09.10.2022 | 13:00

Мария Басова: «Өбүгэ ииһэ киһини сааһылыыр күүстээх»

Бүгүҥҥү дьоруойбут – Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин олохтооҕо Мария Николаевна Басова. Оҕо сааһыттан олоҕун сүрүн дьарыга оҥостубут талба талааннаах иистэнньэҥ сатабылларын, кистэлэҥнэрин үллэһиннэ.
Мария Басова:  «Өбүгэ ииһэ киһини сааһылыыр күүстээх»
Ааптар: Вера Канаева, Таатта
Бөлөххө киир

Дьылҕам сирдээбитэ

– Мария Николаевна, кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын ааҕааччыларга кэпсээ эрэ. Төрөппүттэриҥ хантан төрүттээхтэр этэй?

Мин 1948 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр кэрэ айылҕалаах, арылыйа устар ыраас уулаах өрүстээх Амма улууһун Лээги нэһилиэгэр холкуостаах ыалга бастакы оҕонон төрөөбүтүм. Аҕам Алексеев Николай Петрович – тыыл бэтэрээнэ. Күнү көрдөрбүт ийэм Прасковья Петровна Саввина Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкы нэһилиэгиттэн төрүттээҕэ. Иккис оҕотун төрүүрүгэр хаана баран өлбүт. Онон пиэрмэҕэ дьукаахтар көрүүлэригэр сылдьыбыппын. Аҕам барахсан олоҕун иккистээн оҥостон, Алексеева Варвара Васильевнаны кэргэн ылбыта, онон ийэ тапталын билэн, истиҥ сыһыаҥҥа улааппыт дьоллоохпун. Ииппит ийэм сытыары сымнаҕас майгылааҕа. Аны иринньэх буолан, дьаҥы аһарбакка ыалдьар этим. Ыарыйдым эрэ, ийэм сылаас илиитинэн бүөбэйдээн, көрөн-истэн олус үчүгэйдик улаатыннарбыта. Киниттэн төрөөбүт сурдьум билигин Амма иккис Чакырыгар олорор, кэргэнэ эмиэ иистэнньэҥ.

Аҕам өттүнэн эһэм Уус Бүөтүр, кинини Бирдиргэй Уус диэн ааттыыллар эбит. Аҕам дьоно эрдэ өлөн, убайа сэриигэ охтон, соҕотох хаалбыт. Бэйэтэ уһанара. Ийэм төрдүлэрэ Захаровтар эмиэ уус дьон. Олортон Испиэн Уус эбэм аҕата буолар. Кинилэри ууһаан иистэнэбин.

– Туох үөрэхтээххиний? Идэҕин таларгар ким сүбэ-ама буолбутай?

– 1967 с. Болугур орто оскуолатын бүтэрбитим. Үс сыл абитуралаан, Красноярскай куоракка Сибиирдээҕи технологическай институкка киирбитим. Дьиҥинэн, Москватааҕы иис технологын институтугар туттарсыбытым, ол эрээри баалым тиийбэккэ, киирбэтэҕим. Хайыамый, маһы таҥастыыр идэҕэ миэстэ баарыгар киирбитим. Онон  “инженер-технолог мебельного производства” диэн оччолорго сэдэх идэни ылбытым. Онуоха уус төрдүлэрим ыйаахтарын толорторо, дьылҕам талларбыта, ыйбыта буолуо дии саныыбын.  Идэбинэн сэттэ сыл “Заречное производственное объединение” диэн тэрилтэҕэ технологынан үлэлээбитим. Бу тэрилтэ Амма, Чурапчы, Таатта, Мэҥэ промкомбинаттарын холбоһуга этэ.

Идэбинэн үлэлиир сылларбар Майаҕа олорбуппут, икки оҕом онно төрөөбүттэрэ. Онтон 1981 сыллаахха кэргэним дойдутугар – Уолбаҕа  көһөн кэлбиппит. Бастаан сэбиэккэ, онтон нэһилиэк дьаһалтатыгар кылаабынай бухгалтерынан, кэлин кассирынан отучча сыл үлэлээбитим. Бу сыллар тухары нэһилиэк сайдыытын, үлэтин-хамнаһын сыыппара нөҥүө көрдөрөн, ааҕан-суоттаан кэллэҕим. Бухгалтерынан үлэтигэр идэтигэр бэриниилээх эрэ киһи үлэлиир. Түгэҕэ көстүбэт ахсаан, суот, сыыппара уустук эйгэтэ буолар. Үлэҥ барыта биир сыыппараттан турар, сыыстыҥ эрэ үптэн мэлийэҕин эбэтэр ночоокко бараҕын.

