06.07.2023 | 10:00

Марха баһылыга Николай Ксенофонтов: «Бөҕү мөһөөччүгүнэн хомуйууну ордордубут»

Марха баһылыга Николай Ксенофонтов: «Бөҕү мөһөөччүгүнэн хомуйууну ордордубут»
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Марха – Дьокуускай куорат биир бөдөҥ, кэлиҥҥи сылларга сайдыыта биллэ тэтимирбит түөлбэтэ. Нэһилиэнньэтин ахсаана 25 000-тан тахсар, кэлин элбэх оҕолоохторго сир түҥэтиллэн, “Севернай” дьоҕус оройуон эбиллэн, өссө үллэн-хабыллан туруох чинчилээх. Ол эрэн манна уунан хааччыйыы, бөҕү тиэйии уонна суол кыһалҕалара сытыытык тураллар. Биһиги Марха баһылыгынан 2019 сыллаахтан үлэлиир Николай Анатольевич Ксенофонтовы кытта кэпсэттибит.

«Севернай» бары өттүнэн тупсаҕай оройуон буолуоҕа

– Николай Анатольевич, кэпсэтиибитин “Севернайтан” саҕалыахха, бу саҥа улахан кыбаартал эһиэхэ, мархаларга, сыһыарыллар эбит дии?

– «Саталы», «Севернайы» аахпатахха, биһиги Мархабыт иэнэ 38 га. 13 500 чааһынай бас билиигэ баар учаастак, 6500 учаастактаах 41 СОТ, 500 тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сир, 6250 чааһынай дьиэ, 230 элбэх кыбартыыралаах дьиэ бааллар. СОТ-тары аахпакка эрэ 328 уулуссалаахпыт.

 

“Севернай” кыбаарталга билиҥҥи кэмҥэ кутуу суоллары ситэрии үлэтэ бара турар. Элбэх оҕолоохторго электричество уота, гааһа тардыллыбыт 1800 кэриҥэ учаастак баар буолла. Мин 2019 сыллаахха үлэлии кэлэрбэр манна 40-50 эрэ дьиэ турар эбит буоллаҕына, билигин балысхан сайдыы, тутуу бөҕө баран эрэр. Тоҕо диэтэххэ бу инфраструктурата барыта былааннанан тэриллибит тупсаҕай сирдэр. Кэнэҕэһин өссө оскуола, уһуйаан тутуута көрүллэр. Онон олус инникилээх, кэскиллээх түөлбэ буолла.

Суолбут үксэ аспаала суох

Суол-иис тутуута хайдах баран иһэрий?

– “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” федеральнай таһымнаах бырагырааманан икки сыллаах улахан бырайыак олоххо киирэр – Можайскай уулуссата уонна өрөспүүбүлүкэ суолталаах Намныыр суол оҥоһулла тураллар.

Марха суолларыттан 15 бырыһыана эрэ аспааллаах, уоннааҕыта кутуу суол. Кутуу суоллары тус сыаллаах бырагыраамаларынан көрүллэр лимииттэммит үбүнэн оҥостобут. Биллэн турар, үп-харчы тиийбэтиттэн Марха суолун барытын саҥардан кэбиһэр кыахпыт суох. Холобур, быйыл сыана барыта ыараата (массыына саппаас чааһын, уматык о.д.а. сыаната биллэ эбилиннэ), ол иһин суоллары өрөмүөннээһин 10 эрэ эбийиэккэ ыытыллыахтаах, грейдэлээһин 36 уулуссаҕа былааннанар – ол барыта 24 км уонна кутуу, тэҥнээн биэрии үлэтэ 5 км суолга буолар. Холобур, тыырыллыбыт үбүнэн ааспыт сылларга оччотооҕу сыананан 9 км кутуохпутун, 45 км грейдэлиэхпитин сөп этэ...

Суолу оҥоруу үксүн нэһилиэнньэ сайаапкатынан ыытыллар. Ону тэҥэ хамыыһыйанан сылдьан суол итэҕэстэрин быһаарабыт.

Олохтоохтору көхтөөх буоларга ыҥырабыт

Оттон уунан хааччыйыы кыһалҕата хайдах быһаарыллан эрэрий? Мархаҕа сайыҥҥы да уута суох олорор ыаллар бааллар...

– Уунан хааччыйыы – саамай сытыы кыһалҕа. «Водоканал» тэрилтэни кытта 2020 сыллаахтан саҕалаан бырайыактааһыҥҥа үлэлиибит. Билиҥҥитэ трассировка оҥоһулунна, ол аата турбалар ханан барыахтаахтара, уу ситимин тардыллар суола барыта быһаарылынна.

