15.06.2023 | 18:00

Массаас күүһүнэн киһини чөлүгэр түһэриэххэ сөп

Массаас күүһүнэн киһини чөлүгэр түһэриэххэ сөп
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Сорох дьон: “Массаас кэнниттэн саҥа төрөөбүт оҕо курдук сананным”, – дииллэрэ омун буолбатах. Үчүгэй сеанс кэнниттэн, кырдьык, киһи сылайбыта ааһар, чэпчиир, бэл, сүргэтэ көтөҕүллэр, сүрэҕэ сылаанньыйар, “Көтүөхпүн кынатым эрэ суох” диир турукка киирэр.   
Хаһыаппыт бүгүҥҥү нүөмэригэр «Bliss massage» салон салайааччыта Наталья Секованы кытта массаас доруобуйаҕа туһатын туһунан кэпсэттибит.

Сылайбыт киһи сынньанар, ыгылыйбыт – уоскуйар

– Наталья, бу эйгэҕэ хайдах кэлбиккиний, хаһааҥҥыттан үлэлиигиний?

– Мин кыра сааспыттан ийэбин, эбэбин имэрийэр, илбийэр этим. Эбэм эмчит идэлээх: “Оҕом илиитэ сып-сымнаҕас, улааттаххына массажист буолаар”, – диирэ. Дьиҥэр, хирург быраас буолар, дьону эмтиир баҕалаах улааппытым. Оскуола кэнниттэн мединститукка туттарсыбытым да, куонкуруһу ааспатаҕым, онон юрист үөрэҕэр киирбитим. Ол эрээри оҕо сааһым ыра санаатын ыһыктыбатаҕым, испэр иитиэхтии сылдьыбытым. Ол курдук, үс сыллааҕыта эр санаабын ылынан, үлэбиттэн тохтообутум уонна анал куурустарга үөрэнэн, куоракка массаас дьоҕус кабинетын арыйбытым. Ити сыл пандемия саҕаланан, кэккэ ыарахаттары көрсүбүтүм эрээри, онтон толлубатаҕым, самныбатаҕым, хата, төттөрүтүн, сыалбын-сорукпун ситиһэргэ өссө дьүккүөрдээхтик үлэлээбитим. Өссө медколледжка туттарсан киирбитим, быйыл бүтэрэбин, идэтийбит сиэстэрэ буолабын. Ону тэҥэ, медицинскэй массааска үөрэнэ сылдьабын, сыалбын-сорукпун ситиһэн эрэбин диэн сэмээр үөрэбин.

Бастаан билэр дьоммун эрэ массаастыырым, онтон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, килийиэним элбээн испитэ. Сыл аайы араас куурустары ааһабын, маастарыстыбабын үрдэтинэбин, сайын улууска тахсан үлэлиибин.

Билигин саломмут туспа дьиэлээх-уоттаах, уон үлэһиттээх. Бэйэбит күүспүтүнэн өрөмүөннэнэн, оҥостон үлэлии олоробут, инникитин өссө да сайдар, кэҥиир санаалаахпыт. Биир бэйэм дьоҥҥо көмөлөһөрбүттэн, маастар-кылааспар үөрэммит кыргыттарым бииргэ үлэлии сылдьалларыттан дьоллонобун.

– Массаас доруобуйаҕа туһалааҕын билэбит, оттон балысхан сайдыылаах үйэ дьонугар эмп, битэмиин курдук наадалаах дииллэрэ оруннаах дуо?

– Аныгы үйэ дьоно улаханнык хамсаммаппыт, эбиитин кыһыммыт уһун буолан, үксүн дьиэҕэ олорон тахсабыт. Тыйыс айылҕалаах сиргэ төрөөбүт-үөскээбит дьон, баҕарбыппыт да иһин, санаатахпыт аайы таһырдьа тахсан сүүрэр, дьаарбайар, эрчиллэр кыахпыт суох. Инньэ гынан хааммыт эргииригэр кэһиллиилэр тахсаллар, сиспит тоноҕоһо токуруйар, эппит-сииммит, туох баар лимфабыт бүөлэнэн, хам тутан кэбиһэр (“зажим”). Аны олорон эрэ үлэлиир киһи элбэх. Ити эмиэ элбэх ыарыы төрдө. Ол иһин оҕотуттан, улахан киһититтэн тутулуга суох, ханнык баҕарар доруобай киһи сылга иккитэ-үстэ хайаан да массаас кууруһун ааһыахтаах. 

