05.07.2021 | 12:49

Манчаары оонньууларын төрүттээччи Афанасий АЛЕКСЕЕВ: «Саха норуота дьоллоох уонна доруобай буолуохтаах. Ол төрдө — спорду, физкультураны батыһыы»

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

87-ис хаарыгар сылдьар Афанасий Егорович Алексеевы интервьюга ыҥырарбар аарыма кырдьаҕас кэлиэ дии санаабытым, киһим этиллибит бириэмэтин иннинэ эрийэн, көрсөөрү ааҥҥа тахсан далбаатаабыппар эрчимнээхтик утары сүүрэн кэлэн соһутта. Чип-чиргэл көстүүлээх, иҥиир ситии эр киһи. Спортивнай форматын түөһүгэр “Манчаары” диэн суруктаах...
Афанасий Алексеев – Саха спордун тыыннаах легендата, СӨ физкультурнай-спортивнай хамсааһынын историятыгар улахан кылааттаах бөдөҥ салайааччы, арааһа кини бэйэтин кэмигэр оҥорбут үлэтин саҕаны билиҥҥи үрдүк сололоохтоортон ким да толоро илик буолуохтаах. Кини өссө кыл мүччү олимпиадаҕа кыттыбакка хаалбыт уһун тыыннаах сүүрүк, быыһык кэмнэргэ саха оһуохайын сөргүппүт үтүөлээх өрөспүүбүлүкэ Аан Дархан этээччитэ.

Аҕабын удьуордаан сүүрэбин

– Афанасий Егорович, эн биографияҕын, үлэҕин-хамнаскын элбэхтик сырдаппыттара, интэриниэккэ да информация элбэх эбит. Аахтым, үөрэттим уонна маннык чаҕылхай, бары өттүгэр көхтөөх киһини хайа бэйэлээх дьон иитэн таһаарбыттара буолла дии санаатым. Дьонуҥ туох дьон этилэрий?

Боростуой холкуостаах дьон этилэр. Дойдум – Бүлүү Баппаҕаайыта. Аҕам Дьокуускайга Таҥара дьиэтин 4 кылаастаах оскуолатын бүтэрбит буолан, оччолорго улахан үөрэхтээҕинэн ааҕыллар этэ. Нууччалыы үчүгэйдик саҥарар буолан холкуос куоракка, Алдаҥҥа, Томмокко эргиэҥҥэ сырытыннарар этэ. Сүөһүнү ыытан атыылаталлар. Баппаҕаайыттан биир ыйы быһа үүрэн тиийэллэр, үһүө буолаллар, аттаахтар. Ынахтарын атыылаан баран, икки ыйынан төннөн кэлэллэр. Холкуос сүөһүтүн батаран баран, кэтэхтэр сүөһүлэрин, 40-50-ча ынаҕы, атыылыы барар. Наар онон дьарыктанар этэ. Онтон холкуос биригэдьиирэ, пиэрмэ сэбиэдиссэйэ эҥин курдук салайар үлэлэргэ сылдьыбыта.

Аҕам дьэ кытыгырас сүүрүк этэ. Ол иһин биһигини, оҕолорун, сүүрдэр этэ. Киэһээ аайы таһааран 1-2 км хайаан да сүүрдэр этэ. Нэһилиэгэр, оройуонугар, чугастааҕы сирдэринэн ыһыахтары кэрийэн, сүүрүүгэ күрэхтэһэн кими да киһилээбэтэх киһи. Биэс быластаах ситии быаны куругар баайан баран сүүрдэҕинэ быата сири таарыйбат буолар этэ. Мин сүүрэр эрдэхпинэ, дьээбэҕэ диэн, Арассыыйа чемпионнарыгар курдарыгар оннук быа баайар этим – сиринэн соһулла сылдьааччы...

