01.04.2021 | 12:02

Марууса: «Ытыс тыаһа – бастыҥ наҕараада, көрөөччү күлүүтэ – үрдүк кыайыы»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн “Быара Суохтарбыт” тугу таһаарбыттар? Маруусабытыгар үһүс кийиит кэлбит үһү. Сарсыардаттан кими эрэ дьаһайан эрэр. Ити курдук кэпсэтиилэр ыал аайы иһиллэллэр. Кини “санааҕытын ууран туран” диэн сүбэлиирин, “чээн”, “барахсан” диэн ымманыйарын, “дьоҥҥо үчүгэйкээн да бэйэлээх кийииттэр кэлэллэр ээ” диэн муҥатыйарын истэ-истэ, биһиги, көрөөччүлэр, “быара суох” барабыт. 

Ааҕааччыларбыт көрдөһүүлэрин толорон, Көр-күлүү күнүгэр аналлаах нүөмэрбитигэр Мария СЕРГЕЕВА-Марууса ыалдьыттыыр буолла. Кини оҕо сааһын умнуллубат түгэннэрин, сыанаҕа хаһан тахсыбытын, туохтан ытаабытын, тугу сатаабатын, бэйэтин кийиитин туһунан олус истиҥник-иһирэхтик сэһэргээтэ. Биллэн турар, көрдөөх-күлүүлээх кэпсээнэ элбэх буолан биэрдэ.  

–Мария Николаевна, саха дьонун сиэринэн кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. Оҕо сааһыҥ ханна ааспытай? Ийэлээх аҕаҥ, бииргэ төрөөбүттэриҥ тустарынан кэпсээ.

–Мин Мария Николаевна Сергеева диэммин. Бэйэм Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүттэр уон биирбит. Аҕам, ийэм – саастарын тухары үлэни өрө туппут дьон. Уон биир оҕону улаатыннарар манан дьыала буолбатах. Аҕам – булчут бэрдэ, үлэһит киэнэ үтүөлээҕэ. Ийэм наар сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ. Түөрт бырааттаах, биэс балтылаах дьоллоох оҕо сааһы билбит киһибин.

–Оҕо сылдьан тугу сэргиир, сэҥээрэр этигиний? Ойор күннээх кэрэ сааһыҥ биир саамай күлүм түгэнин ахтан ааһыаҥ дуо?

–Арай маҥнайгы кылааска үөрэнэ сырыттахпына, олохтоох араадьыйаҕа ыллыыгын диэтилэр. “Кып-кыра чыычаах” диэни. Ол кэмҥэ эбэм аах ыраах сайылыкка олороллоро. Мин кинилэри наһаа ахтар этим. Араадьыйа боруобатынан иһирдьэ киирэн, күндү дьоммор тиийиэхтээх курдук санаабытым. Ол иһин үөрэ-көтө бэлэмнэммитим. Аны ыллыы туран, дьоммун наһаа ахтыбыппын быһыылаах, ытаан тоҕо барбытым. Оҕо сааһым күлүм гыммыт түгэнин билиҥҥэ диэри умнубаппын. Кэнники саныы-саныы күлэбин ээ. Улуу ырыаһыт...

–Кыра эрдэххиттэн тутан улааппыт үөрүйэхтээххин, дьикти дьарыктааххын дуо?

–Бырааттарбын, балтыларбын мэлдьи дьаһайан тахсар этим. Уонна, дьэ, остуоруйа, кэпсээн кэпсиир этим. Ол үөрүйэҕим билигин да баар быһыылаах. Дьаһайарбын уонна кэпсээн кэпсиирбин билигин да сөбүлүүбүн (күлэр).

–Бэйэҥ туох идэлээххиний? Аан бастаан сыанаҕа хаһан тахсыбыккыный? –Туох да идэтэ суох киһибин. Ол маҥнайгы кылааска араадьыйаҕа ыллаабытым сыананы кытта билсиим этэ. Сценкаларга бастаан тэрилтэлэр күрэхтэригэр тахсыбытым.

БИҺИГИ ДЬОЛБУТУГАР КЭЛБИТ КИЙИИТ

–“Быара Суохтар” көр-күлүү норуодунай театрыгар хаһан, хайдах кэлбиккиний? Бастакы оруолуҥ туһунан кэпсээ.

