03.02.2022 | 13:00

Мантан саас үүнээйи олордуута

Мантан саас үүнээйи олордуута
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Арассааданы олордуу, үүннэрии уустук дьыала. Төһө ааҕыллан-суоттаныллан уонна төһө көрүүгэ-истиигэ турарыттан улахан тутулуктаах.

Арассаада тоҕо ыалдьарый?

Арассааданы күн уһуу илигинэ олордубут буоллаххына, эрдэ тыллан, күн сырдыга тиийбэтиттэн ыалдьан өлөр аакка барар. Холобура, биһиги сайыммыт олус итии буолар, инньэ гынан хойут да үүммүт оҕурсубут, помидорбут кэмигэр ас биэрэр. Билигин, тохсунньу ыйга, баклажаны, порей луугу, дьэдьэни ыһыахха сөп. Кинилэр уһун хонуктаах буоланнар, бытааннык ситэллэр.

 

Сиэмэни хайдах талабыт?

Сиэмэни анал маҕаһыыннартан атыылаһа сатааҥ! Бородуукта маҕаһыыныгар эбэтэр таҥас ырыынагар атыыланар сиэмэлэртэн ааһа туттуҥ.

Хаачыстыбалаах сиэмэлэр чэпчэки сыанаҕа атыыламматара чуолкай.

“Распродажа”, “Акция” диэн суруктары көрүмэҥ. Бу аата сиэмэ болдьоҕо тахсан эрэр.

Сиэмэ атыылаһаргытыгар болҕомтоҕун дьэрэкээн өҥөр-дьүһүнүгэр буолбакка, табаар уонна оҥорон таһаарыы туһунан иһитиннэриигэ хатаа. Сиэмэни ылыах иннинэ суругун-бичигин болҕойон ааҕыҥ.

Куруук биир суортарга эбэтэр биир оҥорон таһаарааччыга охтумаҥ.  Тута хас да ааттаах-суоллаах сиэмэни атыылаһан, араас суордун хаачыстыбатын сыаналыаххытын уонна чиэһинэйдик оҥорон таһаарааччыны талыаххытын сөп.

Көннөрү салапааҥҥа, кумааҕыга кутуллубут сиэмэни атыылаһа сатаамаҥ.

Гибрид дуу, суортабай сиэмэ дуу?

Гибрид сиэмэлэри «сиэнчэрдэр” дииллэр. Суорт аатыгар F1 диэн суруктаах буоллаҕына, ол аата бастакы көлүөнэ гибрид-үүнээйитэ дэнэр. Икки уонна онтон элбэх суорду булкуйуу түмүгэ буолар. Маннык сиэмэ биир сыллаах буолар уонна аһа барыта биир тэҥ кээмэйдээх, үрдүк үүнүүлээх, бөдөҥ.

Суорт сиэмэ – өр сыллаах сыралаах үлэ түмүгэ. Суортабай сиэмэ хас эмэ сыллар тухары үүннэриллибит, үчүгэйдик үөрэтиллибит.

Дражеламмыт сиэмэ – кэнники сылларга атыыга хамаҕытык таҕыста. Сыаната боростуойтан икки бүк ыарахан. Бу ыарыыттан көмүскүүр, харыстыыр эттиктэринэн бүрүллүбүт сиэмэ. Ордук моркуоп, томат, салаат, петрушка уо.д.а. үүнээйи сиэмэтин дражелыыллар. Саамай интэриэһинэйэ диэн, маннык сиэмэ улахан ууга наадыйбат, буора сииктээх эрэ буоларын ирдиир. Буорун куруук көбүтэр ордук. Бэлиэтээн эттэххэ, боростуой сиэмэтээҕэр үүнүүнү биэриитэ 10-25% үрдүк.

Саамай бэрэбиэркэлэммит, силигин сиппит, сыалын толорбут сиэмэ – күһүҥҥү үүнүүттэн хомуллубут сиэмэ. Бу ордук сайыҥҥы сибэкки сиэмэлэригэр туһалаах ньыма. 

Тэпилииссэни хаһан бэлэмниибит?

Билигин дьон үксэ поликарбонат тэпилииссэни туруорар буолла. Кыһын да, сайын да кини өрүү сылаас, сылаас салгыны киллэрэр, оҕуруоту ыарытыннарбат. Тэпилииссэни олунньу ыйтан саҕалаан хаар кутан буорун сымнатар ордук. Буор сиигирэн араас микроэлеменнарынан элбэтэр. Поликарбонат тэпилииссэни халлаан сылыйдаҕына хаһаайыстыбаннай мыыланан сууйуохтааххыт, оччоҕо сезону ыраас тэпилииссэлээх көрсөҕүт.

