06.03.2020 | 09:18

Марианна Федотова – Намыына: “Дьоҥҥо дьолу баҕарыҥ»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аан дойдуга саамай чугас киһитин сүтэрбит дьахтар барахсан хараҕын уутугар бөтө бэрдэрэн, сир-халлаан икки ардыгар соҕотох туран хаалаахтыыр. Онтон оҕолорун, чугас дьоннорун туһугар, кэргэнин сырдык кэриэһин сулус оҥостон, олоҕу хаттаан саҕалыыр сүдү күүһү хантан ылбыта буолуой?

Кэлиҥҥи сылларга Марианна Федотова Намыына диэн сахалыы ааты ылынан, киһи эрэ дууһатын кылын таарыйар наҕыл уонна истиҥ ырыаларынан дьон кутун тутта.

– Мин Чурапчы улууһун киинигэр төрөөбүтүм, Илин Баска улааппытым. Олус кырдьаҕас төрөппүттэрдээх этим, аҕам Иван Иннокентьевич 1917, ийэм Мария Елисеевна 1929 сыл төрүөхтэр. Ийэм иитэр кыыс оҕолооҕо. 7 хонуктаах оҕону ылбыт. Билигин эдьиийим Наталья Аржакова күтүөппүнээн үс оҕолоохтор, элбэх сиэннээхтэр. Ол оҕолору кытта күн аайы билсэ турабын. Онон ийэбэр олус махталлаахпын, кини эдьиийбин иитэн, миэхэ аймах-чугас дьонум элбэҕиттэн. Оттон ыал буолан күҥҥэ көрдөрбүт суос-соҕотох оҕолоро мин. Сааһыран оҕоломмут буоланнар, киһи барыта үөрбүт үһү. Ийэм элбэхтик: “Эн төрөөбүккэр Чурапчы барыта үөрбүтэ”,- диир буолара.

Оҕо сааһым остуоруйа олоҕун курдук этэ. Дьонум бэйэлэрин кыахтарынан маанылаан, таптаан улаатыннарбыттара. Сэрии, көһөрүү ыар кэмнэрин ааспыт буолан, олус аһыныгас, муударай этилэр. Аймах билэ дьонноругар барыларыгар тарда турар киин буолаллара. Наар кимиэхэ эрэ көмөлөһөр, ким эрэ туһугар кыһаллар этилэр, дьиэбит куруутун ыалдьыттаах, хоноhолоох буолааччы.

Аҕам Чурапчылары хоту көһөрүү кыттыылааҕа. Кэбээйи Мукучутугар барбыттар. Элбэх бииргэ төрөөбүтүн, аймахтарын сүтэрэн кэлбитэ. Бэйэтэ доруобуйатыгар улаханнык оҕустарбыта. Ол кэмнэри олус харааста саныыра. Идэтинэн бэйэтэ учуутал, кэлин финансист үөрэҕин бүтэрэн, Чурапчы госстраҕын бастакы начальнигынан үлэлээбитэ. Оскуоланы бүтэрбит сылбар, 17-лээхпэр, ыалдьан өлбүтэ.

Кыайыы күнэ – харах уулаах бырааһынньык

– Аҕа дойду сэриитигэр ийэм убайдара, ини-биилэр оҕолоро биэс киhи ыҥырыллан барбыт. Биирдэстэрэ эрэ тыыннаах төннөр. Ийэм 7-ис кылааһы бүтэрэригэр Кыайыы буолар. Кыайыы күнэ биhиги дьиэҕэ харах уулаах бырааhынньык этэ, ийэм ийэтэ икки төрөппүт уолун өлүөр диэри кэтэспитэ эбитэ үhү. Убайдара 30-тарын да туола илик, бэйэлэрин кыанар, кыахтаах уолаттар сэриигэ ыҥырыллыбыттар уонна төннүбэтэхтэр.

