Маннык саала Саха сиригэр суох!
Сайсары түөлбэтигэр, Ильменскэй уул., 27-гэр турар спорт комплекса бэрт кылгас кэм иһигэр тутуллан бүппүтэ, этэргэ дылы, көрүөх бэтэрээ өттүгэр дьэндэйэн тахсыбыта. Быйыл сайын Арассыыйа күнүгэр аанын тэлэччи аспыт саҥа эбийиэк баазатыгар Дьокуускай куораттааҕы 9-с №-дээх Оҕо спорт оскуолата (дириэктэр В. Рязанскай) үлэлээн саҕалаата. Манна оҕолор уус-уран гимнастикаҕа, көҥүл тустууга, пауэрлифтиҥҥа (саха многоборьетыгар), боксаҕа, сахалыы остуол оонньууларыгар уһуйуллуохтара.
Баҕа санаабыт туолла!
Таисия Витальевна Макарова, уус-уран гимнастикаҕа уһуйааччы:
– Күүтүүлээх саалабыт арыллан, үөрүүбүт-көтүүбүт үгүс. Уус-уран гимнастикаҕа оҕолору толору хааччыллыылаах анал саалаҕа дьарыктыыр баҕа санаабыт туолла. Бу түгэни уон сыл кэриҥэ кэтэспиппит!
Эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирбитигэр, Оҕо спорт оскуолатын иһинэн уус-уран гимнастика салаата арыллыбытыгар СӨ Уус-уран гимнастикаҕа федерациятын бэрэсидьиэнэ Людмила Валерьевна Николаеваҕа махтанабыт. Кини үтүөтүнэн, өҥөтүнэн биһиги көрүҥмүт сайдар, саҥа таһымҥа тахсар. Кыргыттарбыт уус-уран гимнастиканан буор босхо дьарыктанар кыахтаннылар. Бу олус үчүгэй!
Маннык саала өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ханна да суох: дьиэ үрдэ 15 миэтэрэттэн тахса, үс көбүөрдээх, үс помостаах. Уопсайынан, бары ирдэбилгэ хоруйдуур, дьарыктанарга тупсаҕай усулуобуйа тэрилиннэ!
Саҥа саҕалааччылары, ону тэҥэ бэлэмнээх, уруккуттан сылдьар кыргыттары тус-туспа ньыманан дьарыктыыбыт. Баҕалаах наһаа элбэх, ол эрээри миэстэ хааччахтаах. Итиннэ биири этиэхпин баҕарабын: быйыл саҥа киирбит кыргыттар – дьоллоох оҕолор, маннык улахан сүүмэрдээһин аны өтөрүнэн буолуо суоҕа.
Инникитин сабыс-саҥа саалабытыгар уус-уран гимнастикаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэхтэһии, Уһук Илин, баҕар, ону ааһан Бүтүн Арассыыйа таһымнаах улахан түһүлгэлэр ыытыллыахтара.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үксүн эр киһиэхэ аналлаах көрүҥнэр ордук сайдыбыттар диэххэ сөп, холобур, көҥүл тустуу, дзюдо, бокс уонна хамаанданан оонньуулар, дуобат, саахымат. Кыыс, дьахтар аймахха аналлаах көрүҥ суоҕун тэҥэ. Оттон уус-уран гимнастика – кыргыттарга саамай табыгастаах уонна оҕону эргиччи сайыннарар көрүҥ. Бастатан туран, эт-сиин өттүнэн, иккиһинэн, дьиссипилиинэҕэ, бэрээдэккэ, бэйэни көрүнэргэ, үсүһүнэн, тутта-хапта сылдьарга, төрдүһүнэн, музыканы истэргэ, бэсиһинэн, тулуурдаах, кыаххар эрэллээх буоларга, алтыһынан, бириэмэни сатаан аттарынарга. Итинник үтүө өрүтүн, туһатын төһө баҕарар ааттыы туруохха сөп.
Кыргыттар 3-7 саастарыттан гимнастика баазатын ылыахтарын наада. Ити сааһыгар кыыс оҕо организма имигэс буоларга бэлэм, этэ-сиинэ, координацията да түргэнник сайдар. Чинчийии көрдөрбүтүнэн, киһи мэйиитин 80%-нын хамсаныы сайыннарар. Онон оҕону кыра сааһыттан дьарыктыыр ордук.
Билигин оҕолор сүүрбэт-көппөт, хамсаммат, олбуор иһигэр оонньообот да буоллулар. Аныгы үйэ дьонун сүрүн өстөөхтөрө – гаджет, ютуб. Оттон спорду кытта доҕордоһор оҕо төлөпүөнү талкыйар, таах олорор солото да суох. Оҕо тугу эрэ саҥаны сатаатаҕына, ситиһиилэннэҕинэ, дьоллонор, астынар. Спорт – бастыҥ эндорфин, дофамин!
Саха многоборьета инникилээх!
