20.01.2023 | 15:00

«Мечтатели» — баҕа санаа туолар сирэ...

Урбаан эйгэтигэр киһи ханнык баҕарар суолу талан үлэлиир үйэтэ кэллэ. Ол эрээри үгүстэр атыы-эргиэн эйгэтин талар буоллахтарына, бүгүҥҥү ыалдьыппыт ураты суоллаах-иистээх.
«Мечтатели» — баҕа санаа туолар сирэ...
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Анастасия Петровна Ильина – Дьокуускай куоракка баар “Мечтатели” сынньанар сир хаһаайката. Аҕыйах сыллааҕыта олоҕун аргыһа Прокопий Дмитриевичтыын арыйбыт бу сынньанар сирдэрэ, омуннаабакка эттэххэ, билигин куораппыт биир бастыҥ кэрэ сирэ буола үүннэ.

Кэлиҥҥи сылларга Дьокуускай таһыгар араас туристическай баазалар, дьоҕус мас дьиэлэрдээх гостиницалар арыллан үлэлииллэрин үгүстүк истэбит. Манна доҕотторгун кытта хампаанньанан, дьиэ кэргэнинэн, таптыыр киһигиниин кэлэн сынньанан, хонон-өрөөн барыаххын сөп. Биһиги ыал эмиэ ааспыт сайын кэргэмминиин “Ханна эрэ сынньана, айылҕаны кытта алтыһа барыахха” диэн толкуйдаан баран, биир күн бу “Мечтатели” сынньанар сиргэ астына-дуоһуйа сылдьан кэлбиппит. Куорат тыаһа-ууһа иһиллибэт бэрт чуумпу сиртэн улахан дуоһуйууну ылбыппыт. Өйдүү-саныы сылдьар гына хаартыскаҕа түһэр кэрэ миэстэлэрдээх, хачыал, туспа шашлыктыыр сир, таһырдьа аһыыр остуол о.д.а. бааллар. Онон бу сынньанар сир хаһаайыттарын кытта билсиэхпин, хаһыакка сырдатыахпын олус баҕарбытым.

Бу күннэргэ урбаанньыт Анастасия Петровна Ильинаны кытта көрсөн, үлэтин, бу кэрэ миэстэни хайдах арыйбытын о.д.а. туһунан кэпсэттибит.

 

Саха сиэринэн билсиһиэххэ...

– Анастасия Петровна, үтүө күнүнэн! Бүгүн, дьэ, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар анаан хантан төрүттээххин, ханна үөрэммитиҥ, улааппытыҥ туһунан ирэ-хоро сэһэргэһиэххэ.

– Мин Уус Алдантан төрүттээхпин. Оҕо сылдьан мэник-тэник, сытыы-хотуу оҕо этим. Үөрэхпэр туйгуннук үөрэнэрим, спордунан дьарыктанарбын туохтааҕар да ордорорум. Кыра сылдьан учуутал эбэтэр иитээччи буолар баҕа санаалаах этим. Ол курдук Саха судаарыстыбаннай университетын омук тылын салаатын бүтэрбитим. Идэбинэн тылбаасчыт, филолог, уһуйааччы диэн буолабын. Тоҕо эрэ ол саҕана профориентация диэн үчүгэйдик үлэлээбэт эбит. Тастыҥ эдьиийбин холобур оҥостон туттарсыбытым уонна омук тылыгар БКЭ-ҕэ үрдүк баалы ылбытым быһаарар оруолу ылбыта. Ол иһин атын үөрэҕи көрө да барбатаҕым. Кэргэним Прокопий Дмитриевич Хаҥаластан төрүттээх, СГУ физико-техническэй институтун бүтэрбитэ.

– Урбаан эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний? Ордук ханнык хайысханы интэриэһиргиир этигиний?

– Прокопий Дмитриевич 2014 сылтан урбаанньыт. Кини сүрүн дьарыга – таһаҕас тиэйиитэ. Онтон мин алта сыллааҕыта бэлэхтэри оҥорууну саҕалаабытым. Биир кэм наһаа үчүгэйдик элбэх да элбэх сакаастаах үлэлээбитим. Урбаан эйгэтигэр бэйэм баҕа санаабынан кэлбитим. Сүрүн сыалым диэн – бэйэм бэйэбэр уонна кимтэн да тутулуга суох үлэ. Киһи бэйэтин туһугар санаата ордук өрө көтөҕүллэн, астына, дуоһуйа үлэлиир эбит. Саамай сүрүнэ – бизнескин, дьарыккын муҥура суох таптыаххын наада.

– “Мечтатели” сынньалаҥ сири хайдах уонна хаһан арыйбыккыный? Туох усулуобуйа баарый?

– “Мечтатели” сынньалаҥ сир идеята эмискэ киирбитэ. 2021 сыллаахха пандемия кэмигэр өссө тугунан дьарыктаныахха сөбүй, дьон куораттан тахсан сынньанар сирэ аҕыйах эбит диэн кэргэммэр эппиппэр, тута өйөөн, ылсан барбыппыт. Омуннаабакка эттэххэ, сарсыҥҥы күнүгэр учаастак көрдөөн саҕалаабыппыт. Дьокуускайтан чугас, ол эрэн дьонтон тэйиччи буоларын баҕараммыт, «Саталга» көрбүппүт уонна тутатына сөбүлэһэн докумуоннаспыппыт. Бэйэм ыалдьыт хараҕынан көрөммүн, кэлэр дьоҥҥо бары өттүнэн табыгастаах буоллун диэн  муус устар ыйтан тутууну саҕалаабыппыт уонна бэс ыйын бастакы күннэриттэн номнуо үлэлэппиппит. Баазабыт туспа күрүөлээх-хаһаалаах. Тиэргэн иһигэр улахан беседка, шашлыктыыр сир, 36 кв.м иэннээх үс муннук дьиэ баар. Дьиэ ис, тас бараанын барытын кэргэмминиин бэйэбит ис дууһабытыттан кыһаллан оҥорбуппут. Туох баар иһитигэр-хомуоһугар, утуйар таҥаһыгар тиийэ тэрийбиппит. Манна дьиэттэн астаах кэлэн хампаанньанан сынньанан барыахха сөп. Хоно хаалар буоллахха, алта утуйар миэстэлээх, уон киһиэхэ диэри киһи батыан сөп.

– Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон, кырдьык, куорат таһыгар, айылҕаттан чугас сынньаналларын ордорор буоллулар. Дьон эһиэхэ төһө кэлэрий?

– Биһиги үлэбитин бэс ыйын 4 күнүттэн саҕалаабыппыт уонна күн бүгүнүгэр диэри биир да өрөбүлэ суох үлэлии сылдьабыт. Дьон наһаа үчүгэйдик үөрэн-көтөн, сөҕөн-махтайан барарыттан дьоллонобут. Ордук хампаанньалар уонна дьиэ кэргэнинэн сылдьаллар: төрөөбүт күн, дьүөгэлэр көрсүһүүлэрэ, олоххо буолар араас дьоллоох түгэни бэлиэтии кэлэллэр.

– Биллэриигитин ханна биэрэҕит?

– Аныгы үйэ сиэринэн социальнай ситимнэринэн хаһан аһаҕас күннэр баалларын тута биллэрэ, суруйа олоробут, “этэрбэс араадьыйата” диэн эмиэ баар. Сынньанан ааспыт дьонтон истиһэн кэлээччилэр аҕыйаҕа суохтар. Сылдьыбыт, сөбүлээбит дьон куруук кэлэ туралларынан номнуо бастайааннай килийиэннэр баар буоллулар. Онтон наһаа үөрэбит, сүргэбит көтөҕүллэр.

– Эһиги хас да бизнеһи тэҥинэн тутар ыалгыт, сорохтор  олохторун тухары аралдьыйбакка биир бизнескэ үлэлииллэр. Эн маны туох дии саныыгын?

– “Мечтатели” – дьиэ кэргэммит уопсай бизнеһэ. Бу иннинэ иккиэн тус-туспа дьарыктаах этибит. Үөһэ эппитим курдук, кэргэним таһаҕас тиэйэр, бэйэм “Все для вас” диэн иһит маҕаһыыннаахпын уонна саҥа дьыл саҕана “Green Trees” диэн премиум уонна люкс харыйалары атыылыыр этим. Бу хампаанньа Дьокуускай куоракка официальнай дилердэрэ буолабыт. Үлэбитин, бизнеспитин иккиэн да олус таптыыбыт. Сүрүн быһаарыныыны син биир уопсай сүбэнэн ылынабыт. Үлэбитин уонна тус олохпутун тэҥҥэ дьүөрэлиибит эрээри, син биир сүрүн кэпсэтии бизнес туһунан буолар эбит (күлэр). Онон киэһэ дьиэбитигэр киирэрбитигэр үлэ туһунан кэпсэтиини таска хааллара сатыыбыт.

– Оҕолордооххут дуо? Хайдах иитэҕитий? Сүрүн болҕомтону туохха уураҕытый?

– Биһиги үс уоллаахпыт, күммүт-ыйбыт кинилэртэн тахсар. Оҕолорбут – биһиги дьолбут, сарсыҥҥы кэскилбит. Сүрүн сыалбыт диэн, оҕолорбутугар элбэх кэрэ сирдэри, тас дойдулары көрдөрөр былааннаахпыт. Сылга биирдэ хайаан да дьиэ кэргэнинэн сынньалаҥҥа көтөбүт, уоппускабытын бииргэ атаарабыт. Элбэхтик айанныыр оҕо дойдумсах буолар, сайдар, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир, олоҕу таптыыра күүһүрэр, кэлин бэйэтэ үлэҕэ тардыһыылаах буолар диэн санаалаахпыт. Онуоха ийэлээх аҕа куруук холобур эрэ буоларга кыһаллабыт.

– Быйылгы саҥа сылтан тугу күүтэҕин? Туох былааннар баалларый?

Биһиги дьиэ кэргэн куруук үчүгэйгэ эрэ эрэнэбит, онон үүммүт сылтан үрдүк таһаарыылаах үлэни, ситиһиини күүтэбит. Быйыл былааммыт элбэх, өссө туох эрэ саҥа бырайыагы олоххо киллэрбит киһи диэн толкуйдуубут, кэккэ идеялар бааллар. Урбаанньыт киһи биир сиргэ тохтоон туруо суохтаах. Кыахтаах буоллаҕына, саҥаттан саҥа бырайыактары, сонун идеялары олоххо киллэриэхтээх, ол туһуттан элбэҕи үөрэтиэхтээх, билиитин-көрүүтүн хаҥатыахтаах, сылайары билбэккэ үлэлиэхтээх. Тус бэйэм урбаан эйгэтигэр кэлбиппиттэн кэмсиммэппин, төттөрүтүн, олус үөрэбин уонна сэргэхсийдим. Элбэх дьону кытта алтыһарбыттан дьоллоохпун. Түмүккэ, «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар саҥа сылга элбэх ситиһиилэри, баҕа санаа туолуутун, үгүс үөрүүнү-көтүүнү баҕарабын.

– Анастасия Петровна, истиҥ кэпсэтииҥ уонна санааларгын үллэстибитиҥ иһин махтал.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....