Массаас туһатын ааҕан сиппэккин. Онтон сүрүннэрин ааттаатахха, хаан эргиирин, бэссэстибэ атастаһыытын тупсарар, иммунитеты бөҕөргөтөр. Утуйбакка эрэйдэнэр дьоҥҥо олус туһалаах. Сеанс кэмигэр утуйуу гормоннара тахсаллар, ол иһин сорохтор сытаат да, нуктаан, хаһыҥыраан бараллар. Сылайбыт – сынньанар, ыгылыйбыт – уоскуйар, налыйар. Сотору-сотору куурус ааһар киһи куруук үөрэ-көтө сылдьар, бэйэтин көрүнэр буолар.

Маны сэргэ, биһиги үлэбитигэр эниэргийэ ситимнэһиитэ диэн баар. Массажистар, дьоҥҥо көмөлөһөөрү, ис-испититтэн кыһаллан илбийэбит, кэлбит киһини сеанс кэмигэр арыйан, сааһылаан биэрэргэ дьулуһабыт. Сорох үрдүк сололоох, куруук харах далыгар сылдьар дьон “санаабыт сааһыланан, чэпчээн хааллыбыт” диэн махтанан бараллара үгүс. Итинэн массаас киһи ис туругар, уйулҕатыгар эмиэ туһалаах диэхпин баҕарабын.

Оҕолорго – ураты болҕомтону

– Киһи этин-сиинин тутан-хабан, кини туга ыалдьарын билиэххэ сөп дуо?

– Точечнай массааһы баһылаабыт буоллаххына, сис ыарыытын, тоноҕоһо, сүнньэ мөлтөҕүн баттаан көрөн быһаарыахха сөп. Өр үлэлээбит, уопуттаах массажист киһи былчыҥнара тугу кэпсииллэрин билэр. Ол эрээри, олохсуйбут ыарыылаах дьону кытта үлэлиир арыый ыарахан соҕус. Сороҕор аҥаардас сынньана эрэ кэлбит киһини, баттаталаан көрдөххө, арыллан, туга ыалдьара биллиэн сөп.

Манна массаас сорох киһиэхэ сөп түбэспэтин бэлиэтиирбит тоҕоостоох. Холобур, хаан ыарыылаах, онкологиялаах, варикозтаах дьон туттуналлара ордук. Сэлликтээх, аһаҕас баастаах, псориазтаах дьоҥҥо көҥүллэммэт.

Киһи массааска чахчы туһалыа диэн кэлэр. Ол эрээри тута тупса түһүөхтээхпин дии саныа суохтаах, биһиэхэ көмөлөһөн, салгыы харыстаныахтааҕын умнуо суохтаах, аһын-үөлүн көрүнүөхтээх, эрэсиимин сааһыланыахтаах. “Сиһиҥ тоноҕоһо көнө, ыалдьыбат буоллаҕына, олоҕуҥ кытта тупсар” диэн этии оруннаах. Толкуйдаан да көрдөххө, доруобай киһи үөрэ-көтө сылдьар, санаабытын ситиһэр буоллаҕа.       

– Билигин массаас көрүҥэ элбэх. Онтон аҕыйаҕы холобурдуоҥ, туохха туһалаахтарын кылгастык кэпсиэҥ дуо?

– Холобур, лимфодренажнай, антицеллюлитнай массаас ыйааһын түһэрэргэ, организм үлэтин сааһылаан биэрэргэ көмөлөһөр. Норуокка “апельсин хаҕынан” биллэр целлюлит сыыһа аһыыртан, күннээҕи эрэсиим тутуһуллубатыттан, гормон үлэтэ ыһыллыытыттан тахсар. Биллэн турар, доруобуйаҕа туох да үчүгэйи аҕалбат. Хааныҥ эргиирэ, ууҥ сүүрэрэ бытаарар. Сорохтор илиилэрэ-атахтара испит, дарбайбыт буолар. Ол иһин бастаан лимфодренажнай массаастан саҕалыыбыт.

Коронавирустан дьон доруобуйата олус айгыраата, онно эбии вакцина ылан мөлтөөбүт киһи элбэх. Бу дьаҥтан тыҥа ордук эмсэҕэлиир, ньиэрбэ систиэмэтэ кэбириир эбит. Биһиги ахсаабыт организмы аҥаардас эминэн-томунан буолбакка, массаас күүһүнэн эмиэ чөлүгэр түһэриэххэ сөп диэн санааттан “Постковидный массаж” диэн көрүҥү киллэрбиппит. 

