11.06.2021 | 10:37

Мэйии сөбүлүүр астара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Түөрт уон саастарын ааспыт үгүс киһи төбө ыарыытын, мэйии эргийиитин, умнуган буолууну, сэниэ эстиитин эттэринэн-хааннарынан билбит буолуохтарын сөп. Биричиинэтэ биллэр. Мэйии үлэтигэр кэһиллии тахсан эрэр сибикитэ. Онуоха мэйии сөбүлүүр астарын рациоҥҥа киллэрэр туһалаах.

1. Балык. Нэдиэлэҕэ кырата үстэ, өссө ордуга күн аайы 100-150 г сиэниллиэхтээх. Муора балыгар элбэх микроэлемент баар, цинк, фосфор дэлэй. 

2. Үүнээйи арыылара. Лүөн, оливковай арыылары  астанарга  хото туһаныҥ.

3. Муора бородуукталара: креветкалар, кальмардар, муора хаппыыстата о.д.а. элбэх белоктаах, микроэлеменнэрдээх, дьуоттаах.

4. Оҕуруот астара – моркуоп, помидор, биэрэс, горох, фасоль ордук туһалаахтар.

5. Эриэхэлэр – грецкэй, фундук ,о.д.а. “В” бөлөх битэмииннэрэ дэлэй, үгүс микроэлеменнэрдээх, ордук кобальт, магний.

6. Куруппа. Буурай (бурый) рис, гречка, эбиэс (овсянка), уотурба (отруби). Киһи сааһыран истэҕин аайы мэйиитин үлэтэ бытаарар. Сөптөөх аһы аһаан, кыаҕын иһинэн үлэлиир-хамсанар, ааҕар-суруйар, мэйиитин үлэлэтэр буоллаҕына,  киһи үйэтэ уһуурун учуонайдар бигэргэтэллэр.

7. Фрукталар – банан, инжир, виноград, апельсин “В” бөлөх, “С” битэмииннэринэн, калийынан, фосфорынан, магнийынан баайдар. 

8. Үрүҥ ас. Суорат, быырпах, кымыс, иэдьэгэй о.д.а. Бу астарга белок, кальций, лецитин “В” бөлөх битэмииннэр бааллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...