Марта Власова: «Билиигэ баҕалаах оҕону үөрэтэр саҕа үчүгэй суох...»
Билсиҥ – Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириигэ систиэмэтин туйгуна, “Учуутал албан аата” бэлиэ хаһаайына, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт нуучча тылыгар уонна литературатыгар учуутала Марта Гаврильевна Власова.
Аҕабыт үтүө холобурунан
– Марта Гаврильевна, саха дьонун сиэринэн кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.
– Мин саха саарыннара уутуйан үөскээбит Таатта Чөркөөҕөр күн сирин көрбүтүм, онно оскуоланы бүтэрбитим. Оччотооҕу политика ирдэбилинэн “оскуола – производство – үрдүк үөрэх” диэн санаанан салайтаран, кылааһынан бары тутуспутунан сопхуоска үлэлии хаалбыппыт, кыргыттар икки сыл ыанньыксыттаабыппыт. Онтон Хабаровскай куоракка икки сыл үөрэнэн баран, төннөн кэлэн СГУ филологическай факультетын бүтэрбитим.
Үлэбин Уус Алдан улууһугар, Чараҥ 9 кылаастаах оскуолатыттан саҕалаабытым, онтон дойдубар Чөркөөххө тиийэн үлэлээбитим. Ол кэмҥэ национальнай концепция саҕаланан, сарбыйыыга түбэспитим. Итиэннэ аҕам төрөөбүт дойдутугар – Чымынаайыга өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы ааптарыскай оскуолаҕа, салгыы Ытык Күөл 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар үлэлээбитим, онтон Дьокуускайга көһөн кэлбитим.
– Эйигин учуутал идэтигэр ким сирдээбитэй?
– Оҕо сылдьан учууталтан атын идэ суох курдук саныырым. Биһиги оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр эр киһи учуутал элбэҕэ. Аны урукку хаартыскалары көрдөххө, бэл, тас дьүһүннүүн кытта ураты учууталларга үөрэммит эбиппит.
Аҕабыт Гаврил Гаврильевич Власов Таатта улууһун Чымынаайытыттан (Уус Амма нэһилиэгэ) төрүттээх. Төгүрүк тулаайах хаалан, оҕо сылдьан аас-туор олоҕу этинэн-хаанынан билэн улааппыта, инники суолун бэйэтэ солонон оҥостубута, онуоха спорт көмөлөспүтэ. Кыратыттан атаҕар лаппа кыанар буолан, 8 кылааска сылдьан Алексеевскай оройуон (билиҥҥи Таатта) улахан дьоҥҥо волейболга сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэр, 18 сааһыгар биэс көрүҥҥэ оройуоҥҥа бастыыр. Устудьуоннуу сылдьан волейболга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын хапытаана буолар, өрөспүүбүлүкэҕэ уһуну ыстаныыга, үрдүгү ойууга рекортары олохтуур. Сеткаҕа түөһүн тылыгар диэри өрө көтөн тахсан быһар этэ, атах оонньууларыгар кынаттаах курдук кыырайара диэн дьон сөҕө-махтайа кэпсиирин элбэхтэ истибитим. “Власов подачата” диэн билиҥҥэ диэри уос номоҕор сылдьар.
Аҕабыт 1954 сыллаахха Дьокуускайга пединститукка саха салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Тулаайах уол кыһалҕаҕа кыһарыйтаран, үөрэҕин быраҕаары сылдьарын истэн, кэриэй преподавателэ ыҥыран ылан “играющий тренер” диэн хамнастаах үлэһит буолар. Биир болҕомтолоох уһуйааччы аҕабыт дьылҕатын уларыттаҕа ол. Дьэ онтон ыла тирэхтэнэн, үрдүккэ көтөр.
1958 сыллаахха Чөркөөх орто оскуолатыгар ананан тиийиэҕиттэн, харыс да сири хамсаабакка, биир оскуолаҕа 50 сыл үлэлээбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр спортсмен кэлбитин, идэтинэн үлэлэппэккэ, физкултуура учууталынан ылбыттар. Кылгас кэм иһигэр оскуола оҕолоро спорт араас көрүҥэр өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсаллар. Волейболга оройуону ааһан өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэ буолаллар.
