11.09.2020 | 15:17

Мария Андреева: “Ыырбыт ыраатта, далааһыммыт кэҥээтэ”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Библиотека былыр-былыргыттан билиҥҥэ диэри үөрэх, билии, сайдыы киининэн биллэр. Дьокуускай куорат библиотекалара биһиги күннээҕи олохпутугар сүрүн миэстэни ылаллар. Олох эргийэр кииннэрэ, куорат кэлэр кэскилин, саргылаах сарсыҥҥытын түстэһэллэр диэтэхпинэ, бары да сөбүлэһиэххит. 

Куорат сүрүн тэрээһиннэрэ кинилэрэ суох ыытыллыбат. Быһаччы эттэххэ, библиотека үлэһиттэрэ –  куорат олоҕун сэргэхситээччилэр, билиибитин-көрүүбүтүн хаҥатааччылар, кэрэҕэ сирдээччилэр. Ону пандемия кэмигэр өссө төгүл итэҕэйдибит.  

Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр “Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук “Библиотека тиһигин киинэ” муниципальнай бүддьүөт тэрилтэтин дириэктэрэ Мария Витальевна Андреева ыалдьыттыыр. Бүтүн куорат библиотекаларын тутан олорор эдэр кэскиллээх салайааччыны кытта сэһэргэһиибитин билсиһииттэн саҕалыыбыт.   

– Библиотекаҕа маҥнайгы кылаастан сөбүлээн сылдьарым. Күн аайы 11 кылааска диэри. Дьиҥэр, библиотекарь буолар санаам олох суоҕа. Оскуоланы бүтэрэн баран, хас да үөрэх кыһатыгар туттарсыбытым. Оччолорго Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай института саҥа аһыллыбыт кэмэ этэ. Онно эмиэ докумуоннарбын биэрбитим. Биир эдьиийим – библиотечнай дьыала бэтэрээнэ. Кини маннык үөрэх баар диэн сүбэлээбитэ. Туттарсыбыт үөрэхпэр барытыгар киирбитим. Куорат килбэйэр киинигэр турар саҥа үөрэх кыһатын талбытым. “Библиотекарь-библиограф” диэн идэлээх буолуоххут диэбиттэрэ. “Тугуй ол? Эһигини биэс сылы быһа кинигэ биэрэргэ үөрэтэллэр дуо?” – диэн билигин да сороҕор күлэллэр.

Дьиҥэр, үөрэнэрбит элбэх буоллаҕа. Литератураны, ааптардары билии. Ааҕан сиппэккин. Библиотечнай классификацияны билбэт киһи биһиэхэ сатаан үлэлээбэт. Биир кинигэҕэ толоруллар 900 полены барытын билиэхтээххин. Аны туран, кинигэ барыта биир буолбат, барыта ураты. Кинигэ биэрэ-биэрэ биир сиргэ олорбоккун. Нэһилиэнньэни кытта үлэлиигин. Хайаан да тэрээһиннэри ыытаҕын. Ааҕааччыны оннук эрэ көҕүлүүгүн. Библиотечнай уруоктары ылан көрүөххэ. Холобур, оҕолорго баҕа туһунан кинигэни кэпсиигин. Онтон кумааҕынан баҕа оҥортороҕун. Эмиэ да маастар-кылаас, эмиэ да уруок буолан тахсар. Итинник оҕолор үөрэх кэнниттэн билиилэрин эбии хаҥатабыт.

“Эн бүгүн туох эрэ саҥаны билбит буоллаххына, ол аата күнүҥ туһалаахтык ааспыт” диэн этиинэн сирдэтинэн үлэлиибит. 

Институту бүтэрэн баран, Санкт-Петербурга барбытым. Онно Петроградскай оройуоҥҥа оҕо библиотекатыгар сэттэ сыл үлэлээбитим. Ураты хайысханы тутуһалларын, саҥаны, сонуну хото киллэрэллэрин сэргээбитим. Куурус бөҕөтө буолара. Үрдүттэн сылдьан үөрэнэр олус үчүгэйэ. Арассыыйатааҕы национальнай библиотека нэдиэлэ аайы уруок арааһын ыытара. Онно элбэҕи билбитим.

