26.11.2022 | 10:00

Мария Матвеева: «Дьоҥҥо үтүөнэн эрэ сырыттахха, олорорго чэпчэки»

Тыа сиригэр көмүс куоластаахтар, үҥкүүһүттэр, айар, суруйар дьон баалларын куруук кэрэхсии, сэргии истэбит. Ханна да сырыттарбын талааннаах дьону кытта билсэрбин, санаа атастаһарбын туохтааҕар да ордоробун.
Мария Матвеева:  «Дьоҥҥо үтүөнэн эрэ сырыттахха, олорорго чэпчэки»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Бүгүн биһиги Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгэр Р.А. Филиппов аатынан Фольклор дьиэтигэр ыалдьыттыыбыт. Дириэктэр Мария Агафоновна Матвеева-Сахалаана Чойдоон сүрдээх үлэһит, дьоҕурдаах салайааччы, иистэнньэҥ, хомоҕой хоһоонньут.

Тыа сирин култууратын, үлэ-хамнас, айар үлэ туһунан сүрдээх истиҥник, ис сүрэхтэн иэйэн-куойан туран кэпсэттибит.

– Мария Агафоновна, бастатан туран, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэриэҥ дуо? Оҕо сааһыҥ ханна ааспытай? Кыра эрдэххиттэн көхтөөххүн дуо?

– Мин дьоллоох оҕо сааһым, кыһалҕата суох кыра сааһым Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕэр ааспыта. Любовь Семеновна, Агафон Дмитриевич Сидоровтар күүтүүлээх бастакы оҕолоро, соҕотох кыыстара буолабын. Төрөөбүт дойдум киэҥ дуолугар көҥүл тыынан, ийэлээх аҕам уйан, ыраас тапталларыгар улааппыт дьоллоохпун. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Икки быраатым ыал-күүс дьон. Кыра сааспыттан кэрэ эйгэҕэ уонна тыл өттүгэр ордук чугас этим. Оскуолам уопсастыбаннай олоҕор өрүү сөбүлээн кыттарым. Ыллаан, үҥкүүлээн, конферансье, ыытааччы буолан оскуолатааҕы кэмнэрбин сэргэхтик аһарбытым. Бу миэхэ олохпор элбэҕи биэрбитэ. Билигин даҕаны куруук олох, үлэ үөһүгэр сылдьарбын сөбүлүүбүн. Нэһилиэк Дьахталлар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, кэлин Чурапчы улууһун дьахталларын сэбиэтин чилиэнэ буолан улууспут сайдыытыгар күүс-көмө буолабыт, кылааппытын киллэрсэбит. Уопсастыбаннай үлэбин сыаналаан, “За заслуги перед районом” бочуотунай бэлиэнэн наҕараадаламмытым.

Бүтэйдээх орто оскуолата уруккуттан физика, математика хайысхатынан оҕолору сайыннарарынан өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр. Бу хайысханан араас улуустартан оҕо бөҕө кэлэрэ. Убаастыыр учууталларым Софья Дмитриевна Андросова, Александра Алексеевна Сергеева тыл өттүнэн үөрэххэ барарбар сүбэлииллэрэ. Ол эрээри урукку кэм оҕолоро билбиппит эрэ быраас, учуутал, экономист этэ. Олортон бэйэбэр ордук чугас оҕолору кытта үлэ буолан биэрбитэ.

– Оччоҕо оскуола кэнниттэн ханнык үөрэххэ киирбиккиний? Идэҕин сөпкө таллым дии саныыр этиҥ дуо?