1987 сыллаахха биир сураҕа суох сүппүт убайын суруйсан булбута. Убайын соҕотох кыыһа Елена Васильевна Лукина 12 оҕолоох Герой ийэ. Ол балтын илдьэ Белоруссияҕа Витебскай уобалас Ловжанскай оройуонун Паршино диэн сэлиэнньэтигэр бырааттыы көмүүгэ убайын аата суруллан турарын көрөн кэлбитэ, ийэ буорун алааhыттан илдьэн уурбуттара. Кэлин Белоруссия Улуу Кыайыыга анаммыт “Память” кинигэтигэр киллэрбиттэрэ, Минскэй куоракка Кыайыы музейыгар убайыгар Василий Елисеевич Анемподистовка анаммыт истиэндэ турар. Иккис бииргэ төрөөбүт убайын көрдөөн булбатаҕа. Егор Елисеевич Анемподистов иккис Украинскай коннай сэриигэ кыттыбытын эрэ билэрэ. Ол курдук ини биилэр оҕолоруттан Василий Степанович Анемподистов эрэ сэрииттэн эргиллэр.

Ийэм үйэтин тухары балыыһа кииннэммит бухгалтериятыгар кылаабынай буҕаалтырынан үлэлээбитэ, оччолорго хас улуус нэhилиэгин фельдшерскэй пуунун бухгалтерията биир сиргэ түмүллэн суоттанара, билиҥҥи курдук калькулятор, компьютер суоҕа, барыта суокка тардан суоттанара. Ийэм  үлэлиир кэмигэр 6 кылаабынай быраас уларыйбыт, ол эрэн кини үлэтигэр сыhыанын, ирдэбилин, үчүгэй үлэhит хаачыстыбатын сөбүлээннэр, уураппакка, хаалларан испиттэр. Ийэм киэнэ барыта аптекаҕа курдук бэрээдэк эбитэ үһү.

Иистэнэрин, баайарын олус сөбүлүүрэ. Оҕо эрдэхпиттэн миигин симиирин, саҥаттан саҥа таҥас тигэрин өйдүүбүн. Бэл, оскуолаҕа кэтэр фартугум, манжетым барыта уларыйа сылдьар этэ, бэйэтэ күрүчүөгүнэн баайара. Ол курдук бэйэм да билбэппинэн миэхэ таҥаска, дьүһүҥҥэ ураты «вкус» иҥэрбит. Билиҥҥээҥҥэ диэри кини тикпит, баайбыт таҥастарын кэтэбин.

Сахалыы таҥаска ураты сыhыаннааҕа, кэтэргэ үөрэппитэ, тапталы иҥэрбитэ. Саха таҥаһын кини, хаартыскаларынан көрдөхпүнэ, 60-ус сыллартан таҥныбыт. Оччолорго аҕыйах киһи кэтэрэ. 1987 сыллаахха улууска ыhыахха ийэм тикпит таҥаhынан саха таҥаһын күрэҕэр бастаабыппыт. Миигин сахалыы таҥыннара сатыырын бастаан баҕарбат этим, эмээхситтэр эрэ кэтэллэрин курдук саныырым, дьахталлар да олус маассабайдык кэппэт этилэр.

Ийэм бэйэтэ Чурапчы улууһуттан бастакы импровизатор-хомусчут дастабырыанньатын ылбыта, хоһоон айарын сөбүлүүрэ, тута хоһуйууну бэркэ таһаарара, оһуохайдыыра. Айар талаан киниттэн кэлбитэ буолуо.

Наар кэрэҕэ, үчүгэйгэ тардыһар этэ.

Ырыаһыт буолар баҕалаах этим

– Бэйэбин өйдүөхпүттэн кэлбит дьоҥҥо кэнсиэр көрдөрө сатыыр этим. Оскуолаҕа “Дьиэрэҥкэй” ансаамбылга дьарыктанар этим. М.Е. Васильева бэйэтэ мелодист, Р.Р. Саввин диэн үлэлэригэр бэриниилээх учууталларга үөрэммиппит. Дьүөгэбинээн Мотя Константиновалыын наар солистыыр этибит.

Оскуола кэнниттэн СГУ-га БГФ-га киирбитим. Ол саҕана аҕам онкологияҕа сытар. “Кыыс үөрэххэ киириэ, бэйэтэ киирдин, эн оккун оттоо”, – диэбит ийэбэр. Балыыһаҕа тиийэн аҕабар музыкальнай училищеҕа туттарсыам диэбиппин: “Ырыаһыт буолан айахпын ииттиниэм дии санаама! Университекка ханна баһыҥ батарынан киир”, – диэн кытаанахтык эппитэ уонна истиэнэ диэки хайыспыта. Мин өсөһөр санаалаах тахсан барбытым. Онтон уоскуйан, ыалдьа сытар аҕам баҕатын толорор эбиппин диэн, географ үөрэҕэр киирбитим.