Манна көһөн кэлэн, Дьокуускай киин библиотекатыгар методиһынан үлэлээбитим. Онтон Национальнай библиотекаҕа ыҥырбыттара. Манна дириэктэринэн анаммытым икки сыл буолан эрэр. Үлэбин олус сөбүлүүбүн.

Табаҕа тумуһуттан – Кангалааска тиийэ

Дьокуускай куорат уокуругар 18 библиотека баар. Нэһилиэнньэни барытын хабабыт. Табаҕа тумуһуттан Кангалаас тумуһугар тиийэ үлэлиибит. Филиалларга үксүн библиотекардар олороллор. Кинилэр чопчу ааҕааччыны кытта үлэлииллэр. Биһиэхэ ханнык кинигэни ааҕыан баҕарарын да билбэт киһи кэлэр. Онно сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн биэрээччи – библиотекарь.

Өссө методистар диэннэр бааллар. Кинилэр методическай үлэни сүрүннүүллэр, отчуоттары оҥороллор, үөрэҕи тэрийэллэр. Куурустары булан үлэһиттэри ыыталлар, форумнары тэрийэллэр. Лектордары ыҥыраллар, интэриэһинэй коллаборация оҥороллор. Саҥа хайысхаларга сирдииллэр. Методист библиотекарь иннигэр буолбакка, аттыгар сылдьар.

Библиографтар улахан филиалларга бааллар. Судургутук эттэххэ, бу үлэһиттэр рекомендательнай испииһэктэри оҥорорго көмөлөһөллөр. Холобур, кинигэлэри Кыайыы, оскуола иннинээҕи диэн тус-туспа тиэмэлэринэн наардыыллар. Ону таһынан араас босуобуйалары бэлэмнииллэр. “Имена на улицах города Якутска”,  “Мемориальные доски города Якутска”, о.д.а. бородууксуйалары оҥорон таһаарбыттарын көрбүт буолуохтааххыт. Хаһыаттарга тахсыбыт матырыйааллары, Дьокуускай куорат туһунан кинигэлэртэн булан, мунньан, хомуйан, түмэн, “Якутсковедение” электроннай каталогка киллэрэн, уган иһэллэр. Бу сыралаах үлэни библиографтар толороллор. Бырайыактара элбэх. Национальнай библиотеканы кытта ыкса үлэлииллэр. Инстаграмҥа информация таһаараллар. Чуолкай, кылгас иһитиннэриилэри бэлэмнииллэр. Виртуальнай справочникка үлэлииллэр. Холобур, ааҕааччыга источниктары, сыылкалары ыыталлар, ыйытыктарга хоруйдууллар.

Каталогизатордар аукционнары ыыталлар, кинигэлэри атыылаһаллар, ону филиалларынан тарҕаталлар. Туох саҥа баарын кинилэр билэллэр. Ааҕааччы дьиэтигэр олорон каталогка кинигэ көрдүүр. Оччоҕуна ханнык филиалга баара көстөн кэлэр. Итини барытын каталогизатордар оҥороллор. Эмиэ олус сыралаах үлэ. Кинилэри бырайыакка барытыгар кытыннара сатыыбыт.

Пуонданы харайааччыллар диэннэр бааллар. 18 библиотекабыт пуондата биир. Бу салаа кинигэлэри филиалларынан эргитэр. Холобур, ааҕааччы ол кинигэни чопчу көрдөөтөҕүнэ, ол филиалга барар. Холобур, Хатаска баар филиалга баар кинигэни, Маҕан олохтооҕо ааҕыан баҕарар. Оччоҕо ол кинигэ онно ыытыллар. Списаниеҕа барарын эбэтэр хааларын бу салаа үлэһиттэрэ быһаараллар. Кинигэни өрөмүөннээччилэр эмиэ кинилэр.

