19.04.2024 | 14:00

Мария Находкина: «Карина» миэхэ ураты суолталаах...»

Мария Находкина:  «Карина» миэхэ ураты суолталаах...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Аҕыйах хонуктааҕыта улахан экраҥҥа сүрэхтэммит Карина Чикитова туһунан саҥа хартыына хайыы үйэ бэйэтин көрөөччүтүн булла. Уус-уран киинэ ситиһиитэ, инники дьылҕата сценарийыттан быһаччы тутулуктааҕа чуолкай. Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр сценарист Мария Находкинаны кытта ирэ-хоро кэпсэттибит. Кини тус бэйэтигэр «Карина» атын киинэлэртэн тоҕо ордук күндү буолан тахсыбытын сэһэргээтэ.

Питергэ төннүбэтэҕим

– Мин Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм. Сценарист идэлээхпин, Санкт-Петербургтааҕы судаарыстыбаннай киинэ уонна тэлэбиидэнньэ университетын бүтэрбитим.

Бастакы улахан экраҥҥа тахсыбыт үлэм түмүгэ – «Айыы Уола» уус-уран киинэ сценарийа. Марианна Сиэгэни кытта Саха сирин күннэригэр билсибиппит. Ол саҕана мин Санкт-Петербург куоракка олорбутум, реклама саайтыгар эрэдээктэринэн үлэлии сылдьыбытым. Ол көрсүһүүбүтүгэр Марианна Айыы Уолун туһунан киинэ уһулуохтаахтарын кэпсээбитэ, сценарий суруйуоҥ дуо диэн ыйыппыта. Кини ол бырайыакка продюсердаабыта. Мин тута сөбүлэспитим. Онтон биир күн эрийэн: «Суһаллык Дьокуускайга көтөн кэл, сотору үлэбит саҕаланар», – диэн ууга-уокка түһэрбитэ. Хайыахпыный, үлэбин хаалларан, ыппын илдьэ Саха сиригэр кэллэҕим дии. Уонна Питергэ төннүбэтэҕим (күлэр). Ол саас сценарийбын суруйан туттарбытым, сайын устуу саҕаламмыта.

Манна быстах кэмҥэ хаала түһүөм дии санаабытым, үлэ көрдөммүтүм. «Эхо столицы» хаһыакка тиийэ сылдьыбытым. Эрэдээктэр сорудаҕынан хортуоппуй туһунан суруйбуппун өйдүүбүн. Матырыйаалым хаһыат бастакы балаһатыгар тахсыбыта, өссө гонорар биэрбиттэрэ. Үчүгэйдик суруйар эбиккин диэн тута үлэҕэ ыҥырбыттара, докумуоннаргын илдьэ кэлээр диэбиттэрэ. Оруобуна бараары сырыттахпына, Дмитрий Шадрин эрийэн: «Кэскил» үһүс чааһын уһулаары гынабыт, сценарист көрдүүбүт», – диэбитэ. Мин үөрэ-көтө сөбүлэспитим, онон хаһыакка үлэм тохтообута (күлэр). Салгыы бииртэн биир бырайыакка ыҥыран испиттэрэ. Ол курдук, «Эрчим уонна Ким», «#taptal», «15 күн», «Ыллыктар» (сериал), «Сайсары күөлгэ түбэлтэ», «Кэрэл», «Чээкэ», «Экспедиция», «Дьулуур: мас-рестлинг», «Карина» киинэлэргэ сценарист быһыытынан үлэлээбитим.

 

«Дьиҥ чахчы олорон ааспыт киһи туһунан киинэ сценарийын суруйар ыарахан соҕус. Сорохтор чэпчэки дии саныыллар, оннук буолбатах».

 

Тэбис-тэҥҥэ сылдьыстым

«Карина» сценарийа 2021 сыллаахха суруллубута. Бэйэм ыттары сөбүлүүр уонна кыра оҕолордоох буоламмын, үлэлиирбэр арыый чэпчэки соҕус этэ.