Бастакы куурустан Сима Петровна Толстякова салайар аатырбыт “Эрэл” ансаамбыл вокальнай бөлөҕөр киирбитим. Бастаан тиийэрбэр Айталина Адамова, Алена Шарапова, Анна Киприянова бааллара. Герман Хатылаев, Клавдия Хатылаева, Анастасия Готовцева, Сардаана Егорова, Герман Мушников, Аня Иванова, Алексей Степанов, Айна Семенова, Люда Попова, Николай Колодезников кэлбиттэрэ. Дуэт, трио, квартет ыллыыр этибит. Ол саҕана бастакы кассеталар тахсаллар. Ырыабыт тута ыччакка тарҕанан иһэр.

Бастакы уонна соҕотох тапталым

– Кэргэммин Сашаны 7-ис кылаастан билэбин. Биир дойдулаахтарбыт, биир оскуолаҕа үөрэммиппит. Мин Чурапчы илин баһыгар, кини арҕаа өттүгэр олорорбут. Кэнники киин диэки көспүттэрэ. Мин оскуолаҕа ааһарбын түннүгүнэн манаан турар буолааччы. Аастым да – дьиэтиттэн тахсар. Уонна оннук суол уҥуор-маҥаар 200-чэ миэтирэ ырааҕынан хаамсан аргыстаһабыт. Оскуола аттыгар ситэн ылан, ааммын аһан биэрэр. Оччоҕо дэлби долгуйабын. Кини сонун ыйаабытын кэннэ, аттыгар бэйэм соммун ыйыыбын. Онтон наһаа дьоллонобун. Саҥа дьылга “Пожелание” сурунар муода баара. Онно миэхэ “ФС+ММ=Л” диэтэхтэринэ, долгуйар, дьоллонор да этим (бэйэм араспаанньам Макарова). Оччотооҕуга туох да чугасыһыыта суох инник сыһыантан үөрэҕин, кыыс оҕо сүрэҕэ долгуйар. Кини учебнига миэхэ түбэстэҕинэ, дьол буолара. Оннук ып-ыраас сыһыаннаах этибит. Саша туйгун үөрэнээччи этэ, ол иһин учууталлар өрөспүүбүлүкэ предметнай олимпиадаларыгар былдьаһа сылдьан кытыннараллара. Оннук дэгиттэр этэ – нуучча тыла, математика, физика, химия, биология предметтарыгар барытыгар бастыыра, бириистэээх миэстэлэри ылара. Сүүрүүгэ улууска бастыыра, боксаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ чемпионнуура. Мин 9-ка тахсарбар оскуолатын бүтэрэн, Москваҕа инженер үөрэҕэр холкутук киирбитэ.

9-ус кылааска оскуоланы бүтэрэн бастакы курска үөрэнэр оҕолору кытта үгэс буолбут көрсүhүү буолла. Аан бастаан ол көрсүһүүгэ бытаан үҥкүүгэ ыҥырбыта. “Такого снегопада...” диэн ырыа тыаһаабытын өйдүүбүн. Үөрэҕэр баран баран оскуола аадырыһыгар миэхэ аккырыыкка ыыппыт этэ. Онон биhи суруйсуубут саҕаламмытын оскуола барыта билбитэ. Онтон ыла суруйсан барбыппыт.

Аны мин буочарым наһаа куһаҕан этэ. Ол иһин дьүөгэбэр Мотяҕа суруйтарабын. Онтон кыыһым устунан сылайда, салҕан барда, аккаастаан кэбистэ. Онно билинэн суруйдум: “Бу мин буочарым буолбатах этэ”, – диэн. Сашам дэлби күлэрэ...

8 сыл суруйсубуппут. 5 сыл Москваҕа үөрэммитэ, 3 сыл аармыйаҕа военно-морской флотка сулууспалаабыта, сулууспалыыр кэмигэр улахан байыаннай хараабылга соҕотох саха, үс сыл комсомол секретарынан талыллыбыта. 17-ис куорпуска сурук тутууга рекордсменкаҕын дииллэрэ вахтердар – күҥҥэ 3-4 сурук тутарым. Аны бэйэм наар тэтэрээт тута сылдьан сурунабын – бүгүн тугу гыммыппын, кимниин тугу кэпсэппиппин, ханна сылдьыбыппын. Дневник дуу, отчуот дуу курдук барытын суруйан ыытабын. Наһаа да үчүгэйдик суруйсарбыт.