Электроннай өҥө салаата сайт үлэтин сүрүннүүр, 18 библиотека тиэхиньикэтэ үлэлиирин-үлэлээбэтин хонтуруоллуур. Өссө RFID-технологиянан дьарыктанар. Ол билигин SMART библиотекаҕа эрэ баар. Манна анал терминаллар тураллар. Ааҕааччы кэлэр, библиотекары кытта алтыспакка, кинигэни бэйэтэ талар, ылар уонна терминалга суруйтарар кыахтаах. Тахса турдаҕына, киирэр аантан тутуллар, дьэ, тыас-уус бөҕө буолар. Өссө бу салаа үлэһиттэрэ дьиэттэн олорон кинигэ сакааһын ылар буолуохтара. Ону таһынан улахан библиотекаларга технологтар бааллар. Ити барыта – кииннэммит библиотека систиэмэтин сүрүн салаалара.

Үлэ тохтообото, былааммыт ыһыллыбата

– Пандемия саҕаламмытыгар санаарҕаабыппыт. Хата, былырыын өсөһөн туран, хас биирдии филиал социальнай ситимҥэ киирэрин ситиспиппит. Брендбук оҥорбуппут. Ол курдук, билигин филиаллар Фейсбук, Инстаграм, “ВКонтакте” ситимнэргэ үлэлииллэр, сорохтор ютуб ханааллаахтар. Онон онлайн үлэҕэ эрдэттэн бэлэм олорбут эбиппит. ЛитРес быыһаата. Инстаграм абыраата. Үлэ тохтообото, былааммыт ыһыллыбата. Хата, төттөрүтүн ыырбыт ыраатта. Онон  “һуу” диэтибит.

Олус үчүгэй ис хоһоонноох быһа эфирдэр, сэһэргэһиилэр, лекциялар, маастар-кылаастар, араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Дьон сэргээтэ, сэҥээрдэ, көхтөөхтүк кытынна.

Аһылларбытын күүтэбит

– Бастаан утаа библиотекардар дьиэлэриттэн олорон үлэлээбиттэрэ. От ыйыгар эрдэттэн суруйтарыынан үлэлээбиппит. Хааччахтааһын аныгыскы түһүмэҕэр бары аһыллар инибит. Күүтэ сылдьабыт.

Билигин ааҕааччы ханнык күҥҥэ кэлэрин эрдэттэн суруйтарар, кинигэтин сакаастыыр (ханнык кинигэни ылыахтааҕын билбэт буоллаҕына, библиотекарь бэйэтэ көрдөөн булар). Туттарыллыбыт кинигэ харантыыҥҥа барар, үс күн сытар.

Үлэбит үксэ онлайн буолла. Филиаллар интэриэһинэй ыстатыйалары, виртуальнай быыстапкалары бэлэмнээн сайтка угаллар. Испииһэктэн талбыт кинигэҕин босхо онлайн ааҕаҕын. Билиэт эрэ ирдэнэр. Сахалыы кинигэ буоллаҕына – Национальнай библиотекаттан, нууччалыы – ЛитРес. 14 хонук бэриллэр, кыайан бүтэрбэтэххинэ, уһатан биэриэххин сөп. Сахалыы кинигэлэргэ болдьох суох.

Дьокуускай олоҕо – сүрүн хайысхабыт

– “Мой Якутск” диэн порталлаахпыт. Инстаграмҥа эмиэ баар. Дьокуускай куорат туһунан биллибэт-көстүбэт чахчылары таһаарабыт. Киин куорат туһунан хаһыат ыстатыйаларын мунньабыт. “Имена на улицах города Якутска”, “Почетные граждане города Якутска”, о.д.а. элбэх рубрикалаахпыт. “Дайджест прессы” диэн анал рубрикаҕа Дьокуускай култуурунай олоҕун туһунан хаһыаттарга тахсыбыт матырыйааллары түмэбит. Урут сканердыыр этибит. Билигин электроннай көрүҥүнэн таһаарабыт.  