«Карина» миэхэ ураты суолталаах киинэ буолла. Сценарийыттан, сүрүн оруолга артыыһы талар кастинтан саҕалаан, бырайыак улахан экраҥҥа тахсыар, көрөөччүгэ сүрэхтэниэр диэри айар бөлөҕү кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьыстым. Бу иннинэ мин үлэм сценарий суруллан бүттэҕинэ түмүктэнэрэ, онон бу бырайыактан элбэҕи биллим-көрдүм.

Режиссер Марианна Сиэгэн хара бастакыттан быыһааччылар сыралаах үлэлэрэ итэҕэтиилээхтик көстүөхтээх диэн сыал-сорук туруорбута. Быыһыыр сулууспа, полиция үлэһиттэрэ, силиэдэбэтэллэр консультант буолбуттара, сүбэ-ама биэрэн көмөлөспүттэрэ. Киинэҕэ көстөр быыһааччылар, полицейскайдар – бары хомуур уобарастар. Биллэн турар, дьиҥнээх прототиптар тыллара-өстөрө эмиэ туттуллубута. 

 

Быыһааччылары кытта сөбүлэһэбин

Карина Чикитовалыын көрсүбэтэҕим. Сокуоннай бэрэстэбиитэлэ Альбина Черепанова ол саҕана кырата бэрт буолан, тугу да өйдөөбөт диэбитэ.

Карина бэйэтэ доруобай, иммунитета күүстээх буолан тыыннаах хаалбыта дуу дии саныыбын. Сорох быыһааччылар кыра буолан тыыннаах хаалбыт, арыый улахан, өйүн-төйүн туппут оҕо куттанан, уолуйан да өлүө этэ диэн сабаҕалыылларын кытта сөбүлэһэбин. Итинник «акаарычаан» (үчүгэй суолтаҕа) саастарыгар оҕолор кутталга бэриммэттэр дииллэрэ кырдьык быһыылаах. Итиэннэ табыллыы диэн син биир элбэҕи быһаарбыт буолуохтаах.

 

Үөрэммиппин, холкутук сыһыаннаһабын

Монтаж кэмигэр олус элбэх уларыйбыта. «Киинэ үстэ төрүүр» дииллэрэ чахчы: сценарий сурулларыгар, устуу уонна монтаж кэмигэр. Манна сорох киинэ сценарийа күүскэ, оттон сорох киэнэ биллэр-биллибэттик уларыйар диир тоҕоостоох. Тиэкиһи суруйар кэмҥэр оҥорон көрбүтүҥ олох атыннык тахсыан сөп. Холобур, сороҕор каадыр тиийбэт эбэтэр интэриэһинэй дии санаабытыҥ хамсааһына олус бытаан буолан хаалар. Аны элбэх түгэн тиэхиньикэ кыаҕыттан эмиэ тутулуктанар. Холобур, «Карина» киинэҕэ оҕо көрсүөхтээх биир кыылын атынынан солбуйбуттара.

Бастаан үлэлээн саҕалыырбар уларыйыы киирэриттэн соһуйар, бэл диэтэр, хомойор этим. Билигин үөрэммиппин, холкутук сыһыаннаһабын. Сорох артыыстар оруолларын букатын да ылан быраҕаллар дии, дьэ, ол, чахчы, ыарахан дии саныыбын.

  

«Ханнык баҕарар жанрга үлэлиэхпин сөп. Арай детективкэ иккистээн ылсыам суоҕа этэ. Бэйэтэ туспа искусство дии саныыбын...»

 

Бадарааҥҥа түһэн, «тииҥ» буолан...

Мин идэтийбит кинолог буолбатахпын. Ол эрээри ыттары сөбүлээн иитэбин. Биир питбуль боруодалаах түөрт атахтаах доҕорум «#taptal» киинэҕэ уһуллубута, баҕар, өйдүүргүт буолуо.

«Карина» ыта миэхэ олорбута, Найданы бэйэм дрессировкалаабытым. Тоҕо диэтэххэ тугу гыныахтааҕын мин суруйдаҕым: хаһан маска хатаастарын, ханнык түгэҥҥэ кыыс аттыгар кэлэн сытарын.

Режиссер хара бастакыттан хайаан да саха лаайкатын ылабыт, өссө халлаан күөҕэ өҥнөөх харахтааҕы диэбитэ. Онуоха оператор хараҕа хараҥа өҥнөөх, оттон бэйэтин өҥө маҥан буолара ордук диэбитэ.