Марха чааһынай дьиэлэр ыксаласпыт түөлбэлэрэ буолан, уу ситимин тардарга трассировка хайаан да ымпыгар-чымпыгар тиийэ оҥоһулуннаҕына эрэ сатанар, ханан эрэ турба сатаан ааһымыан, ханан эрэ ирдэбиллэргэ эппиэттиир сир буолумуон сөп. Тоҕо диэтэххэ водопровод туспа бэйэтэ санитарнай зоналаах буолар – ол барыта суоттанар, учуоттанар, элбэх үлэни эрэйэр. Быйыл бырайыагын түмүктээтэхтэринэ, эһиил иһэр уу ситимэ тардыллыахтаах. ГРЭС диэки туһаайыыттан Намныыр суолунан, Мархинскай уулуссанан, Мелиоратордар уулуссаларын диэки муостанан, Эскпериментальнайынан, салҕыы Маҕан суолугар тахсан, Олег Кошевой уулуссатынан барыахтаах.

Оттон сайыҥҥы уу ситимин биһиги бэйэбит тардар кыахпыт суох –  бүддьүөппүтүгэр оннук ыстатыйа көрүллүбэт. Ол иһин олохтоохтору ППМИ (проект поддержки местных инициатив) куонкурустарыгар кыттарга көҕүлүүбүт. Атын улуустары да ылан көрдөххө, кинилэр бырайыактары көмүскээн, чахчы туһалаах эбийиэктэри олоххо киллэрэллэр. Маҕан суолугар баар “Спутник-2” олохтоохторо бэйэни салайынар уорганнар нэһилиэнньэ көҕүлээһиннэрин бырайыактарын куонкуруһугар сайаапка түһэрэ сылдьыбыттаахтар, куолаһынан кыайбатахтара. Барыта саайт нөҥүө куоластааһынынан барар буолан, бырайыак суруйан баран куоластааһыҥҥа күүскэ ылсан үлэлиэххэ наада. 

Быйыл көҕөрдүү үлэтин көрдөрүүтэ хайдаҕый?

– Көҕөрдүү үлэтин былаанынан Мархаҕа 25 000 сибэкки, 70 мас олордулунна. Кыайыы пааркатын аахпакка эрэ, Марха бэйэтин территориятыгар 50-ча мас олордулунна, маны таһынан нэһилиэнньэ мас олордууга ойуур билиэтин администрацияттан кэлэн ылар. Дьаһалта лесхозтан ылбыт билиэтин нэһилиэнньэҕэ түҥэтэр, олордууга инструктаж ыытар.

Бөҕү мөһөөччүгүнэн хомуйууну ордордубут

Мархаҕа бөх мунньар санитарнай туочукалары суох гынан эрэллэр диэн нэһилиэнньэ айманыытыгар тугу этиэҥ этэй? Тоҕо санитарнай туочукалар суох буоллулар, холобур, Нам суолугар баары ыраастааннар, нэһилиэнньэ «бөхпүтүн 2 км ыраах турар санитарнай туочукаҕа илдьиэхтээхпит дуо?» диэн айдаарда...

– Бөҕү тиэйиигэ кыһалҕа баарын ким да мэлдьэспэт. Чааһынай секторга бу боппуруос ордук сытыытык турар. Ол курдук, санитарнай туочукаларга кытаанах бөххө сыһыана суоҕу таһааран ууран кэбиһэллэр; холобур, массыына шиналара, буочукалар, шифер, эргэ тутуу матырыйаала эҥин атыннык тиэйиллиэхтээхтэр буоллаҕа дии, биһиги дьоммут ону аҥаар уһугуттан ууруналар тастарыгар кыстыыллар, устунан сыбаалкаҕа кубулуталлар.

Билигин улахан санитарнай туочукалары суох гынан баран, “Якусткэкосети” хампаанньаны кытта олохтоохтортон бөҕү мөһөөччүгүнэн хомуйууну тэрийэбит. Киин уулуссалартан бөҕү мөһөөччүгүнэн хомуйуу саҕаланна, ол аата нэдиэлэ 1-2 күнүгэр олохтоохтор бөхтөрүн олбуордарын таһыгар таһааран уурбуттарын “Якутскэкосети” массыыналара тиэйэн бараллар. Ханнык уулусса оннукка хапсарын “Якутскэкосети” тэрилтэттэн билсиэххэ сөп.