Маны таһынан “Финансовая грамотность” диэн бырайыактаахпыт. Ютубка тэттик онлайн-уруоктары угабыт. Волонтердарбыт – үп-харчы эйгэтигэр үлэлиир дьон. Кинилэр интэриэһинэйи кэпсииллэр, туһалаах сүбэлэри биэрэллэр. Өссө программирование куурустара бааллар. Култуураҕа матырыйаал элбэх. Ааҕааччылар оннооҕор укулелеҕа оонньуу үөрэниэхтэрин сөп. Англия тылыгар үөрэтэр кулууп киэҥ сэҥээриини ылла. Оскуолаҕа киириэхтээх оҕолору бэлэмниир буолуохпут, билигин кырачааннары сүүмэрдиибит. Маастар-кылаас эгэлгэтэ элбэх. Ааҕааччылар хомуска оонньуу, ону-маны оҥоро үөрэнэллэр, араас сатабылы баһылыыллар. Билигин барыта онлайн, ол иһин ютубка киириэхтэрин эрэ наада. Оттон библиотекаҕа буолар тэрээһиннэрбитигэр баҕалаахтар эрдэттэн суруйтараллар.

Куорат уокуруктара библиотекалары кытта ыкса үлэлииллэр. Араас тэрээһиннэри, куонкурустары ыыталлар. Култуура управлениетын кытта ситимнээхтик үлэлиибит. Билигин Куорат күнүгэр бэлэмнэнэ сылдьабыт. “Зима начинается с Якутии” тэрээһиннэригэр мэлдьи кыттыһабыт. Бэлиэ күннэргэ быыстапка арааһын бэлэмниибит.    

Кыайыы күнүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиибит. Быйыл үбүлүөйүнэн үгүс үлэ ыытылынна. Күн аайы викторина, кинигэлэри ырытыы, ыалдьыттары кытта кэпсэтии, о.д.а. Барыта онлайн. Саха сирин саллааттарын фронтан суруктарын түмэн, анал портал оҥордубут. Ярославскай аатынан музейы кытта үлэлээтибит. Сороҕун бэйэбит көрдөөн буллубут. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт суруйааччыларбыт тустарынан элбэх матырыйаал түмүлүннэ. Бэйэтэ туспа босуобуйа буолар кыахтаах. Оҕолорго эмиэ библиографическай үтүмэн үлэ барда. 

Күн аайы үлэһиттэрбит сойбот сонуннары, интэриэһинэй матырыйааллары, араас тургутуктары, викториналары, кулууптарга ыҥырыылары, сэргэх кэпсэтиилэри бэлэмнииллэр.

Куорат күнүгэр күндү бэлэх

– Ханнык тэрээһиннэр буолалларын cbsykt.ru сайтка киирэн көрөҕүт. Афишаҕа барыта баар. Куорат күнүгэр аналлаах бырагыраама ыйаммыта. Балаҕан ыйын 8-13 күнүгэр диэри араас тэрээһиннэр, куонкурустар ыытыллыахтара. Куорат олохтоохторо көхтөөхтүк кытталларыгар эрэнэбит.

“Якутск на карте мира” диэн бырайыактаахпыт. Ол чэрчитинэн izi.travel диэн платформаҕа аудиогидтаах экскурсиялары бэлэмнээтибит. Бу анал сыһыарыыны култуура министиэристибэтэ көҕүлүүр, Арассыыйа куораттара бары бааллар.

