13.04.2023 | 10:00

Мандар Уус: «Олоххо туох барыта хайаан даҕаны икки күүс алтыһыытыттан турар...»

Мандар Уус:  «Олоххо туох барыта хайаан даҕаны икки күүс алтыһыытыттан турар...»
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар кэм олоҕу хамсатар дьонноох буолар. Биһиги кэммит оннук киһитинэн Борис Федорович Неустроев-Мандар Ууһу ааттыыбыт. Кини саха олоҕун үөрэппит, өбүгэ ойуутун-мандарын хомуйан түмпүт, үчүгэй ойууһут, уус, мындыр толкуйдаах тумус туттар киһибит, ыал аҕа баһылыга, эһэтэ буолар. 
Саха норуотун суолдьут сулус оҥостор ытык киһитин кытта эр киһи аналын, уол оҕо иитиитин, төрүт дьарык суолтатын туһунан билиҥҥи кэмҥэ сыһыары тутан кэпсэттибит.

Кэми кытта тэҥҥэ уларыйан иһиэхтээх

– Борис Федорович, бүгүн олоҕу тутар, сүрүннүүр аҕа уонна омугу салгыыр уол оҕо туһунан  кэпсэтиэхпит. Аҕа олоххо оруола, анала туохханый?

Аҕа эр киһи буоларынан, булар-талар, иитэр-аһатар сүрүн оруоллаах. Былыр-былыргыттан аҕа киһи бултаан-алтаан, бурдук ыһан, оттоон-мастаан, дьиэни сылытар маһы, сүөһү аһыыр отун барытын баар гыныахтаах.  Дьиэтээҕи дьону-сэргэни, оҕонньоттору-эмээхситтэри, дьахталлары үлэлэппэккэ, үксүн бэйэтэ хааччыйыахтаах.

Аар айылҕа икки өйдөбүлтэн  турар. Биир өйдөбүл хайаан даҕаны утары иккис өйдөбүлү үөскэтэр. Сырдык диэтэххэ хараҥа, ити икки буола түстэ. Сылаас диэтэхпитинэ тымныы диибит. Тымныы иккис сүрүн күүс буолан тахсан кэллэ. Онон олоххо туох барыта хайаан даҕаны икки күүс алтыһыытыттан турар,  ол олоҕу хамсатар күүскэ кубулуйан үлэлиир.

Ханнык баҕарар кэм уратылаах. Сахалыы туох эмит тылы эттэхпитинэ, ол тыл тэҥ күүстээх утарылаах буолар.  Ол иһин ыал буолууга икки киһи утарыта соҕус өйдөбүллээх күүстэрэ холбостохторуна, дьиҥнээх ыал үөскүүр. Олоххо буолбут биир түбэлтэни холобур оҥоруум. Билэр дьахтарбыт, кэргэн тахсыбакка, уол оҕоломмута. Сааһырыыта кэмсинэн турардаах. “Дьыбааҥҥа да сытар буоллун, ороҥҥо да сытар буоллун, дьиэҕэ аҕа син биир наада эбит”, – диэн түмүккэ кэлбитин эппитэ. “Аҕа арыгылаан баран охто да сытар буоллаҕына, кини – аҕа, сарсыҥҥытыгар оҕо син биир аҕатыныын алтыһыыта салҕанар. Дьахтар соҕотоҕун уол оҕону иитэр кыаҕа суох, эдэрбэр сыыспыппын”, – диэн билиммитэ. Бу сааһыран эрэр соҕотох дьахтар кэмсиниитэ. Кини арыгыһыт киһиэхэ тахсыам кэриэтэ, эрэ суох олорбутум ордук диирэ ээ.

– Билиҥҥи кэм эр киһитэ хайдах буолуохтааҕый?

– Арааһа, лаппа уларыйыахтаах быһыылаах. Былыргы курдук ынчыктыы-ынчыктыы, хаһыытыы-хаһыытыы булду эккирэтэн тыаны биир гына  сүүрбэт. Билигин атын кэм. Кини олох хаамыытынан тэҥҥэ уларыйан иһиэхтээх. Оччотугар билиҥҥи кэм эр киһитэ үөрэхтээх, лаппа  өйдөөх-санаалаах, аныгы кэм сабыдыалынан, үөрэх, дьаһах өттүнэн үрдүк сайдыылаах уонна дьиэтээҕи дьоннорунааҕар үөрэх-билии өттүнэн итэҕэһэ суох буолуохтаах. Эбэтэр бэйэтин кыаҕынан баһыйар сайдыылаах киһи буолуохтаах. Эр киһи үлэтэ суох буолуута дойду мөлтөөһүнүгэр тириэрдэр. Онон була сатаан үлэлии сатыахтаахпыт. 