– Түргэнник үөрэххэ киирэ охсор санаалаах кылааспытыттан 4 кыыс Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа киирбиппит. Олортон иккиэ буолан иитээччи идэтин ылан, идэлээх үлэһит буолан дойдубутугар тахсыбыппыт. Бу идэбин М.К. Аммосов аатынан СГУ педагогическай институтугар үрдэтинэн, педучилищеларга педагогика уонна психология преподавателин дипломун ылбытым. Кэлин санаатахха, бу идэбин сөпкө талбыппын уонна олохпор олус туһалаах эбит. Оҕолорум кыраларыгар уһуйааҥҥа, улааттахтарына оскуолаҕа тэҥҥэ барсан араҥаччылыыр этим. Элбэх хайысханы хабар буолан, оскуолаҕа дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан, тэрийээччинэн, психологынан, уһуйааҥҥа методиһынан, иитээччинэн үлэлээбитим. Оҕону иитэр-үөрэтэр үлэбинэн “За вклад в развитие детского движения РС (Я)” , “За добросовестный труд в системе дошкольного образования” бэлиэлэринэн, элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмытым. Үлэбэр ситиһии аҕыйаҕа суох диэххэ сөп.

– Мэҥэ Хаҥалас эбиккин дии... Оччоҕуна Чурапчыга кийииккин дуо эбэтэр үлэҕинэн ананан барбытыҥ?

– Кийииппин (күлэр). 1999 сыллаахха Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгэр Матвеевтар аймахха кийиит буолбутум. Кэргэним Николайдыын бэйэбит кыахпытынан, саха ыалын сиэринэн дьиэ-уот туттан, хаһаайыстыба тэринэн, билигин тэлгэһэбит ньиргийэн олорор. Мааны кыыс бастаан кийииттээн кэлэрбэр, этэргэ дылы, ынаҕы хайа өттүнэн ыылларын да билбэт этим (күлэр). Дьонум хотоҥҥо таһаараахтаабаттар этэ. Билигин 9  ыанар ынахтаахпыт, ийэлээх аҕам хаалларбыт сүөһүлэрэ, кууруссалара миэхэ тураллар. Кэргэним, бааһынай хаһаайыстыба хаһаайына, тутууга сыһыаннаах буолан мин кумааҕыга уруһуйдаан биэрбиппин барытын уурбут-туппут курдук олоххо киллэрэн иһэрэ. Чакырга элбэх дьоҥҥо маастардаан дьиэлээбитэ. Биирдэ да кини оҥорбутун сирэн кыҥкыйдаабатах буолуохтаахпын. Урут 90-с сылларга хамнас да кэлбэт эрэйдээх кэмнэрэ этилэр. Онно аҕабыт бултаан, астаан син эбинэн олордохпут. Остуолбут өрүү сибиэһэй этинэн, балыгынан, үүтүнэн, күөрчэҕинэн, сүөгэйинэн толору буолааччы. Оҕолорум билигин үлэ, үөрэх дьоно.

Ити курдук, кэрэ эйгэлээх киһи буоларым оҕо эрдэхпиттэн биллибитэ. Кэлин санаатахха, киһи бэйэтин дьоҕурун, сатабылын, талаанын сайыннаран, ону идэ, үлэ гынара наада эбит. Конфуций эппитинии, “Выбери себе работу по душе и тебе не придется работать ни дня”. Онон олоҕуҥ тухары дьоҕургунан олорор – дьол. Кэлин ону дириҥник ылынан, Чакырга Р.А. Филиппов аатынан Фольклор дьиэтигэр дириэктэринэн үлэҕэ киирбитим. Атын эйгэҕэ үөрэнэн,          култуура эйгэтигэр менеджер идэтин ылбытым. Бэйэм чугас эйгэм буолан, үлэлииргэ ордук үөрүүлээх, чэпчэки. Дьоҕус кэлэктииппитигэр бэһиэ буолан “универсал” үлэһиттэрбит. Саҥаттан саҥаны, сонуну олоххо киллэрэрбитигэр биир санаанан үлэлээн-хамсаан кэллибит.  Кыргыттарым барыга бары сыһыаннаах буоланнар туох да үлэттэн иҥнибэппит. Тыа сирин кулууптара бары да оннук олордохторо.

– Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаргын сөбүлүүгүнүй? Биһиги эйигин өссө айар, суруйар, хомоҕой хоһоонньут быһыытынан билэбит...