Аҕам сүүрүк буолан: “Эн, хайаан да сүүрүк буол, мин туйахпын хатар, мин ханна да сылдьыбатым, аатырбатым, чемпионнаабатым”, - диэн санаатын эппитэ. Ону мин төбөбөр киллэрэн кэбиһэн, хайаан да чемпион буолуохтаахпын диэн эрчиллэн, Саха сиригэр 17 төгүл чемпионаабытым, Сибиир уонна Уһук Илин уокуруктарыгар түөрт төгүл, Арассыыйаҕа иккис, Сэбиэскэй Сойууска үһүс буолбутум. Олимпийскай сборнай хамаандаҕа киллэрбиттэрэ. Ол гынан баран манна харчы суох буолан, сборга ыыппатахтара. Онтон мин кыайбыт, тэҥҥэ да сүүрбүт чемпионнарым аан дойдуга кыайыыламмыттара. Ити 24-25 саастаахпар этэ.

 

– Олимпиадаҕа барбатаххыттан кыһыйаҕын?

Кыһыйан бөҕө буоллаҕа дии! Мин кыайар дьонум аан дойду чемпионнара буоллахтара...

 

– Сардаана Трофимовабыт олимпиадаҕа барбат буолла дии...

Киирбэтэ. Ситиһиитэ, көрдөрүүтэ мөлтөх диэбиттэр. Олимпиадаҕа барарга кырата аан дойду чемпиона наада буоллаҕа дии. Биһигиттэн 10 киһини киллэрбиттэр – бары аан дойду призердара, чемпионнара, олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара. Ол иһин кыыспытын сыыйан кэбистилэр. Марафоҥҥа кыайыыта эҥин ааҕыллыбат. Нуорматын толорбута, 2ч29м буолуохтааҕын кини 2ч27м кэллэ быһыылааҕа. Ону син биир Арассыыйа чемпиона диэн кыра дииллэр.

 

От охсуутугар рекордум турар

Бүлүү Педучилищетын бүтэрэн баран, сири-дойдуну көрөөрү, Муомаҕа учууталлыы барбытым. Икки сыл учууталлаабытым кэннэ Комсомол сэкирэтээринэн талбыттара. Онно даҕаны сүүрүүбүн бырахпатаҕым, оройуон рекордарын олохтообутум билигин да тураллар – 60-тан тахса сыл буолла. Уонна 1 гектар 67 суотай диэн от охсуутугар оройуон рекордун олохтообутум эмиэ турар.

Кыра эрдэхпиттэн окко үөрэппиттэрэ. Ирээт биэрэллэрин ийэлээх аҕам охсо сатыыллар да, атыттартан хаалан иһэллэр этэ. Кууһума уонна Баһылай диэн дьоннор бааллара, биирдэрэ 60, иккиһэ 70 суотайы охсоллор, күҥҥэ 1,5 гектары кыайаллар, үс күн оҕустулар да алаас аҥаарын биирдэ охсон кэбиһэллэр. Ону көрө-көрө дьоммун аһынар да этим. Ийэбэр: “Улааттахпына ити дьоннору хайаан да кыайыаҕым”, - диибин. Ийэм: “Ээ, оҕом кыайыаҕа”, - диэн иһэр. Ону өйдөөн, Муомаҕа Үрүйэ төрдө диэн сиргэ тахсан кыратык эрчиллэ түһэн баран охсубутум, биир күн 2,5 гектар буолбута. Ол 2,5 гектарым Саха сиригэр билигин да рекорд быһыытынан турар. Билиҥҥилэр 2 гектарга тиийэ иликтэр. Сүүрүк киһи тыына уһун буолан, охсон бара турар.

 

Оһуокайы утарар этилэр...

– Ситиһиилээх киһи барытыгар кыайыылаах буолуохтаах диэн санааттан оһуокайдыыр буолбутум.

 

– Кими эмэ удьуордаан оһуокайы таһаарар буоллаҕыҥ дии?

Аҕам сүүрүк буоллаҕына, ийэм олоҥхоһут, ырыаһыт этэ. Миигин ньилбэгэр көтөҕөн олорон оһуокайдыыр да этэ, олоҥхолуур да этэ. Куруук сэҥээрэ истэр этим. Ол көтөҕө олорон кулгаахпар сибигинэйэр: “Оҕом оһуокайдьыт буолуоҕа. Оҕом ырыаһыт буолуоҕа”, - диир.

