16.12.2022 | 13:00

Марина Максимова: «Бириэмэ, кыах баарынан куруук үөрэнэбин»

Марина Максимова:  «Бириэмэ, кыах баарынан куруук үөрэнэбин»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Бүгүн мин биир ураты дьарыктаах, аныгылыы өйдөөх-санаалаах, олус үлэһит, сатаабатаҕа диэн суох урбаанньыт кыыс Марина Максимованы кытта Дьокуускай куорат биир биллэр эрэстэрээнигэр көрсөн, истиҥник сэһэргэстибит.
Маринаны кытта билсибитим икки сыл буолла. Кини наһаа үлэһит, бэйэтигэр эрэллээх, саҥаттан-саҥа идеялардаах. Бу үтүө хаачыстыбаларын куруук сөҕө уонна хайгыы саныыбын.

Кини бүгүҥҥү күҥҥэ үлэтэ, дьарыга элбэх. Ол курдук, төрөөбүт-үөскээбит Ньидьилитин соботун саха дьонугар атыылыыр, Дьокуускайга аадырыстарыгар диэри тиэрдэн биэрэр, ону таһынан таҥаһынан-сабынан эргинэр, былырыыҥҥыттан куорат килбэйэр киинигэр массаас хоһун арыйан үлэлэтэр.

Урбаан суолугар үктэнии

– Марина, мин көрдөхпүнэ, эн билиҥҥи кэм биир үлэһит уонна кэскиллээх урбаанньытаҕын. Холобур, биир эрэ дьарыгынан буолбакка, араас хайысхаҕа барытыгар биир тэҥник үлэлии олороҕун... Кылгастык бэйэҥ тускунан уонна урбаан эйгэтигэр хайдах кэлбиккин кэпсии түс эрэ.

– Мин Кэбээйи улууһун Чагда нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Арыктаах уонна Чагда оскуолаларыгар үөрэммитим. Кыра эрдэхпиттэн учуутал буолар баҕа санаалаах этим. Ол быыһыгар психолог идэтин интэриэһиргиирим. Уопсайынан, оҕолору кытта үлэни астына, ымсыыра көрөрүм. Онтон оскуоланы бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка оҕо саадын иитээччитин идэтигэр туттарсан киирбитим. Бу сылдьаммын кыралаан атыыны-тутууну интэриэһиргээн барбытым. Ол курдук, уһун өрөбүллэргэ дойдубар, дьоммор куруук атыылаах барар буоларым. Холобур, бэргэһэ, наскы, ис таҥас о.д.а. илдьэн атыылыырым. Биллэн турар, ыраах олорор дэриэбинэ дьоно атыыбын олус түргэнник ылаллара, хас кэллэҕим аайы “Туох атыылааххыный?”, “Тугу эмит аҕаллыҥ дуо?” диэн ыйыта  тоһуйар буолбуттара. Ити курдук бэйэм да билбэппинэн атыы-тутуу эйгэтигэр киирэн хаалбытым. Онтон билигин, киһиргээбэккэ эттэххэ, үлэм хара баһаам буоллаҕа. Төрөөбүт дойдум соботун атыылыыбын, Дьокуускайга аадырыска диэри тиэрдэн биэрии өҥөлөөхпүн. Ону таһынан былырыын күһүҥҥүттэн массаас хоһун арыйан үлэлэтэбин.

– Дьэ, сытыы-хотуу кыыскын! Оттон бу массаас өҥөтүн хайдах арынныҥ, анал массаас үөрэхтээххин дуо? Дьон төһө сылдьарый?

–  Биллэн турар, үөрэхтээхпин. 2018 сыллаахха анаан-минээн массаас куурсугар үөрэммитим. Бэйэм Клим Федоров тастыҥ балта буоларым быһыытынан, бастаан саҕалыырбар таайым лааҕырыгар кэлэр дьоҥҥо массаас оҥорорум. Уопсайынан, үлэлиир кэмнэрбэр дьон массаас өҥөтүгэр олус наадыйарын өйдөөтүм. Сааһыттан тутулуга суох элбэх киһи сылдьар. Кэлин илиҥҥи методиканы сэргээтим, онон бэйэм практикабар киллэриэхпин баҕарабын, билигин онно үөрэнэ сылдьабын. Ити курдук үөрэнэрбин, сайдарбын, билиибин-көрүүбүн хаҥатарбын сөбүлүүбүн. Маникюр, педикюр куурустарыгар эмиэ үөрэммитим. Аны психолог идэтигэр үөрэниэхтээхпин. Биир сиргэ тэпсэҥнии турарбын олох сөбүлээбэппин. Бириэмэ, кыах баарынан куруук үөрэнэбин, саҥаттан-саҥаны баһылыы сатыыбын.

– Марина, эн урбаанньыккын. Ол аата күннээҕи үлэҕин бэйэҥ былаанныыгын, ыйдааҕы дохуотуҥ эмиэ барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Эйиэхэ «арай бу ыйга харчы киирбэтин, килийиэннэр кэлбэтиннэр, атыым-тутуум барбатын?” диэн куттал, долгуйуу баар буолааччы дуо?

– Суох, хаһан да итинник куттана, ыгылыйа сылдьыбаппын. Мин санаабар, киһи бэйэтигэр эрэллээх буолуохтаах. Оччоҕо эрэ үлэҥ, бизнеһиҥ табыллар. Табыллыа суоҕа дии сырыттахха, туох сатаныаҕай? Ханнык баҕарар саҕалаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр диэри тиэрдиэххэ наада.