Леонид Филиппов, «Дыгын оонньуулара-2020» күрэх муҥутуур кыайыылааҕа:
– Быйылгыттан тренер быһыытынан үлэбин саҕалаан эрэбин, оҕолору дьарыктаан, бэйэм уопуппуттан үллэстиэхпин баҕарабын.
Дьиҥэр, бу 9-с №-дээх Оҕо спорт оскуолатыгар саха многоборьета туспа көрүҥ быһыытынан суох, пауэрлифтинг баар. Саха многоборьетын баазата сүнньүнэн пауэрлифтинтан турар диэн санааттан, салалтаны кытары сүбэлэһэн, сөбүлэһэн баран, «Национальное многоборье на базе пауэрлифтинга» диэн сонун хайысханы киллэрдибит.
Уолаттары сэттэлэриттэн дьарыктаан, саастарын ситэллэригэр номнуо ситиһиилээх оҕолору таһаарыахтаахпыт диэн сыаллаахпыт-соруктаахпыт.
Оҕо атаҕа, сиһэ күүстээх, имигэс, сымса буоллаҕына, ханнык баҕарар көрүҥү баһылыыр, түргэнник да ылынар кыахтаах уонна ыарырҕаппат да буолар дии саныыбын. Ол иһин тренер быһыытынан сүрүн болҕомтобун сиһи уонна атаҕы эрчийиигэ ууруоҕум.
Саха төрүт көрүҥнэрэ сайдан, аан дойду таһымыгар тахсар кыахтаннылар. Холобур, мас тардыһыыта, хапсаҕай дьон-сэргэ киэҥ сэҥээриитин ылла. Саха многоборьета даҕаны хаалсыбат, инникилээх.
Кэнэҕэскитин многоборье сайдыбыт регионнарыгар – Горнай Алтаайга, Бурятияҕа, Тываҕа, Казахстаҥҥа, Кыргызстаҥҥа элбэхтик сылдьыахпытын, күрэхтэһиилэргэ кыттан иһиэхпитин наада.
Оҕо ааҕа-суоттуу үөрэнэр
Михаил Михайлович Петров, сахалыы остуол оонньууларыгар (хабылык, хаамыска) уһуйааччы:
– Бу иннинэ Саха судаарыстыбаннай университетыгар – үс сыл, онтон 34-с №-дээх оскуолаҕа 26 сыл үлэлээбитим. Быйыл Сайсарыга Оҕо спорт оскуолата аһылларын истэн, бэйэм көрүҥмэр оҕолору дьарыктыам диэн баҕа санаалаах кэлбитим. Дьиэбит-уоппут сабыс-саҥа, наһаа үчүгэй, саалата кип-киэҥ.
Оҕолору 3-4 кылаастан дьарыктыыр ордук. Тоҕо диэтэххэ ити сааһыгар оҕо толкуйдуур дьоҕура, тарбахтара, нууччалыы эттэххэ, моториката сайдар, ааҕа-суоттуу үөрэнэр.
Манна Сайсары түөлбэтигэр эрэ олорор оҕолор сылдьыбаттар, куорат хайа баҕарар уокуругуттан кэлиэхтэрин сөп. Кыһын тымныыны аахсыбакка, күн аайы дьарыктаныахтаахтар.
Хайаан да сатыыр эрэ оҕолору ылабыт диэн сыыһа санаа. Саҥа саҕалыыр оҕоҕо тута хаамысканы туттаран кэбиспэппин, элбэхтик мээчик быраҕаттыан наада, оннук гынан хабар рефлексин үөрэтэбин.
Оҕо дьарыктан оонньоон, астынан дьиэлиэхтээх, ол иһин кини интэриэһин күөдьүтэргэ кыһаллабын. Итиэннэ үөрэнээччи кыаҕын хайаан да учуоттуубун. Баҕалаах, күүстээх буоллаҕына, ситиһии син биир кэлэр. Онуоха күн аайы эрчиллиэхтээх, дьиссипилиинэҕэ үөрэниэхтээх. Холобур, киһи сарсыарда сэрээккэлээбэтэҕинэ, туга эрэ тиийбэт курдук буолар дии. Оҕо оннук үөрүйэх оҥостуохтаах, дьарыгын биир да күн тохтотуо суохтаах.
Мин аан бастакы оонньуум 1994 сыллаахха буолбута. Ити устудьуоннуу сылдьан. Ол саҕана биһиги көрүҥмүт соччо биллибэт-көстүбэт этэ. Онно холоотоххо, билигин сайынныбыт, маастарбыт да элбээтэ.
Санатар буоллахха, саҥа эбийиэк «Демография» национальнай бырайыагынан тутуллан, быйыл сайын ыытыллыбыт «Азия оҕолорун» көрсө үлэҕэ киирбитэ. Тупсаҕай тутуулаах спорт комплекса – Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар нэһилиэнньэҕэ бастыҥ бэлэх!
Ааптар түһэриилэрэ