01.11.2024 | 16:00

Маннык эмиэ буолар...

Маннык эмиэ буолар...
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Арахсыы төрдө-төрүөтэ үксэ биир: майгыларынан тапсыбатахтар, нууччалыы эттэххэ, “характерами не сошлись” диэн буолар.
Урут, ааспыт үйэҕэ диэххэ, ыал арахсыыта аҕыйах этэ. Суут араарымаары холбуу сатаан, араас миэрэни барытын туттара. Билигин сорохтор, уруу тэрийээт, аҕыйах сыл олороот, арахсар аатыгар бараллар, сорох төрөппүттэр сыбаайба оҥорбут кирэдьииттэрин төлүүн бүтэрэ да иликтэринэ оҕолорун суоллара икки аҥыы хайдар.

Аныгы дьон эйэлээхтик, өйдөөхтүк, улахан тыаһа-ууһа суох арахсаллар. Оҕолорбут тустарыгар диэн буолар. Ол аата салгыы билсэллэр, көмөлөсүһэллэр, ханнык эмит түгэҥҥэ өйөһөллөр.

Икки аҥыы барбыт дьон олохторун оҥостоллоро, туһунан ыал буолан олороллоро бааламмат. Онтон сороҕор отоойкоҕо, этэргэ дылы, холуоһаҕа олордон кэбиһии эмиэ баар эбит. Бүгүн мин ааспыт үйэҕэ атаҕастанан, эрин тулуйа сатаан баран арахсыбыт уонна билиҥҥи үйэҕэ кэргэниттэн арахсан атын дьолу көрдүү сатаабыт икки дьахтар кэпсээнин таһаарыам.

 

Сымыйа таптал эбит

Мин кэргэммин кытары ыһыыта-хаһыыта, харах уута суох арахсыбытым. Суукка дьыаланы бэйэм биэрбитим. Туох да этиһии суоҕа, барыта холкутук ааспыта. Тоҕо диэтэххэ икки өттүттэн арахсарга быһаарыммыппыт, хайа-хайабыт көрдөһүү, тохтотуу диэн суоҕа. Биричиинэбит диэн – бэйэ-бэйэбитин таптаһан бүппүппүт, салҕыы олорорго төрүөт суох курдук буолбута. Ол эрэн биһиги доҕордуу сыһыаннаах хаалбыппыт. Манна диэн эттэххэ, иккиэн көҥүллүк устарга быһаарыммыппыт.

Кэргэним ыал буолбута, мин онтон үөрбүтүм эрэ. Бэйэм эр дьону кытта хайдах эрэ табыллыбаппын, ол да буоллар санаабын түһэрбэт этим. Бириэмэ өссө да баар, тапталбын син биир булуом диэн эрэнэрим.

Биир үтүө күн кинини көрүстүм. Андрейы. Олоҕум олох атахпыттан төбөм оройугар диэри таҥнары эргийэн хаалла. Андрейым күн аайы үөрдэрэ, тылынан да, бэлэхтэринэн да. Куорат устун күүлэй бөҕөтө, паарканан, киинэнэн, тыйаатырдарынан. Романтика диэн бу буоллаҕа! Мин дьэ дьиҥнээх тапталбын көрүстүм диэн толору эрэммитим. Билигин эрэ кэлэн саныыбын, тапталга куустаран, ылларан, өйбүн сүтэрбит эбиппин.

Биир сарсыарда тапталлааҕым эрийэн саахалга түбэстим, суһаллык харчы наада диэтэ. Мин толкуйдуу, ыйыта да барбатым, каартабар баар харчыны олоччу ыытан кэбистим. Бу кэннэ киһим сүтэн хаалла. Икки-хас хонон баран эрийдим, ким да эппиэттээбэт. Онтон нэдиэлэ буолан баран билиннэ, балыыһаҕа сыппыт, эппиэттиир кыаҕа суох үһү. Өссө эйиэхэ олус махталлаахпын диэн үөртэ, долгутта. Мин акаары барахсан итэҕэйии бөҕө. Бу кэннэ сыһыаммыт иккис тыынын ылла. Бииргэ олордубут, киһим бүтүннүү миэхэ көһөн кэллэ. Ол да иннинэ бииргэ этибит эрэри, Андрейым кэлэ-бара сылдьара.