– Эр киһи майгытыгар, дьиэтигэр-уотугар суруллубатах сокуон диэн баар дуо?

 – Мин санаабар, суруллубатах сокуоннаах буолар, кини   кытаанах соҕус буолуохтаах. Ол эрээри дьиэтигэр кыргыс саҕанааҕы сокуоннар киириэ  суохтаахтар. Былаастаах, кыыһырымтаҕай буолуу билиҥҥи моральга эппиэттэспэт. Кини дьиэтээҕи бэрээдэгин, сокуонун кытаанахтык тутуһуохтаах. Саха – мындыр омук, сатаабатаҕа суох. Билигин быстах байыаннай дьайыыга сылдьар саха уолаттара барыга бары сатабыллаахтар диэн суруйаллар, холобур оҥостоллор. Кыра эрдэхтэриттэн кыһалҕалара буоллаҕа.

Уол оҕо иитиини айылҕаттан, аҕатыттан  ылар

– Уол оҕону иитиигэ сүрүн болҕомтону туохха ууруохха сөбүй?

– Бу туһунан киһи барыта ыйытар кэмэ буолла. Дьиҥинэн, баччааҥҥа диэри саха дьоно бары оҕолорбутун иитэн кэллэхпит дии. Ол гынан баран, аныгы үөрэх, билии-көрүү үйэтигэр, биһиги, төрөппүттэр, бэйэбит оҕолорбутуттан эмиэ итэҕэһэ суох толору сайдыылаах буолуохтаахпыт. Биһиэхэ ол кыаллыбат. Аныгы сайдыылаах ыччаттан төрөппүттэр баһыйтарабыт. Оннук буолуо суохтаах. Эр киһи үөрэнэр үөрэхтэригэр эмиэ кыттыһар, орооһор наадалаах.  Аныгы үөрэҕи барытын билиҥ диэн эппэппин. Кини тугу ирдиирин, тугу үөрэтэрин барыллаан билэр уонна аахсар туруктаах буолуохтаахпыт. Оччоҕуна оҕоттон  ирдииргэ үчүгэй. Биһиги төрөппүттэрбит барахсаттарга үөрэх диэн хантан кэлиэй? Инньэ гынан биһиги сымыйа икки ардынан уруокпутун ааҕа олоробут диэтэхпитинэ, атын да кинигэни ааҕа эбэтэр суруйбута буоллахпытына, төрөппүттэрбит “айдаарымаҥ, оҕобут уруогун ааҕа олорор” диэн чыып да дэппэттэр этэ. Оннук буолуо суохтаах. Билигин үөрэх үйэтэ, бары тэҥҥэ кэриэтэ билиилээх буолуохтаахпыт.

– Уол оҕо кимиэхэ, туохха тирэниэхтээҕий?

– Уол оҕо биэс сааһыгар диэри ордук ийэтигэр  чугас. Онтон үөһэ  кэмэ кэлиитигэр үксүн аҕатын эккирэтэ сылдьыахтаах.  Ону аҕата “бар, утуй, дьиэҕэр бар” диэн биир да тылы этиэ суохтаах. Оҕо  аҕатын кытта сылдьыан баҕардаҕына, ону олох бопсуо суохтаахпыт.  Оҕо утуйар кэмэ кэллэҕинэ, хайдах эрэ гынан дьиэ бэйэтин иһинээҕи этикетин быһыытынан  барыахтаах. Холобур, эр киһи уолун илдьэ сылдьыан баҕардаҕына, төрүт бопсуо суохтаах. Кини уруогун үөрэтэр кэмиттэн атыҥҥа – булка, сүүрүүгэ-көтүүгэ, айаҥҥа илдьэ сылдьыахха.  Уол оҕо олоххо улахан үөрэҕи  айылҕаттан, аҕатыттан ордук күүскэ ылар.

Сайдыы иитэр-аһатар кыахпытын сарбыйда

– Хас сааһыттан булка уһуйуу барыахтааҕый? Уонна тоҕо?