Биир сиргэ тохтоон турбакка

– Билиҥҥи үйэҕэ урбаанньыт буолар хайдаҕый? Туох уустуктар баалларый? Судаарыстыбаттан туох эмит өйөбүл баар дуо?

– Кырдьыгынан эттэххэ, пандемия кэмигэр ыарахан этэ. Ол гынан баран киһи уустуктартан иҥниэ суохтаах. Киһи сатаабата диэн суох. Саамай сүрүнэ, харса суох үлэлээн эрэ иһиэххэ наада. Оччоҕо эрэ барыта табыллар. Аны туран, билигин кэтээн көрдөхпүнэ, кэлиҥҥи кэмҥэ бизнескэ барбыт киһи элбээтэ. Оттон урбаан суолугар үлэҥ хайдах салаллара барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах. Үгүс урбаанньыт судаарыстыба өйөбүлүн кэтэһэн олорбокко, туох баарынан бэйэтэ хамсанар, сүүрэр-көтөр. Мин санаабар, ханнык баҕарар үлэҕэ, бизнескэ сөптөөх былаан наада.

– Урбаанньыттарга сынньалаҥ, уоппуска төлөммөт, тэрилтэҕэ курдук “социальнай пакет” диэн суох. Оччоҕо хаһан, хайдах сынньанаҕын, хайдах барытын сатаан дьүөрэлиигин?

– Манна эмиэ өйдөөхтүк, сөпкө дьаһаныахха наада. Күн аайы үлэҕэ умса түһэр сыыһа дии саныыбын. Мин сынньалаҥмын бэйэм былаанныыбын. Сорох күннэргэ көннөрү дьиэбэр сытан дьонтон сайаапка ылыынан дьарыктанабын, киинэ көрөбүн, кинигэ ааҕабын. Ону таһынан Дьокуускай куоракка ыытыллар араас семинардарга, киһи үүнэр-сайдар тэрээһиннэригэр, маастар-кылаастарга, трениннэргэ сылдьабын. Урбаанньыттарга, бэйэлэригэр үлэлиир чааһынай дьоҥҥо “соцпакет” диэн суох. Онон үптэрин-харчыларын барытын бэйэлэрэ сааһыланан тутталлар, сынньана барар дьон эрдэ ууруналлар, сорохтор уоппуска да диэни билбэккэ үлэлииллэр.

– Онтон Арассыыйа куруортарыгар, тас дойдуларга төһө айанныыгын?

– Былааннаннахпына, ыллым да, хаһан баҕарар айанныахпын сөп. Биир нэдиэлэ муора кытылыгар сынньанан, доҕотторбун кытта айаннаан, үөрэн-көтөн кэлэбин. Оннук эмиэ хайаан да наада. Инникитин эмиэ сылдьыбатах, көрбөтөх дойдуларбар айанныахпын баҕарабын. Олоҕум өссө да иннигэр.

– Марина, эн санааҕар, Дьокуускайга урбаанньыттыыр ордук дуу, тыа сиригэр дуу? Усулуобуйа да, дохуот да өттүнэн хайатыгар барыстаах дии саныыгын? Бу туһунан туох санаалааххын?

– Урбаанньыт ханнык сиргэ олорон үлэлиирэ улахан оруолу оонньуур. Ким эрэ тыа сиригэр табыллан үлэлиир, ким эрэ Дьокуускайга талаһар. Атыы-тутуу чааһын эттэххэ, тыа сиригэр наһаа иэс ыла сатыыллар уонна өр соһуохтарын сөп. Онон киэҥ сиргэ үлэлиир ордук курдук. Куорат сиргэ үлэ хаамыыта, бизнескэ сыһыан даҕаны олох атын.

 

Соботтон арааһы астыахха сөп

– Марина, Ньидьили собото аһара минньигэс буолуохтаах. Бэйэҥ төһө асчыккыный? Соботтон туох бүлүүдэлэр тахсалларын билэҕин? Түмүккэ, Саҥа дьыл чугаһаан эрэринэн биир эмит ырысыапта үллэстиэҥ буолаарай...

– Мин астыырбын олус сөбүлүүбүн. Араас минньигэс бүлүүдэлэри астаан, чугас дьоммун үөрдэбин, дойдубар да тиийэн дьоммор күүс-көмө буолабын. Онтон собо туһунан ыйытар буоллахха, биллэн турар, бүлүүдэ арааһа тахсар. Мииннээн, ыһаарылаан, духуопкаҕа да буһаран сиэххэ сөп. Ону таһынан мин собону эрийэн кэтилиэттиибин. «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар бэйэм ырысыаптарбын үллэстиэхпин сөп.

Соботтон кэтилиэт

Балыкпытын хатырыктыыбыт, үөһүн ылабыт уонна барытын мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Приправа, туус, бурдук кутан, тиэстэ оҥоробут уонна хобордооххо алаадьы курдук кутан буһарабыт. Собо кэтилиэтэ ханнык баҕарар бырааһынньык остуолун киэргэтэр уонна олус минньигэс.

 

Соботтон шашлык

Собобутун хатырыктыыбыт, үөстүүбүт, онтон маринуйдуубут уонна араас специялары сыбаан, фольгаҕа суулуубут. Салгыы кыра уокка костерга барбекю сеткатыгар ууран буһарабыт. Боруобалааҥ, наһаа үчүгэй, бэрт минньигэс шашлык тахсар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...