–“Быара Суохтар” хара тэриллиэҕиттэн баарбын. Салайааччыбыт, режиссербут Мария Андреевна "Үтүө үтүөнэн төлөнөр дуо" диэн пьеса суруйбута. Ол айымньытынан улууска ыытыллар бэстибээлгэ тахсар буолбута. Миэхэ Балбаара диэн дэриэбинэ сир түннүгүн оонньоппута. Ол драманан улууска Гран-при аатын ылбыппыт. Мин бу саамай улахан бастакы оруолум этэ. Онон аны "Биир күн" диэн тэттик киинэҕэ уһуллубутум. Билигин да онно-манна көстөр.

–“Талааннар норуоттар тахсаллар” диэн этии баар. Айар бөлөххүт туһунан билиһиннэриэҥ дуо? Хаскытый? Эһиги ортоҕутугар туох идэлээх дьон баалларый? Бука, бары да оҕолоох-уруулаах, үлэлээх-хамнастаах, ынахтаах-сүөһүлээх буоллаххыт?

–“Талааннар норуоттан тахсаллар” диэн олус бэргэн этии. Ол эрээри кинилэри таһаарар киһи наада. "Быара Суохтары" төрүттээбит, билиҥҥээҥҥэ диэри салайа сылдьар киһибит Мария Андреевна Дьячковская буолар.

Бастаан элбэх этибит. Этэргэ дылы, нэһилиэк дьоно бары киинэҕэ оонньуур буолбуппут, араас таһымнаах күрэхтэргэ кыайталаан барбыппыт, элбэх бириискэ тиксибиппит. Бу – салайааччыбыт үлэтин түмүгэ.

Икки сыллааҕыта Мария Андреевна улуус киинигэр көһөн барбыта. Ол эрээри, биһигини билигин да бырахпакка, хаалларбакка илдьэ сылдьар. Биир-биэс харчыта, хамнаһа да суох. Саҕалаабытын ыспакка-тохпокко, инникитин өссө сайыннарар санаалаах. Чурапчыга, киэҥ сиргэ тахсан, саҥа талааннары булан, өссө күүһүрдүбүт. Биһиги ортобутугар араас идэлээх дьон бааллар. Уон кылаас үөрэхтээх дьонтон саҕалаан, салайааччыларга тиийэ. Ыанньыксыттар, хачыгаардар, учууталлар, пиэрмэ, оскуола, уһуйаан үлэһиттэрэ...

–Сюжеккытын, уобарастаргытын ким айарый? Режиссергут, салайааччыгыт толкуйдуур дуу, бары уопсай дуу?

–Барытын Мария Андреевна толкуйдуур. Биһигини билэрэ бэрт буолан, сөп түбэһэр уобарастары биэрэр. Ким да сирбэт-талбат. Мин наар дьээбэлиибин: “Андреевна, миигин тоҕо наар хобу-сиби тарҕатааччы, арыгыһыт ойоҕо, тыллаах, этиһиик дьахтар оҥороҕун? Мин кырасаабыссаны, хотуну оонньуохпун наһаа баҕарабын ээ”, – диэн туруорсабын. Ону куруук күлээччи.

Мария Андреевна мындаҕаайылар дьолбутугар кийииттээн кэлбит киһи дии саныыбын. Кып-кыра сценкалартан саҕалаан, "Быара Суохтары" норуодунай театрга тиийэ үүннэрдэҕэ. Ол барыта үгүс үлэттэн тахсыбыта биллэр. Төһөлөөх элбэх күрэххэ кыттан, гастролга сылдьан, кэнсиэр бөҕө биэрэн... Ол быыһыгар араас ыарахаттар бааллар, ону барытын туораан, билигин даҕаны саха дьонугар күлүүнү-үөрүүнү бэлэхтии сырыттахпыт.

САҤА ТАҺЫМҤА ТАҔЫСТЫБЫТ

–Сценка, монолог, о.д.а. жанрга үлэлиигит. Ону таһынан киинэ таһаараҕыт. Билигин тэттик видеоларынан (вайннары диэххэ дуу) социальнай ситимнэри баһылаатыгыт. Инстаграм, ютуб олус элбэх бириэмэни ылар. Бу бэйэтэ туспа, улахан үлэ. Видеоларгытын ким уһуларый, таҥарый (монтаж)?

–Дьэ, бу эмиэ Мария Андреевна үлэтэ. Кэргэнэ Петр Михайлович –  иккис сүбэһитэ-амаһыта. Кини уонна уоллара устар. Монтажка уоллара, кыыстара бары талааннаахтар. Билигин Айаал Петрович биһиги администраторбыт буолбута. Эдэр киһи диэх курдук, кэпсэтэн-ипсэтэн, гастролларбытын быһаарар. Ити ютуб, инстаграм диэннэригэр кини оҥорор. Айар бөлөхпүтүн саҥа таһымҥа таһаарда диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.