– Оҕо баҕарда даҕаны, биэһиттэн үөһэ сааһыттан ордук бултуур баҕата үөскүүр, киирэр. Бу кэмҥэ оҕо ылынара олус күүстээх. Ол иһин саха дьоно саамай эппиэттээх кэммит. Бииринэн, аҕа бэйэтэ бултуур буолуохтаах. Ону кытта оҕотун батыһыннара сылдьан уһуйуохтаах, үөрэтиэхтээх. Манна уол оҕо кыратыттан олох үөрүйэхтэригэр сыстыахтаах, уоту отторго, ууну-хаары көрөн сылдьарга. Уот оттуута – олус уустук үөрэх. Манна уоту оттуу эрэ буолбакка, уоттан сэрэнэргэ эмиэ такайаҕын. Бу уһуйууга аҕа киһиэхэ эппиэтинэс сытар. 

Уол оҕо тыаҕа сылдьыыта олоххо үөрэнии буолар. Хаһан, ханна баҕарар сыаллаах-соруктаах буолуу элбэх үөрүйэҕи, сатабылы иҥэрэр. Төрөөбүт дойдуга тапталы уһугуннарар, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны үөскэтэр, дойдумсах буолууга үөрэтэр. Онтон тугу барытын сыаналыыр, өбүгэ үгэһигэр оҕо эрдэхтэн үөрэтэр, иҥэрэр, иитэр буоллахха, киһи кута-сүрэ бөҕөргүүр, өйө-санаата чөл буолар.

Иккиһинэн, уол оҕо үгүстүк аҕатын кытта алтыһар кэмигэр дьиэҕэ толорор эбээһинэһин толоруохтаах. Бу барыта уол оҕо эр киһи буола үүнэригэр, сайдарыгар  көмөлөөхтөр.

– Булт эр киһиэхэ тугу биэрэрий? Булка-алка сыһыаммыт уларыйда дуо?

– Билигин олохпут сүрдээх дьикти буолла. Эр киһи, бултаабат буолан, элбэҕи сүтэрдэ. Тоҕо диэтэххэ сайдыы олоххо сүрүн эбээһинэспитин, дьиэлээхтэрбитин ыал быһыытынан иитэр-аһатар кыахпытын сарбыйан кэбистэ. Ол курдук, билигин бурдугуҥ маҕаһыыҥҥа атыыланар, килиэбиҥ бэкээринэҕэ буһан тахсар, арыгыҥ кыстанан аҕай турар. Уонна эр киһиэхэ туох нааданый? Наһаа бэлэм олоххо кэлэн кэтиллэ түстүбүт. Ол иһин эр киһи элбэх эбээһинэһин сүтэрдэ. Ол түмүгэр эр киһи дьиэҕэ бөх курдук сытар турукка киирдэ диэн аймаммыппыт ыраатта.

Холобурдаан көрүөҕүҥ, икки эр киһи ойбоҥҥо сүөһүлэрин уулата сылдьаннар утары көрсүһэллэр. Иккиэн саах сытынан аҥкылыһаллар. Дьиэҕэ улахан туһата суох  хотон көрөөччү эрэ буолбуппут ыраатта. Сылгыбыт, оппут-маспыт туһунан кэпсэтиибит симэлийэн турар. Барыта саах күрдьээһинин, сүөһүҥ хайдах турарый диэҥҥэ кубулуйда. Уруккуну ылан көрдөххө, эр киһи хотон тула ыаһахтаспат буолара. Ааспыт кэмнэргэ кэпсэтии мас мастааһынын, кэрдиитин, от оттооһунун, тиэйиитин, сылгы көрүүтүн уо.д.а туһунан барара. Билигин олохпут тутулун сүрүнэ  барыта уларыйда. Хотон – олоччу эр  киһи үлэтэ, оттон дьахтар хамнастаах үлэлээх  буолла.

Булт элбэх көрүҥэ бобулунна, быраабылата уларыйда. Эр киһи саатар айылҕаҕа биирдэ сылдьан эр киһитин билинэр кэмэ тирээн кэллэ. Эр киһи бултаабатаҕына, булду сонордооботоҕуна, кини эр киһилии кыаҕа мөлтөөбүтүнэн, намтаабытынан барар. Булт айылҕаны кытта алтыһыы эрэ буолбатах, манна дьиэ кэргэни иитии, аһынан хааччыйыы сүрүн үгэһэ баар.  Үгэс кэһиллиитэ дьиэ кэргэни ыһар турукка кытта тиэрдэр. Сүрүн оруолбут ыал буолан этэҥҥэ олоруу, ол бултааһынтан быһаччы тутулуктаах.

Олоҥхоһут буолуохтааҕым хааллаҕа...

– Аҕаҥ эйигин чуолаан туохха үөрэппитэй?