Түүн миигин балыыһаҕа үлэбэр ыҥырдылар. Киһибэр этэн баран бардым. Тиийээт сарсыарда алта эрэ кэннэ кэлэр буоллум диэтим. Онуоха киһим, настарыанньабын көтөҕөн, бүгүн үлэлээбэт күнүм, онон дьиэни-уоту хомунуом диэн үөртэ.

Арай дьиэбэр кэлбитим, ааным аһаҕас турар, нэлэччи буолбатах, күлүүһүнэн хатамматах эбит. Кыбартыырабыттан тэлэбиисэрбин, планшеппын, көмүспүн, компьютербын, ноутбукпун барытын уоран барбыттар. Туох баар сыаналаах малбын барытын. Андрейым миигин халаабыт! Тута эрийдим, туох буоллай диэммин. Онуоха быһаара сатыыр, иэс бөҕөлөөх этим, кэппиэйкэтигэр тиийэ төннөрүөм диир. Оо, ол кэннэ мин олох иэдэйдим, нэдиэлэ курдук “дөйөн” баран сырыттым. Олох да миигин туһанан олорбут, таптаабыта буолбут эбит. Туох баар малбын уораары, эрдэттэн барытын былааннаан сылдьыбыт. 

Күн-дьыл ааста, аны эр дьоҥҥо букатын эрэммэппин. Бу сылтан төһө да икки сыл аастар, кинилэр диэки хайыһан да көрүөхпүн баҕарбаппын. Оччо кэлэйбитим, хомойбутум. Ама мин киһи албынныыр, атаҕастыыр киһитэбин дуо? Эмиэ даҕаны эдэр кыыс оҕо буолбатахпын, үчүгэй тэрилтэҕэ үрдүк хамнастаах үлэлээхпин, массыыналаахпын, сааһым да отуччам буолла. Дьиҥэр, тапталга наһаа ылларбатаҕым буоллар, кинини эрдэттэн масыанньыгын, уоруйаҕын сэрэйиэ да эбиппин. Суукка кини дьайыыларыттан эчэйбит дьон бааллара. Эбиитин өссө кэргэннээх эбит этэ.

Дьэ бу кэннэ кимиэхэ эмит эрэниэххэ сөп дуо? Бу ыйытыыга, хомойуох иһин, бэйэбэр эппиэт суох. Кимниин да истиҥ сыһыаны олохтуур баҕам да, сэниэм да суох. Боруоста тостон баран сылдьабын. Ол да буоллар оҕолонуохпун, дьиэ кэргэн тэриниэхпин баҕарабын ээ. Онуоха ити ааспыт суолбун, кутталбын хайдах гынан суох оҥоробун? Дьэ, ити курдук “тапталым” биир остуоруйатын кэпсээтим.

 


Атаҕастанныҥ да, икки атаххынан куот

Василиса:

– Арахсыы билигин да сытыытык турар тиэмэ. Тус бэйэм олохпор арахсыыны ыардык көрсүбүтүм. Биһиги, сэбиэскэй кэмҥэ иитиллибит кыргыттар, уолу кытта билсэн, чугастык доҕордоһон баран ыал буоларбыт, билиҥҥи кэм курдук «олорон көрүөм, онтон быһаарыныам» диэн буолбат этэ.

Мин билсибит уолбун кытта ыал буолардыы сананан доҕордоспутум. Оттон кини миигинэн оонньуур эрэ былааннаах эбит. Биллэн турар, ону кэнники билбитим. Ол да буоллар саахсаланан, ыал буолан олорон испиппит. Сотору киһим иһэрэ элбээн, табаарыстарыгар, оннук-маннык билэр-билбэт дьонугар күнүүлүүрэ, кыраттан да кыыһырара, тымтара, иһэн кэлитэлиирэ элбээбитэ. Оччолорго 18-таах эрэ этим, кини миигиттэн алта сыл аҕа. “Иһимэ, киһилии ыал буолуох” диэн элэ-была тылбын истэ да барбат этэ. Биирдэ табаарыстарыгар ыалдьыттыы бардыбыт. Мин испэр баҕарбат буола-буола барыстым. Ол да тиийэн ыалдьыттаан диэн, саҥата суох кэпсэтиилэрин истэн эрэ олордум. Билбэт дьонум буоллаҕа. Дьиэбитигэр олох хойут кэлбиппит, дьэ онно киирээт да “ол табаарыһым инник көрдө, тоҕо көрдө...” диэн олоҕо суох ыйытыктары биэрэн, күнүүлээн барда. Дьиҥэр, мин кини табаарыстарын саҥа көрөр этим буоллаҕа, түмүгэр олох да көссүүлэһэр эбиккит диэтэ уонна бастакытын онно илиитин көтөхпүтэ. Мин уолуйан хааллым, олус соһуйдум, хомойдум даҕаны. Ити кэнниттэн мин кэргэммиттэн куттанар, хас хамсаныытыттан, көрүүтүттэн дьигиҥнии сылдьар буолбутум. Эбиитин онно-манна сылдьар, күүлэйдиир эбит диэн өссө уорбаҕа киирэрим. Биллэн турар, итинник олохтон туох үчүгэй тахсыай.