Смартфоҥҥа хачайдыыгын. Куораккын талаҕын. Дьиэҕэр олорон куорат устун күүлэйдиигин. 20 экскурсияны киллэрдибит. Ааҕааччыларбыт Дьокуускай пордуттан саҕалаан, Табаҕаҕа тиийэ кэрийиэхтэрэ. Кэрэ-бэлиэ сирдэринэн сылдьыахтара,  эһигини аудиогид арыаллыаҕа. Холобур, сирдьиккин холбоон баран, бэлисипиэтинэн Марха диэки түһүнэ туруоххун сөп. Дьаарбайа сылдьан истэр өссө интэриэһинэй буолуо. Истибэт дьон информацияны ааҕан билэллэригэр, мөлтөхтүк көрөр киһи истэригэр табыгастаах.

Арассыыйа таһымыгар таҕыстыбыт

– “Библиотечный волонтер” диэн бырайыактаахпыт. Былырыын от ыйыгар саҕалаабыппыт. Ханнык баҕарар библиотекабытыгар баҕалаах дьоҥҥо площадка биэрэбит. Күнүн-дьылын болдьоһобут. Кэлиҥ, сэргээҥ, истиҥ диэн ис хоһоонноох биллэрии таһаарабыт, дьону мунньабыт. Волонтер ааҕааччыларга маастар-кылаас көрдөрүөн, уопут атастаһыан, лиэксийэ ааҕыан сөп. Былырыын пааркаҕа аһаҕас халлаан анныгар, чэбдик салгыҥҥа бэртээхэй тэрээһиннэр ааспыттара. Экологияҕа аналлаах лиэксийэлэр, физика, химия эксперименнэрэ, о.д.а. киэҥ сэҥээриини ылбыта. Баҕалаах волонтер элбэҕиттэн үөрбүппүт.

Пандемия биллэриллибитигэр онлайн үлэҕэ көстүбүт диэн санаарҕаабыппыт. Хата, туох да куһаҕана суох эбит. Ыырбыт ыраатта, далааһыммыт кэҥээтэ. Федеральнай таһымҥа таҕыстыбыт. Добро.ру сайтка регистрацияламмыппыт, ыҥырыы таһаарбыппыт. Соһуйуохпут иһин, Санкт-Петербургтан, Магадантан, о.д.а. куораттартан волонтердар үлэбитигэр кыттыстылар. Баайыыттан саҕалаан, ааҕыыга сүбэлэри, маастар-кылаастары, экскурсиялары ыыттыбыт. ГРЭС оройуонугар баар библиотекабыт үрүҥ көмүс волонтердары (биэнсийэҕэ тахсыбыт ытык дьоммут) кытта олус таһаарыылаахтык үлэлииллэр.

Билигин доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо, аҕам саастаахтарга дьиэлэригэр кинигэ илдьэн биэрэр дьоҥҥо наадыйабыт. “Книга-03” филиал эрэ оннук үлэнэн дьарыктанар. Атын библиотекаларга волонтердар бааллара буоллар, улахан көмө буолуо этэ.

Дьаҥ историятын бииргэ суруйуоҕуҥ

– “Хроники COVID-19”  диэн бырайыактаахпыт. Билигин туохха наадалааҕый диэхпитин сөп эрээри, манна мунньуллубут информацияны аҕыйах сылынан сыаналыахпыт дии саныыбын. Дьокуускай куорат олохтоохторуттан, тэрилтэлэриттэн матырыйаал хомуйабыт. Күн аайы толоро олоробут. Иһигэр хас да рубрикалаах. Куорат олохтооҕо бу порталга бэйэтин бэлиэтээһиннэрин, историятын ыытыан сөп. Холобур, хааччахтааһын кэмигэр дьиэҕэ хаайтаран олорон, түннүгүнэн тугу көрбүтүн суруйар. Тэрилтэлэри эмиэ таһаарабыт. Бэйэбит матырыйаалларбытын эмиэ укпуппут – тэрээһиннэрбитин, кураанах саалаларбытын хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа уһулан, дьиэбитигэр үлэлии олорорбутун. Перинатальнай киин, Оҕо инфекционнай клиническэй балыыһата, “Якутия” телеханаал олус үчүгэй матырыйааллары ыыппыттара. Бу – бүтүн куорат бырайыага. Ааҕааччылар, атын тэрилтэлэр көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырабын.    