Карина дьэбэрэҕэ түһэрин, онтон ыта быыһаан таһаарарын өйдүүгүт? Сценарийга суруйар чэпчэки, оттон устарга олус ыарахан каадыр ити этэ. Бу санаатахха, киинэ эйгэтигэр сценарист быһыытынан үлэлээбитим тухары суруйбутум устарга хайдах буолуохтааҕын туһунан толкуйдаабат эбиппин (күлэр). Оҕону дьэбэрэҕэ киллэрбиппит, оттон ыппыт туох да иһин буолумматаҕа. Бэйэм бадарааҥҥа түһэ-түһэ соспутум (иккиэн күлэбит).

Киинэҕэ ыт сүүрэр түгэнэ элбэх. Ол аайы мин ыҥыра-ыҥыра тэҥҥэ сүүр да сүүр (күлэр). Карина аҕатын сайыһан, массыынаны сырсар түгэннэригэр барыта холбоон 18 дубль буолбута быһыылаах.

Аны тииҥи көрөр түгэннэрэ баар. Ыт маска тиийэн туруохтаах уонна үрүөхтээх этэ. Онно «тииҥ» буолан, маска ыттан тахсан, үөһэттэн Найданы ыҥыра олорбутум. Тула өттүбүт барыта камера, онно көстүө суохтаахпын. Дьэ, ол эмиэ элбэх сыраттан тахсыбыта.

 

Оҕо саас умнуллубат уобарастара

Киинэҕэ оҕо сааспын санатар, сүрэхпэр күндү түгэн үгүс.   Кыра сылдьан Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар сайылыы тахсарбыт. Эһэм аах түннүктэрин араастаан киэргэппит, арааматын икки ардыгар баатаҕа хаппыт сарбынньахтары (рябина) уурбут буолаллара. Итинник көстүү киинэҕэ киирбитэ. Тоноҕосчут (стрекоза) эмиэ оҕо сааһым уобараһа, кыра сылдьан тэмэлдьигэннэри сырсан, тутан оонньуурбут. Оннук тоноҕосчут киинэҕэ бөртөлүөккэ кубулуйан хаалар.

Кыыһы араҥаччылыы, көрө-истэ сылдьар мэкчиргэ уобараһа эмиэ мээнэҕэ киирбэтэҕэ. Тиллэн кэлэр мастары Марианна Сиэгэн оҕо сылдьан түүлүгэр көрөр үһү.

 

Үлэ көстөн иһиэҕэ

«Дьулуур» кэнниттэн тохтобул ылбытым. Билигин оҕолорбунан дьарыктанабын.

Этии киирэр, ол эрээри туохха да ылса иликпин. Сороҕор аккаастыыбын. Дьиҥэр, быстах үлэ элбэх. Бу күннэргэ сүрэхтэниэхтээх Владимир Кочарян «Якутское кино. Путь самоопределения» кинигэтигэр саха кэмиэдьийэтин историятын туһунан ыстатыйа суруйбутум киирдэ. Бэйэм дьыалабын арыммытым – зоомаҕаһыыннаахпын, онон күн солото суох курдукпун. Былаанынан соччо салайтарбат киһибин, үлэ бэйэтэ көстөн иһэр.

 

Сирэйим тириитэ халыҥаабыт быһыылаах...

Кириитикэҕэ улаханнык кыһаллыбаппын. Арыый чэпчэкитик ылынар буолбуппун. Арааһа, сирэйим тириитэ халыҥаабыт быһыылаах. Мөккүөр тахсара үчүгэй буоллаҕа. Хата, элбэх киһи сылдьыаҕа диэн үөрэбин. 

Көрөөччү, элбэх киинэҕэ үлэлээбит сценарист, айар бөлөх чилиэнин да быһыытынан, «Карина» хаачыстыбалаах хартыына буолан таҕыста диэн эрэллээхтик этиэхпин сөп. Оҕолуу сүрэххитин аһан олорон көрүҥ, ис санааҕытын иһиллэниҥ диэн сүбэлиибин.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....