Марина Сокольникова-Мохначевская: «Саха оҕотугар баар. Ону уһугуннарыахха эрэ наада...»
Эрдэ быһа түһэн эттэххэ, бүгүҥҥү ыалдьыппыт саха төрүт дорҕоонун үйэтитэр үлэтин хара бастакыттан өйдүүр киһи аҕыйах этэ. Аны ийэ тылынан саҥарбат, күпсүүрү көрбөтөх, кырыымпа тыаһын истибэтэх куорат оҕотун сахалыы ырыаҕа-тойукка үөрэтэр саныырга эрэ дөбөҥ. Ол эрээри кини ылсыбытын ытыран баран ыһыктыбатаҕа, санаабытын тиһэҕэр тиэрдэргэ дьулуспута.
Былырыын “Добун” норуодунай этнофольклорнай ансаамбыл тэриллибитэ 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ. Айар кэлэктиип 2012 сыллаахха Саха политехническай лицей иһинэн тэриллибитэ. РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Марина Ильинична Сокольникова-Мохначевская салайааччылаах ансаамбыл күн бүгүн аан дойду таһымнаах улахан түһүлгэлэргэ, айар күрэхтэргэ Саха сирин аар-саарга ааттатар, суон сураҕырдар.
Саҕалыырбар ыарахан этэ...
– Марина Ильинична, быйыл Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык сыла биллэриллибитэ. Эйигин кэрэ эйгэтигэр ким сирдээбитэй?
– Төрөппүттэрим – Мария, Василий Мохначевскайдар. Ийэлээх аҕам иккиэн култуураҕа сыһыаннаах дьон этилэр. Аҕам учууталынан, ийэм тыйаатырга худуоһунньугунан үлэлээбиттэрэ. Иккиэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ, СӨ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ этэ.
Биһиги кыра эрдэхпититтэн үлэни өрө тутан улааппыппыт. Сайын дьоммут матасыыкылынан айылҕаҕа тахсан уруһуйдууллара. Мин эдьиийбин кытта ол кэмҥэ сир астыырбыт. Сороҕор мэтириэт суруйар буоллахтарына, кинилэргэ иккилии эҥин чаас олорон биэрэрбит. Киистэлэрин сууйан-сотон көмөлөһөрбүт. Аҕабыт куруук: «Дьоҥҥо туһалаах дьон буола улаатыҥ», – диирэ.
Урут анал мастарыскыайбыт суоҕа, ол иһин дьоммут дьиэлэригэр үлэлииллэрэ. Мэлдьи лаах, кырааска сыта, буруо-тараа буолара. Билиҥҥи курдук сыта суох лаах, кырааска диэн суоҕа. Бу санаатахпына, аҕам миэхэ эрэнэр, атыннык сыһыаннаһар, өрүү сүбэлиир-амалыыр эбит.
Төрөппүттэрим Мария, Василий Мохначевскайдар төрүттээбит саха үнүстүрүмүөннэрин мастарыскыайа Бэрдьигэстээххэ билигин да баар, кинилэр ааттарын сүгэр.
Оскуола кэнниттэн М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище норуодунай үнүстүрүмүөннэр салааларын бүтэрбитим, Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүгэр ананан тиийбитим.
Оҕо искусствотын оскуолатыгар үлэбин бастаан нуучча норуодунай оркестрыттан саҕалаабытым, ол эрээри санаам сыппат этэ. Оччолорго национальнай өй-санаа уһукта илик кэмэ, дьон-сэргэ саха музыкальнай үнүстүрүмүөннэрин улахаҥҥа уурбата. Ол да буоллар, харахпын быһа симэн баран, сыалбын-сорукпун ситиһэргэ быһаарыммытым. “Нуучча норуодунай үнүстүрүмүөннэрин быраҕа-быраҕа...”, “күпсүүргүнэн ханна да ыраатыаҥ суоҕа” диэн саҥарбыт да элбэҕэ. Хата, дириэктэрим Екатерина Павловна Винокурова олус өйөөбүтэ. Баянист, мелодист Владимир Кузьмины кытта бэркэ үлэлээбиппит, ханна да тиийдэрбит Гран-при аатын ыларбыт. Ити курдук 25 сыл Төхтүрдээҕи Оҕо искусствотын оскуолатыгар үлэлээбитим.