Оскуолаҕа домоводство уруогар

Алгыс иис нөҥүө тиийэр

– Быйылгыттан “Таатта улууһун норуотун маастара” диэн үрдүк ааты сүгэҕин. Иис сатабылыгар эйигин ким үөрэппитэй?

– Оҕо эрдэхпиттэн иис алыбар ылларан улааппытым. Сэттэ саастаах сылдьан аҕыйах ыйдаах бырааппар (аҕам наар сурдьуҥ диэччи) бүлүүс таҥас сыыһынан түүппүлэ тикпитим. Онтон ыла ол оҕобор араас ырбаахы, кириэстигинэн быысапкалаан соруочука, “Мода” сурунаалтан көрөн шортик тигэн кэтэрдэр буолбутум. Аҕам иистэнэр массыына атыылаһан биэрбитэ билигин да баар. Ол бэлэҕэ дьиэ кэргэним ытык мала буолар. Иискэ дьоҕурбун таба көрбүтүгэр күндү киһибэр махталым муҥура суох.

Алтыс кылааска пуорма тиктэн, быыстапкаҕа кыттан турардаахпын. Кумааҕыны эрийэн баран, былаат баайан, сирэйдээн куукула оҥосторум, таҥас сыыһынан  оонньуурбар араас таҥаһы тигэрим. Икки сыл холкуос бэрэссэдээтэлэ Михаил Васильевич Григорьев улахан дьиэ кэргэнигэр алтыс оҕо буолан олорбутум. Ийэлэрэ Ефросинья Павловна дэриэбинэбит “модницаларын” таҥыннарар улахан иистэнньэҥ этэ, кини иистэнэрин көрөрбүн олус сөбүлүүрүм. Бастакы учууталым Мария Семеновна Дмитриева уруок кэнниттэн куруһуокка быысапкалыырга, күрүчүөгүнэн баайарга үөрэппитэ.

Кыра эрдэхпиттэн пиэрмэҕэ дьукаах дьахталлар киэһэ аайы иистэнэллэрин көрөр этим. Ким этэрбэс улларар, ким таҥас абырахтыыр, ким быа хатар. Быа хатарга сиэллэрин тыытан бэлэмниирим, тирии имитэргэ талкыны тутааччы буоларым. Хара ииһи барытын көрөн улааппытым. Иҥииринэн хатыллыбыт сабынан иистэнэр, саптарын тардар тыастара билигин да иһиллэр курдук. 

Иис – киһи буола үүнүөхпүттэн олоҕум аргыһа. Этэргэ дылы, олохпор сэргэстэһэ хаамар сөбүлүүр дьарыгым. Билигин урукку буолбатах. Эҥинэ бэйэлээх матырыйаал, оҕуруо, сап дэлэй. Киһи тугу ыларын баҕарыан эрэ кэрэх. Үлэх ылан кытта иистэнэбин. Дьоҥҥо утары баран сөбүгэр сыанаҕа тигэбин. Үтүө үтүөнэн төлөнөр диэни ииспэр тутуһан кэллим. Тикпит таҥаспын дьонум-сэргэм кэтэ сылдьалларын көрдөхпүнэ, дууһам үөрэр, астынар.

Биир тэҥ иис киһини сороҕор сылатар. Ол иһин саҥа ньымалары баһылыырга эмиэ холонобун. Кылтан сэлээппэ, ат симэҕин кытта тигэбин.  Билигин Сашико ньыманан быысапкалаах суумканы тиктим. Норуот маастара Арина Николаевна Большакова сүбэтинэн, Мандар Уус кинигэтинэн сиэттэрэн ат симэҕин тикпитим. Нэһилиэкпит кулуубун кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиибин. Ол курдук, кулууптарбар биир дойдулаахпыт, олоҥхоһут Мария Андросова-Ионова сонун, бэргэһэтин хаартыскатыттан көрөн үтүгүннэрэн тикпитим. Икки сахалыы кытыылаах сону, хас да оноолоох сону тиктим. Өбүгэ ииһэ киһини сааһылыыр, тургутан көрөр күүстээх.