Инньэ гынан 9 сааспыттан ыла оһуокайдыыр буолбутум. СӨ оһуокай этиигэ түөрт төгүл чөмпионнаабытым, 2013 сыллаахха Үс Хатыҥҥа 120 киһи куоталаһыытыгар кыайан, Аан Дархан этээччи буолбутум, массыынанан наҕараадалаабыттара. Чэ, уонна аахтахха буолунай буоллаҕа дии. Кулун, убаһа, ынах бириистэри ылаттыыр этим. Ааҕан көрдөххө хас мөлүйүөн буолта буолла (күлэр).

 

– Көннөрү оһуокайдьыт эрэ буолбатах буоллаҕыҥ дии, “Оһуокай” обществоны эн тэрийбит эбиккин буолбаат?

Спорткомитет бэрэссэдээтэлинэн 10 сыл үлэлээбитим. Онтон мээрийэҕэ ыыппыттара, билиҥҥинэн эбитэ буоллар мээр бастакы солбуйааччыта курдук этим. Онно 3 сыл үлэлээбитим. Спорду өрө туппуппут – куорат нэһилиэнньэтин 50 бырыһыана физкультуранан дьарыктанар этэ.

Оһуокайы уруккуттан сөбүлээбэттэр этэ. Тоҕо диэтэххэ, “Аласный патриотизм” буолар дииллэрэ, онтон сылтаан национализм үөскүө диэн сэрэхэдийэллэрэ бэрт этэ. Оһуокайга охсуһуу буолуо диэн наар боболлор этэ. Ону кытта миэхэ оһуохайдьыттар, учуонайдар киирэн туруорсаллар, тэрийиэххэ дииллэр. Ону дьэ харса суох киирсэммин ситиспитим. Оһуокай туох да куһаҕана суох, национализм боппуруоһа күөрэйбэт, Сэбиэскэй олоҕу уонна үлэһиттэри, норуоту хайҕааһын, олоҕу туойуу буолар диэн санаабын тиэрдибитим. Пааркаҕа тэрийэр туһунан уураах таһаарбытым.

Ити пааркаҕа билиҥҥи Оһуокай балаһаакката ол саҕана тэриллибитэ. Аан Дархан да элбээтэ, Дархан этээччилэр да үксээн иһэллэр. Дархан диэн ааты өрөспүүбүлүкэҕэ чемпионнаатаххына биэрэллэр. Аан Дархан аатын ыларга үстэ субуруччу өрөспүүбүлүкэҕэ чемпионнуохтааххын, эбэтэр Дарханнары барыларын кыайыахтааххын. Онон оһуокайга сүүрүүбүттэн итэҕэһэ суох ситиһиилээхпин.

 

Коркинныын доҕордоспут дьоллоохпун

– Эйигин Чурапчы спортоскуолатын төрүттэспит киһинэн ааҕыахха сөп. Д.П.Коркины кытта ыкса алтыспыт эбиккин дии. Оннук спортоскуоланы тэрийэр идея хантан кэлбитэй?

Улуу Дмитрий Петрович Коркины кытта бииргэ үлэлээн, табаарыстаһан сылдьыбыт дьоллоохпун.

Соҕуруу атын дойдулары көрөр буоллаҕым дии. Элбэхтик айанныыр этим. Ол сылдьан кавказтары эҥиннэри көрөбүн: спортивнай оскуоланы туруорсан арыйаллар, тренердэри тэрийэллэр, оҕолору сүүмэрдээн ылан бастыҥнары эрчийэллэр. Биһиэхэ ол саҕана оннук суох. Ол иһин, Коркины өрө тутан, кини туох да хамнаһа суох спортка энтузиастыы сырыттаҕына (нуучча тылын учуутала этэ ээ), тустуу оскуолатын тэрийбиппит.

