Марина Васильева: «Үлэ хаамыытын сааһылыаҥ — сайдар суолу тутуһуоҥ»
Ханнык баҕарар эйгэҕэ уларыйыы, саҥа сүүрээн киирбэт буоллаҕына, сайдыы тохтуур, түһэр, төннөр аакка барар. Тэрилтэ үлэтэ туохтан тутулларый, тоҕо бытаарарый, туохтан ыһылларый? Ону хайдах сааһылыахха уонна тупсарыахха сөбүй? Итинэн дьарыктанар анал исписэлиистэр бааллар эбит. Бу туһунан Марина Васильевалыын кэпсэттибит.
Кини «Форд» хампаанньа собуотугар хайдах үлэлии тиийбитэй?
Процесснай инженер диэн кимий?
«Форд» хампаанньаттан кынаттанан
Бу олоххо үөрэнэртэн, билиини-көрүүнү сомсортон салгыбат, куруук саҥаны, сонуну көрдүүр киһи иннин диэки эрэллээхтик хардыылыыр, үрдүк чыпчааллары дабайар. “Көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн күүстээх” диэн өс хоһооно бүгүҥҥү сэһэргэһээччибэр олус барсар.
Марина Васильева Ньурбаттан төрүттээх, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияны кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Оскуола кэнниттэн Санкт-Петербургтааҕы инженернэй-экономическай университет массыына тутуутугар факультетын “Хаачыстыбаны салайыы” идэтигэр уһуйуллубута. Оччолорго дойду үрдүнэн бу үөрэҕи баһылаан тахсыбыт бастакы хараҥаччылартан биирдэстэрэ.
Үөрэҕин кыһыл дипломунан бүтэрбит кыыс Нерюнгрига тиийэн, “Якутуголь” тэрилтэҕэ икки сыл үлэлээбитэ. Онтон кыра куоракка бэйэм кыахпын толору туһаммат эбиппин дии санаан, Санкт-Петербурга төннүбүтэ. Улахан куоракка маннык идэлээх исписэлиис ыҥырыкка сылдьара. Марина “Форд” хампаанньа собуотугар хас да түһүмэхтээх тургутууну, кэпсэтиини ааһан, 100 киһиттэн саамай үрдүк баалы ылан, баҕалаах үлэтигэр киирбитэ. Кытаанах сүүмэрдээһин, чахчы, онно баар этэ.
Бу бөдөҥ тэрилтэ салайар систиэмэтэ үүт-үкчү “Тойота” корпорация киэнин курдуга, PDCA ньыматынан – “Былааннаа-оҥор-бэрэбиэркэлээ-тупсар” диэн этиинэн сирдэтинэрэ. Марина хаачыстыба аналитигынан икки сыл үлэлээбитэ. Онтон “манна олорон хаалыаҥ – силис тардыаҥ” диэн ис санаатын истэн, дойдутугар төннөргө быһаарыммыта.
– Сахам сирэ төттөрү ыҥыран ылбыт курдуга. Кэллиэгэлэрим итиччэ үчүгэйдик үлэлии сылдьан баҕа өттүнэн уурайарбын истэн, соһуйан эрэ хаалбыттара. Дойдубар кэлээт, уопуппун үллэстэн, билиибин тарҕатан барбытым, – диэн кэпсиир кини.
Ол курдук, Марина “Саха” НКИХ, “Ректайм”, “Востоктехторг”, “Завод базальтовых материалов”, “Якутскэнерго” курдук бөдөҥ тэрилтэлэргэ үлэлэспитэ.
"Процесснай инженердэр элбэх киһи санаатын истэн, кэтээн көрүү ньыматынан туох сыыһа-халты, алҕас тахсарын үөрэтэбит, үлэни туох атахтыырын, хайдах түргэтэтиэххэ сөбүн быһаарабыт, сөптөөх хайысханы тобуларга, тупсарга көмөлөһөбүт, сорох тэрилтэҕэ саҥа сүүрээннэри киллэрэллэригэр салайан биэрэбит."