Дьиэ кэргэн бүттүүнэ ийэлэрин тула мустан, көр-күлүү жанра сайдарыгар күүскэ үлэлииллэр. Биһиги онтон олус үөрэбит. Дэриэбинэ түгэҕэр олорор, этэргэ дылы, хотоммутуттан да быкпат дьону, маннык таһаардылар. Дьячковскайдарга махталбыт муҥура суох.

–Киинэҕэ хайдах оруолларга оонньуугунуй? Режиссергут син биир эһиэхэ чугас уобарастары биэрэрэ буолуо?

–Оннук. Кыайыа диэн эрэнэн биэрэр. Сыыһабытын-халтыбытын көннөрөр, эбэр-сабар. Бэйэтэ айар буолан, тылбытын-өспүтүн барытын биһиэхэ сөп гына суруйар. Олох сөҕүмэр талаан. Биирдэ: “Үлэм элбэх баҕайы, чэ, биир тэттиктэ бэйэҕит толкуйдаан устуҥ, мин киэһэлик тиийэр буоллум”, – диэтэ. Дьэ, биһиги 5-6 киһи олордубут, тугу да сатаан айбатыбыт. Дэлби күлээн. Онно Андреевна элбэҕи да бэйэтэ айан, төбөтүттэн таһаарар эбит диэн сөхпүппүт. Киэһэ кэлээт да, 4-5 видеоны уһултарбыта.

БААНДА ХОТУНА БУОЛБУТУМ

–Артыыстар сыанаҕа, киинэҕэ үөйбэтэх-ахтыбатах оруолбутугар тиксэбит, уобараспытын итэҕэтиилээхтик көрдөрөр туһугар элбэххэ үөрэнэбит, сатаабатахпытын да сатыыр буолабыт диэччилэр. Эйиэхэ эмиэ оннук дуо? 

–Оннук бөҕө буоллаҕа дии. “Тохтоо” диэн киинэҕэ баанда хотуна оҥорбута. Мамаан диэн. Онно дьону охсуолуубун, тэбиэлиибин. Дьэ, киһи үөйбэтэх түгэннэрэ этэ. Аны үҥкүүлэтээччи эҥин ээ. Мин олох сатаан хамсаммаппын, онтон эрэйдэнээччибин. Өссө физкультура учуутала, кэлин спортивнай блог тренерэ оҥорбута. Физкультураны оҕо эрдэхтэн сатаабат дойдум. Сүүрбэппин даҕаны, хамсаммаппын даҕаны. Ону арааһы бары оҥорторор. Биирдэ Хотун Буже диэн буоллум. Эмиэ саҥа уобарас. Дьэ, итинник арааһы барытын оонньуубун.

–Сыанаҕа ууга-уокка түспүт, ыксаллаах быһыыга-майгыга түбэспит биир эмэ көрдөөх түгэҥҥиттэн ааҕааччылар-бытыгар кэпсии түһүөҥ дуо?

–Дьэ, араас түгэннэр буолааччылар. Чуолаан гастролларга. Аҕыйаан хааллахпытына, ардыгар биир массыынанан барабыт. Сорох сүөһүлээх-астаах буолан хаайтарар, ким эрэ үлэтэ кыаллыбат. Дьэ, оннук түгэҥҥэ кинилэри солбуйаҕын, элбэх нүөмэргэ киирэҕин. Онно көр-нар буолааччы. Сыыһа-халты туттуу, тылы буккуйуу.

Биирдэ хас да нүөмэрим субуруччу барда. Төттөрү-таары киирэ-тахса, ойоҕоско таҥна сырыттым. “Билигин ханныгый?” – диэн ыйыттым. Андреевна: “Сыана ортотугар халтарыйан охтоҕун”, – диэтэ. “Ээх” диэбитинэн киирэн оҕуннум уонна... олордум. “Ханныкка киирбит буоллахпыный?” дии санаатым. Син балайда буолан баран өйдөөтүм – Таал-Таалы оонньуу сылдьарбын. Кэлин саныы-саныы күлээн...

ДЬИҤНЭЭХ ОЛОХПОР АТЫММЫН

–Инстаграмҥыт сурутааччыта күн-түүн элбиир, Марууса сүгүрүйээччитэ халыҥыыр. Дьэ, эрэ, Марууса диэн кимий? Бэрт түргэнник айыллыбыт уобарас дуу эбэтэр сыыйа-баайа эбиллэн, байан иһэр хомуур уобарас дуу?

