Массаас киһини эмтиир күүстээх
Соторутааҕыта эрэ “предприниматель”, “бизнесмен” диэн тыллартан сэрэхэдийэ түһэрбит, туох эрэ “муостаах-туйахтаах”, “курутуой” дьон үлэлииллэрин курдук саныырбыт...
Онтон билигин урбаан эйгэтигэр сыстыбыт киһи үксээтэ. Төһө даҕаны пандемия сылларыгар элбэх киһи биисинэһин тохтоттор, сорохтор, уустуктартан өссө күүһүрэн, сайдан, ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Бүгүн биһиэхэ Дьокуускайга массаас хоһун арыммыт эдэр урбаанньыт Наталья Лебедева ыалдьыттыыр.
Саха сиэринэн билсиһиэххэ...
– Мин Усуйаана Хаһааччыйатыттан төрүттээхпин. Төрөппүттэрим Анна Прокопьевна уонна Алексей Петрович Корниловтар диэннэр, алта оҕолоох ыалга үһүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Бэйэм икки үрдүк үөрэхтээхпин: бастакым – саха тылын учуутала, 2008 сыллаахха Саха cудаарыстыбаннай университетын бүтэрбитим, онтон 2011-2014 сылларга Норуоттар доҕордоһууларын университетыгар юридическай салааҕа үөрэнэн, юрист идэтин ылбытым. Өр сылларга идэбинэн буолбакка, дьаһалтаҕа исписэлииһинэн, “Ийэ уонна оҕо” отделыгар о.д.а. үлэлээбитим, кылгас кэмҥэ юристаан иһэн, кыра оҕом сотору-сотору ыалдьарыттан, тохтообутум. Кэлиҥҥи 4-5 сылга оскуолаҕа эргиллэн, саха тылын уонна литературатын учууталынан уонна иитээччи-завуч быһыытынан, биир кэмҥэ Үөрэх управлениетыгар үлэлээбитим. Оттон массажист буолбутум оруобуна биир сыл буолла.
– Ол аата соторутааҕыта эрэ урбаанньыт буоллаҕыҥ? Массаас хоһун хайдах арыммыккыный, туох эмит уустуктары көрсүбүтүҥ дуо?
– Массажист буолуохпун уруккуттан баҕарарым. Омуннаабакка эттэххэ, өссө оҕо эрдэхпиттэн ыраланар эбиппин (күлэр). Ийэм медсиэстэрэ уонна массажист идэлээх. Оҕо сылдьан кинини көрөн наһаа ымсыырарбын, эмтэммит, үтүөрбүт дьон махтаналларыттан наһаа үөрэрбин өйдүүбүн. Ити курдук сыыйа бэйэм да билбэппинэн массаас эйгэтигэр киирэн барбыппын, бастаан, биллэн турар, хобби эрэ курдук этэ. Эппитим курдук, сүрүн үлэ оҥостубутум сыл эрэ буолла, “предприниматель” диэн буолбакка, “самозанятай” быһыытынан регистрацияламмытым. Массаас хоһун бастаан хас да буолан кыттыһан арына сатаабыппыт кыаллыбатаҕа. Онтон бэйэм бу ааспыт сыл балаҕан ыйыттан туспа үлэлээн эрэбин.
– Биллэн турар, Дьокуускайга массаас хоһо аҕыйаҕа суох. Бастаан саҕалыыргар, килийиэннэри буларгар, бэйэҕин хайдах биллэрбиккиний?
– Дьокуускайга былырыын көһөн киирбиппит. Аҕам улаханнык ыалдьан, кини доруобуйатын көрдөрөөрү кэлбиппит. Биллэн турар, ханна да тиий, үлэ боппуруоһа куруук сытыытык турар. Хата, бу массааска үөрэммитим олус туһалаата, этэргэ дылы, илии-атах буолла. Килийиэн чааһын эттэххэ, бастаан саҕалыырбар ыарахан этэ. Билэр дьоммун көрдөһөн биллэриилэри тарҕаттарар этим, бэйэм ыҥырыынан ыалларынан сылдьыбытым. Ол эрээри дьон күүттэрбэккэ кэлэр, сылдьар буолбута. Ол курдук, улахан төһүүнү “этэрбэс араадьыйата” оҥорбута. Билигин устуудьуйабар дьон эрдэттэн суруйтарыынан күннэтэ кэлэ турар. Күҥҥэ син биир 3-5 киһини кытта үлэлиибин. Ардыгар араас аахсыйалары оҥоробун. Эмтэммит, сылдьыбыт дьонум махталлара – миэхэ саамай үрдүк наҕараада. Үксүн 4-5 күннээх эмтэнии кууруһун ылан бараллар. Билигин куораттан да, улуустартан да кэлэллэр, дьиэ кэргэнинэн, оҕолоох да дьон сылдьаллар.
– Ханнык көрүҥ массаастары оҥороҕун?