Элбэх хайысханы тэҥҥэ тутан
Марина Орто дойдуга кэлбит оҥоһуутунан ыал буолбута. Оҕолонон олорон, олоҕун ураты түһүмэҕэ саҕаламмыта.
– Мин биир сиргэ сатаан батан олорбот киһибин, оборчоҕо батыллыбыт курдук сананабын. Элбэх хайысханы тэҥҥэ тутан үлэлиирбин ордоробун, онтон күүс-сэниэ эбинэбин, – диэн билинэр.
Ити кэмҥэ бастакы ноутбугун ылыммыта уонна тэрилтэлэргэ консультация биэрэр буолбута. Ол быыһыгар Питергэ IRCA кууруһун ааһан, өссө үрдэтинэн кэлбитэ. “Русский регистр” тэрилтэни кытта кэпсэтэн, манна кинилэр бэрэстэбиитэлистибэлэрин – сертификация уорганын арыйбыта, бөдөҥ тэрилтэлэри кытта үлэлээбитэ.
Иккис оҕото арыый бороохтуйарын саҕана Марина ырааҕы-киэҥи көрөр С.И. Татаринова салайааччылаах Инновация менеджменин Үрдүкү оскуолатыгар старшай преподавателинэн ыҥырыллыбыта, билиитин дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэргэ үөрэммитэ. Бу үлэ өссө биир үрдэлгэ үктэл буолбута.
Саҥа саҕахтар, сонун саҕалааһыннар
Үһүс оҕотугар эмиэ “батан” олорботоҕо. Социальнай ситимҥэ блог арыммыта. Сүбэлэрэ, туһалаах суруйуулара киэҥ сэҥээриини ылбыттара. “Висконти” маҕаһыын салайааччыта Таисия Иванова тэрилтэтин үлэтин сааһылаан биэрэригэр көрдөспүтүн үөрүүнэн сөбүлэспитэ. Биллэр-көстөр урбаанньыт Марина үлэтин хайҕаабыта. “Саха сиригэр олус наадалаах каадыр эбиккин”, – диэн тыллара кынаттаабыта.
Ити кэннэ Марина ас-үөл, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр ыҥырыкка сылдьыбыта. Үлэ хаамыыта сааһыланнаҕына, оҥорон таһаарыы, дохуот үрдүүрүн бэйэтин билиитинэн, ураты ньыматынан көрдөрбүтэ, салайааччыларга итэҕэппитэ.
Салгыы “ONEW1NDOW” консалтинг хампаанньатыгар партнер буолбута, Никифор Меккюсяровтан элбэххэ үөрэммитэ, урбаанньыт сатабылыгар уһуйуллубута. Төрдүс оҕолонон баран, өссө саҥа чыпчааллары дабайбыта.
«Былааннаа-оҥор-бэрэбиэркэлээ-тупсар»
Билигин Марина тэрилтэтэ ОДьКХ, үөрэх уо.д.а. бөдөҥ хампаанньалар үлэлэрин сааһылыырга көмөлөһөр.
– Процесснай инженердэр элбэх киһи санаатын истэн, кэтээн көрүү ньыматынан туох сыыһа-халты, алҕас тахсарын үөрэтэбит, үлэни туох атахтыырын, хайдах түргэтэтиэххэ сөбүн быһаарабыт, сөптөөх хайысханы тобуларга, тупсарга көмөлөһөбүт, сорох тэрилтэҕэ саҥа сүүрээннэри киллэрэллэригэр салайан биэрэбит. Хас биирдии тэрилтэҕэ (дьоҕус, орто, бөдөҥ) үлэ хаамыытын сааһылыыр процесснай инженер баар буолуохтаах.
Билиҥҥи дьон бэйэлэрин кыахтарын толору туһаныахтарын, сайдыахтарын баҕараллар. Саха сирин урбаанньыттара үгүс быыстапкаларга сылдьан уопут ылаллар. Уопсайынан, сахалар үөрэнэрбитин олус сөбүлүүбүт, саҥа билиини түргэнник ылынабыт.