– Онтон манна үлэҕин хайдах саҕалаабыккыный? Тута өйдөөбүттэрэ, өйөөбүттэрэ дуо?
– Дьокуускай куоракка көһөн киириэхпиттэн бэйэм суолбун-ииспин өр көрдөммүтүм. Туох кистэлэ кэлиэй, сорохтор: “Какой еще барабан?” – диэн күлүү гыммыттара. Хомойуох иһин, төрүт дорҕоон суолтатын өйдөөбөт, инники кэскилигэр итэҕэйбэт дьону элбэхтик көрсүбүтүм.
Биир оскуолаҕа куруһуок арыйбытым, онно саха тылын, литературатын туруулаһар биллэр-көстөр дьон, учуонайдар оҕолоро, сиэннэрэ үөрэнэллэрэ. Соһуйуом иһин, сахалыы саҥарбаттара, бэрээдэктэрэ суоҕа. Ийэ тылларын билбэт оҕолорго “Саадьаҕай оҕус”, “Оҕо-оҕо эрдэххэ” ырыалары үөрэтэ сатаан, сырам-сылбам бараммыта, сэниэм эстибитэ. Саха тылын туһугар үлэлиибит диэн түөстэрин охсунар, тэлэбиисэринэн, араадьыйанан кэпсэнэр дьоҥҥо итэҕэйбэт буолбутум. “Бил баһыттан сытыйар” дииллэрэ кырдьык эбит. Оройбутуттан түүнүгүрэ сылдьабыт диэн харааста саныыбын. Ол оннугар билигин боростуой дьон оҕолорун үөрэппитим быдан ордук.
2012 сыллаахха Сайсары уокуругар турар 14-с №-дээх оскуолаҕа (билигин Саха политехническай лицей – Аапт.) кэлбитим. Бастаан дириэктэрим: “Үлэҥ түмүгүн хас сылынан көрдөрүөххүнүй?” – диэн ыйыппыта. “Алта ыйынан”, – диэбитим. Дьиҥэ, үнүстүрүмүөнүм, көстүүмүм – тугум да суоҕа. Кылаас чаастарыгар киирэ-киирэ “маннык буолуохпут, итинник үлэлиэхпит” диэн кэпсии сатыырым, ким да улаханнык сэргээбэтэ. Саатар ол кэмҥэ (билигин даҕаны) үнүстүрүмүөн сыаната олус ыарахана, 8-10 тыһыынча солкуобай этэ. Дириэктэрим өйөөн, хата, алта үнүстүрүмүөнү ылан биэрбитэ. Аны учууталлар тыаскыт улахана бэрт диэн сөбүлээбэтэхтэрэ. Кырдьык, уруок кэмигэр дирбийэри ким сөбүлүөй? (күлэр). Таҥас-сап тиктэрбиппит, харса суох күрэхтэргэ кыттан барбыппыт. Онуоха саамай көмөлөспүт, эрэммит, итэҕэйбит дьонум – төрөппүттэрим.
Биэс сыллааҕыта ансаамбылбыт норуодунай ааты ылбыта. Бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэргэ ситиһиибит үгүс. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Добун дуораана” норуот үнүстүрүмүөнүгэр оонньооччулар күрэхтэрин иккитэ тэрийбитим, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыта. Үгүс улуустан кыттыбыттара, маастар-кылаастары ыыппытым.
Биир сиргэ тэпсэҥнии туруо суохтаахпыт, сайдыы баран иһиэхтээх дии саныыбын. Онон былааммыт үгүс. Киһи үлэлээн истэҕин аайы айыах-тутуох санаата күөдьүйэн, күүһүрэн иһэр эбит.
Оҕо быласталыын кэриэтэ...
– Күпсүүр, кырыымпа, дьаҕа диэни харахтаабатах, нууччалыы эйгэ баһыйар сиригэр – куоракка төрөөбүт-үөскээбит оҕону төрүт дорҕооҥҥо сыһыарарга туох ураты ньымалары, албастары туһанаҕыный?
– Сахалыы тыын хас биирдии саха оҕотугар баар, ону уһугуннарыахха уонна таһаарыахха эрэ наада. Аныгы оҕону аҥаардас саха үнүстүрүмүөнүнэн, тойугунан эрэ сэҥээрдибэккин. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ дьарык элбэх. Оҕо салҕыбатын, хал буолбатын курдук, саҥаттан саҥаны таһааран иһиэххэ наада. Төрүт дорҕоону уонна аныгы тэтими дьүөрэлиибин. Ол эрээри аныгыга олус охтубаппын, хайаан да сахалыыны киллэрэ сатыыбын.