Сотору кэминэн эдэр ыал бастакы оҕолонор сибикибит биллибитигэр үөрэ кэпсээбиппин эмиэ уорбалыы, күтүрүү ылыммыта. Оҕом куотаары гынар буолан, балыыһаҕа киллэрэн эмтээтилэр, онно “тоҕо бачча өр тугу гына сытаҕын” диэн кэлэн эмиэ кырбаата. Онно, хата, оҕобут куоппакка, этэҥҥэ төрүөхтээх кэмигэр төрөөбүтэ. Итинник быһыылар кэннилэриттэн мин арахсарга санаммытым эрээри, арахсыы диэн хайдах-туох буолуохтааҕын олох билбэт этим; араҕыстым да, киһим кэлэн өлөрөр диэн куттал баара. Ол да буоллар кырачаан оҕобун ылан баран ийэбэр тиийбиппин, ийэм “олох арахсан ол-бу буолума, дьон манна туох диэхтэрэй” диэн суобаһырҕатан эрбэр төннүбүтүм. Кырдьык дьон туох диэҕэй диэн санаа, кыбыстыы баара. Билигин санаатахпына, ол кырбана-кырбана олорорбун дьон билбэт, наадыйбат да буоллахтара. Бэйэм ханна да олох кыайан сылдьыбат, кими да кытта алтыспат гына сабыллан хаалбытым. Өрүү түүннэри-күннэри олох олорор буолбакка, ханнык эрэ куһаҕан киһиэхэ хаайыыга түбэспит курдук сананарым. Оннук эдэр, кэнэн эбиппин.

Итинник ыарахан олоххо уонтан тахса сыл олорон баран синим биир диэн, ол эрээри өйбүн туппут сааспар, чахчы маннык олох сатаммат, доруобуйабын кэбирэтииһик, оҕолорум да охсуу ылыыһыктар диэн арахсыбытым. Хойутаан да буоллар эрээри, оҕо син биир охсуу ылар эбит. Онон, эдэр кыргыттарга, ийэлэргэ сүбэлиэм этэ, оруна суох үөҕэр, күнүүлүүр, өссө эбиитин илиитин көтөҕөр киһиттэн тутатына куотуҥ, тулуйан олорумаҥ диэн. Мин сыыһам диэн, өрүү көнүөҕэ, сыыһатын өйдүөҕэ диэн эрэнии уонна, билигин санаатахпына, итинник дьон буруйдарын билиммитэ буолан олус түргэнник бырастыы гыннарар идэлээхтэр эбит. Ити олох сымыйа. Итэҕэйимэҥ. Арахсабыт диэн тыл көтөхтүгүт да, арахсыҥ, тахсан барыҥ, төннүмэҥ. Мин арахсабын диэн барар этим эрээри, оҕоттон сылтаан кэлэр этим. Оҕо аҕата суох улаатыа дуо диэн. Ол эрээри итинник киһи оҕоҕо да иитиини кыайан биэрбэт эбит. Оҕотугар эмиэ кырыктаах сыһыаннаах буолар.

Арахсыы араастаах: киһиҥ иһэр, күнүүһүт, билигин дьахтары кырбыыр, атаҕастыыр киһини абьюзер (домашнее насилие) дииллэр, онтон барытыттан дьахтар, ийэ хайдах көмүскэниэхтээҕий? Ол саҕана, 90-с сылларга, ким да эйигин көмүскээбэт, бэйэҕин бэйэҥ эрэ көмүскэнэр кыахтаах этиҥ. Кэргэннии сыһыан диэн олох орооспот буолаллара. Ол иһин элбэх эдэр ийэлэр дьиэлэригэр кырбанан суорума суолламмыт да чахчылара баара. Онон, арахсыынан оонньоомоҥ, төрүөт баар буоллаҕына, арахсаргыт ордук диэн бэйэм олохпуттан сүбэбин этэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....