Миэхэ киирэн туруорсар буоллаҕа дии, саатар биир штаты биэрэргит буоллар диир. Мин буоллаҕына: “Биири эрэ биэрбэппин, үс штаты биэрэбин!” – диэбиппэр киһим үөрэн өлө сыста, туран куустуһан ыллыбыт. Кини икки көмөлөһөөччүлээх, үс тренер буоллулар. Үлэлээн киирэн барбыттара. Чурапчы оскуолата сайдан, чемпион бөҕө иитилиннэҕэ дии. Билигин бары киэн туттар ааттарбыт тахсыбыттара. Ол иһин Дмитрий Петровиһы кытта үлэлээбит сылларбын санаатахпына сүрдээҕин долгуйа үөрэбин.

Онтон Коркины манна көһөрөн киллэрбитим, доруобуйата да мөлтөөбүтэ. Эмптэн-томптон да чугас буолара наада буолбута. Аны ииппит оҕолорун аармыйаҕа ылан бара тураллар этэ. Ону манна “Динамо” обществолары кытта, соҕурууҥулары кытта кэпсэппитим, аармыйаҕа барар оҕолору “Динамоҕа” үрдүттэн бэлэмниир гына сөбүлэспиппит. Квартиратын оҥорон, үлэтин-хамнаһын көрөн биэрбиппит, ньиргиччи үлэлии сылдьан баран хаалаахтаабыта дии. Былыргыттан быар ыарыыта буулаабыт эбит, Ленинградка үөрэнэ сылдьан ас-таҥас тиийбэккэ, бастакыта онно баалаппыт эбит уонна куруук эмтэнэ сылдьыбыта.

Кини миэхэ: “Арассыыйа күрэхтэһиитин ыыттыбыт. Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиини ыыттыбыт. Аны дьоммутугар улахан бырааһынньык оҥорон Сэбиэскэй Сойуус чемпионатын ыытыахха”, - диэбитэ. “Ол сойуус чемпионата диэн тэрээһинэ ыарахан буоллаҕа. 15 союзнай өрөспүүбүлүкэ кэлиэхтээх, бары туспа абыычайдаах норуоттар, астара даҕаны ураты буолуохтаах. Онон тэрээһинэ олус уустук”, - диэбитим. Онуоха Коркин: “Чэ мин эттим. Эһиги дьаһайыҥ”,  - диэбитэ. “Дьаһайыахпыт. Кытаатан көрүөхпүт”, - диэтэҕим дии.

Онтон дьэ Москваҕа бараммыт, миниистирдэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын кытта тиийэн, 10 хонук устата туруорсубуппут. Партия Киин кэмитиэтэ быһаарар. Көҥүлүн ылбыппыт. Сергей Павлович Павлов диэн уһулуччулаах тэрийээччи баара, ССРС Спорткомитетын бэрэссэдээтэлэ “Улуу норуокка Улуу бырааһынньыктарын көҥүллүөххэ” диэн мунньах ыыппыта. Кытаанах ирдэбиллэри туруорбуттара, туох баар астарыттан-таҥастарыттан саҕалаан барыта туспа усулуобуйа этэ. Барытын оҥоруохпут диэн ылыннаран, 1965 сыллаахха “Спартак” стадиоҥҥа (Билиҥҥитэ “Туймаада” стадион) тэрийбиппит. 15 өрөспүүбүлүкэҕэ 15 ураһаны туруорбуппут, онно аһылыктарын-таҥастарын бүтүннүүтүн тэрийбиппит. Ураһаларыгар сынньанан ыла-ыла, бэйэлэрин аһылыктарын аһыы-аһыы күрэхтэспиттэрэ. Түүҥҥүтүгэр гостиницаҕа хоннорор этибит.

Ол курдук тэрийэн бэйэбит улахан ситһиилэммиппит. 1 кыһыл көмүс, 2 үрүҥ көмүс, 1 боруонса мэтээллэри ылбыппыт. Билигин кырдьан олорон санаатахпына, ол кэннэ оннук элбэх ситиһии кэлбитэ суох ээ... Арассыыйаҕа баран үһүс буоллахпытына үөрэбит дии...