Намныыр суолга улахан сыбаалканы ыраастаатыбыт, хайдах курдук элбэх бөҕү хаалларалларын хаартыскаларыттан да көрүөххэ сөп. Ааспыт субуотаттан бөҕү мөһөөччүгүнэн тиэйии саҕаланна. Сорох кыараҕас уулуссаларга бункеровоз кыайан ааспат, онон бөҕү  ханна таһааран уурары эҥин эмиэ “Якусткэкосети” тэрилтэттэн билсиэхтээхтэр.

Бөх аһара мунньуллуута ордук даача сезона саҕаланнаҕына буолар. Уонна бөҕү быраҕыы быраабылатын тутуспат буолууттан эмиэ тахсар диэххэ наада, дьон бөххө тугу барытын быраҕар, бэл, сүөһү өлүгүн кытта таһаарбыт буолаллар. Дьиҥэ, маныаха барытыгар утилизациялыыр быраабылалар бааллар эбээт.

4 оскуола, 2 уһуйаан өрөмүөн былааннаахтык тэриллэр

– Социальнай эбийиэктэргит өрөмүөннэрэ хайдах баран иһэрий?

–  “Пульс” Култуурунай-чэбидигирдэр кииммит Якутрайпоттан дьиэ куортамнаһан үлэлии олорор. Быйыл дьэ атырдьах ыйыгар Намныыр суолга баар “Каспер” маҕаһыын таһынааҕы дьиэҕэ көһүөхтээхтэр.

Хапытаалынай өрөмүөн икки уһуйааҥҥа бара турар. Марха 1-кы нүөмэрдээх оскуолата былырыын өрөмүөннэммитэ. Быйыл 32-ис оскуола (Газовиктар кыбаарталларыгар) өрөмүөнүн бырайыактыыр-сметалыыр докумуона оҥоһуллар, эһиил хапытаалынай өрөмүөҥҥэ хапсар.

Уһуйааммыт ахсаанын аахтахха, Газовиктар кыбаарталларыгар, Племобъединениеҕа, Кирзаводка уонна Олег Кошевой уулуссатыгар турар муниципальнай уһуйааннардаахпыт. Ону таһынан лицензиялаах икки чааһынай уһуйаан үлэлиир. Үс муниципальнай оскуоланы сэргэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах Кадеттар оскуолалаахпыт. Быйыл Кадеттар оскуолаларыгар саҥа корпус үлэҕэ киириэхтээх.

Марха олус улахан оройуон, управаҕа 11 киһи үлэлиир, ону кытта 6 муниципальнай дворниктаахпыт уонна биир оробуочайдаахпыт.

Гаас ситимигэр холбонуу саҥа түһүмэҕэ саҕаланыаҕа

Өссө биир сытыы кыһалҕаҕыт – гаас ситимигэр холбонуу. Сүүрбэччэлии сыл оһохторун маһынан уонна чоҕунан оттон олорор дьон баар, кинилэр туохха эмэ эрэниэхтэрин сөп дуо?

– “Сахатранснефтегаз” гаас ситимин кыамтатын улаатыннарар  үлэни ыытар. Кыамтата улааттаҕына, быйыл тэхиньиичэскэй  усулуобуйата ситтэҕинэ, саҥа дьылтан саҕалаан Намныыр суол уҥа өттүгэр күөх төлөн киирэн барыахтаах.

Сүүрбэлии сыл маһынан оттунан олорор ыаллар, кырдьык, бааллар. Кинилэргэ быйылгыттан саҕалаан биирдиилээн, уочаратынан гааска холбонуу саҕаланыаҕа.

Социальнай газификациянан нэһилиэнньэ хото туһанар буолла. Былырыыҥҥыттан 1310 гаас ситимин стояга турда. Дьон сайаапкаларын “Сахатранснефтегазка” быһаччы эбэтэр кинилэр саайтарын нөҥүө биэрэллэр.

Оттон биһиги субсидияны ылыыга докумуоннары тутабыт, салҕыы хамыыһыйаҕа ыытабыт. Быйыл 65 дьиэ кэргэн субсидияҕа тигистэ. Билигин да докумуоннары тута олоробут.

Социальнай харалта управлениета 150 тыһ. солк. кээмэйдээх субсидияны гаас ситимин тардыыга эбэтэр номнуо тардыллыбыт ситим ороскуотун сабыыга биэрэр. Номнуо тардыллыбыт ситим ороскуотун толуйууга икки сылтан хойутаабакка, чектары барытын мунньан туран, сайаапка биэриэхтээхтэр. Социальнай газификациянан кыаммат араҥа, элбэх оҕолоохтор уонна анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ туһаныахтарын сөп.