Кини нуучча кылааһыгар үөрэммит буолан, нууччалыы соҕус этэ, миигин кытта суруйсан сахалыы суруйарга үөрэммитэ. Маҥнай наар нууччалыы хоһоон айан ыытара. Кэнники сахалыы суруйар буолбута.

Мин 3-үс кууруска сырыттахпына ыал буолбуппут, кини аармыйаттан кэлбитин кэннэ биир сыл буолан баран. Бастакы оҕобут уолбут төрөөбүтэ. Мин учууталлаабытым. Кини маастартан, прорабтан саҕалаабыта. Куоракка хаалыах киһини мин «ийэм соҕотох, дойдубутугар барабыт» диэммин, тыаҕа тахсыбыппыт. Оттон кини Куйбышев аатынан тутуу институтун кыhыл дипломунан бүтэрэн, Гражданпроекка направлениелаах кэлбитэ, дьиҥинэн. Чурапчыга тахсан биир сылынан кылаабынай инженер буолбута, онтон баһылык тутууга солбуйааччытынан ыҥырбыттара.

Мин Сашам оҕо эрдэҕиттэн күн курдук сып-сырдык киһи этэ. Наар кимиэхэ эрэ көмөлөһө сатыыра. Кэлин төһө да үрдүк дуоhунастарга үлэлээтэр, хаһан да улаатымсыйбытын, бэрдимсийбитин көрбөтөҕүм. 5 сааһыттан алтыспыт доҕотторун кытта олоҕун тиhэх күнүгэр диэри тэйсибэккэ барбыта.

23 сыл олорбуппут – биирдэ да миэхэ куолаһын соноппотоҕо. Саха дьахталлара бары даҕаны кини курдук кэргэннээх буолуохтарын баҕарабын.

– Онтон Дьокуускайга көһөн кэлэҕит...

– 1997 сыллаахха Чурапчыга быыбар буолбута, саҥа баһылык кэлбитэ. Кинини уурай диэбэтэхтэрэ эрээри, атыҥырыылларын билбитэ. Мин куоракка киириэхпин баҕарбат этим. Иккис оҕобор олорорум. Оччолорго кини инженердиир эҥин, кэмигэр хамнас кэлбэт буолбута. Онон аан бастакынан Чурапчыга “Мэри Кэй” фирманы аҕалбытым. Куоракка киирэн үөрэнэн, бэйэбэр косметикаларын боруобалаан тахсыбытым. Уонна дьиэм биир хоһун дьону кырааскалыыр миэстэ оҥостубутум. Быыстала суох дьон кэлэр этэ. Билиҥҥинэн эттэххэ, визажист курдук үлэлээн, дьон сирэйин оҥорор буолбутум. Оннук харчыланан олорбуппут. Онно “бриллиантовай” таһымҥа тахсыахпар диэри таһаарыылаахтык үлэлээбитим. Кэлин куоракка киирэн баран ол дьарыкпын быраҕан кэбиспитим. Кэтэхтэн юридическайга үөрэнэн, СГУ библиотекатыгар, кэлин 15 сыл Пенсия фондатыгар каадыр отделыгар үлэлээбитим.

Кэргэмминэн олорбутум...

– Мин наар кининэн эрэ тыынан олорбутум. Кини массыынатын тыаһын, атаҕын тыаһын иһиллии олорор этим.

Дьиэбин көрүү-истии, ас астааһын – барыта кэргэним туһугар этэ. Кини кэлэригэр ааны бастаан арыйбыт киһи дьоллоох буолара. Мин кэтэһэрим оҕолорбор бэриллэн, оннук үгэстээх этибит. Аҕабыт кэлбит үөрүүтүгэр уолбут анал битийэр үҥкүүлээх этэ. Оҕолорун биирдэ да мөхпөтөҕө. Туох эмэ этиилээҕин миигинэн этиттэрэрэ. Киэһэлик аһыы олорон ону этэбин уонна эн эмиэ кыттыс диэн имнэнэбин – киһим наадыйбат, оҕолорун мөхпөт. Ол иһин оҕолоро киниттэн хаһан да мөҕүллүбэтэхтэрэ.