Саха таҥаһа омукпутун көрдөрөр култуурабыт, үгэс быһыытынан баайбыт буолар. Айылҕа барахсан омук-омук уратытын кини саҥарар саҥатынан, таҥнар таҥаһынан, аһыыр аһынан, үгэстэринэн араартаан айбыт. Таҥаска омук олоҕо-дьаһаҕа оһуорданан, өҥүнэн дьүөрэлэһэн, төрөөбүт дойдуҥ уратыта кэпсэнэр. Кэм-кэрдии уларыйыытынан саха таҥаһыгар аныгы тыын киирэн, өссө тупсаҕай, көрүөххэ кэрэ буолла. Ол эрээри өбүгэ саҕаттан кэлбит моһуон кэһиллибэтэр ханнык  диэн баҕа санаалаахпын.

Таатта улууһун маастардара

– Иистэнэр таҥастарыҥ моһуонун бэйэҥ айаҕын, өҥүн-дьүһүнүн талаҕын дуо? Ордук кимнээх тиктэрэллэрий?

– Үксүгэр тиктэрэр киһим ирдэбилин толоробун. Ол эрээри тигэн иһэн кыратык эбэн-сабан, ситэрэн биэриэхпин сөп. Оҕотуттан саҕалаан кырдьаҕаһыгар тиийэ тиктэрэллэр. Ыһыах саҕана ордук саастаах дьахталлар үлэх биэрэллэр. Дьүөгэм Галина Семеновалыын бииргэ иистэнэбит, бииргэ “Таатта улууһун норуотун маастардара” буоллубут. Иккиэн Ытык Күөллээҕи “Алдаана” ансаамбыл кыттыылаахтарыгар баҕа санаа бастыҥын анаан тикпиппит. Дьоммут Москубаҕа, Сочига тиийэ Гран-при ыланнар, алгыс тыл иис нөҥүө тиийэригэр итэҕэйэн турабыт. Онтон үлэх быһыытынан Уус Таатта дьахталларын, Чөркөөх “Күбэйэ” ансаамбыллара сценаҕа кэтэр хас да көрүҥ таҥастарын тикпитим.

Нэһилиэкпитигэр “Ситим” иис түмсүүтэ үлэлиир, кулууп үлэһиттэрэ Анастасия Боппосова, Виктория Семенова салайаллар. Сүрүн ииспит өбүгэ ньыматынан иистэниигэ сытар. Бастакы сылларбытыгар үтүлүк, киэргэл оҥорбуппут. Кыбытыылаах иис сэҥээрдэн, элбэх дьахтар кыбытыы ньыматынан сэлиэччик тиктибитэ. Сыыйа кылынан-сиэлинэн дьарыктанан, сөрүөлэри, олбохтору оҥостубуппут, ситии хаппыппыт. Икки сыл Туос Ураһа тигиитигэр үлэлээбиппит. Умсугутуулаах, ол эрээри ыарахан үлэни толорбуппут. Туоһу тигии илии күүһүн эрэйэр. Быйыл саас эмиэ кыбытыылаах иис ньыматынан “Өбүгэбит ахтылҕана” диэн улахан панно тиктибит. Бу үлэбитинэн “Якутия мастеровая” быыстапкаҕа кыттыыны ылбыппыт. Билигин кулууппутугар сүөһү тириитинэн тэллэх оҥоро сылдьабыт.

– Дьиэ кэргэниҥ туһунан сырдат эрэ.

– Кэргэмминиин үс оҕолоохпут. Улахан уол Николай Эдуардович куоракка олорор. Идэтинэн огранщик,  “ЭПЛ Даймонд” бастакы огранщига, онно уһуннук үлэлээбитэ. Билигин массыына салонугар үлэлиир. Соҕотох кыыһым Кристина Эдуардовна худуоһунньук идэлээх. Идэтинэн “Үүнэр көлүөнэ” тыйаатырыгар үлэлээбитэ, билигин парикмахерскай салоҥҥа үлэлиир. Кыра уол Тимур Эдуардович – ОДьКХ үлэһитэ, төрөөбүт нэһилиэгэр дьиэ-уот тэринэн олорор, кэргэннээх, түөрт оҕолоох. Ийэ киһи оҕолорум этэҥҥэ олороллоруттан үөрэбин.

– Мария Николаевна, өбүгэ саҕаттан иис курдук алыптаах, умсугутуулаах дьарыгыҥ туһунан кэпсээбиккэр, саха таҥаһа дэлэйэригэр бэйэҥ кылааккын киллэрсэргэр махтанабын.   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....