Биһиги ааҕааччыга интэриэс күөдьүтэбит, кини салгыы сайдарын көҕүлүүбүт. Баҕалаах информациятын библиотекаттан буларын ситиһэ сатыыбыт.

Кыайыы кынаттанан, сайдыы суолун тутуһан

Иллэрээ сыл “Созвездие” библиотеканы уонна куорат киин библиотекатын кытыннарбыппыт. Куорат киин библиотеката кыайан ааспат, онно улахан өрөмүөн, муниципальнай үп көрүллүөн наада. Онтон былырыын “Созвездие” библиотеканы куонкуруска киллэрбиппит. Онно 200 баалтан 195 баалы ылбыта. 5 мөлүйүөн солкуобайынан үгүс үлэни ыытыахпыт диэн үөрбүппүт-көппүппүт. Ону баара, пандемия саҕаламмыта. Ол да буоллар, балаҕан ыйын 26 күнүгэр аһыллыахтаах. Куоракка бастакы аныгылыы библиотека буолуоҕа. Библиотека зоналарын сулустар ааттарынан араардыбыт. “Малая медведица” – оҕолорго, “Большая медведица” – улахан дьоҥҥо. “Хотугу сулус” диэн сектор общиналары кытта үлэлиэҕэ, онно ааҕааччыларга анаан хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар, доҕордуу норуоттар тылларынан литератураны киллэрдибит. Библиотека туспа быыстапка саалалаах, коворкинг кииннээх, арт-галереялаах буолуоҕа. Өрөмүөн үлэтэ ыытылынна. Тиэхиньикэ, миэбэл сакаастаан ыллыбыт. Манна баар курдук иккис SMART-Лаборатория аһыллыаҕа. Онон “Цифровая грамотность населения” диэн хайысханы сайыннарар технолог үлэлиир.

Быйыл өссө биир сайаапка суруйбуппут. Маҕаҥҥа “Библиополе” диэн модельнай библиотекабытын кытыннардыбыт. Онно эбии сүүмэрдээһин буолбутугар кыайыылааҕынан ааттанныбыт. Миэбэлин уларытабыт, пуондаларын байытабыт, RFID-технологияны киллэрэбит. Дьоҕус да буоллар, SMART-Лаборатория аһыахпыт.

Быйыл ити курдук икки библиотекабыт национальнай бырайыакка кыттан кыайда. Бу куорат дьаһалтатын кытта ситимнээх үлэ, концпецияны чуолкайдык суруйуу түмүгэр ситистибит.

Ааҕааччыларбыт элбиэхтэрэ, үлэбит хаачыстыбалаах буолуо диэн эрэнэбит. Онон хас биирдии үлэһит хайаан да үөрэниэхтээх, үүнүөхтээх-сайдыахтаах дии саныыбын. Билигин онлайн үөрэх эрэ элбэх. 

Библиотека сөптөөх хоруйу биэрэр

– Биһиги информацияны ымпыгар-чымпыгар тиийэ бэрэбиэркэлиибит. Онон ааҕааччыга дьиҥ чахчы информацияны биэрэбит. Ютуб, Гугл, Википедия эйиэхэ 500 хоруйу биэриэҕэ. Оттон библиотекаттан сөптөөх эппиэти булаҕын.

Кырдьык, билиҥҥи ааҕааччы көмпүүтэр клавишатын баттаан, информацияны түргэнник ыла охсуон баҕарар. Библиотекаҕа кэлэрин ыарырҕатар. Биһиги ону чэпчэтэргэ дьулуһабыт. Ол иһин куйаар ситимигэр баарбыт, ааҕааччыны кытта ыкса ситими олохтуурга кыһаллабыт. Киһи сөптөөх информацияны бэйэтэ сиидэлээн ылыныахтаах. Онно библиотека күүс-көмө буолуохтаах.