Бастаан кэлэллэригэр үгүстэр “сатаабаппыт” диэн баран тураллар. Мин: “Киһи сатаабата диэн суох, үлэлээтэххинэ эрэ табыллар”, – диибин.
Дьарыкпын оҕолор атахтарыттан, хайдах туттан-хаптан туралларыттан саҕалыыбын. Тоҕо диэтэххэ атахпыт – биһиги тирэхпит. Уопсайынан, тирэхтээх оҕо олоҕор, үөрэҕэр эмиэ оннук буолар. “Стойка!” диэн тылы иһиттэхтэринэ, тута сааһылана, көннөрүнэ охсоллор. Сыанаҕа киириилэриттэн-тахсыыларыттан саҕалаан, бокулуоннарыгар тиийэ үөрэтэбин.
Мэник-тэник, ким да тылын истибэт оҕолор эмиэ баар буолаллар. Биирдэ кэнсиэртии тиийбит сирбитигэр биир уолбут таһырдьа остуолбаҕа тылын сыһыаран кэбиспитэ. Хайыахпытый, чаанньыктаах сүүрэн таҕыстахпыт дии (күлэр).
– Хайдах сүүмэрдиигиний?
– Урут кастинг биллэрэрим. Пандемия саҕаланыаҕыттан баҕалаах оҕолору, кылааһы кылааһынан ылар буолбутум. Баҕалаах элбэх, аны соҕотохпун, кыайбаппын. Холобур, хомуска, үҥкүүгэ о.д.а. туспа киһилээҕим буоллар, төһө баҕарар оҕону ылыам этэ. Көрдөһөн, Светлана Григорьевна Емельянова диэн хореографтанныбыт.
Аҕыйах сыллааҕыта кэҥээн, Тулагы Киллэмҥэ филиал арыйбыппыт, онон күн бүгүн Сыырдаах оҕолоро дьарыктаналлар. “Алгыс” сынньалаҥ киинин исписэлииһэ Людмила Дмитриевна Федорова – тутаах үлэһиппит. Билигин филиал оҕолорун аахтахха, 70 кэриҥэ үөрэнээччилээхпин.
Үнүстүрүмүөммүтүн Бэрдьигэстээххэ Мария уонна Василий Мохначевскайдар ааттарынан саха музыкальнай үнүстүрүмүөннэрин мастарыскыайыгар сакаастыыбыт. Тастыҥ убайым үлэлии сылдьыбыта, билигин кини үөрэнээччилэрэ салҕыыллар. Билигин сэттэ маастардаахтар. Чертежтарын бэйэм оҥоробун.
– Үлэҕэр туохха ордук болҕомто уураҕыный?
– Бэрээдэккэ, ис-тас култуураҕа. Ханна баҕарар бастаан син биир таҥаскынан-сапкынан, хайдах тутта-хапта сылдьаргынан көрсөллөр. Кыргыттар хайаан да баттахтарын өрүнэллэрин ирдиибин. Улахан дьону кытта дорооболоһоллорун умнубаттар. Үөрэнээччилэрбэр биһиги үлэлии барабыт, күүлэйдии буолбатах диэн өйдөтөбүн.
Режиссер араас буолар. Сорох кэлэктииптэри кытта киҥир-хаҥыр саҥарсаллара баар. Мин оҕолорбун “мои хорошие” диэн үөрэ-көтө көрсөллөр.
Үөрэнээччигэ бэйэтин кыаҕыгар эрэл кыымын саҕыы – үлэм биир сүрүн тосхоло. Үксүн сыанаҕа хаһан да тахсыбатах, кулук-халык тутта сылдьар оҕолор кэлэллэр. Сорох төрөппүттэр дьарыкка аҕалалларыгар: “Оо-дьэ, туох тахсара буолла, билбэппит”, – дииллэр. Оҕо диэн быласталыын кэриэтэ. Мускуйан, чочуйан таһаарар буоллаҕыҥ. Киниэхэ көҥүл биэрдэххэ, арыллар, сайдар дии саныыбын. Дьарык кэмигэр кытаанахпын, элбэҕи ирдиибин, ол эрээри оҕолорбун сыллыы, таптыы сылдьабын.
