06.03.2021 | 05:48

Мария Афонская: “Оҕо чөл туруктаах буолуута төрөппүттэн тутулуктаах”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оччоттон баччаҕа диэри арыгы, наркомания кыһалҕата ханна баҕарар сытыытык турар. Бу куһаҕан дьаллыкка саастарын ситэ илик оҕолор, ыччат кэбэҕэстик ылларан, олоххо сыыһа суолга үктэниилэрэ баар суол. Манна оҕо, ыччат хайдах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэрэ эмиэ улахан оруоллаах дии саныыбын.

Бүгүҥҥү “Сытыы муннук” балаһабытыгар Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер (кылаабынай быраас Альбина Владимировна Сивцева) үрдүк категориялаах психиатр-нарколог, Арассыыйа бастыҥ нарколог бырааһа Мария Ивановна Афонская тустаах ыйытыыларбар хоруйдуоҕа.

— Үтүө күнүнэн, Мария Ивановна! Тэрилтэҥ үлэтин туһунан ааҕааччыларбытыгар кылгастык билиһиннэриэх. Хайдах, туох хайысханан үлэ барарый?

— Өрөспүүбүлүкэбит наркологическай диспансера сытан эрэ эмтэнэргэ 110 куойкалаах стационардаах, күнүһүн сытан эмтэнэргэ анаан 10 куойкалаах күнүскү стационардаах уонна чөлгө түһэрии көмөтүн (реабилитацияны) оҥорор 38 куойкалаах отделениелаах. Сменаҕа 50 киһиэхэ көмө оҥорор поликлиникалаахпыт. Диспансер  өрөспүүбүлүкэ  бары улуустарыгар методическай  уонна практическай үлэлэри утумнаахтык былааннаан үлэлиир. Нэhилиэнньэҕэ наркологическай көмө хас да хайысханан ыытыллар: специализированнай наркологическай көмө (арыгыттан, наркотиктан доруобуйаларыгар охсууну ылан өйдөрүнэн буккуллан ыалдьыбыттарга), ыарыыга ылларан кэтэбилгэ, учуокка турааччыларга диспансернай көмө, чөлгө түһэрии көмөтө (реабилитация), арыгыттан, атын да бэссэстибэни туттан итириини медицинскэй туоhулааhын, медосмотр, нэһилиэнньэ бары араҥаларыгар, ордук туһулаан саастарын ситэ илик оҕолорго наркологическай ыарыылар тарҕаныыларын сэрэтии уонна чөл олоҕу пропагандалааһын үлэтэ.

Ыччат ортотугар арыгылааһын, наркомания ааспыт сыллардааҕы отчуотуттан кылгастык билиһиннэриэҥ дуу? Статистическай дааннайдары киллэрэн туран.

— Ыччат ортотугар арыгылааһын, наркомания ааспыт сыллардааҕы отчуотуттан ылан көрдөххө, түмүк маннык. Оҕолор диэн категорияҕа 15 саастарын ситэ илик ыччат киирсэр, “подросток” диэҥҥэ 15-тэн 18-гар  диэри саастарын ситэ иликтэр. Арыгыны боруобалааһын 2019 сыллаахха 100000 оҕоҕо таһыма 25,2 эбит буоллаҕына, ааспыт 2020 сылга 14,7, ол аата 57,7  %  кыччаабыта бэлиэтэммит. Обургу оҕолорго, 2019 сылга тэҥнээтэххэ, 2020 сылга 52, 6  % кыччаабыта биллэр. Улахан дьоҥҥо арыгыга саҥа ылларбыт киһи ахсаана 2019 сыллааҕы көрдөрүүттэн 60 киһинэн аччаабыт. Саастарын ситэ илик наркологическай ыарыһахтарга анаан стационарга 2 куойка бэлэмнэммитигэр, 2020 сыллаахха 5  (15-17 саастаах) ыччат киирэн эмтэнэн тахсыбыта. Кинилэр, хомойуох иһин, соҕотох ийэ эбэтэр аҕа иитиитигэр сылдьар оҕолор этилэр.

— Оскуола оҕолоругар, ыччат ортотугар да буоллун, арыгылааһын, наркомания туһунан иитэр-үөрэтэр, сэрэтэр үлэлэр эһиги диспансергыт нөҥүө хайдах ыытылларый?