Олус дьоллоох оҕо сааспын салҕаабыт, 23 сыл тухары миигин оҕо курдук көрбүт саамай күндү киһим 2012 сыллаахха инсультан суох буолбута. Ол кэннэ хайдах тыыннаах хаалбыппын өйдөөбөппүн. Дьылҕабыт оннук буоллаҕа...

Атын олох

– Кэргэним өлүөн иннинээҕи уонна өлбүтүн кэннэ олоҕум тус-туспалар.Ол эрээри олох олоҕунан кэрэ. Ону кэмигэр өйдөөбүтүм үчүгэй эбит. Биир сыл устата улахан стресскэ сылдьыбытым. Онтон кинигэ оҥоруохтаахпын диэн бэйэбэр сорук туруоруммутум. Ахтыылары, матырыйааллары хомуйан биэрэр үлэнэн дьарыктаммытым. Үчүгэй баҕайы суруйар дьоҥҥо түбэһэммин, Мария Алексеева көмө буолан, кинигэбит “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыта.

Үлэбиттэн уурайан хаалбытым. Уларыйыы наада диэммин, бэйэм-бэйэбин улахан стресстэн таһаарбытым.

Сашам кинигэтин алтыспыт дьонугар бэлэхтээбитим. Биир кинигэни Марианна Макарова диэн биир дойдулаахпар бэлэх ууммутум. Марианна миигиттэн биир сыл аҕа, дьүөрэлии олохтоохпут. Мин Марианна Макарова этим, кэргэн тахсан Федотова буоларбар кини Макарова буолбута, икки табаарыстыы уолаттарга тахсыбыппыт. Марианна эрдэ ырыа айан саҕалаабыта. Биһиги кинигэбитин биир нэдиэлэнэн тутан баран, миэхэ кэлэн ырыа бөҕө ыллаабыта. Кинигэбэр Сашам хоһооннорун киллэрбитим, олорго ырыа айбыт. Хардатын миэхэ Айыл кинигэтин бэлэх уунна. Ону арыйа баттаат, “Чараҥҥа” ырыабын айбытым.

Төрөөбүт алааспар

– Ол иннинэ төрүттэрбит сайылыктарыгар сылдьан күүс ылан кэлбитим. Олох күһүөрү тиийбиппит. Кырдьаҕас эдьиийим Елена Васильевна Лукина хаайан да барыахтаахпыт диэн илдьэ барбыта. Уолаттарын дьаhайан, күн ырааттар да, алаадьылаах, саламааттаах айаннаабыппыт. Тиийээппитин кытта, киэhээҥҥи борук-сорукка сайыҥҥы сарсыардааҥҥы чыычаах ырыата, айылҕа тыаһа-ууһа запиһы холбообут курдук хоп-хойуутук кутулла түспүтэ. Ону 5 киһи бары эт кулгаахпытынан илэ истибиппит. Эдьиийим алааһыҥ эн кэлбиккэр үөрэн айхаллаата диэбитэ.

Биһиги төрөөбүт алааспыт бэйэтэ туспа историялаах. Ийэм өттүнэн төрүттэрбэр аата ааттаммат улахан дьон бааллара үһү. Чурапчыга уу суох сирэ. 80-ус сылларга мелиорациялар ол алааспытын үлтү хаһан, резервуар оҥорбуттара. Ийэм Якутгеологиянан, Москванан барытынан суруйан бопсо сатаабыта да, кыайбатаҕа. Биһиги алааспыт Таатта үрэхтэн чугас уонна саамай улахан эбит. Ол үлэлэригэр элбэх моһуогу көрсүбүттэр: тиэхиньикэлэрэ тохтоон хаалар үһү; уу кэлбитигэр дьахтар айманар саҥата иһиллибит; киһи уҥуохтардаах тумулу таарыттарбатах, арыылаан хаалларан кэбиспиттэр. Ийэм төрүттэрин уҥуоҕа тумул буолан, Таатта үрэҕэр билигин да анньан турар...