 

СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэригэр

Аҕалар сүбэлэрэ үчүгэйдик көмөлөһөр

Анал байыаннаай дьайыыта төһө киһи ыҥырыллыбытай?

– Мархаттан 140 киһи анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллан барбыта. Кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр үлэ утумнаахтык ыытыллар. Салайар хампаанньалар хомунаалынай кыһалҕалары быһаарарга көмөлөһөллөр – уот ситимигэр, ититиигэ о.д.а. сыһыаннааҕы тута быһааран иһэбит.

Мархаҕа былыр-былыргыттан Аҕа сүбэтэ олус тэрээһиннээхтик үлэлиир (салайааччы Николай Баишев), кинилэр анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллыбыт уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр көхтөөхтүк көмөлөһөллөр, холобур, бу соторутааҕыта биир ыалга олбуордарын тутан биэрдилэр. Олохтоох урбаанньыттар, спонсордарбыт өйөбүл буолаллар. СВО-ҕа сылдьар аҕалаах оҕолору уһуйааҥҥа ылыыга эҥин Үөрэх управлениетын кытта үлэлэһэбит, үөскүүр кыһалҕалары кэмигэр быһааран иһэргэ кыһаллабыт.

ТОС тэринэр бары өттүнэн барыстаах

– Билиҥҥи кэм бэйэни салайыныытын биир көдьүүстээх ньыматынан ТОС (территориальные органы самоуправления) диэн түөлбэнэн салайыныы буолла, Марха нэһилиэнньэтэ маны төһө сэргиирий?

– “Севернай” кыбаарталга ТОС тэриллэн эрэр. “Айхал” ТСН эмиэ ТОС буоларгэ турунна. “Вторые дачи” оройуоҥҥа ДНТ, СОТ эбит буоллахтарына, билигин ТОС тэринэргэ сүбэлэһэллэр. Дьон ТОС буолууну олус интэриэһиргиир буолла, тоҕо диэтэххэ ТОС-тар граннарга уонна куонкурустарга кыттан олохторун-дьаһахтарын тупсарынарга үбүлээһини ситиһэр кыахтаналлар.

Сорох СНТ, ДНТ, СОТ бэрэссэдээтэллэрэ сүгүн үлэлээбэттэрэ эмиэ баар суол, маннык территорияларга биһиги сатаан киирбэппит, ол иһин олох-дьаһах кыһалҕаларын быһаарыыга нэһилиэнньэ көхтөөх буолара көдьүүстээх. Сырдатыы, суоллары оҥоруу курдук улахан бырайыактары граннар көмөлөрүнэн олоххо киллэрэн иһиэххэ сөп.

Сылаас тохтобуллар наадалар

Билиҥҥитэ хас сылаас тохтобул турда?

– 3 сылаас тохтобул киирбитэ. Олортон биирин, суол өрөмүөнэ барбытынан сибээстээн, атын сиргэ көһөрөллөр.

Быйыл 5-ис нүөмэрдээх оптуобус тиһэх тохтобулугар Малай Мархаҕа өссө биир сылаас тохтобул үлэлээтэ. Өссө да маннык сылаас тохтобуллары арыйан үлэлэтэргэ сайаапкаларбытын биэрэ турабыт, холобур, 1-кы нүөмэрдээх оскуола таһыгар, Маҕанныыр суолга сылаас тохтобуллар баар буолуохтарын баҕарабыт. Биһиги курдук куорат кииниттэн ыраах түөлбэҕэ, дьон уопсастыбаннай тырааныспарынан хото сылдьар хайысхаларыгар хайаан да сылаас тохтобуллар элбиэхтэрин наада.

 

Быйыл биһиги микрооройуоммутугар улахан баанньык үлэҕэ киириэхтээх. Муниципальнай баанньык буолбатах эрээри, концессионнай сөбүлэҥинэн тутуллар буолан, социальнай хайысхаланар – кыаммат араҥаҕа 50 бырыһыан чэпчэтиилээх буолар. “Факел” кулууп урукку дьиэтин сөргүтэн, коммуникациятын барытын хаттаан тардан үлэлэтиэхтээхтэр. Ааспыт нэдиэлэҕэ куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Георгий Гаврильев кыттыылаах көһө сылдьар мунньах буолан ааста, кэккэ соруктары туруордулар, ол иһигэр баанньык таһыгар сылаас тохтобул тутуллара наадатын эттибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...