Аҕабыт дэгиттэр талааннаах этэ. Кэлин Идэни үрдэтэр институкка кууруска үөрэнэн, математика учууталынан үлэлээбитэ.1975 сылтан 17 сыл дириэктэринэн эҥкилэ суох үлэлээбитэ. 1989 сыллаахха сүүрэн-көтөн саҥа оскуоланы туттарбыта. Хомойуох иһин, оскуолабыт 100 сылын бэлиэтээри бэлэмнэнэ, сүүрэ-көтө сырыттахпытына дьиэбит умайан хаалбыта. Ол күн аҕабыт (онно номнуо үлэлээн бүппүт кэмэ) киэһэ хараҥарыар диэри түннүккэ турбута... Сырата күл-көмөр буолбутун көрөрүгэр төһөлөөх ыарахан буолуой... Биһиги дьиэ кэргэн оскуола библиотекатын чөлүгэр түһэриигэ 600 кинигэни биэрбиппит.
Аҕабыт Гаврил Гаврильевич көҕүлээһининэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Ойуунускай ааҕыылара олохтоммута, биир бастакынан үөрэнээччилэр ыһыахтара тэриллибитэ. Чөркөөххө музей үлэҕэ киирэригэр оскуола төһүү күүс буолбута.
Аны туран аҕабыт сайын аайы от биригээдэтин салайан үлэлэтэрэ, оннук сылы эргиччи, сынньанар диэни билбэккэ, олоҕун оҕо иитиитигэр анаабыта. Волейболу киэҥ эйгэҕэ пропагандалаан, 1991 сыллаахха Г.Г. Власов бирииһигэр диэн бэйэтэ турнир тэрийбитэ, кэлин өрөспүүбүлүкэ таһымнаах буолбута. Быйыл 33 сылын ыытыллар, билигин бырааппыт Георгий Гаврильевич иилээн-саҕалаан тэрийсэр. Бу күрэхтэһиигэ Саха сирин ааттаах-суоллаах судьуйалара ыҥырыллан үлэлииллэр. Спорт сүгүрүйээччилэригэр күүтүүлээх тэрээһин. 2018 сылтан Чөркөөххө спорт комплекса аҕабыт Гаврил Власов аатын сүгэр, эһиил “Манчаары оонньууларыгар” саҥа эбийиэк тутуллуохтаах.
Ити курдук, төгүрүк тулаайах уол, олох ыарахаттарыгар бэриммэккэ, өрөспүүбүлүкэ биир тарбахха баттанар бастыҥ спортсмена, учуутала, салайааччыта, элбэх оҕолоох ыал аҕа баһылыга буолбута, бар дьонун ытыктабылын, махталын ылан, 81 сыл дьоһун олоҕу олорон ааспыта. Биллэн турар, онуоха дьиэ кэргэнин өйөбүлэ, көмөтө улахана. Ийэбит Ирина Афанасьевна Аммосова Чурапчы Болтоҥотуттан төрүттээх, Чурапчы көһөрүллүүтүн тулаайаҕа. Олоҕун тухары эргиэн эйгэтигэр үлэлээбитэ. Айылҕаттан айар дьоҕурдааҕа, хоһоонноро, кэпсээннэрэ оройуон хаһыатыгар, “Далбар хотун” сурунаалга бэчээттэммиттэрэ. Кини айымньыларын түмэн, кинигэ таһаартарбыппыт. Оҕолор бары үөрэхтэнэн, идэ ылан, ийэбит баҕа санаатын толорбуппут. Аҕабытын батан үс оҕо учуутал идэтин талбыппыт: мин нуучча тыла, балтым Ирина математика, быраатым Георгий физкультура учууталларабыт.
Төрөппүттэрбит 56 сыл бииргэ эн-мин дэһэн эйэ дэмнээхтик олорбуттара. Ыал буолбуттара үйэ аҥаардаах үбүлүөйүгэр “Дьиэ кэргэн албан аата” бэлиэни туттарбыттара уонна “СӨ бастыҥ ыаллара” бочуот кинигэтигэр киллэрбиттэрэ.