– Аҕам булка кыайан уһуйбатаҕа, үөрэппэтэҕэ. Кини кыра эрдэҕиттэн хараҕынан мөлтөҕө. Ол эрээри өй-санаа өттүнэн бэйэтин кыаҕынан күүскэ такайбыта. Кыра эрдэхпиттэн ис дууһатыттан ахсааҥҥа, олоҥхоҕо анаан үөрэтэ сатаабыта. Кини түөрт олоҥхолооҕо. Саамай кылгас олоҥхото 10 000 строкалааҕа, сорҕото 14 000 строкалаах буолара. Аҕабын батан, олоҥхоһут ааттааҕа буолуохтааҕым хааллаҕа.  Бэйэм куоласпын уон түөрт саастаахпар  олордон кэбиспиппин.  Тоҕо диэтэххэ биэс көстөөх сиргэ оҕуска олорон айаннаан тиийэрбитигэр ырыаһыт бөҕө дьону кытта хаалсымаары, хаһыытыы-хаһыытыы ылластаҕым эбээт. Сарсыҥҥы күнүгэр кыайан саҥарбат буолбутум. Онон олорбут күөмэйдээх кыайан олоҥхоһут буолбатым. Ол эрээри тылга үчүгэйбин. Аҕам туох кэнниттэн тугу олоҥхолуурун билэ олорорум, ол өйбүн тутарбар, санаабын сааһылыырбар, баай уус-уран тылы саҥарарбар көмөлөстөҕө. Олоҥхо кэпсэлэ олохпут оҥкула буолар.

– Байанайдаах булчут диэн кими ааттыылларый?

– Байанай икки араастаах.  Бастакытынан, көҥөс байанай диэн баар. Көҥөс байанай дьээбэтэ диэн, киһи бэйэтэ соҕотоҕун сырыттаҕына араас булка барытыгар түбэһэр. Көрөр, бултуур, бултуйар. Иккиһинэн, дэлэй байанайдаах киһи баар буолар.  Ол дьону кытта сылдьан ордук бултуйар киһини ааттыыллар. Холобур, тайахтааһыҥҥа эбэтэр улахан булка, куска эҥин. Кинилэр соҕотоҕун сылдьан кыайан бултуйбаттар, наар куоттаран кэбиһэллэр. Дьон оннук дэлэй-холой байанайдаах киһини сөбүлүүллэр. Булчут баарын тухары, булт икки байанайа булчукка сыстан арыаллыы сылдьыахтара.

– Бэйэҥ табыллыбыт булкун кэпсээ эрэ.

– Арай биирдэ күһүн, туманнаах баҕайы күн биир быыкаайык  көлүйэ аттынан оттуу сылдьаммын, ууга мас сытарыгар түбэстим. Бэттэх көрдөхпүнэ, биир кус утуктуу олороро. Төбөтүн кынатын икки ардыгар анньан олорор. Аттынан ааһыахча буолан  иһэн, чохчойо түһээт ытан саайдым. Биир эрэ ботуруоннаахпын. Кынат тыаһа бөҕө чалыгырыы түстэ. Көрбүтүм, биир буолбакка, биэс кус олорбут эбит. Туман быыһыгар көстүбэккэ хаалаахтаабыттар. Онон биэс көҕөн буралла түстэ. Биир ытыынан биэс куһу өлөрөн турабын.

Бэйэм айанньыт буоларбынан, бултуурум көҥүллэммэт. Саата суох айанньыппын. Байанайдаах булчуттарга киирэбин дэнэбин, тайах бөҕө көрөбүн. Уонча кырдьаҕаһы уун-утары көрсүтэлээбитим. Кинилэр киһиттэн куттамматтар, албаска үөрэнэн, кэпсэппитинэн барарым, онон аһара  куттаммат да буолбутум. Саҥарбытынан бардым да, төп-төкүнүк кулгаахтара сүүрэ сылдьар буолар. Кэнники билбитим, киһи кэпсэтэрин муодаргыыр, интэриэһиргиир эбиттэр. Атах тэпсэн олорон кэпсэтэргэ дылы курдук гыннахха, кырдьаҕас төрүт кыыһырбат буолар. Оннук эйэ дэмнээхтик арахсарбыт.

– Борис Федорович, аҕа, эһэ быһыытынан билиҥҥи олоҕу холобурдуур кэпсээҥҥэр махтанабын. Инникитин да сыаналаах сүбэлэри бар дьоҥҥор тиэрдэ тураргар баҕарабын.

 

Хаартыскалар:

Неустроевтар дьиэ кэргэн архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...