– Оннук. Дууһам сынньанар, санаам сытар сөбүлүүр дьарыктарбыттан биирдэстэрэ – айымньы суруйуу. Ырыа буолбут хоһооннордоохпун, бииргэ үлэлиир кэллиэгэм, талааннаах мелодист Сардаана Макарова матыыбыгар “Иитээччи эдьиийбэр” хоһоонум Чакырдааҕы уһуйааҥҥа гимн буолан ылланар, кыыспар суруйбут “Күүппүт көмүс чыычааҕым” хоһоонум ырыа буолан көппүтэ, атын хоһооннорум араас күрэхтэргэ кыайыыны аҕалтаабыттара. Ону таһынан үлэбинэн элбэх сценарийы суруйабын. Чакырдааҕы кулуупка хас да мюзикл суруйан туруорбуттаахпын. Ол курдук, “Чараҥнаахха” диэн музыкальнай литературнай айымньым улууска иккис миэстэни ылан, нэһилиэкпит кыайыыга тахсыбыта. Оҕуруонан оһуордааһыҥҥа ылларан, түүнү, күнү билбэккэ иистэниэхпин сөп. Араас киэргэллэри, симэхтэри астына тигэбин. “Холбука” диэн куруһуокпар оҕуруонан үлүһүйээччилэри түмэн үөрэтэбин. Быйылгыттан туой иһит оҥоробун. Биир дьикти дьарыкпынан ынах муостарынан сувенирдары оҥоруу буолар. Бу идея алта сыл анараа өттүгэр киирбитэ. Бэйэбитигэр баар, бөҕө-таҕа матырыйаалы булан олоҥхо персонажтарын оҥорон саҕалаабытым. Үлэлэрим элбэх ситиһиилэри аҕалбыта. “Лучший туристический сувенир” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ бастакы миэстэни ыланнар Бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапка-дьаарбаҥкаҕа кыттар чиэскэ тиксибиттэрэ. Саха сириттэн икки сувенир талыллыбыта. Чурапчы улууһугар “Бастыҥ ааптарыскай үлэ”, Сочи куоракка V-c төгүлүн ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы “SOCHI-NEW STAR” күрэх-бэстибээлгэ Гран-при үрдүк аатын ылбыттара. Аан дойдутааҕы күрэхтэр биллиилээх сүрүн экспертэрэ, ФРОС бырабылыанньатын “Регион PR” бэрэссэдээтэлэ Геннадий Шаталов көрдөһөн туран атыылаһан, Москваҕа кини бэйэтин коллекциятыгар мин Күн Чөмчүүгүм турар. Ити курдук, айар эйгэ умсулҕаннаах долгунугар сылдьарбыттан үөрэбин, өбүгэлэрбэр махтанабын. Маннык “ыл да оҥор” дьоҕурунан байыппыттарыгар, хатаҕалаабыттарыгар. Төрүттэргиттэн бэриллибити хаайа сылдьыбакка  таһааран, сайыннаран, айан-тутан, олоххо киллэрэн иһиэххэ наада.  

– Мария Агафоновна, интэриэһинэй кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Билиҥҥи олох туһунан тугу этиэҥ этэй?

– Хас биирдии киһи олоххо ананан кэлэр. Биирдэ бэриллибит олохпутун сыаналаан, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха. Ордук санаһыыта, айдаарсыыта суох, эйэлээхтик, чэпчэкитик, дьоҥҥо үтүөнэн эрэ сырыттахха, олорорго чэпчэки. Куһаҕаны кулгаах таһынан аһардан, ыытан кэбистэххэ мөкү сыстыбат. Болҕомтону сырдыкка, үтүөҕэ эрэ ууруохха, ону дэлэтиэххэ. Бэйэҥ сөбүлүүргүнэн, сүрэҕиҥ тугу этэринэн. Ханнык да түгэҥҥэ санааны түһэрэн самныбакка, баҕа санааҥ хоту хардыылары оҥорон, олох устун айаннаатахха барыта табыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...