Биһиги кинигэ таҥаралаах ыал этибит, оҕолор бары ааҕыыны өрө тутан улааппыппыт. Аҕабыт устудьуоннаабыт кэмиттэн кинигэ эгэлгэтин мунньубута, ол дьиэ кэргэн сүрүн баайа буолбута. Аҕабыт аһыы олорон өйү сайыннарар садаачалары суоттатара. Оччолорго туһалаах уонна интэриэһинэй суруйуулары хаһыаттан кырыйан ылан мунньар үгэстээҕэ. Дьэ, тугу билбитин-көрбүтүн биһиэхэ кэпсиир, үллэстэр буолара. Ити оҕо сааһым умнуллубат күлүм түгэннэрэ өйбөр-сүрэхпэр хатанан хаалбыттара.
Классикаҕа бытархай диэн суох...
– Уһуйааччыларым диэн кимнээҕи ааттыыгын?
– Олох суолугар сирдээбит күндү учууталларбын олус сылаастык саныыбын: Анна Ивановна Огонёрованы, Мавра Игнатьевна Неустроеваны, Акулина Федоровна Филатованы, Иван Николаевич Протопоповы.
Оҕо сылдьан математиканы олус сөбүлүүр этим. Учууталым Николай Николаевич Кычкин Хабаровскайга үөрэххэ киирбиппэр уп-уһун хоһоонунан эҕэрдэ суруйан ыыппыта. Кэлин көрүстэхпитинэ куруук: «Биир бастыҥ үөрэнээччим этиҥ», – диирэ. Ким билиэ баарай, математик буолбатахпыттан хомойоро эбитэ буолуо.
Нуучча тылыгар уһуйбут дьоммунан Надежда Павловна Жерготованы, Альбина Алексеевна Егорованы ааттыыбын. Убаастыыр учууталларбын кытта кэлин бииргэ үлэлээбиппит. Бу саас Чөркөөх оскуолатын кэлэктиибэ (дириэктэр С.В. Сунхалыров) Учуутал уонна уһуйааччы сылынан араас кэмҥэ үлэлээбит, билигин куоракка олорор учууталлары ыҥыран, бэртээхэй тэрээһини ыыппыта. Онно учууталларбытын, кэллиэгэлэрбитин көрсөн, үөрүү-көтүү буолбуппут.
Университекка Раиса Дмитриевна Пономарева диэн преподавательгэ үөрэммитим. Кини айымньыны төһө аахпыппытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ бэрэбиэркэлиирэ, араас ыйытыыны биэрэн ыксатара. Холобур, “Тоҕо дьоруой чалбаҕы кэһэн барда?”, “Олбуор өҥө хайдах этэй?”, “Ааптар тугу этэ сатаабытый?” Ол аайы биһиги сүрэхпит “парк” гынара. Онон бииргэ үөрэнэр оҕолорбутун кытта Раиса Дмитриевна ханнык ыйытыыны биэриэн сөбүн таайа сатыырбыт, айымньыны баһыттан атаҕар диэри ааҕарбыт, бэйэ-бэйэбитигэр араас ыйытыылары биэрэрбит. Ити курдук, уһуйааччыбыт классикаҕа бытархай диэн суоҕун өйдөппүтэ.
Лиссиэй эйгэтэ чыҥха атын
– Куоракка көһөн кэлэн баран төһө түргэнник үлэ булбуккунуй?
– Дьиҥэр, манна кэлэр санаа ончу суоҕа. Дьүөгэлэрим кучуйан киирбиппит. Дириэктэрим Александр Миронович Хатылыков төннөн кэл диэн ыҥыра сатаабыта, мин оннубар биир ый учуутал ылбакка олорбута. Бастаан 18-с нүөмэрдээх оскуолаҕа икки сыл үлэлээбитим, онтон бииргэ үөрэммит дьүөгэм ыҥырыытынан 16-с оскуолаҕа алта сыл учууталлаабытым.
– Онтон Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ хайдах кэлэн хааллыҥ?
