Маргарита Шадрина: «Илиинэн үлэ куруук сыаналанар»
Бүгүҥҥү күҥҥэ дьонтон сакаас ылан баайыыны сүрүн үлэ оҥостубут киһи, арааһа, аҕыйах быһыылаах. Иистэнньэҥнэр курдук элбэҕэ суохтар диэн көрөбүн.
Маргарита Шадрина – Дьокуускай куорат олохтооҕо, тапталлаах кэргэн, икки оҕо ийэтэ, бэйэтэ интэриниэт-маҕаһыыннаах.
Баайарга эбэм үөрэппитэ
– Мин Ньурба улууһун Антоновка нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Обоевтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүм, бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт, соҕотох кыыспын. Убайдаахпын уонна икки бырааттаахпын. Аҕам полиция подполковнига, билигин биэнсийэлээх. Ийэм Ньурба Реабилитационнай киинигэр сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Оҕо сааһым, оскуолатааҕы сылларым барыта кыра бөһүөлэккэ ааспыта. Кырабыттан барыга-бары көхтөөх уонна уолаттары кытта улааппыт буоламмын, харса суох, бойобуой соҕус этим. 11-с кылааска диэри “Түһүлгэ киэргэллэрэ” диэн үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктаммытым. Үҥкүүбүтүнэн араас сирдэринэн айаннаан, наһаа да үтүө, сырдык кэмнэр ааспыттара, хаста да омук сиригэр тахсыбыппыт. Наталья Егоровна Васильева салайааччылаах “Түһүлгэ киэргэллэрэ” бүтүн нэһилиэк ансаамбыла буолан, элбэх киһи дьарыктаммыта. Үҥкүүнү таһынан сүүрэрбин сөбүлүүрүм. Ньурба оройуонун сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Дьокуускайга “Бэрэсидьиэн кубога” эстафетаҕа улуус аатыттан кыттан турардаахпын. Оҕо эрдэхпиттэн лидер хаачыстыбалаах буоламмын, кылааспар староста этим. Кыра кылаастарга аҕам курдук полиция үлэһитэ буолуохпун баҕарарым, бу санаатахха, биир үксүн, байыаннай таҥаһыгар ымсыырбыт буолуохтаахпын (күлэр). Эбэм Клавдия Семеновна Васильева баайарын сөбүлүүрэ, билигин да баайар. Мин олох кырабар киниттэн баайарга үөрэммитим. Бэһис кылааска сылдьан номнуо бэйэбэр шарфик, салфетка о.д.а. баайарым. Ол гынан баран улаатан истэҕим аайы баайыыбын букатын умна сылдьыбытым, сүрүн үлэ оҥостуом диэн өйгө да суоҕа.
Кэрэ эйгэтигэр киирии
– Ол оннугар үҥкүүбүн өрө туппутум. Оскуола кэнниттэн 2009 сыллаахха Дьокуускайга икки үөрэххэ тэҥинэн киирбитим – Култуура уонна искусство кэллиэһин хореография салаатыгар уонна Кооперативнай техникумҥа “Нолуок уонна налогообложение” идэтигэр. Биллэн турар, оҕо эрдэхпиттэн аргыс оҥостон кэлбит үҥкүүбүн талбытым. Бу үөрэхпэр үс сыл уон ый үөрэнэн, “ансаамбыл салайааччыта” идэни баһылаабытым.
– Маргарита, оччоҕо, дьэ, хаһааҥҥыттан баайан бардыҥ? Хайдах сүрүн үлэ оҥостубуккунуй?
– Үөрэхпин бүтэрэн баран идэбинэн үлэ көстүбэтэҕэ. Ол иһин Дьокуускайга “Лэтуаль” маҕаһыыҥҥа атыыһытынан киирбитим. Манна үс сыл үлэлээбитим. Ол кэнниттэн “Кэрэ буолуу” диэн салон арынан, урбаанньыт буолбутум. Хомойуох иһин, 2020 сыллаахха пандемия кэмигэр араас кыһалҕалар үөскээннэр, саломмун сабарга күһэллибитим. Бу саҕана үгүспүт да дьиэҕэ олорбута, араас хааччахтар киирбиттэрэ. Дьэ ол олордохпуна “Тугунан дьарыктаныахха сөбүй?” диэн санаалар кииритэлииллэр. Баайыыбын ити курдук саҕалаабытым. Букатын кыра кылааска үөрэнэ сылдьан баайбыппын санаан кэлэн, дьарыктанан барбытым. Аан бастаан трикотаж суумкалары баайан саҕалаабытым, сыыйа дьонтон сакаас ылар буолбутум. Онтон дьэ бэргэһэ, саарпык, куопта, плед о.д.а. оҥоһуктар утаппыттыы утум-ситим баайыллан барбыттара. Бассаап нөҥүө үлэлэрбин билэр дьоммор, аймахтарбар, дьүөгэлэрбэр ыытан көрдөрөн, бастакы килийиэннэр кэлбиттэрэ. Сыыйа социальнай ситимҥэ биллэрии таһаараммын, дьон сэргиирин, маннык өҥөҕө наадыйарын билбитим.
