Мария Харлампьева-Попова: «Кэлэктииппинэн олус киэн туттабын»
Саҥа дьыл бырааһынньыктарын кэмигэр Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха сирин судаарыстыбаннай циркатын айар хамаандата, нэһилиэнньэҕэ үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтээри, сахалыы эттэххэ, харытын ньыппарынан үлэлээтэ. Бу күннэргэ цирка аренатыгар саамай дьиҥнээх остуоруйа дойдута сатыылаата! Саҥа «Лýна» остуоруйаҕа ыалдьыттаабыт, көрөн кэрэхсиир дьолго тиксибит көрөөччү эрэ барыта бу туруорууттан дьиэтигэр ап-хомуһун кыырпаҕын илдьэ барда.
Бу күннэргэ биһиги Саха судаарыстыбаннай циркатын кылаабынай режиссёра Мария Харлампьева-Попованы кытта кэпсэттибит. «Лýна» туруоруу – саха норуотун Ый Кыыһын туһунан остуоруйатынан турбут режиссер бастакы бөдөҥ үлэтэ.
— Саха остуоруйаларынан үлэлиэхпин баҕарбытым ыраатта даҕаны, этэргэ дылы, хайдах эрэ илиим-атаҕым тиийбэккэ сылдьыбытым. Онон бу үлэ – өрдөөҥҥүттэн ыратыйбыт баҕа санаам диэххэ сөп.
«Лýна» испэктээк саха киһитэ барыта даҕаны оҕо эрдэҕиттэн билэр, сөбүлүүр «Ый Кыыhа» остуоруйатынан турда. Бу таптал, доҕордоһуу, ыра санаа туолуутун туһунан үрдүк өйдөбүллэри тарҕатар остуоруйа хас биирдии киһиэхэ чугас, өйдөнүмтүө, өлөр-хаалар күҥҥэ өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх. Ол да иһин туруоруу барыта аншлаг буолла.
— Сүрүн оруолларга артыыстары сүүмэрдээһин хайдах этэй?
— Мин режиссер быһыытынан соругум диэн – артыыстарга арыллар кыаҕы биэрии, бэйэ дьоҕурун араас амплуаҕа холонон көрөллөрүгэр усулуобуйа тэрийии буолар. Ол иһин испэктээктэрбэр барытыгар сүрүн оруолларга атынтан атын артыыстары туруорабын. Биллэн турар, хас биирдии артыыс темперамена, характера, маастарыстыбата, трюктары толоруута барыта учуоттанар. Артыыс хас даҕаны нүөмэргэ кыттара хайҕанар эрэ.
Онон Лýна оруолун толорбут Надежда Илларионованы кытта бэркэ табыллан үлэлээтибит. Бииринэн, Надя бэйэтэ даҕаны Ый Кыыһын курдук сырдык, сымнаҕас майгылаах. Киһи быһыытынан олус үтүө, элэккэй. Артыыс быһыытынан үлэһит, саҥаҕа, сонуҥҥа барытыгар аһаҕас, ылынымтыа. Ааҕааччыларга санатар буоллахха, Надежда Илларионова NEXT көлүөнэ бэрэстэбиитэлэ. Ааспыт ахсынньы ыйга бу саҥа көлүөнэ артыыстарбыт 10 сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтээбиттэрэ. Онон эдэр артыыспыт үбүлүөйдээх сылыгар сүрүн оруолу оонньообута – бэлиэ түгэн диэххэ сөп.
— Надежда Илларионова – дэгиттэр, универсальнай артыыс. Каучук даҕаны, салгын гимнастиката даҕаны курдук уустук көрүҥнэргэ тэҥинэн ситиһиилээх, талааннаах. Ол курдук, «Луна» испэктээккэ анаан гимнастка кольцоҕа пааранан үлэлээһин курдук уустук нүөмэри баһылаата. Бу нүөмэргэ партнера акробат-эквилибрист Василий Федоров. Биллэн турар, бу нүөмэр ситэн-хотон тахсарыгар аҕа саастаах, уопуттаах кэллиэгэлэр – канатоходецтар бөлөхтөрүн салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Валерий Егасов уонна салгын гимнаһа, акробат-наездник Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Иннокентий Слепцов – көмөлөрө сүҥкэн.
– Өссө ханнык саҥа нүөмэрдэринэн саҥа испэктээк байытылынна?