 

– Спортка олох сыстыбытах киһи, көннөрү көрөөччү курдук ыйыттахпына, холобур, былыр билиҥҥи курдук спортка элбэх үбү-харчыны угуу суоҕун саҕана оннук ситиһии кэллэҕэ дии. Билигин усулуобуйалара барыта тэриллэр, үп да көрүллэр, тустуу өрө тутуллар кэмигэр тоҕо улахан ситиһии кэлбэтий?

Тренердэри үөрэтиэххэ наада. Билигин бүтүннүүтүн бырабыыталыстыба, Ил Дархан дьаһайса сылдьаллар дии. Былаас орооһоро элбэх. Биһиги саҕана оонньуу-көр курдук көрөллөр этэ, биһи көҥүллээтибит, бэйэҕит тэриниҥ дииллэрэ...

Манчаарыны түүлбэр көрбүтүм

“Урожай” обществоҕа 1963-1975 сс.  9 сыл үлэлээбитим. Үлэ бөҕөтүн ыыппыппыт. Спортка маассабаһы тэрийэн, Арассыыйа “Урожайын” Кыһыл знамятын түөрт төгүл ылбыппыт.  Онтон саха норуотун туругурдуохха, национальнай көрүҥнэри сайыннарыахха наада диэн, спартакиадабытын маҥнай боруобаҕа 1965 с. Намҥа ыыта сылдьыбыппыт. Дьон тардыһар эбит диэн, 1968 с. аан маҥнай спартикиаданы ыыппыппыт. 12 оройуонтан 253 киһи кэлбитэ. Түөрт көлүөнэ спартакиадата этэ – оскуола оҕолоро, 25-тэригэр диэри, 35-тэригэр диэри, онтон үөһээ өттө кырдьаҕастар. Үрдүк көрдөрүүлэри ситиспиттэрэ.

Онтон Арассыыйа таһымыгар таһаарыахха диэбиппит. Иккиһинэн Манчаары спартакиадатын Мэҥэ Хаҥаласка, Манчаары дойдутугар ыыппыппыт.

 

– Тоҕо Манчаарыны талбыккытый? Сахаҕа сымса, күүстээх норуот геройа элбэх буоллаҕа дии. Аны сорохтор Манчаарыны ороспуой, түөкүн да дииллэр этэ...

Бастаан дьэ толкуйдаатым. Улуу киһи аатынан ыытыахха наада диибин. Кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс, боруонса мэтээли Ленинградка монетнай дворга оҥотторуохха диэн туран, 8 киһилээх аппараппар оройуоннары кытта үлэлээҥ диэн баран, куонкурус биллэрдим. Улуу киһини ааттаатынар диэн биир ый болдьохтоохтубут. Майаҕатта бэрт Хара, Күүстээх Мэхээлэ, Дыгын о.д.а ааттара киирбиттэр этэ. Манчаары Баһылай да аата элбэхтик этиллибит этэ. 7 учуонайы мунньан кэпсэттим: “Кинигэ, ыстатыйа тахсыбыта элбэх. Улуу Манчаары аатын ыллаххытына сайдыаххыт, ороспуой дииллэриттэн иҥнимэҥ, кини киһини өлөрбөтөх, улахан буруйу оҥорботох киһи. Дьадаҥылары көмүскээн баайдары утары охсуспута”, - диэбиттэрэ.

Манчаары сүүрэн иһэр аты эккирэтэр, самыытыгар тайана түһэр уонна миинэн кэбиһэр. Баайдартан сылгы буутун ылар уонна суоллаабатынар диэн үс мастаах көрүө баҕанытыттан баҕанатыгар ойуоккалаан барар. Кини курдук кыахтаах киһи суох, ол иһин кинини таллыбыт.