Кытай курдук улуу омук массааһы былыр-былыргыттан мээнэҕэ өрө туппат. Биһиги оҕолорбутугар быһыы туруортарарбыт курдук, кинилэргэ массаас булгуччулаах процедура. Гаджет үйэтигэр төрөөбүт оҕолор төлөпүөҥҥэ хам хатанан, нүксүччү түһэн олороллор, систэрин тоноҕоһо токуруйбутун өйдөөн көрбөккө да хаалабыт, ыалдьаллара билиннэҕинэ биирдэ “бабат” диибит. Мин санаабар, оҕолорбутугар ураты болҕомтобутун ууруохпутун, массаас ити хайысхаҕа сайдыан наада.

– Спортивнай массаас туох уратылааҕый?

– Бу көрүҥ хайаан да спортсменнарга эрэ барсар дии саныыр сыыһа, дьарыктанар дьоҥҥо барытыгар туһалаах. Кэтээн көрдөххө, фитнескэ сылдьар сорох кыргыттар былчыҥнара күүрэн, илиилэрин кыайан көтөхпөт да буолан кэлэллэр. Бириэмэлэрэ тиийбэтиттэн дуу, билбэттэриттэн дуу, растяжканы улахаҥҥа уурбаттар эбит. Дьиҥэр, эрчиллиэх иннинэ эти-сиини хайаан да ититиэххэ, сылытыахха наада. Бүтэн баран эмиэ растяжканы умнар сатаммат. Спортсменнар ону бэркэ билэллэр. Биһиги массаастыахпыт иннинэ киһи былчыҥнарын имитэн, илбийэн сылытабыт, ол кэннэ биирдэ үлэлиибит.

– Хат дьахталларга массаас хаһааҥҥыттан көҥүллэнэрий?

– Оҕо күүтэр дьахталлар иккис триместртэн сылдьаллара ордук,        кинилэргэ “Расслабляющий массаж” барсар. Хайаан да быраастан көҥүл ылан кэлиэхтээх. Дабылыанньата тахсыбат, уопсай туруга, анаалыстара үчүгэй буолуохтаах. Сорох дьахталлар, оҕолоноллоро ыкса чугаһаатаҕына, таастарын уҥуоҕа атан, ыалдьан сордуур (симфиз). Массаастаннахтарына сымныыр, ыарыылара намырыыр.   Сеанс уһаабыта 40 мүн. буолар.

Тоҕоостоох кэми мүччү туппакка

– Билигин салон эрэ элбэх. Эһиги үлэҕит уратыта тугуй?

– Сорох сиргэ илиигин эбэтэр төбөҕүн массаастатар буоллаххына, эбии төлөбүр көрдүүллэр. Биһиги оннук тугун эрэ быһан-отон кэбиспэккэ, кэлбит киһини оройуттан атаҕын төбөтүгэр диэри илбийэбит. Итиэннэ сарсыҥҥы күнүгэр хайаан да туругун туһунан ыйыталаһабыт, куурус кэмигэр сибээспитин быспаппыт, араас туһалаах уонна сөптөөх эрчиллиилэри ыытыахпытын, ЛФК көрдөрөн биэриэхпитин сөп.

– Куйаас күннэргэ массаастанар хайдаҕый, кимиэхэ көҥүллэммэтий?

– Куйаас күннэргэ хааннарын баттааһына үрдүк дьон сөрүүн түспүтүн кэннэ кэлэллэрэ ордук. Даачалаах дьон, сороҕор үлэлэрин барытын үмүрүтэ охсоору, оҕуруоттарыгар түһүнэн кэбиһэллэр, ол сыыһа. Аргыый наллаан хамсаныҥ, олус түбүгүрүмэҥ, бэйэҕитин харыстана сылдьыҥ диэхпин баҕарабын.

– Ааҕааччыларга сүбэҥ.

– Сайын – хамсанарга-имсэнэргэ, сүүрэргэ-көтөргө, доруобуйаны көрүнэргэ, сынньанарга саамай тоҕоостоох кэм. Иҥэмтэлээх, битэмииннээх аһы аһааҥ, күнтэн күүс ылыҥ, стресскэ киирэн биэримэҥ, холкутук сылдьыҥ диэн сүбэлиибин.

– Наталья, кэпсээниҥ иһин махтанабын, үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...