Библиотекарь кэм уларыйыыларыгар сөп түбэһэн үлэлиир. Ол эрээри сүрүн үлэтин умнуо суохтаах. Ити кэпсээбит туох баар куурустарбыт бары кинигэҕэ олоҕураллар, онтон тахсаллар. Информацията барыта кинигэттэн ылыллар. Тэрээһин сценарийдара эмиэ кинигэлэртэн тахсар. Библиотека үлэтэ барыта кинигэ тула эргийэр. Туох баар бырайыакпыт онтон саҕаланар, онно тирэҕирэр. Биһиги ааҕааччыга интэриэс күөдьүтэбит, кини салгыы сайдарын көҕүлүүбүт. Баҕалаах информациятын библиотекаттан буларын ситиһэ сатыыбыт.

Ааҕааччыны интэриэһиргэтиэххэ наада. Бэйэтэ баҕаран туран хасыһан буларыгар, сайдарыгар олук уурабыт, билиитин кэҥэтэригэр тирэх буолабыт.

Библиотека үлэтэ барыта кинигэ тула эргийэр. Туох баар бырайыакпыт онтон саҕаланар, онно тирэҕирэр.

Аныгы технологияны толору баһылаатыбыт

– Араас куораттарга, дойдуларга тиийдэхпинэ, библиотекаларыгар хайаан да сылдьабын. Бастаан уратыларын өйдөөн көрөбүн. Урут аһаҕас пуондалаах библиотекаларга тиийдэхпинэ, соһуйар этим. Биһиэхэ абонемент уонна ааҕар саала диэн туспа. Кинилэргэ оннук диэн арахсыбат. Ааҕар саала диэн баар, ол эрээри онтон кинигэ эмиэ ылыахха сөп. Ааҕааччыларыгар олус да эрэнэллэр эбит диэн сөҕө санаабытым. Биһиги библиотека аайы RFID-технологияны киллэрдэхпитинэ, ааҕааччы аһаҕас пуондаттан ханнык баҕарар кинигэни ылар буолуо.

Былырыын эмиэ атын куораттар библиотекаларыгар сылдьыбытым. Биһигиттэн улахан уратылара суох дии санаабытым. Арай илиинэн формуляр толорботтор, RFID-технологиялаахтар.  Тэрилтэлэргэ, түмсүүлэргэ анал площадка биэрэллэр. Холобур, Мурманскайга МФЦ-тан, социальнай сулууспалартан үлэһиттэри ыҥыраллар уонна араас кэпсэтиилэри тэрийэн ыыталлар. Өссө эдэр уолаттар, кыргыттар үлэлииллэрин сэргии көрбүтүм.  Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай института үлэһиттэринэн хааччыйар. Дипломнай хамыыһыйаҕа баарбын, оҕолору бэйэм көрөбүн-истэбин. Устудьуоннары быраактыкаҕа ыҥырабыт. 0,5 ставкаҕа ылабыт.

Аны туран, киин сир библиотекаларыгар арт-галереялаахтарын сэргээбитим. Биһиги Л.А. Ким аатынан Оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын оскуолатын кытта сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Онон оҕолор үлэлэринэн галерея оҥоруохпут. Биллэн турар, литератураны кытта ситимниэхпит.

Биһиги да хаалсыбаппыт. Аныгы технологияны баһылаатыбыт, хайысхабытын кэҥэтэн иһэбит. Холобурдуур буоллахха, SMART библиотеканы көрүҥ. “Өйдөөх” библиотека үлэтэ да ураты. Киэҥ-куоҥ, үлэһитэ элбэх. Аныгы библиотека бастыҥ холобура.

Библиотека былыр да, билигин да баар. Инникитин да баар буолуоҕа. Биһиги норуокка анаан үлэлиибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...