Эстрадаҕа киирии

– Дьиҥэ, бастаан ырыаларбын бэйэм сөбүлүүр ырыаһыттарым Далаана, Анастасия Готовцева толоруохтарын баҕарбытым. Ону кинилэр “бэйэҥ ыллыыгын дии, ыллаа ээ” диэн, ыллыырга санаммытым. Ол иннинэ “Саҥа ырыаны”, “Дохсуну”, “Этигэн хомуһу” көтүппэт этим. Уонна хаһан да бу артыыстары кытта биир сыанаҕа тахсан туруом дии санаабат этим. Ырыа айыллыыта бэйэтэ саҕаламмыта. Ону дьоҥҥо тиэрдиэхпин баҕараммын, киэҥ эйгэҕэ ыллаан барбытым. Ыллаабатахпына хаатыйаланар, тууйуллар курдук этим. “Саҥа ырыаҕа” кыттыбытым, “Дохсун” бириэмийэ хаһаайына буолбутум. Дьон ылынар эбит диэн эрдийэн бардаҕым дии.

Бастаан Антон Ивановка фонограмма оҥорторо барарбын толлон, хас да ыйы быһа тардыллыбытым. Наар “Бу чүөчэ сааһыран баран ыллаан эрэр ду” диэхтэрэ дии саныыр этим. Дьон санаатыттан наһаа да тутулуктаммыт эбиппин. “Саҥа ырыаҕа” тиийбитим, саамай кырдьаҕастара мин. Күүстээх айар үлэм 2014 сылтан саҕаланар. “Айар кут” диэн Чурапчы мелодистарын түмсүүтүгэр киллэрбиттэрэ. Ырыа кутулла турар буолбута. Хоһоон ааҕабын, ону аудиозапись гына ыллаан кэбиһэбин. Онтон фонограмма оҥорторобун. Антон Ивановка, Семен Ченяновка, Николай Михеевка, Бүөккэ Бөтүрүөпкэ, Лэкиэскэ оҥотторбутум. Билигин Иван Наумовтыын тапсан үлэлии сылдьабыт. Хас биирдиилэрэ туспа буочардаах ураты дьон. Кинилэргэ улаханнык махтанабын.

Былырыын үбүлүөйдээх сылбынан кэнсиэр оҥорбутум Опера уонна Балет театрыгар биир тыынынан ааспыта. Режиссер Амгалена Барашкова. Онтон «Үс Хатыҥҥа» эмиэ сольнай кэнсиэрпин оҥорбутум. Бу айар кэнсиэртэрбин тэрийсибит эдэр дьүөгэм Алла Борисоваҕа  махталым муҥура суох!

– Намыына диэн барсар баҕайы ааты хайдах талбыккыный?

– Омук Уола кинигэтин бэлэхтээбитэ. Арай арыйдым аайы, хоһоонноро ырыа буолан истилэр. Наһаа интэриэһинэй дии санаатым уонна бэйэтигэр тиийэн ыллаан иһитиннэрдим. Ыллыыһыккын диэтэ. Хайдах бу хоһоон барыта ырыа буолла диэн соһуйда. Дьиэбэр кэлбитим, хоһоон ыыппыт: “Наҕыллык саҕалаан, эн ыллаа, Намыына...” диэн. Намыына диэни Нам кыргыттара дии саныыр этим. “Аны бэйэтин Намыына дэммит” диэхтэрэ дии санаатым...

Онтон биирдэ дойдум кэнсиэригэр “Биһиги биир дойдулаахпыт Александр Федотов кэргэнэ...” диэбит курдук биллэрдилэр. Сөбүлээбэтим. Ол иһин аат ылынарга быһаарынан, “Намыына” буолан хаалбытым.

Намыына буолан баран “Саҥа ырыаҕа” кэлбитим, “Этигэн хомуска” кыттыбытым. “Үрдэлгэ” сыл аайы киирэбин эрээри, финалга куоластааһыҥҥа тахсыбаппын. Быйыл эмиэ бу күрэххэ киирбитим.

Мин саастыылаахтарым инстаграмҥа куоластыыллара уустук соҕус. Инник куоластааһын күрэхтэр мин форматым буолбатах эбит, социальнай ситимнэргэ соччо көҕүм суох.

100-тэн тахса ырыалаахпын

– Хас ырыалааххын ааҕаҕын дуу?