–Инстаграмҥа көрөөччүбүт ахсаана 30 тыһыынча буолан эрэр. Ити Айаалбыт үтүөтэ. Толкуйа – Андреевна киэнэ. Бээтинсэҕэ, субуотаҕа бары кинилэргэ мустабыт. Нэдиэлэ устата Андреевна айбыт буолар. Биһиги толоробут эрэ. Сценарийын бэйэтэ суруйар. Марууса диэн кини сүрэхтээбитэ. Дьон кэнники сериал курдук көтүппэккэ көрөр. Араастаан суруйаллар. Сорохтор хайҕыыллар, мөҕөөччүлэр да бааллар. Андреевна: “Биһиги көргө-күлүүгэ үлэлиибит, онон дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтииргэ кыһаллабыт. Көрөр буоллахтарына, ол аата үчүгэй”, – диир. Уобарас элбээн иһэр. Сурутааччыларбытыгар махтанабыт!

–Сорох артыыстар олохторугар букатын атын буолаллар, чуолаан көр-күлүү жанрыгар үлэлиир дьону инньэ дииллэр.   Эн олоххор хайдах киһигиний?

–Дьиҥнээх олохпор атын буоллаҕым дии. Итинник талыгырыы, мөҕүттэ сылдьыбаппын. Күлэрбинээҕэр, хата, дьону күллэрэрбин ордоробун.

–Марууса уобараһын дьон-сэргэ хайдах ылынна? Дьиҥ олоххо Маруусалар төһө элбэхтэрий?

–Хас биирдии киһи араастык ылынар. Сүүс киһи санаата биир буолбат. Киһи барыта ураты, санаата эмиэ тус-туспа. Уобарас араас иэйиини биэрэр буоллаҕына, ол эмиэ кыайыы. Ким эрэ: “Ама, итинник баар үһүө?” – диир. Сорохтор итинниктэр бааллар дииллэр, атыттар аһыналлар. Ол гынан үгүстэрэ күлэллэр. “Быара суох бардыбыт”, “быарбытын тарбаатыбыт” дииллэр. Ол биһиэхэ үрдүк наҕараада.

–Кини үс кийииттээх. Эн бэйэҥ хас оҕолооххунуй, хас кийииттээххиний? Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ. Чугас дьонуҥ төһө өйүүллэрий?

–Бэйэм уоллаах кыыс оҕолоохпун. Сиэннэрдээхпин. Биир кийииттээхпин. Саамай чугас, өйдүүр киһим – кини. Хата, ити айыллыбыт “кийииттэрим” курдук буолбатах (күлэр). Дьиэ кэргэним өйүүр, ол иһин баччааҥҥа диэри сырыттаҕым. Ити эмиэ тыын боппуруос. Дьиэ кэргэн өйөөбөтөҕүнэ, барыта атахтанар буоллаҕа.

–Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын? Марууса этэринии, санааҕын туохха уураҕыный?

–Дьахтар сатыырын барытын сатыыбын, оҥоробун. Тыый, аны киһиргээн эрэбин дуу? (күлэр)

СОРОХ КҮҤҤЭ ҮСТҮҮ КЭНСИЭР

–Эһиги ыҥырыкка сылдьаҕыт. Көрөөччүлэргит долгуйа күүтэллэр. Күҥҥэ хас нэһилиэккэ сылдьаҕытый? Биир чопчу бырагырааманан бараҕыт дуу, уларытан иһэҕит дуу?

–Ыҥырыы элбэх. Биһиги онтон үөрэбит эрэ. Саҥа сирдэри көрөн, үтүө көрөөччүлэрдиин билсэн олохпутун киэргэтэбит. Ытыс тыаһа – саамай улахан наҕараадабыт. Дьон күлүүтэ – ол биһиги кыайыыбыт.

Сорох күн үстүү кэнсиэри биэрэбит. Улахан, кыра дэриэбинэ диэн олох араарбаппыт. Ханна дьон баар, үөрэ-көтө ыҥырар да, биһиги онно тиийэбит. Бырагыраамабытын Мария Андреевна оҥорор уонна олох уларыппат. Сороҕор: “Аҕыйах киһи дии, нүөмэрбитин көҕүрэтэр инибит”,  – диэтэхпитинэ: “Суох, кэлбит дьоҥҥо барытын көрдөрөбүт”, – диэн кытаанахтык этэр. Оччоҕуна “кутталы” кытта сөбүлэһэбит (күлэр). “Уон буоллуннар, сүүрбэ буоллуннар, син биир оонньуугут”, – диир. Онон барытын көрдөрөөччүбүт.