Биир иллээх дьиэ кэргэн
– Төрөппүтү кытта үлэни хайдах тэрийэҕиний?
– Кырдьык, араас майгылаах, атын-атын иитиилээх, сороҕор олус атаах оҕолор кэлэллэр. Ону сэргэ, төрөппүттэри эбэн кэбис. Бастаан үлэбин ийэлэртэн, аҕалартан саҕалыыбын, элбэх мунньаҕы ыытабын. Хара маҥнайгыттан бары биир дьиэ кэргэн курдук буолуохтаахпыт диэн өйгө-санааҕа сирдиибин. Урут социальнай ситим диэн суоҕа, ити билигин зумнуубут. Бастакы сылларга мунньахха ийэлэр эрэ сылдьаллара, кэнники кэмҥэ аҕаларбыт элбээтилэр, тэбис-тэҥҥэ сүүрэллэр, онтон олус астынабын, үөрэбин. Эбэлэр, эһэлэр – сүрүн спонсордарбыт, мэлдьи өйүүллэр.
Мин санаабар, ханнык баҕарар уһуйааччы төрөппүтү кытта биир тылы буллаҕына эрэ, үлэтэ таһаарыылаах буолар. Бастакы хараҥаччыларым төрөппүттэригэр бу уон сылы мэлдьи батыһа сылдьалларыгар махталым муҥура суох.
Алаадьыбытын умнубаппыт
– Билигин ыҥырыкка сылдьаҕыт, Саха сирин улахан түһүлгэлэргэ ааттатаҕыт. Атын омуктар тугу ордук сэргииллэрий?
– Саха үнүстүрүмүөнүн ураты тыастаах дииллэр, олус сэргииллэр. Ааспыт сыл ахсынньытыгар Москва куоракка Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин сылын түмүктүүр “Звезды народного искусства” гала-кэнсиэргэ ситиһиилээхтик кыттан кэлбиппит. Саха сириттэн биһиги уонна “Кыталык” үҥкүү ансаамбыла ыҥырыллыбыппыт. Тэрээһин олус үчүгэйдик, үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Барыта тыыннаах доҕуһуолунан этэ.
Кэнсиэр кэмигэр микрофону дьаһайар уолаттар кэлэн: «Чуть не упали, как это они делают? Обалдели, нуу, Вы, заворожили!» – диэн сөхпүттэрин-махтайбыттарын биллэрбиттэрэ. Итинник сыанабылтан кынаттанабын, испэр сэмээр үөрэбин.
Миэхэ ким да көмөлөспөт. Үөрэх, култуура министиэристибэлэриттэн өйөбүл суох. Бэйэм үлэбинэн, хара көлөһүммүн тоҕон аа-дьуо маннык таһымҥа таҕыстым диэн кыбыстыбакка этэр кыахтаахпын.
– Бэйэҥ тугу сэҥээрэ көрөҕүн? Ыраах айаҥҥа туох сиэри-туому тутуһаҕытый?
– Айанныырбын сөбүлүүбүн. Суолга үгүс идиэйэ кэлэр. Араас тэрээһиннэргэ сылдьан, сонуну сэргии, кэрэни кэрэхсии көрөбүн.
Биир сыл Татарстан Өрөспүүбүлүкэтигэр, Казань куоракка Сабантуйга кытта тиийбиппит. Ол күн ардах тохтоло суох курулаччы түспүтэ. Аны кэнсиэрбит аһаҕас халлаан анныгар буолбута. Биһиги оптуобуска хаһан тахсарбытын күүтэн олорбуппут. Онно күпсүүрдэрбин харыһыйбытым – илийдэхтэринэ тыаһаабат буолаллар диэн. Онтон туран сыана кэтэҕэр тиийэн, көрдөһөн баран алаадьы уурбутум. Дьэ, тахсар кэммит тирээн кэлбитигэр, арай көрдөхпүнэ, хараҥа былыт быыһыттан күн тыкпыта, ардах тохтоон хаалбыта. Оҕолорум бүтэн тахсааттарын кытта, кэтэһэн турбут курдук, эмиэ куппутунан барбыта. Дьэ, дьикти! Тэрийээччилэр көрбүттэр эбит. Кэлин: «Нашаманила да?» – диэн күлсүбүттэрэ. Онон ханна баҕарар алаадьыбытын укта сылдьабыт. Төрөппүттэр ону бэркэ диэн билэллэр, биир-биэс этиитэ суох хайаан да астаан ыыталлар.