Тэпилииссэ буорун сааһыары уларытар наада. Ордук перегной уонна кумах кутуллара көдьүүстээх. Саамай сүрүнэ, буор эрэ буолуо суохтаах. Буор быыл курдук бурҕайа сытар буоллаҕына, састаабын тупсарыахха наада.

«Ленточнай» моркуобу ким олордоруй?

Сорох дьон бэйэлэрэ “ленточнай” оҥороллор. Хайгыыллар. Туалетнай кумааҕыга хойуннарыллыбыт (сгущенай) үүтүнэн сиэмэлэри сыһыарталыыллар, хас да эрээт буолар гына. Хаппытын кэннэ биирдии эрээт тахсарын курдук гына кырыйан, рулон курдук эрийэн уураллар. Саас ону сиигирдэн баран бөскөйбүтүн эрэ олордоллор.

 

Сүбүөкүлэ туһунан

Сүбүөкүлэни арассааданан олордор ордук. Арассаадаламмыт үүнээйи түргэнник ситэр, сиэмэнэн ыстаххына, сороҕо тахсыбат. Сүбүөкүлэ биир сиэмэттэн биэс тахсар. Ону улаатыннарбакка көһөрүөххэ наада. Саамай куттала,  сүбүөкүлэни кыра эрдэҕинэ хап-хара үөн сиир. Ону күн аайы көрөн үөннүөххэ наада.

 

Арассааданы олордууга уопсай сүбэлэр

Оҕуруот аһын арассаадалыырга билигин арыый да эрдэ курдук. Ол да буоллар быйыл сааспыт эрдэ кэлэн соһуттаҕына, хойутаан да хаалыахпытын сөп.

Маҥнайгытынан, сөптөөх буору бэлэмнээҥ. Саамай үчүгэй уонна иҥэмтэлээх буор – кумахтаах хара буор буккуспута. Эбэтэр, кыахтаах буоллаххытына, араассаадаҕа маҕаһыынтан бэлэм буору атыылаһар ордук. Кыаллыбат түгэнигэр, тэлгэһэбит иһигэр баар перегной буорбутун киллэрэн ириэрэн, марганцовкалаан, итии уулаах туттабыт. Арассаада буорун сиидэлиир хайаан да наада.

Иккиһинэн, сиэмэни батары анньаргытыгар буоргутугар уу үчүгэйдик кутуллар буолуохтаах. Бэлэмнэммит лууҥкалар икки ардылара 3 см кыра буолуо суохтаах.

Үсүһүнэн, арассааданы күн уотугар туруордаххытына, сырылаччы күн сиэн кэбиһэр. Сөбүгэр соҕус сөрүүннээх, арыый күлүктээх сиргэ туруоруҥ.

Төрдүһүнэн, буор температурата дьиэ температуратын кытта ыкса сибээстээх. Аны туран, хас биирдии олордууга аналлаах буордар баалларын үөрэтиҥ. Кумахтаах буор барыларыгар сөп түбэспэт.

Бэсиһинэн, ууну сэрэнэн кутуҥ. Үнүгэс тахса илигинэ уу кутуллубат. Буоргут аһары куурар түгэнигэр, марганцовкалаах уунан ыстаран биэриҥ.

Торфаны туһанааччыга

Уопуттаах оҕуруотчуттар хаптаҕай таблеткалары, баай айылҕа бары уоҕурдууларын сүрдээҕин сэргээн тутталлар. Маҥнай, иһиккит анныгар бэлэм буору кутуоххут иннинэ, бу торфалаах таблетканы уган олбохто оҥоруҥ. Торфа сииги үчүгэйдик оборор уонна олордууну ыарытыннарбат.

 

Муох

Айылҕа муоҕун маҥнай ыраастыыбыт, оргуйбут ууга чаас аҥаара сытыаран ылабыт. Муох сииги үчүгэйдик тардарынан биллэр уонна салгыны оонньотор. Арассаадаҕыт буора аһары кууран өлөн хаалбатын туһугар, иһиккитигэр муохта кутан биэриҥ. Үөн-көйүүр да тыытыа суоҕа. Өлбүт арассаадаҕа муох эмиэ туһалыыр дииллэр. Аҥаардас муохтаах ууга угаҥҥыт хаттаан силис тартаран ылыаххытын эмиэ сөп. Туһата баһаам!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....