, бандьыыт буоллун, кыһыл буоллун, үрүҥ буоллун, хас биирдии киһи дууһатыгар патриот буолан төрүүр. Ханнык баҕарар омук иһигэр бэйэ киэнин өрө тутуу баар. Кистэл киэн туттуу, бэйэ киэнин күөн туттуу баар да буолуохтаах буоллаҕа дии. Ол иһин бу кыраныыссатын араарар уустук.

Кып-кыра кыымтан улахан айдаан умайан тахсыан сөп. Ол иһин биһиги доҕордуу сыһыаҥҥа болҕомтону тардабыт.

– Атын омук сиригэр баран олохсуйбут киһини олоҕор элбэҕи ситиспит курдук саныыбыт. Бэйэтин дойдутуттан көһөн барар ыра санаалаах көлүөнэ баара кистэл буолбатах. Бэйэ олорор сирин, олоҕун-дьаһаҕын астыммат буолуу туохтан үөскүүр дии саныыгыный?

Иккилии-үстүү үрдүк үөрэхтээхтэр үлэ булбаттар дии. Сэбиэскэй кэм саҕана эдэр исписэлиискэ “подьемнай” диэн харчы, үлэлии тиийбит сиригэр кыбартыыранан хааччыйаллара. Билигин оннук өйөбүл суох. Оҕолор Япониянан, Американан ситиһиилээхтик үөрэнэллэр. Уонна онно хаалан хаалаллар, тоҕо диэтэххэ, манна кэлэн сыаналамматтарын билэллэр. Дойдубутугар тиийдэхпитинэ барыта билсиинэн-көрсүүнэн, улуустаһыынан, аймахтаһыынан буолуоҕун таайаллар...

Мин 70 саастаахпын, кырдьан эрэр киһибин дэнэбин. Бастаан утаа, уопсастыбаннай үлэнэн үлүһүйүөм иннинэ “аныгы оҕолор инниктэр-манныктар” эҥин диэн хомуруйуохпун баҕарталыыр этим. Билигин уопсастыбаннай үлэҕэ сылдьан, элбэҕи билэн баран,  оҕолорбутун өйдөөтүм.

Наһаа өйдөөх оҕолордоохпут, биһигини хас эмэ бүк баһыйар мындырдар. Ханнык баҕарар таһымнаах үөрэҕи баһылыыр, наука хайа баҕарар салаатыгар үлэлиир кыахтаахтар. Билиҥҥи ыччат эрудицията үрдүк, маассабай арыгылааһын диэн суох. Урут биһиги саҕана, чахчы, баара...

Мунньахтаан, ханнык эрэ тиэмэҕэ мустан кэпсэтэн баран, үрүө-тараа сүүрэн хаалабыт, атын-атын сир диэки хайыһа сылдьабыт. ЛДПР, КПРФ, “Биир ньыгыл Арассыыйа” буолан арахсар наадата суох...

Уопсастыбаннай тэрилтэ норуот тыыныттан, олоҕуттан төрүттэнэр. Маннык түмсүүлэр олоҕу уларытар кыахтаахтар. Норуот өйдөөн-төйдөөн биир сомоҕо буоллаҕына эрэ уларытыылары оҥоруоҕа.

Норуоту сэниир, намтатар, аанньа ахтыбат буолар сыыһа.  Наполеон саҕана ким кыайбытай?  Норуот кыайбыта.  Фашистары ким кыайбытай? Норуот кыайбыта...

Бу билигин коронавируһунан дьону хам баттаатылар, хааччахтаатылар. Туох сыаллаах уонна туох соруктаах оҥоһуллубут ыарыы эбитэ буолла... Дьон уйулҕатын наһаа ыста.

–Мин  Зинаида Ивановна Игнатьева диэммин. Сунтаартан төрүттээхпин. СГУ омук тылын факультетын бүтэрэн баран медколледжка үлэлээбитим. 2009 сыллаахха “Патриот” уопсастыбаннай түмсүүнү тэрийбиппит. Мин сүрүн үлэм – сырдатыы.

Патриотизм диэн бэйэ дойдутун, бэйэ омугун өрө тутуу, таптааһын. Патриотическай тыыҥҥа иитии дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Ийэ-аҕа дойдуга тапталы иҥэриититтэн саҕаланыахтаах. Оскуола, уопсастыбаннай тэрилтэ эрэ буолбатах, барыта дьиэ кэргэнтэн тахсыахтаах.

Биһиги ханнык да партияҕа суохпут, ол иһин  норуот бэрэстэбиитэллэрин курдук сылдьабыт. Былааһы уонна норуоту ситимниибит. Норуот өйдөөбөт, оттон былаас өйөөбөт буоллаҕына, биһиги хайдах да патриотическай санааны саҕарбыт сатаммат.

Биһигини норуот дипломаттара дииллэрэ кынаттыыр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...