05.05.2022 | 17:00

Манчыык куһу иитии кистэлэҥнэрэ

Манчыык куһу иитии кистэлэҥнэрэ
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Кус сезона саҕаланан, булчуттар халлааны кыҥыы сылдьар буоллулар. Дьиэ ис-тас үлэтин үмүрүтэ охсор, бултуу барарга дьиҥнээх көҥүл ылаары, кэрэ аҥаардарын иннигэр-кэннигэр илэмэ-салама түһэр уоттаах-күөстээх күннэрэ үүннүлэр.

Саха сиригэр былырыыҥҥыттан тыыннаах манчыык кустаах бултуур муода кэллэ. Дьиҥэ, нуучча сиригэр бу балачча тарҕаммыт ньыма эбит. Тыыннаах кустаах бултуур быдан астыгын, булт өлгөм буоларын булчуттар олус хайҕыыллар.

Булт куһун иитиинэн дьарыктанар уопуттаах Ванесса Ксенофонтова – 19 саастаах эдэр кыыс, Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр олорор, араас көтөрү-сүүрэри иитиинэн дьарыктаммыта 5 сыл буолбут. Кэлиҥҥи сылларга манчыык кустары атыыга таһааран, дьон сэҥээриитин ылла.

– Манчыык куһунан бултуур олус үчүгэй – тыыннаах тыһы кус саҥатыгар көтөр үөрэ хайаан да кэлэн түһэр. Ол иһин ааспыт сылтан дьон үксэ манчыык кус иитэн саҕалаатылар.

Иитэргэ туох да уустуга суох. Куһу, көтөр атын көрүҥүн даҕаны, кыһын олус үчүгэйдик кичэйэн аһатыахха наада. Күөххэ үктэннилэр да, бэйэлэрэ булунан аһыыллар.

Бастаан манчыык куһунан дьарыктанан саҕалыырбар сымыыттан бэйэм таһаарбытым. Ол кэннэ кустарым улаатан, кинилэри сыллата атастаһан, хаан уларытан элбэтэбин.

Сымыыт инкубаторга 27 күнүнэн ситэр. Чэ, ону кэтэһэн, көрөн-истэн, тахсар бириэмэлэригэр уйаларын, аһыыр сирдэрин бэлэмнээн туруорабын.

Аан бастаан тахсыбыттарын кэннэ инкубаторга 1 күн сытыарабын. Оннук сытан куураллар.

Кус оҕото балтараа ыйыттан кыратык мээтиргээн саҕалыыр. Булка 3-4 ыйыттан туттуохха сөп буолар.

3 нэдиэлэлээх  оҕолор

“Подсадной кус” араас боруодалаах. Саха сиригэр “Чубарая”, “Семеновская”, “Тульская” диэннэр уонна да атыттар бааллар. Булка ханнык баҕарар боруода барсар эбит. “Башкирка” диэн эт боруодалаах куһу эмиэ туттуохха сөп – дьүһүнэ-бодото барсар. Саамай сүрүнэ – куспут үчүгэйдик мээтиргиир буолуон наада.

Миэхэ “Тульская» уонна “Чубарая” бааллар. Быйыл 90-тан тахса манчыык буолар кус оҕотун таһааран атыылаатым. Атыыласпыт дьон бары астыналлар. 2 ыйдаах тыһы куһу булка илдьэ бара сылдьыбыттара, кустаах кэлбиттэр этэ. Үлэлиирин хайҕаабыттара. Сорох дьонум улахан кустары ылан булка бэлэмнии сылдьаллар.

Кустар кыһын комбикорм, эбиэс сииллэр, эбии балык буһаран сиэтэбин уонна хаар биэрэбин. Оттон сайын балыгынан, күөл отунан, этэҕэнэн (күөл үөнэ-көйүүрэ) уонна кыратык комбикормунан аһатабын.

Манчыык куһу булка соҕотохтуу эбэтэр пааранан да киллэриэххэ сөп. Икки тыһыны, тыһылаах атыыры да туттуохха сөп. Тыһы кус атыыры ыҥыран мээтиргиир, көтөрдөр, ону истэн түһэллэр.

Саа тыаһыттан мээнэ куттаммат гына эрдэттэн бэлэмниигин. Ол эрэн син биир ханнык баҕарар көтөр өмүрэх соҕус, онон соһуйуон сөп.

Манчыык буолар куһу биир эрэ сезон туттубаккын. Эһиилигэр эмиэ булка илдьэ сылдьыахха сөп, номнуо уопуттаах “булчут” буолар. Кус быһа холуйан 10-12 сыл олорор.

Кууруссаҕа тэҥнээтэххэ, хаппырыыһа суох. Турар сирэ кубус-кураанах буолуон наада. Оччоҕо этэҥҥэ кыстаан тахсар.

Көтөрү баҕалаах барыта иитиэн сөп дии саныыбын. Бэйэҥ олус күүскэ баҕарар, таптаан дьарыктанар буоллаххына, барыта сатанан иһэр.

«Чубарая» боруода оҕото
«Русская подсадная» боруода
Кус оҕолоро
Булка бэлэм кустар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...