Бырагырааманы бэйэтэ көрөн уларытар. Урут сылдьыбыт сирбитигэр атыны бэлэмнээн тиийэбит.

–Эһиги үгүстүк айанныыгыт. Ыраах улуустарга тиийэҕит дуо? Бу күннэргэ Амма улууһугар ыалдьыттаатыгыт. Көрдөөх, мүччүргэннээх сырыы элбэҕэ буолуо. Онтон биир эмэ түгэни кэпсиэҥ дуо?

– Былырыын пандемия буолан гастролга сылдьыбатахпыт. Быйыл, дьэ, саҕалаан эрэбит. Ньурбаҕа, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ баран кэллибит. Бииртэн биир кэрэхсэбиллээх сири көрдүбүт. Истиҥ көрөөччүлэрбит ытыстарын тыаһын бэлэхтээтилэр. Сирэйбит “халтарыйыар” диэри хаартыскаҕа түстүбүт. Сахабыт сиригэр үтүөкэн да сирдэр, дьоһун-мааны дьон элбэҕиттэн дьоллонобут, кынаттанабыт.

Көрдөөх түгэн элбэх. Арай биир кыыс: “Баһаалыста, мин аҕабар кэргэн буолуоҥ дуо?” – диэн сордоон турар. Хааллараары баҕа бөҕө. Аҕата көрү-нары наһаа сөбүлүүр, ол иһин миигин киниэхэ илдьиэ үһү. "Саататар" киһини булбут. Биһиги дэлби күлэн...

КҮЛҮҮ – СҮРЭХ ЭМЧИТЭ

–Пандемия кэмигэр хаайтардыҥ дуо? Хамсык кэмэ эйигин туохха үөрэттэ?

–Һуу, хантан хаайтарыахпытый, дьэ, үлэбит үгэнэ буолла. Биир сыл устата, биир да күн өрөөбөккө, дьоммутун-сэргэбитин сэргэхситээри, санааларын көтөҕөөрү тэттик устуу бөҕө оҥордубут. Көрөөччүлэрбитин сүтэрбэтибит.

Махтанар киһи элбэх. Биирдэ балыыһаҕа бу ыарыыттан эмтэнэ сытар дьон суруйбуттара. Эһигини көрөн үөрэбит, санаабытын чэпчэтэҕит, эһиги баар буолан санаабыт бөҕөх диэн. Бу саамай үрдүк сыанабыл этэ. Ол аата биһиги кимиэхэ эрэ наадабыт диэн үөрбүппүт. Хамсык кэмигэр өссө сомоҕолоһон, дьоммут туһугар өссө үлэлээтибит-хамсаатыбыт. Уонна бары бииргэ түмсэн, олоххо кэрэҕэ, үчүгэйгэ куруук тардыһыахха дии санаатыбыт.

–Билиҥҥи уустук үйэҕэ көр-күлүү дьон олоҕор суолтата?

–Күлүү – сүрэх эмчитэ, дууһа үөрүүтэ, киһи үйэтин уһатар. Көр-күлүү – олус ыарахан жанр. Биһиги: “Дьону күллэрэр ыарахан, оттон сахалары күллэрэр өссө ыарахан”, – дэһэбит.

Чэпчэкитик олоруохха наада дии саныыбын. Олох ыарахан түгэнэ элбэх. Үөрүүлээх кэмнэри бэйэбит да оҥоруохпутун сөп. Биһигини көрүҥ, тэҥҥэ сынньаныҥ, олохтон дуоһуйууну ылыҥ! Инстаграммытыгар суруйтарыҥ уонна күн аайы биһигинниин бииргэ буолуҥ! Марууса ханна тиийбитий диэн ыалгыт курдук интэриэһиргээн көрүҥ, күлүҥ-үөрүҥ!

–Ааҕааччыларга баҕа санааҥ.

–Олохтон кэрэтин, үтүөтүн, үөрүүлээҕин эрэ ыла сатааҥ! Биирдэ кэлбит олоххо күлэ, үөрэ, мичилиһэ, мичээрдии сылдьыҥ!

–Мария Николаевна, кэпсээниҥ иһин махтанабыт. “Быара Суохтар”, көрөөччүлэргитин үөрдэ, сүргэлэрин көтөҕө тураргытыгар баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...