Үлэлии үөрэнэллэр
– Тэгил сирдэринэн тэлэһийэҕит, үгүстүк айанныыгыт. Оҕолор үөрэхтэрин көтүтэллэрин учууталлар, төрөппүттэр утарбаттар дуо?
– Оҕолор үөрэҕи, дьарыгы сатаан дьүөрэлииллэр. Үөрэҕи инники күөҥҥэ тутабын. Кылаас салайааччыларын кытта быһа сибээстэһэ олоробун. Оҕо ыарырҕатаары гыннаҕына, тохтото түһэбин. Эксээмэннээх кылаастары харыстыыбын, бэлэмнэниҥ диибин.
Оҕо ып-ыраас буоллаҕа. Ону ылан сайыннарыы, таһаарыы – уһуйааччылар сорукпут. Мин оҕолорум үрдүк үөрэххэ киирдэхтэринэ да, университет, институт олоҕор куруук көхтөөх буолаллар, онтон олус үөрэбин.
Дьарык туһата элбэх. Бастатан туран, үлэҕэ үөрэтэр. Биһиэхэ өрөбүл диэн суох. Хас биирдии дьарык сыраны-сылбаны эрэйэр. Оҕолор үҥкүүлээн, хамсанан-имсэнэн, ойон-тэбэн, чахчы, үгүс көлөһүннэрин тоҕоллор. 25-тии киилэлээх күпсүүрдэрин төттөрү-таары киллэрэллэр-таһаараллар. Ханна эрэ айанныырбытыгар биир оннук. Сороҕор хас да сөмөлүөтүнэн көтөбүт. Ол аайы үнүстүрүмүөммүтүн сүкпүтүнэн-көтөхпүтүнэн сүүрүү-көтүү буолабыт. Ону кыайбат, сүрэҕэлдьиир оҕо уурайан хаалар.
Оҕолор күннээҕи эрэсиимҥэ, дьиссипилиинэҕэ, бириэмэлэрин аттарынарга үөрэнэллэр. Улахан тэрээһин сүпсүлгэнин, уһун унньуктаах айан сылаатын, ситиһии, кыайыы-хотуу үтүмэн үлэттэн, сыраттан-сылбаттан кэлэрин эттэринэн-хааннарынан билэллэр. Холобур, күпсүүргэ оонньуур көрөргө эрэ судургу курдук. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, элбэх эрчиллии, дьаныардаах дьарык, хос-хос хатылааһын, үөрэтии-такайыы эрэ үтүө түмүктээх буолар. Көстүүмнэрбит эмиэ олус сыаналаахтар. Ону харыстыы, дьаарыстыы үөрэнэллэр.
– Эн санааҕар, айар үлэһити туох кынаттыырый, үрдүккэ көтүтэрий?
– Мин санаабар, киһи үлэтэ тахсыылаах буолара эйгэтиттэн быһаччы тутулуктаах. Лицейбэр үөрэ-көтө кэлэбин. Кыралар, улахаттар уочаратынан кэлэ тураллар. Ол аайы табый да табый, ньиргий да ньиргий. Сороҕор учууталлары аһынабын ээ. Ол эрээри, хайыахпытый, дьарыктаныахпытын наада буоллаҕа. Оскуолам салалтатыгар, дириэктэрим Надежда Константиновна Тимофееваҕа, учууталларга өйөбүлгүт иһин махтанабын.
***
Ансаамбыл түөрт профессиональнай килииби уһулан, ТВ, куйаар ситимигэр саха төрүт дорҕоонун аан дойдуга көтүттэ. СӨ “Грани алмаза” бириэмийэтин хаһаайына, “Дети-Саха Азия” пуонда стипендиата, СӨ норуодунай ансаамбылын аатын сүгүү – уон сыллаах үтүмэн үлэ түмүгэ.
“Добуннар” 15-25 киилэ ыйааһыннаах күпсүүрдэрин көтөхпүтүнэн, үнүстүрүмүөннэрин, таҥастарын-саптарын сүкпүтүнэн, бииргэ тутуспутунан аан дойду аартыктарын арыйаллар, үрдүк чыпчааллары дабайаллар. Айар кэлэктиипкэ өссө үрдүк ситиһиилэри, саҥа саҕахтары баҕарабыт.