Ол кэпсэтии бириэмэтигэр Манчаары алааһыгар тахса сылдьыбытым. Мэҥэҕэ И.Баһылайап диэн аатырбыт спортсмен баар этэ, онно “Урожай” обществотыгар бэрэссэдээтэллии олорор, ыҥырда. Арыылаах алааһыгар оҥостон тиийдибит. Айыылар анаан оҥорбут алаастара эбит, күөлэ үчүгэйэ, күп-күөх хонуута, хатыҥ чараҥ, бэс чагда. Харыстаан көрүөлээбиттэр. Онно тиийэн Манчаарыны харахпар оҥорон көрдүм, кытаанах да бириэмэтигэр, дьоллоох да кэмигэр манна маҥан атынан сүүртэҕэ диэн...

Үс чаас хааман баран, күөл илин өттүгэр хонордуу оҥоһуннубут. 30-ча миэтэрэ үрдүктээх бэс турар. “Дьэ, Охонооһой бу Манчаары Баһылай таҥара курдук көрөр бэһэ, манна олоҕун ыарахан да, үчүгэй да кэмигэр саамай үрдүгэр тахсан дойдутун анаарар этэ уонна ырыатын ыллыыра”, - диэн аргыһым кэпсиир. Киэһэ уот оттон сиэр-туом толорбутум, Айыылартан көҥүл көрдөспүтүм. Ол түүн түһээтим: Манчаары маҥан атын миинэн баран салгынынан көтүтэн иһэр. Биһиги диэки далбаатыыр: “Дьонум, норуотум умнубат эбиккит, барҕа махтал. Саха норуотун аатырдар буоллаххытына, мин ааппын өрө тутуоххут, улахан ситиһиилэниэххит”, - диэбитэ. Өрүкүнэйэн аҕай уһугуннум, киһибэр кэпсээтим. Дьэ, үчүгэй эбит диэн буолла.

От ыйын 6-11 күннэригэр Горнайга 21-ис төгүлүн Манчаары спартакиадата ыытыллыаҕа. Улуустар куоталаһа-куоталаһа ыыталлар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата сүрдээҕин өйүүр. Спорт тутуулара бөҕө элбээтилэр. Холобур, кыра Горнай улууһугар быйылгы спартакиадаҕа 1,5 миллиарды биэрдилэр дии. Ол курдук саҕалаабыппыт сайдан бара турар. Билигин 300-тэн тахса саха киһитэ Арассыыйа, Европа, Аан дойду чемпиона буоллулар. Хайа да омукка бэйэтин көрүҥнэрин инник таһаарбыт суох, биһиги сахалар эрэ ситистибит. Онон чахчы киэн туттуохтаахпыт.

Холобур, мас тардыһыыбытын олимпиадаҕа 50-ча судаарыстыба анньан эрэр. 2032 сыллаахха киириэ дииллэр. Баҕар, эрдэлиэ даҕаны дии саныыбын.

Саха дьонун 80 бырыһыана физкультурник буолуохтаах

– Чугаһынан, ханнык эмэ көрүҥҥэ олимпиец кэлиэ дии саныыгын дуу?

Оттон ити тустуубутугар олимпиадаҕа тиийбэтэхпит олус ыраатта. Виктор Лебедев буолуохтаах этэ. Араас биричиинэнэн тахсыбакка хаалла.

Харса суох эрчиллии наада. Коркин курдук улуу тренер үөскүөн, кини ньымаларын туһаныахтарын наада. Москваҕа бэйэбит база туттан, дьоммутун онно эрчийиэххэ диибин. Кыра оҕолортон саҕалаан үлэни ыытыаха наада, Коркин курдук.

 

– Эн, ханнык эрэ интервьюгар сахалар 80 бырыһыаннара физкультурник буолуохтаахтар диэбит этиҥ дии. Ол аата хайдах?

