01.12.2023 | 10:00

Мас тардыһыытын айти технология тупсарыаҕа

Мас тардыһыытын айти технология тупсарыаҕа
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Оскуола биэрэр билиитин таһынан оҕолору дьоҕурдарынан, талааннарынан, туохха тыыппалаахтарынан көрөн эбии үөрэхтээһини тэрийии киин куораппытыгар үрдүк таһымҥа барар. Бу күннэргэ Дьокуускай куорат Оҕо айымньытын дыбарыаһын “Кванториум” технопааркатын иһинэн үлэлиир “IT-Энерджи” куруһуок уһуйуллааччыта Арсений Колесов уонна салайааччыта Денис Алексеевич Данилов “Мас тардыһыытыгар аналлаах модифицированнай тэрил” диэн бырайыактарыгар патент ылары ситистилэр.

Патеннаммыт мас

Арсений Колесов, 1 №-дээх оскуола 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Мин араас конференцияларга ситиһиилээхтик кыттыбыт научнай-практическай бырайыагым, бастатан туран, Биир кэлим эксээмэним түмүгэр эбии бааллары биэриэхтээх, ол аата үөрэххэ туттарсарбар тирэҕим буолуохтаах. Сүрүн идеябыт –  IT-технологиялары туһанан мас тырдаһыытын киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга төһүү буолар тэриллэри айан таһаарыы. Билигин мас тардыһыытын спордун көрүҥүн сүрүн снарядын (мадьынылар тардыһар мастарын) тулалыыр эйгэҕэ (пространствоҕа) баар балаһыанньатын көрдөрөр устройство айа-тута сылдьабыт.

– Оттон маныаха патент оҥотторуу тугу биэрэрий?

– Патент бас билиини көмүскүүр, патеннаах киһи кини тэрилин киэҥ араҥаҕа туттарга көҥүлүн биэриэн эбэтэр биэримиэн сөп буолар.

– Эн айбыт тэрилиҥ уратыта туохханый?

– Уратыта саха төрүт үгэстэрин уонна аныгы үйэ сайдыытын дьүөрэлээһиҥҥэ сытар диибин. Күрэхтэһиилэргэ судьуйалар үлэлэрин толорорго туттар былаан баар.

– Маннык үлэнэн хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?

– Бырайыактааһынынан олох кыра сааспыттан үлүһүйбүтүм. Настаабынньыгым уонна уһуйааччым Ф.В.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын педагога Денис Алексеевич Данилов биир үтүө күн бырайыак саҕалыырга этии киллэрбитэ. Бастаан кыттыахтаах тэрээһиммит “Чөл олох уонна спортивнай наука” диэн хайысхалаах этэ, онно бэрт кыра сааспытыгар табаарыспын кытта научнай-практическай конференцияҕа өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кыттарга ааспыппыт. Онтон бэйэм бырайыакпын толкуйдуохтаах кэмим кэлбитэ. Мас тардыһыытыгар туһаныллар модифицированнай тэрили оҥоруу бырайыагынан дьарыктаммытым үһүс сылыгар барда. Сүрүн сыалбыт, биллэн турар, олус хорсун – бу тэрилбитин маассабайдык тарҕатыы.

 

Оҕо наукаҕа тардыһыытын өйөөҥ!

“IT-Энерджи” куруһуок салайааччыта Денис Алексеевич Данилов:

– Үөрэнээччим Арсений мин куруһуокпар 2017 сыллаахтан дьарыктанар. Бу да иннинэ араас хайысхаҕа бырайыактары көмүскүүрэ.

Быйыл, 2023 сылга, Арсений Колесов Арассыыйа саамай биһирэбиллээх “Инникигэ хардыы” конференциятыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ лауреат аатын ылла, маны таһынан Москваҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы научнай форумҥа ситиһиилээхтик кытынна, “Большие вызовы” чинчийэр үлэ конференциятын регионнааҕы түһүмэҕэр лауреат буолла, Н.И.Лобачевскай аатынан научнай конференция  2-с истиэпэннээх дипломана уонна да атын кэккэ ситиһиилэрдээх.

– Куруһуоккутугар хас оҕо дьарыктанарый? Оҕону хайдах киллэриэххэ сөбүй?

– 15-тии оҕолоох алта бөлөҕү кытта үлэлиибин. Оҕо дыбарыаһыгар 2015 сыллаахха кэлбитим, 2017 сыллаахха кванториум арыллыаҕыттан үлэлии сылдьабын.

Биһиги куруһуокпутугар ылыы сүүмэрдээһинэ суох, үөрэх дьылын саҥатыгар эбии үөрэхтээһин навигаторын нөҥүө суруттарыынан киириэххэ сөп. Онон үөрэтэрбит да босхо. Ким бастаан суруттарбыт – ол киирэр.

Билигин куруһуогум толору. Арай миэстэ тахсар түгэнигэр Дыбарыас саайтыгар туһааннаах информация тахсыан сөп.

Үөрэтэр бырагыраамабыт хас да модульга арахсар. Бастакы модульга “Ардуино C++” программированиеҕа уонна схематехникаҕа уһуйабыт. Салҕыы аныгы энергетика альтернативнай источниктарын үөрэтэбит. Үһүс модульга бырайыактыыр үлэнэн дириҥник ылсан дьарыктанабыт. Бырагыраамабыт 3 сылга суоттанан оҥоһуллар.

Атын үөрэнээччилэрим ситиһиилэрин кэпсээтэххэ, Вова Лушпа Москваҕа Норуоттар икки ардыларынааҕы “Инникигэ хардыы” ыччат научнай форумугар 1-кы истиэпэннээх дипломант буолбута; Валерий Максимов, Никита Егоров уонна Максим Захаров "Экологическое образование в целях устойчивого развития" Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай конференция кыайыылаахтара буолбуттара, “Арктика – территория сотрудничества" норуоттар икки ардыларынааҕы конференция кыттыылаахтара; Иван Тарскай «Юные Техники и Изобретатели» диэн Арассыыйа Судаарыстыбаннай дууматын тэрээһинин кыттыылааҕа о.д.а. бааллар.

– Билиҥҥи төрөппүт оҕотун айти, робототехника өттүгэр салайа сатыыр буолла. Эн салайар куруһуогуҥ курдуктарга миэстэ өрүү былдьаһык. Маныаха оҕо хайаан да техническэй соҕус толкуйдаах буолара ирдэнэр дуо?

– Оҕо наукаҕа тардыһыытын өйүүр туһугар төрөппүт бастатан туран оннук хайысхалаах куруһуокка биэриэхтээх дии саныыбын. Ол аата сайдар эйгэтин тэрийэргэ кыһаллыахтаах. Манна оҕо хайаан да техническэй өттүнэн дуу, ахсаан өттүнэн дуу талааннаах буолуохтаах диэн буолбатах, холобур, миэхэ гуманитарнай уонна социальнай бырайыактарынан утумнаахтык дьарыктанар оҕолордоохпун.  Саамай сүрүнэ – бырайыактааһыҥҥа уонна ол кэмигэр билиини, үөрүйэҕи, сатабылы иҥэринэргэ үөрэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...