– Цирка аренатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Владислав Михайлов аан бастаан бэйэтин иитиллээччилэрин, күүс-уох нүөмэрдэрин толорор артыыстарын таһаарда. Владислав Илларионович ааспыт сылтан Пекиннээҕи искусство колледжын үһүс выпуһун артыыстарын кытта күүс-уох хайысхатыгар дьаныардаахтык үлэлэһэр, бэйэтин билиитин, уопутун тиэрдэр.
— Семен Афанасьев уонна Владислав Сокорутов «Жонглирование гирями» нүөмэринэн кытыннылар. Сергей Баданин 20 кг ыйааһыннаах гиирэлэри түү мээчик курдук тутаттыыр. Бу оҕолор былыргы саха бухатыырдарын быыппастыгас былчыҥнарын, быстыбат бырдаларын көрдөрдүлэр. Владислав Михайлов бэйэтэ Ый Кыыһын ииппит ыал аҕатын оруолун толордо. Омсолоох уобарас эрээри, испэктээк биир көстүүлээх, хатыламмат геройа. Саха циркатын сүрүн күүстээҕэ итини сэргэ кэлиҥҥи сылларга көрөөччүгэ Тымныы Моруос быһыытынан биллэр. Владислав Илларионович курдук «саамай дьиҥнээх” Тымныы Моруоһу чугаһынан булар уустук.
— Көрөөччү болҕомтотун акробаттар ылыахтарын ыллылар. Бу нүөмэри бастаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Александр Посельскай бэйэтин эппиэтинэһигэр илдьэ сылдьыбыта, онтон Семен Афанасьевка туттарбыта. Уустук акробатическай трюктары Пекиннээҕи искусство колледжын иккис уонна үһүс выпустара толороллор. Барыта сэттэ акробат кыттар. «Двойной сальто”, 720 кыраадыска тиийэ эриллии курдук уустук нүөмэрдэр бу сыллар тухары көрөөччү ытыһын тыаһын ылыахтарын ыллылар. Аҥаардас Сергей Будуранов уон төгүллээх фляк эргийиитэ – көрүөхтэн кэрэ! Акробаттар «Луна» испэктээккэ хара тыа хаһаайыттара сур бөрөлөр оруолларын толордулар.
— Саха циркатын балетын туһунан ахтыбакка ааһар сатаммат. Цирка кылаабынай балетмейстера Марияна Саморцеваҕа махталбын биллэрэбин. Испэктээк устата балет артыыстара хаста даҕаны араас уобараһынан таҕыстылар: эмиэ да бөрө буолан сундулустулар, эмиэ да буурҕа буолан кулахачыстылар. Хоту дойду дүҥүрүн тыаһыгар эргичиһэллэр, аатырбыт «Ойуун» синтез-театр» ырыаларынан доҕуһуолланан хамсаналлар.
Дрессировщик Мария Жиркованы цирканы сөбүлээччи барыта билэр, кини ураты нүөмэрдэрин өрүү долгуйа күүтэр. Бу үгэстэн «Лýна» испэктээк эмиэ туора турбата. Манежка аан бастаан Персик диэн ааттаах кулун таҕыста! Сиэрэй өҥҥө хара ойуулаах сэдэх дьүһүннээх кулуну кытта эмиэ итинник өҥнөөх пони тахсыбыта, биллэн турар, көрөөччү ытыһын тыаһын тоҕо тартаҕа. Эдэркээн артыыстар төһө даҕаны бастаан уопуттара тиийбэтиттэн кыратык буккуллан ыллаллар, сотору кэминэн, артыыс артыыс курдук, оруолларыгар киирбиттэрэ.
— Испэктээк артыыстарын көстүүмнэригэр тохтуу түһүөҕү баҕарыллар. Ким айан таһаарбыт олус кыраһыабай көстүүмнэрэй?
— Бу кэпсэтэ олорон өйдөөтөхпүнэ, испэктээккэ өссө биир дебютантка баарын умна сыспыппын. Ол – художник-бутафор Виктория Новгородова. Бу испэктээк – эдэр худуоһунньук бастакы цирковой бырайыага. Виктория 2012 сыллаахха Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын бүтэрбитэ, ательеҕа, Опера уонна балет театрын иистэнэр сыаҕыгар үлэлээбитэ. Кэлиҥҥэ үс сыл биһиги циркабыт бутафорскай сыаҕыгар уруһуйдуур, иистэнэр.
— Испэктээк музыкатын хайдах талаҕын?