– Маргарита, кыһыҥҥы, сааскы кэмнэргэ бэргэһэлэри, саарпыктары атыылыахха сөп буолуо. Оттон сайыҥҥы кэмҥэ барыта тохтуур дуо? Сезоннай үлэ курдук дии.
– Бэйэм да дьиктиргиэм иһин, баайыы үлэни төгүрүк сыл устата тохтоло суох атыылаһаллар, үлэһэллэр. Сайыҥҥы өттүгэр маайка, купальник, дьахтар суумката, косметичка, сэлээппэ о.д.а. курдук табаардар атыыга хамаҕатык бараллар. Онон үлэ хаһан да тохтообот. Холобур, билигин сайыҥҥыга диэн 3 купальнигы үлэһэн олороллор.
– Бэрт эбит дии. Аны туран, килийиэннэриҥ наар дьахтар аймах, кэрэ аҥаардар буоллахтара.
– Ити эмиэ алҕаһааһын. Бүтүн дьиэ кэргэнинэн биир тэҥ кэмпилиэк таҥаһы сакаастыыр дьон баар. Эр дьоҥҥо наскылары, кээнчэлэри, моойторуктары, бэргэһэлэри, саарпыктары баайабын. Ийэлэр оҕолоругар эмиэ сөбүлээн баайтараллар.
– Үлэһэр дьонуҥ наар куораттар дуу, улуустары кытта эмиэ үлэлэһэҕин дуу?
– Интэриниэт-маҕаһыыннаах буоламмын, Арассыыйа куораттарыттан кытта сакаастыыллар, онон Саха сиринэн эрэ муҥурдаммаппын диэххэ сөп. Ыраах олорор дьоҥҥо почтанан ыытабын. Интэриниэт-маҕаһыыным үлэтигэр блогердар көмөлөһөллөр, кинилэр нөҥүө саҥа сурутааччылар кэлэллэр, сакаастар киирэллэр.
– Маргарита, ити аата баара-суоҕа икки эрэ сыл иһигэр идэҕин тосту уларытан, дьоҥҥо хобби курдук дьарыгы сүрүн үлэ оҥоһуннаҕыҥ дии. Буолаары буолан – бэрт ситиһиилээхтик саҕалаабыккын диэн көрөбүн.
– Оннук буолан тахсар. Атын ханнык да тэрилтэҕэ үлэлээбэппин. Сүрүн хамнастаах үлэм – баайыы. Маннык быһаарыныыны ылыммыппын сирбэппин, саҥа идэбин, үлэбин олус сөбүлүүбүн. Онуоха элбэх төрүөт баар. Холобура, күммүн, бириэмэбин бэйэм былаанныыбын, төһө сакааһы ыларбын, хаһан бүтэрэн килийиэҥҥэ туттарарбын бэйэм быһаарабын, кимтэн да тутулугум суох. Оҕолорбун көрөбүн, оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын, ас астыыбын – ийэ киһиэхэ мантан ордук дьол баар үһү дуо?! Тэрилтэҕэ үлэлиир буоллаххына, оҕолоруҥ, кэргэниҥ иннигэр куруук буруйдаах санана сылдьыаххын сөп. Аны туран бу дьарыкпыттан олох сылайбаппын, салҕыбаппын, төттөрүтүн, өр баайбатахпына ахтабын, илиилэрим да суохтууллар. Ханна да сырыттарбын, баайыыбын илдьэ сылдьарбын сөбүлүүбүн.
– Арааһа, билиҥҥиттэн купальник сакаастыыр буоллахтарына, халыҥ уочарат, элбэх килийиэн буолуохтаах...
– Баайыы таҥас олус үйэлээх, хаачыстыбалаах, киһи өр кэтэр. Онон сакаас киирэ турар, уонна миэхэ эрэнэллэриттэн даҕаны буолуон сөп. Саамай сүрүнэ, дьон кэлин илиинэн үлэни ордук сыаналыыр буолла. Сакаастыыр дьоммун барыларын блокноппар суруна, бэлиэтэнэ сылдьабын, кими да умнубаппын. Түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык үлэлииргэ дьулуһабын. Дьон сакааһын өр туппаппын, сып-сап оҥорон, тиксэрэн иһэрбин ордоробун. Сакаас быыстала суох киирэ турар буолан, сабы нэдиэлэҕэ хаста да ылабын. Онуоха сап сыаната ыараабыта наһаа хомолтолоох. Сорох дьон тугу эмэ баайтарыахтарын, баайыы таҥаһы кэтиэхтэрин баҕараллар эрээри, чопчу туохха, хайдах өҥнөөх, быһыылаах-таһаалаах таҥаска баҕаралларын, бэйэлэрин көрүүлэрин, санааларын кыайан этээччилэрэ суох. Оннук дьоҥҥо сүбэлээн-амалаан биэрэбин, өҥнөрүн талалларыгар көмөлөһөбүн. Оччоҕуна дьон наһаа махтанар. Баайарга үөрэппит тапталлаах эбэм Клавдия Семеновна миигинэн наһаа киэн туттар. Бэйэтэ төһө да 71 сааһыгар сырыттар, билигин да баайар.