— Арассыыйа Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин 2014 сыл алтынньы 6 күнүнээҕи 581н №-дээх “О Порядке проведения профилактических медицинских осмотров обучающихся в общеобразовательных организациях и профессиональных образовательных организациях, а также образовательных организациях высшего образования в целях раннего выявления незаконного потребления наркотических средств и психотропных веществ» диэн анал бирикээһигэр олоҕуран, диспансер нарколог быраастара үөрэх тэрилтэлэригэр сылдьан медицинскэй көрүүнү сыл аайы ыытабыт. Итини таһынан 120-с Федеральнай сокуон этэринэн, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин 01-07/435 бирикээһинэн саастарын ситэ илик  ыччат арыгылаан дуу, наркотиктанан дуу тутуллар түгэнигэр, биир сомоҕо буолан, миэрэлэри ылан эдэр киһиэхэ көмөлөһөр үлэни ыытабыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин 27. 12. 2018 сыллааҕы 01-07/1747 №-гэр «О совершенствовании взаимодействия медицинских работников первичного звена здравоохранения со специалистами наркологической службы по профилактике наркологических расстройств» диэн бирикээһинэн оҥоһуллубут «План мероприятий (дорожная карта) по реализации системы мероприятий, направленных на раннее выявление и профилактику злоупотребления алкоголем, табакокурения, незаконного потребления наркотических и психотропных веществ среди населения, в медицинских организациях государственной системы здравоохранения Республики Саха (Якутия) оказывающих первичную медицинскую помощь на период 2019- 2021 годы» диэн былаанынан үлэ ыытыллар.

— Холобур, ааспыт сылга бу хайысхаҕа туох үлэ барда?

Саастарын ситэ илик оҕолор бырааптарын көмүскүүр хамыыһыйаларыгар (КДНиЗП) 201 мунньах буолбута. Онно 3123 дьыала көрүллүбүт. Наркологтарга 201 арыгылыыр эбэтэр наркотиктанар төрөппүт уонна 154 сааһын ситэ илик арыгыны эбэтэр бытовой гааһы боруобалаабыт ыччат ыытыллыбыт. 2020 сылга наркологическай ыарыылары сэрэтии үлэтэ, доруобуйа харыстабылын атын хайысхаларыгар буолбутун курдук, атын нымалары  туттан ыытыллыбыта (интэриниэт, социальнай ситим көмөлөрүнэн, ВКС, о.д.а.).

Куорат үрдүнэн сааһын ситэ илик оҕо, ыччат ортотугар арыгыга, наркоманияҕа ылларыы балаһыанньата хайдаҕый?

– Арыгыга, наркоманияҕа ылларыы ааспыт сылга бэлиэтэммэтэҕэ, арай боруобалааһын түгэннэрэ тахсыталаабыттара.

— Бу куһаҕан дьаллыкка ылларбыт сааһын ситэ илик биир эмит оҕону холобурдаан кэпсиэҥ дуо?

— Үөһэ этиллибитин курдук, сытар стационарга арыгыттан уонна наркотиктан сүһүрэн, саастарын ситэ илик 5 оҕо сытан эмтэнэн тахсыбыта. Олор истэригэр биир 17 саастаах кыыс оҕо наркотигы бастакытын боруобалаан, доруобуйатыгар охсууну ылан сыппыта. Бу кыыс соҕотох аҕаҕа иитиллэ сылдьара биллибитэ. Профилактика уорганнара бары кыттыһан, көмөлөөн, бу оҕоҕо толору көмөнү оҥорбуттара.

— Оскуола, оҕо тэрилтэлэрин кытта хайдах былааннаахтык үлэлэһэҕит?

— Араас тематическай кылаас чаастарын, аахсыйалары кылаас салайааччылара былааннаан ыытар буоллахтарына, нарколог бырааһы эбэтэр клиническэй психологы ыҥыран кытыннараллар.

Клиническэй психолог үлэтин хайысхатын быһаарыаҥ дуо?

– Кини куһаҕан дьаллыкка ылларан эрэр саастарын ситэ илик оҕолорго быһаччы көмөнү оҥорор. Ол курдук, индивидуальнай кэпсэтиини оҕону уонна төрөппүтү кытта бииргэ уонна тус туһунан ыҥыран, анал диагностическай тиэстэри туттан, туһааннаах сүбэлэри биэрэр. Оҕо ис туруга хайдах уларыйарын кэтээн көрөр. Ыарахан депрессия баарын биллэҕинэ, бырааска тута утаарар, ол сөптөөх көмө оҥоһулларыгар тирэх буолар. Оҕо санаатын сааһыланарыгар, бэйэтин уонна чугас дьонун сыһыаннарын сөпкө сыаналыырыгар көмөлөһөр. 

Эһиги диспансергытыгар саастарын ситэ илик оҕолору кытта үлэлэһэр анал кабинет, специалист үлэлиир эбит дии.