– Ахсыс сылын куорат оскуолатыгар үлэлии сырыттахпына дириэктэр Иван Иванович Шамаев лиссиэйгэ ыҥырбыта. Мин хайдах эрэ салла санаабытым. Онуоха дьүөгэм Настя Кузьмина: “Тыый, эчи, хаарыаны, итиччэ үчүгэй оскуолаҕа мин үөрүүнэн барыам этэ”, – диэн күүһүнэн кэриэтэ арыаллаан аҕалбыта. Дьэ, онно Иван Иванович нуучча литературатын билэрин сөхпүтүм. Бырагыраамаҕа киирбэтэх, кыра уонна биллибэт соҕус айымньылары эҥин токкоолоспута. Омуннаан эттэххэ, үс чааһы быһа кэпсэппиппит. Онтон сарсыныгар эйигин таллыбыт диэн соһуппуттара. Онон атырдьах ыйын 31 күнүгэр лиссиэйгэ кэлэр буолан хаалбытым.
– Дьэ, сахалыы тыыннаах кыһа хайдах көрсүбүтэй? Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан талыллан кэлбит дьоҕурдаах оҕолору кытта үлэлиир туох уратылааҕый?
– Нуучча оскуолатын кэнниттэн кэлбит киһиэхэ олох чыҥха атын эйгэ этэ. Билиигэ баҕалаах оҕолору үөрэтэр саҕа үчүгэй суох. Ааспыт үөрэх дьылыгар лиссиэйбит 50 сылын үрдүк таһымҥа бэлиэтээбиппит. Онно биир өрөгөй түгэнинэн физика учуутала Виктор Филиппович Потапов “Арассыыйа норуодунай учуутала” үрдүк ааты ылбыта буолбута. Уопсайынан, И.И. Шамаев, В.Ф. Потапов, И.Г. Кысылбаиков, З.П. Холмогорова, А.Е. Местникова, В.В. Николаева, Т.В. Прокопьева курдук аксакаллары кытта үлэлиирбиттэн астынабын. Бу санаатахпына, миигин бииртэн биир чаҕылхай, үлэлэригэр бэриниилээх, киһи быһыытынан ыраас, сырдык дьон тулалыыллар эбит.
Дириэктэрбит Иван Иванович дэгиттэр талааннаах киһи. Суруксута сүрдээх. Ити элбэх ахсааннаах ыстатыйатын таһынан кэпсээн, хоһоон суруйар. Биирдэ учууталлар төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээн, кини хоһооннорун ааҕан турабыт.
Биһиги оскуолабыт биир уратыта диэн үөрэнээччилэрбитин кыра кылаастан сомоҕолоһууга, биир дьиэ кэргэн оҕолорун курдук иитэбит. Ол иһин ханна да тиийдэхтэринэ бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөллөр, өйөһөллөр.
БКЭ сыраны-сылбаны быһар
– Аҕыс үөрэнээччиҥ 100 баалы ылбыта – муҥутуур үрдүк көрдөрүү. Ситиһии кистэлэҥин сэгэтэ түһүөҥ дуо?
– Оҕолору биир кэлим эксээмэҥҥэ бэлэмниири тренер спортсменнары улахан күрэхтэһиигэ бэлэмнииригэр холуубун. БКЭ кэнниттэн оҕолорбунааҕар бэйэм ордук илистэбин-эстэбин. Урут эксээмэн иннинээҕи күн интэринээккэ олорор үөрэнээччилэрбэр тиийэн, ааҕар хоско киэһэ хойукка диэри бэлэмниир этим. Билигин “өйдөнөн”, биир күнү сынньаналларыгар биэрэбин.
2014 сыллаахха бэйэм бэһис кылаастан таһаарбыт оҕом Влад Бурцев 100 баалы ылан үөрдүбүтэ. Төлөпүөннээн эппитигэр долгуйан ытаабыппын бу баардыы өйдүүбүн. Оҕом соһуйдаҕа буолуо диэн кэлин саныыбын ээ.
2016 сыллаахха БКЭ буолуон эрэ иннинэ үс үөрэнээччим Казань куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадаҕа ыҥырыллыбыттара. Бу санаатахха, оҕолорбун төрөппүттэргэ соҥноон баран БКЭ-ни эрэ өрө туппуппун. Эксээмэн кэнниттэн олимпиадабытыгар көппүппүт, Москванан эргийэн тиийбиппит. Ол тухары мин, сылаам мунньуллан, сөмөлүөккэ, порка тохтоло суох утуйуу (күлэр). Аны тиийэн баран оҕолорбун бэлэмнээри, саҥара олорон утуйан хаалабын. Уһуктубутум – барахсаттарым бэйэлэрэ ботур-итир кэпсэтэн, бэлэмнэнэ олорор буолаллар. Көр, ол курдук БКЭ киһи сыратын-сылбатын быһар.