–       Бастатан туран, Сашам хоһооннорун ырыа оҥорбут дьоҥҥо махтанабын. Холобур, Далаана бастакынан оҥорбута, Эрчим ыллыы сылдьар,  Марианна Макарова хас да ырыаны суруйбута. Бэйэм ырыаларбын аахпаппын эрээри, 100-тэн таҕыста. Хоһоону киһи барыта аахпат, оттон ырыаны элбэх киһи истэр. Ол иһин хоһоон ырыа буоллаҕына үйэтэ уһуур. Мин ырыаларбын Сахая, Александр Бурнашов, Анастасия Готовцева, Саарын, Валентина Романова-Чыскыырай, Алена Яковлева-Дива, Юлиан Семенов, Андреана, Максим Рожин ыллыы сылдьаллар.

Саамай биллибит ырыам А.Павлова – Арыпыана хоһоонугар “Дүөгэлэрим”. Үбүлүөйдэргэ дьон сөбүлээн толорор.

Мин санаабар, тугу эрэ сырдыгы, үтүөнү саҕар хоһооннорго ырыа мелодията бэйэтэ кэлэр. Ырыаларым тылларын ааптардара: А.Павлова – Арыпыана, Г.Иванова-Айтыына Уран, Е.Кузьмина – Дьэбдьиэйэ, Е.Андреев – Хоһуунай, Т.Колесова – Айсура, Н. Максимова-Сыралыма, А.Местникова – Сандаара, В.Козлова – Туйгууна, У.Иванова – Ива,  В. Федотов-Одун, А. Амбросьев – Сайылык уола, А. Кюндядинская, уонна айар ааппын ааттаабыт В. Хон – Омук Уола уонна да атыттар. Ырыа олохпор баарыттан үөрэбин, олоххо төннөргө иккис тыын биэрдэ дии саныыбын.

Дойдум дьоно өйөөн, СӨ култууратын туйгуна буолбутум. Бу аат миигин саха норуотун духовнаhыгар ырыанан үлэлииргэ эбээһинэстиир.

Оҕолорбун хааччахтаабакка иитэбин

– Икки оҕолоохпут. Уолбут кэргэннээх. Кыыс устудьуоннуу сылдьар. Ыттардаахпын. Наһаа сөбүлүүбүн. Оҕолорум экономист үөрэхтээхтэр.

Миигин дьонум “көстө сатаама”, “баттаххын ыһыма”, “дьон туох эрэ диэҕэ” диэн ииппит буоллахтарына, оҕолорбор улахан хааччахтары туруорбаппын. Тэҥнээхтэрим курдук кэпсэтэбин. Кэлиҥҥи сылларга аҕабыт аатын үйэтитиигэ бокса турнира ыытыллар, дьиэ кэргэнинэн онно үлэлэһэбит. Турнирбыт Бүтүн Арассыыйа таһымнанна, “А” кылаастаах диэн статустанан, спорт маастарын нуорматын толорор кыаҕы биэрэр буолла. Онон бары тэрийээччилэргэ махтанабыт. Уонна сыл көтө-көтө оскуола оҕолоругар «Федотовскай ааҕыылар» диэн научно-практическай конференция Александр көмөтүнэн тутуллубут Хадаар орто оскуолатыгар ыытыллар. Бу икки күрэх саха оҕото бары өттүнэн кыахтаах, сайдыылаах буола улаатарыгар үрдэл, үктэл буолаллар.

Айар үлэбин оҕолорум өйүүллэриттэн үөрэбин. Аан бастакы истээччилэрим кинилэр уонна дьүөгэлэрим. Айылҕалыын алтыhарбын сөбүлүүбүн, түгэн көһүннэр эрэ, хаамабын. Массыына ыытабын, чугас улуустар кэрэ айылҕалаах сирдэрин көрө сатыыбын. Сайын хайаан да Амма өрүскэ Мындаҕаайыга тахсан сир астаан, сөтүөлээн кэлэбин. Уонна Чурапчы Хадаарыгар, ийэм сайылыгар, алааhыгар күүс-сэниэ ылан кэлэбин.

Күндү «Киин куорат» хаһыат ааҕааччылара кэрэ аҥаардары сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Чөл олохтоох буолуҥ, тапталы, дьолу, ситиhиилэри, үтүө санааны баҕарабын. Дьоҥҥо дьолу баҕарыҥ, оччоҕо олорорго чэпчэки буолуо уонна барыта  табыллан иһиэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...