— Оннук анал кабинекка нарколог быраас уонна клиническэй психологтар үлэлииллэр. 120-с  Федеральнай сокуон иһинэн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин 1034н бирикээһигэр олоҕуран, диагностическай ньымалары туттан, хас биирдии оҕоҕо сөп түбэһэринэн толору көмөнү оҥоробут.

Өскөтүн дьиэ кэргэҥҥэ сааһын ситэ илик оҕо арыгы, наркомания курдук куһаҕан дьаллыкка ылларан эрэр буоллаҕына, төрөппүттэр бастакы көмөнү кимтэн ылыахтарын сөбүй?

—Төрөппүттэр бастакы көмөнү сыһыарыылаах поликлиникаларыттан эбэтэр диспансер нарколог бырааһыттан ылыахтарын сөп. Биһиги Автодорожнай уулусса 38 №-дээх дьиэтигэр баарбыт. Эбэтэр Итэҕэл төлөпүөнүгэр 32-44-16 нүөмэргэ эрийэн билсиэхтэрин, регистратураҕа 33-15-49 нүөмэргэ эрийэн,  манна нарколог бырааһы ыҥыртаран сүбэ ылыаххытын сөп.

— Ханнык тэрилтэлэри кытта ыкса сибээстээхтик үлэлэһэҕитий?

— Наркология диспансера куораттааҕы саастарын ситэ илик оҕолор хамыыһыйаларын, медицинскэй тэрилтэлэри, Ис дьыала министиэристибэтин, үөрэх, ыччат министиэристибэлэрин, эпиэкэ отделын кытта бииргэ үлэлэһэбит.

— Ыччат наркотикка ылларан эрэр сибикитин хайдах билиэххэ сөбүй?

— Хайдах тутта-хапта сылдьарыттан, чугас дьонугар, доҕотторугар сыһыаныттан сабаҕалыахха сөп. Эдэр киһи майгыта уларыйар, бэйэтигэр тууйуллуон, кыраттан кыыһырар, кыйаханар буолуон сөп,  аппетита уларыйар, ырар. Дьонуттан ханна барарын, тугу гынарын кистиир, аанньа утуйбат буолуон сөп.

–Сааһын ситэ илик оҕолорго, ыччакка анаан, аныгы сайдыы сиэринэн, көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ уонна куйаар ситимин нөҥүө (бассаап, инстаграм, фейсбук) социальнай суолталаах роликтар, клиптэр тарҕатыллаллара буоллар, төһөлөөх туһаны аҕалыа этэй? Манна эн санааҥ.

— Сааһын ситэ илик оҕолор, ыччаттар билэ - көрө сатыыллара атын ханнык баҕарар саастан ордук күүстээх. Онон көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэҕэ уонна куйаар ситимин нөҥүө социальнай суолталаах роликтары, клиптэри үчүгэйдик үөрэтэн баран таһаарар ордук. Ис хоһоонноро чопчу чөл олоҕу тутуһуу уонна пропагандалааһын буолара наадалаах. Наркоманияны, токсикоманияны уонна арыгылааһыны утары охсуһар буклеттары, видеолары уонна клиптэри наһаа киэҥ эйгэҕэ таһаарар эппиэтинэһэ улахан. Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ этэллэринэн, ордук оҕолорго, туох уруһуйдааҕа, ис хоһооно хайдах бэриллибитэ мөкү интэриэһи күөдьүтүөн эмиэ сөп диэн буолар.

— Түмүккэр тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Бастатан туран, чөл олоҕу тутуһууга уонна чэгиэн-чэбдик буолууга дьиэ кэргэн, төрөппүттэр итэҕэтиилээх иһирэх сыһыаннара оҕоҕо тирэх буолуохтаах. Ону таһынан бастакы сүһүөх медицинскэй тэрилтэ үлэһиттэрэ (поликлиникалар), нэһилиэк уопсастыбаннаһа, үөрэхтээһин уонна иитии салаата, утумнаахтык уонна болҕомтолоохтук дьарыктаналлара наада. Уопсастыбаннай бэрээдэги тутуһуу, атыы-тутуу тэрилтэлэрин үлэлэрин бэрээдэктээһин, ас-үөл хаачыстыбатын тупсарыы, элбэх спортивнай эбийиэктэргэ субсидия көрөн, босхо үлэлэтии курдук киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылыннаҕына, оҕолор физическэй уонна психическэй доруобуйалара бөҕө туруктанан, тастан дьайыыга кэбэҕэстик бэриммэт, күүстээх санаалаах дьон буолалларыгар тирэх буолуо этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...