– БКЭ кэлин төһө уларыйда? Сорохтор утараллар, “хаалларыахха” диэччи да үгүс...
– Бастаан киирэригэр туох сорудах кэлэрин билбэт да этибит. Ол кэмҥэ матырыйаал аҕыйаҕа. Оччолорго репетитордыы сылдьыбытым, араас варианнары булан дьарыктыыр этим. Ол кэмтэн ыла элбэх сыл ааста, БКЭ, биллэн турар, уларыйда. Бу эксээмэни биир халыып диэн сорохтор сирэллэр, мин сирбэппин. Ол гынан баран, дьиҥэр, 70-тан эрэ үөһэ баал кыһыл көмүс мэтээли ыларга кыра курдук. 11 сыл туйгуннук үөрэммит оҕо билиитин дакаастыахтаах дии саныыбын. Уопсайынан, кэнники туох барыта чэпчэкитик кэлэр буолла. Урут биир “4”-тээх оҕо кыһыл көмүс мэтээлтэн матара.
– Олус өйдөөх, ол эрээри уйан оҕолор БКЭ-ни мөлтөхтүк туттараллара олоххо баар. Уйулҕа өттүнэн бэлэмнээх буолуу эмиэ элбэҕи быһаарар дииллэрэ оруннаах дуо?
– Ити олоххо баар көстүү. Олимпиадниктар олус уустугурдан кэбиһэллэр, өйдөөҕүмсүйэн, сыыһа-халты оҥороллор. Ол иһин БКЭ-ни хаарты хараҕын курдук диэххэ сөп. Наһаа чаҕылхайа суох оҕолор үрдүк баалы ылар түгэннэрэ баар, суох буолбатах.
Оҕолор, эксээмэнтэн тахсаат, сыыһаларын бэйэлэрэ булаллар. Кэтээн көрдөххө, 98 баалы ылбыт элбэх. Дьэ, кыһыылаах диэтэҕиҥ! Биир соппутуойу көтүтүөҥ – 100 баалтан матаҕын.
Сорох оҕолор бириэмэлэрин сатаан учуоттаабаттар. Сорудах ыараан иһэр, бириэмэ ыгым. Мин БКЭ киириэҕиттэн оҕолор ханнык сорудахтары төһө өр оҥороллорун секундомердаах олорон ааҕар-суоттуур буолбутум, ол олус туһалыыр. Манна даҕатан эттэххэ, 100 баалы ылбыт үөрэнээччилэрим бары физика, математика хайысхалаах кылаастары бүтэрбиттэрэ. Мин санаабар, математикаҕа дьоҕурдаах оҕолор, толкуйдуур, сыаналыыр дьоҕурдара ордук сайдыбыт буолан, эксээмэҥҥэ өрө тахсан кэлэллэр.
Аны сороҕор: “Талыллан кэлбит оҕо 100 баалы ылар буоллаҕа”, – диэн аахайбатахтыы саҥаралларын хомойо истэбин.
Таба суруйар дьоҕур айылҕаттан бэриллэр
– Оҕо интэриэһин күөдьүтэр туох ураты албастааххын?
– Туох да оннук киһи соһуйарын туттубаппын (күлэр). Арай университекка уһуйбут преподавателим Евдокия Николаевна Дмитриева нуучча тылыгар аахпыт лиэксийэлэрин, төрөөбүт тылбытын кытта дьүөрэлээн үөрэтэрин кэрэхсээн, үлэбэр элбэхтик туттабын.
Аны туран кэнники сылларга үрдүкү кылаастарга наар тылы эрэ үөрэтэбин. Орто сүһүөхтэргэ литература уруоктарыгар араас күрэхтэһиилэри ыытабын. Оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр араас ыйытыыны биэрэллэр, билиилэрин тургуталлар. Айымньыны чахчы аахпыт эрэ оҕо кыайан күрэхтэһэр. Итиннэ университекка уһуйбут преподавателим Раиса Дмитриевна Пономарева ньыматын холобур оҥостобун.