Саха – олус мындыр омук. Саҥаны, үчүгэйи бэрт түргэнник сомсон ылар уонна ону үөрэтэн, дириҥник киирэр, толору баһылыыр кыахтаах. Мин санаабар, биһиги өйбүт-санаабыт, олоҕу көрүүбүт дьоппуоннарга майгынныыр, ол иһин “Тойота” корпорация үлэлиир ньымата барсар. Бу аатырбыт тэрилтэ “Систиэмэ – тыыннаах организм. Уларыйыы киирбэт буоллаҕына, сайдыы тохтуур, түһэр аакка барар” диэн санаанан салайтаран үлэлиир.
PDCA систиэмэтэ тэрилтэҕэ барытыгар барсар. Кэмиэрсийэлээх да буоллун, бүддьүөт да буоллун. “Былааннаа-оҥор-бэрэбиэркэлээ-тупсар” диэн этиинэн салайтарар тэрилтэ сайдар саҕахтары арыйар. Сорох урбаанньыттар систиэмэни сааһылаатыбыт да бүттэ, барыта сөпкө үлэлиэхтээх дии саныыллар. Ол эрээри үгүс салайааччы бу ньыма көдьүүстээҕин билэр, өйдүүр.
– Ити үлэ төһө элбэх бириэмэни эрэйэрий?
– Кып-кыра тэрилтэҕэ аччаабыта үс ый наада. Улахан тэрилтэлэргэ аҥаардас биир процеһы икки ый курдук сааһылыахха сөп.
Биһиги үлэлэрин уларыппыт, тупсарбыт тэрилтэлэрбитин кэлин кэтээн көрөбүт. Түмүктэрэ хайдаҕын хайаан да сыаналыыбыт.
– Бөдөҥ тэрилтэлэргэ систиэмэ тоҕо ыһылларый?
– Кэтээн көрдөххө, хас биирдии салаа тус-туспа буолан, бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнэһиилэрэ мөлтөөн хаалар, оччоҕуна үлэ хаамыыта эмсэҕэлээбитинэн барар. Холобур, маркетинг салаата оҥорон таһаарар салааны кытта үчүгэйдик алтыспат, бииргэ үлэлэспэт буоллаҕына, маркетинг көдьүүһэ суох буолар.
Марина Саха сиригэр PDCA систиэмэни үчүгэйдик баһылаабыт тэрилтэнэн МФЦ-ны ааттыыр, онно кини ситиһиилээхтик үлэлэспитэ.
Билиигиттэн бэрис
Марина ханнык баҕарар эйгэҕэ киирэртэн чаҕыйбат хорсун санаатын сөҕө-махтайа саныыгын. Билигин социальнай ситимҥэ “Систематизация жизни” диэн бырайыагы таһаарыылаахтык салайар:
– Элбэх тэрилтэ үлэтин сааһылаан, сүнньүн булларан баран, ити ньыманан киһи олоҕун эмиэ сааһылыахха сөп диэн санаа күөдьүйбүтэ. Киһи билиититтэн атын дьоҥҥо бэрсиэхтээх, оччоҕуна өссө кэҥээн иһэр, сайдар суола аһыллар, – диэн көрүүлээх.
Марина иллэҥ кэмигэр быысыпкалыырын, уруһуйдуурун сөбүлүүр, алмазнай мозаиканан үлүһүйэр. Спорду доҕор оҥостон, калистениканан дьарыктанар.
Түөрт оҕолоох ийэ дьиэ кэргэнигэр ураты болҕомтотун уурар. Кырачааннарын кытта тэҥҥэ оонньуур, уопсай дьарыктара үгүс.
“Биһиги үүнэргэ-сайдарга үтүө кэмҥэ олорор дьоллоох дьоммут. Киһи баҕарыан эрэ кэрэх. Кыаххын бэйэҥ көрдөөн булуохтааххын, оччоҕуна элбэҕи ситиһэҕин. Баҕа санааҥ төһөнөн туолан иһэр да, кыаҕыҥ өссө аһыллар. Ону алмааһы кырыылыырга холуохха сөп. Олох биирдэ бэриллэр, иккистээн кэлбит суох. Барыта – бэйэҥ илиигэр!” – диэн Марина тылларынан кини туһунан суруйууну түмүктүүбүн.