Этэриҥ курдук, массаас киэҥ эйгэлээх, көрүҥэ элбэх. Хас да суол массааһы оҥорорго элбэхтик үөрэниэххэ, билиини хаҥатыахха, уопутуруохха, үөрүйэҕи сайыннарыахха наада. Ол эбэтэр киһи ылла да биир күнүнэн массажист буолан турбат. Билиини, үөрэҕи, уопуту таһынан айылҕаттан айдарыы, дьоҕур элбэҕи быһаарар. Массажист медицина, анатомия боппуруостарыгар быһаарсарын таһынан, психолог буолара эмиэ эрэйиллэр. Холобура, киһи этин-сиинин олоруутуттан, хайдах сирэйдээх-харахтаах кэлбититтэн туох кыһалҕалааҕын эмиэ быһаарыахха, диагноз кытта туруоруохха сөп. Сорох дьон массааска көннөрү сынньана, дуоһуйа кэлэллэр, сорохтор доруобуйаларынан суруйтараллар. Сүһүөх, сис ыарыылаахтар, өр сылларга балыыһаларынан сылдьыбыт дьон кэлэллэр. Маннык дьон мин куурустарбын ааһан үтүөрэн, үөрэн бараллара миэхэ олус күндү. Даҕатан эттэххэ, мин үлэм – дьон доруобуйатын чэбдигирдии, тупсарыы. Оттон массаас көрүҥүн эттэххэ, бүгүҥҥү күҥҥэ классическай, сынньатар, спортивнай, тайскай о.д.а. массаастары оҥорорбун.
– Нэһилиэнньэ массааска төһө наадыйар эбит дии санаатыҥ? Хайдах саастаах дьон ордук кэлэрий? Сүрүннээн туох диагнозтаах буолаллар эбитий?
– Аҕыйах сыллаахха диэри биһиэхэ, сахаларга, массаас диэн улаханнык сайда илик этэ. Дьон массааһы көннөрү сынньаныы, эти-сиини имитии эрэ курдук өйдүүрэ. Кэлин көрүүбүт уларыйда. Үөһээ эппитим курдук, миэхэ араас ыарыылаах, тостуулаах дьон кытта кэлэр. Сеанс, куурус курдук сылдьан баран, «харахпыт сырдаата”, “олус чэпчээтибит”, “сынньанныбыт”, “доруобуйабыт, ис турукпут тубуста” диэн махтаналлар. Оннооҕор «дабылыанньабыт хамсаабат, төбөбүт ыалдьыбатаҕа хас да ый буолла” диэн этэллэр. Өссө, мин көрдөхпүнэ, үгүс дьон отектаах эбит. Онон аныгы дьон массааска наһаа наадыйар буолбут диэн көрөбүн. Кэлбит киһини этин-сиинин, уҥуохтарын тутан-хабан, диагноз туруорабын, туох баар ыарыылара ырылхайдык көстөн кэлэр. Миэнэ сахалыы эмтээһин диэн ааттанар. Килийиэннэрбэр саастарынан хааччах диэн суох, 4-5 ыйдаах оҕоттон саҕалаан 85 саастаах кырдьаҕастарга тиийэ кэлэллэр. Этэргэ дылы, ыарыы сааһы билиммэт, оҕолор да, эдэр, күөгэйэр күннэригэр сылдьар да дьон эмтэнэллэр. Кесарево быһыынан төрөөбүт сорох оҕолор бэйэлэрэ туспа кыһалҕалаахтар: тымыр, ньиэрбэ ыарыылара о.д.а. Итиэннэ элбэх инсультаабыт киһини атахтарыгар туруордум.
– Наталья, интэриэһинэй кэпсээниҥ иһин махтанабын. Ханнык баҕарар киһи үлэтинэн үгүс былааннардаах буолар. Эн баҕа санааҥ тугуй? Инникигин хайдах көрөҕүн, туох саҥа былааннар баалларый?
– Эдэр киһи буоларым уонна бу эйгэҕэ саҥа кэлбит киһи быһыытынан былааным элбэх. Бастатан туран, айылҕа, медицина да өттүнэн элбэх туһалаах үөрэхтэргэ үөрэнэн, салгыы сайдыахпын, билиибин хаҥатыахпын баҕарабын. Ыра санаам – төһө кыалларынан элбэх киһини эмтээбит, үгүс дьону үөрпүт-көтүппүт киһи диэн. Бу үлэм сүрүн сыала ол буоллаҕа. Дьон доруобуйаларыгар хаарчаҕа суох буолууларыгар, үчүгэй олохтоох, чэгиэн-чэбдик сылдьыыларыгар, оҕолонон-урууланан, кэскиллэрин кэҥэтиилэригэр көмөлөһүү – мин инники былааным диэххэ сөп.
Билигин үлэлиир сирим устуудьуйа диэн ааттанар. Кыра, кыараҕас, икки эрэ киһи үлэлиир хоһо. Онон инникитин кэҥиир уонна баҕалаах дьону үөрэтэр былааннаахпын. Айылҕаттан дьоҕурдаах, талааннаах эрээри, бэйэлэрин үчүгэйдик булбакка сылдьар, үлэлэрин хайдах, туохтан саҕалыылларын билбэт дьон элбэх. Маннык дьоҥҥо күүс-көмө, өйөбүл буолуохпун баҕарабын. Киэҥ-куоҥ, улахан салоннаах киһи, элбэх ыра санаам олоххо киириэ этэ. Бу баҕа санаам сотору кэминэн туолуо диэн эрэнэбин.
Түмүккэ
Наталья Лебедева курдук тарбаҕар талааннаах массажистыын кэпсэтэн баран бэйэм эмиэ ис-испиттэн сырдаабыкка дылы буоллум. Маннык үтүө санаалаах, олохторугар туруоруммут сыаллаах-соруктаах дьон баалларыттан киһи үөрэр. Натальяҕа ыра санааҥ туоллун, өссө да элбэх дьону үөрдэ-көтүтэ сырыт диэн бэйэм алгыс тылбын тиэрдэбин