Уопсайынан, литература уруоктарыгар ханнык баҕарар тиэмэни олоҕу, историяны кытта ситимниибин. Оттон нуучча тылын хайаан да төрөөбүт тылга дьүөрэлээн үөрэтэбин.
– Аныгы үйэ оҕолоро тылларын саппааһа быстар дьадаҥы, өйтөн суруйууга букатын буорайаллар дииллэрэ кырдьык дуо?
– Мин оҕотуттан тутулуктаах дии саныыбын. Холобур, биир кылааска олох атын-атын таһымнаах үлэлэр баар буолаллар. Онно ким ааҕара көстөр.
– Биир оҕо: “Күннээҕи олоххо морфологическай ырытыы туохха туһалаах буолуой?” – диэн ыйытан ыксаппыта, муннукка хаайбыта. Итиннэ туох диэн хоруйдуоҥ этэй?
– Түһүк, саҥа чаастара туохха нааданый дииллэрэ баар. Биир өттүнэн, мөккүөрдээх ыйытыы. Кырдьык, билиҥҥи үйэҕэ туох барыта баар. Ханнык баҕарар ыйытыыга хоруйу куйаар ситимиттэн дэбигистик булуоххун сөп. Соторутааҕыта математикаҕа ОГЭ туттарааччыларга калькуляторы көҥүллүүр туһунан этии киирбитин сэргии истибитим. Оҕо барытын өйдүүр, ол эрээри суоттууругар онтон иҥнэр буоллаҕына, баһаалыста, тутуннун ээ. Күннээҕи олоххо, чэ, холобур, маҕаһыынтан тугу эрэ атыылаһарбар төгүл табылыыссатын хайаан да билэрим ирдэммэт, мин оннубар калькулятор суоттуоҕа дии саныыбын.
– Таба суруйуу, сөпкө саҥарыы аныгы үйэҕэ да наада буоларын күннээҕи олохпутугар үгүстүк көрөбүт. Сорох сыыһа-халты суруйууттан, араас “кыраһыабай” биллэриилэртэн киһи кыбыстар түгэннэрэ баар. Бу туһунан санааҥ.
– Сөпкө саҥарар, таба суруйар дьоҕур айылҕаттан уонна удьуорунан бэриллэр дии саныыбын. Ис-истэриттэн сатаан сөпкө суруйар дьон баар буолар. Манна биир түгэни холобурдуохпун баҕарабын. Биир оҕо быраабыланы барытын билэр эрээри, суругар кэлэн “батыллара”. Ийэтэ: “Үүт-үкчү аҕатын курдук”, – диэбитин өйдүүбүн. Оннук оҕо сүүһүгэр күннээх да учуутал үөрэттэҕинэ көммөт. Айылҕа биэрбэтэҕин хайыаххыный?
– Тылга уһулуччу дьоҕурдаах оҕо элбэх дуу, дэҥҥэ көстөр дуу? Билиини чэпчэкитик ылынар оҕо ордук ситиһиилэнэр дуу, талкыйан үөрэтии эмиэ үтүө түмүктээх буолар дуу?
– Дьиҥэр, оннук дьоҕурдаах биир эмэ оҕо баар буолар. Ол эрээри ис сүрэхтэриттэн кыһаллар, билиигэ талаһар үөрэнээччи үрдүк көрдөрүүлэнэр. Итиннэ аҕам: “Сүрэхтээх, дьаныардаах оҕо ыраах барыаҕа”, – диэн этиитин куруук холобур оҥостобун.
– Олох көрдөрөрүнэн, “үһүнэн” үнүөхтээбит үөрэнээччилэр ордук ситиһиилээх буолаллар. Манна тугу этиэҥ этэй?
– Сорох оҕо билиини чэпчэкитик ылынар, ол иһин кэмигэр сыаналалаабакка, кэнники хаалыан сөп. Ол оннугар тохтообокко үлэлиир, дьүккүйэр, хорутуулаахтык барар оҕо инники күөҥҥэ тахсан кэлиэҕэ. Мин оннук оҕолору хайгыыбын, кинилэргэ куруук утары барабын.
– Марта Гаврильевна, истиҥ сэһэргэһииҥ иһин махтанабын, саҥа саҕаламмыт үөрэх дьылыгар өссө үрдүк чыпчааллары баҕарабын!