– Эдэр, айар дьоҕурдаах киһи быһыытынан килийиэннэр болҕомтолорун тардар интэриэһинэй ньымалардаах буолуохтааххын.
– Биллэн турар, интэриниэт-маҕаһыыммын куруук сэргэхситэ сылдьабын, оҥоһуктарбын таһаарабын. Аны туран элбэх оҕолоох ийэлэргэ чэпчэтиилээхпин, ардыгар араас аахсыйалары оҥоробун уонна миигиттэн дьоҥҥо бэлэх оҥорорго “Бырааһынньыктааҕы сертификаты” атыылыыбын. Инникитин Дьокуускайга дьаарбаҥкаҕа кыттыахпын баҕарабын. Бэйэм үлэлэрбин билиһиннэрэн, дьон сыанабылын истэн, быдан сайдыам этэ дии саныыбын.
– Дьэ, оттон саппыкыта суох саппыкыһыт диэн баар буолар. Бэйэҕэр уонна дьиэ кэргэҥҥэр төһө баанаҕын? Сорох иистэнэр, баайар дьон бэйэбитигэр олох бириэмэ тиийбэт диэччилэр...
– Бэйэбэр уонна оҕолорбор, кэргэммэр куруук баайабын. Уолаттарым үтүлүктэрэ, наскылара, кээнчэлэрэ – барыта бэйэм үлэлэрим. Онон маҕаһыынтан хотуобайы ылбаппыт. Билигин бэйэм баайбыт бэргэһэлээх саарпыкпын кэтэ сылдьабын. Интэриэһиргии көрбүт дьон ыйытар.
– Кэргэниҥ Андрей Шадрин “Туймаада” вокальнай бөлөх солиһа, култуура эйгэтигэр үлэлиир. Бэйэ-бэйэҕит дьарыктаргытын, үлэлэргитин хайдах ылынаҕытый, хайдах ситэрсэн биэрэҕитий?
– Биһиги Андрейдыын устудьуоннуу сылдьан ыал буолбуппут. 2009 сыллаахха билсибиппит, 2011 сыллаахха холбоспуппут. Онон Шадриннар диэн ыал аатын ылан олорбуппут 11 сыла буола оҕуста, икки уол оҕолоохпут. Биллэн турар, ханнык баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ таптал уонна өйдөһүү наада. Кэргэним ырыаһыт, ансаамбыл биир тутаах солиһа, онон кэлэрэ-барара, гастроллуура элбэх. Онтон мин ыал ийэтэ буоларым быһыытынан оҕолорбун бэрийэбин, киэһэтин кэргэммин ас астаан тоһуйабын. Бэйэ-бэйэбит идэбитин куруук өйдүүбүт, ханнык да түгэҥҥэ көмөлөсүһэбит. Билигин мин дьарыкпын, баайарбын эмиэ олус өйүүр, бастакы сыана быһааччым кини буолар, ардыгар баайбыт таҥастарбар модель да буолан ылар (күлэр). Онон, өйдөһүү ыал дьоҥҥо улахан оруолу оонньуур.
– Иллэҥ кэм диэн эйиэхэ баар дуо?
– Бириэмэ баар буоллаҕына, бары дьиэ кэргэнинэн сынньанарбытын сөбүлүүбүт. Испэктээккэ, киинэ тыйаатырыгар, сайынын пааркаҕа, минньигэс астаах эрэстэрээннэргэ сылдьабыт. Ардыгар оҕо сааһым, устудьуон кэминээҕи дьүөгэлэрбин кытта көрсөбүт. Биһиги тэрээһиннэрбит барыта араас тиэмэлээх буолаллар, анаан-минээн бэлэмнэнэн ахан кэлэбит. Көрү-нары көҕүлүттэн тутан, оонньоон-көрүлээн, куонкурустарга кыттан, астынан ахан тарҕаһабыт. Маннык дьоро киэһэлэр өйгө-санааҕа наһаа үчүгэй өйдөбүл буолан хаалаллар.
– Маргарита, истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Инники үлэҕэр, дьоҕус бизнескэр ситиһиилэри баҕарабын.