Куруутун инник диибин. Нэһилиэнньэ 80 бырыһыана физкультуранан дьарыктанарын тэрийиэххэ сөбүн, бэйэм Баппаҕаайым холобурунан дакаастаабытым. Нэһилиэк 90 бырыһыанын физкультураҕа сыһыарбыппыт. Оҕо саадын оҕолоро, оскуолалар, хамнас ылааччылар, бэтэрээннэр булгуччу дьарыктаныахтаахтар диэн сорук туруорбуппут. Сытар инбэлииттэри массаастааһыҥҥа медицина үлэһиттэрин туруорбуппут. Дьиҥэ нэһилиэнньэ 100 бырыһыанын хаппыппытын, сүрэ бэрт буолуо диэн, Спорт министиэристибэтэ 90 бырыһыан диэххэ диэбиттэрэ. Ити холобурун өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар тарҕатыахха сөп. Балыксыттар, сылгыһыттар, булчуттар – бары физкультурниктар ээ. Кинилэри бүтүннүүтүн хабан көрүҥнэригэр күрэхтэһии тэрийиэххэ.

Физкультурник диэн, холобур,  нэдиэлэҕэ иккитэ балтараалыы чаас хаамар киһи буолар.

Хайаан да хаамыахха наада. Саамай үчүгэй скандинавскай хаамыы эбит. Тайахтаах сылдьартан саатар, кыбыстар дьон бааллар. Ол эрэн кэнники эдэрдэр да хаалыктаах хаамар буолбуттар. Техникатын сатыахха наада. Тайахха тирэниэххэ наада, соһо сылдьыбакка. 87-ис хаарбар үктэнэн баран сүүрүүттэн скандинавскай хаамыыга көһөн эрэбин.

Нэдиэлэҕэ түөртэ 1-1,5 көһү сүүрэбин, хаамабын. Нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ бассейыҥҥа харбыыбын. Коронавирус суох эрдэҕинэ, сэттис күммэр, өрөбүлбэр, оһуокайдыыр этим. Оһуокайыҥ диэн өссө хамсаныылаах көрүҥ буоллаҕа дии.

87-бин туолуохпар диэри балыыһаҕа көрдөрө, ыалдьа иликпин. Үөһээ Айыылар хаһы аныылларынан олоруом этэ.

 

– Удьуоргар уһун үйэлэнии баар буоллаҕына, ол эмиэ быһаарар буоллаҕа дии.

Улахан суох эрээри, аҕам 89-гар өлбүтэ, ону даҕаны дьиэ тута сылдьан үөһээттэн сууллан. Ийэм эрэйдээх үйэтин тухары дайаарка этэ, куртаҕа ыалдьар этэ, ол саҕана эмп да суох буолан 70-нун туолан иһэн бараахтаабыта.

 

– Туйах хатарааччылааххын дуу?

Үс оҕолоохпун, тоҕус сиэннээхпин. Олор дьарыктана сатыыллар буолан баран, улахан спордунан дьарыктаныы олус уустук. Мин дьарыктаныҥ диэбэппин. Улахан спортка биир эмит талааннаах эрэ киһи тахсар.

Төрөппүттэр оҕолорун спорду таптыырга иитиэхтээхтэр. Дьиэ кэргэнинэн күрэхтэри тэнитиэххэ наада. Саха сириттэн барытыттан кэлэр 30-тан тахса кыттааччыллаах дьиэ кэргэн спартакиадатын тэрийэр буоллаар! Оскуолаҕа физкультура чааһын элбэтиэххэ баара.

Дьол диэн доруобуйа, доруобуйа диэн дьол! 4 да үрдүк үөрэхтээх буол, доруобуйата суох кии эрэ буолаҕын.

Үөһээ тохсус халлааҥҥа Үрүҥ Аар тойон олорор – кини Айыы Таҥара. Үс суолу тутуһуохтааххыт диир: бастакытынан, таптыыр идэҕитин ылан норуоккутугар туһалыахтааххыт; иккиһинэн, дьиэ-уот туттуохтааххыт; үсүһүнэн, урууну, аймаҕы, ыччаты элбэтиэхтээххит диир. Мин кыра эрдэхпиттэн Айыыларга итэҕэйэн, үҥэн-сүктэн баччаҕа кэллим.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....