— Ханнык баҕар цирка туруоруутугар музыканан киэргэтиигэ сүҥкэн болҕомто ууруллар. Тоҕо диэтэххэ музыка туруоруу эмоциональнай фонун оҥорор. Бу чааһыгар эмиэ биһиги улаханык табылынныбыт диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Ол курдук биһиги туруорууларбыт музыкаларынан уонна уоттарынан-күөстэринэн идэлэрин толору баһылаабыт профессионаллар дьарыктаналлар. Бу үлэни Алексей Попов иилиир-саҕалыыр.
«Лýна» туруорууга, бары испэктээктэргэ курдук, талааннаах звукорежиссер Константин Васильев анаан-минээн суруйбут оригинальнай музыката тыаһыыр, Константин бэйэтэ ырыа айааччы, мелодист буоларын быһыытынан, испэктээк тыынын дьэҥкэтик өйдүүр. Бииргэ үлэлээбиппит, бэйэ-бэйэбитин билсибиппит ырааппыт да буолан, ити чааһыгар өйдөһөбүт. Арай биири этиэм этэ, Константин музыката суох бу испэктээк испэктээк буолуо суоҕа этэ. Хайдаҕын да иһин, сахалыы фонограмманы даҕаны булар уустук.
Музыка туһунан кэпсэтиигэ циркабыт оркестрын тумнан ааһар сатаммат. Оркестры билигин эдэр талааннаах клавишник, вокалист Егор Ефимов салайар. Циркаҕа тыыннаах дорҕоон, хатылааһын да буоллар, тыын суолталаах. Дьыала музыка үөскэтэр тыыныгар, атмосфератыгар эрэ буолбатах, оркестрга көрөөччү хараҕыттан кистэнэр биир олус суолталаах, эппиэтинэстээх сорук сүктэриллэр. Ол, холобура, ордук кыыллар кыттыылаах нүөмэрдэргэ сыыһа-халты тахсар түгэнигэр ону корректировкалыыр, уустук трюктарга артыыстары өйүүр сорук туруоруллар. Оркестр уопсайынан даҕаны ханнык баҕар цирковой туруоруу биир сүрүн кыттыылааҕа.
— 2017 сылга сөргүтүллүбүт «Ойуун» синтез-театр» хатыламмат куоластарын бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Кэлэктиип «Лýна» испэктээккэ киириитэ бары өттүнэн киэргэттэ, үрдэттэ. «Синтез-театр” ырыатыгар доҕуһуоллатан, көрөөччү саха норуотун үгэстэрин, сиэрин-туомун кытта билистэ. Бүгүҥҥү сөргүтүллүбүт кэлэктиипкэ хас да жанр артыыстара ыллыыллара кэрэхсэбиллээх: джигиттэр бөлөхтөрүн салайааччыта Дьулустаан Софронов, оригинальнай жанр артыыһа Марианна Еремеева, канатоходец Василий Атласов, клоун Анюта Винокурова. Бэлиэтээн эттэххэ, Анюта испэктээккэ Хаарчаана оруолун толорор.
— Дьэ, чахчы, дэгиттэр талааннаах артыыстар!
— Оннук. Туруорууларга айар бөлөх барыта кыттар. Хас биирдии артыыс, толорор оруолуттан тутулуга суох, испэктээк кэмигэр аренаҕа хаста даҕаны тахсар. Холобура, бэйэтин нүөмэрин толорон бүттэҕинэ даҕаны сынньана барбат, манежка тахсан, антураж да буолуон сөп. Бу соругу хас биирдии артыыс өйдүүр. Артыыстарбынан, уопсайынан кэлэктииппинэн олус киэн туттабын. Хас биирдиилэрин туһунан үтүө тылынан аҕыннахпына, хаһыакка батарбаккын. Биир тылынан, артыыстарбыт, балет, оркестр, звукооператордар, светооператордар, режиссер көмөлөһөөччүлэрэ, униформа, манеж инспектордара – бука бары ис сүрэхтэриттэн кыһаллан үлэлээтилэр, үлэлииллэр даҕаны. Биһиги хас биирдии испэктээкпит – саҥаттан саҥа үрдэллэри дабайар кыаҕы биэрэр бүтүн кэлэктиип айымньылаах, сыралаах үлэтэ.
– Күндү Мария Павловна, кэпсээниҥ иһин махтал!
Хаартыскалар:
Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Циркэтин архыыбыттан