23.04.2020 | 12:20

Макар Яковлев: “Бэйэбит позициябытын этэрбит наада!»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыалдьыты миэхэ 1983 сыллаахха аан бастаан олимпиецтар билиһиннэрбиттэрэ. Санааларбыт куруук биир буолбат. Ол да буоллар, бэйэ-бэйэбитин истиһэбит. Бүгүн эмиэ сэҥээрсиэххэ эрэ.

1983 c. ССРС норуоттарын спартакиадатын аһыллыытын иннинээҕи күн. Тоҕо эрэ, дьылҕа бэлэҕэ – ”Заря”гостиницаҕа араас омуктар түспүттэр этэ. Москва олимпиадатын кэнниттэн омуктары Сэбиэскэй Сойуус бэйэтигэр ыҥыра  сатаабыта. Ити спартакиадаҕа 79 дойду тиийбитэ. Тоҕо эрэ миэхэ түөрт миэстэлээх нүөмэргэ бронь биэрдилэр. Арай, казах тустууктара эбит. Киэһэ Александр Иванов Роман Дмитриевы уонна биир киһини батыһыннаран киирбитэ. Казахтар тоҕо эрэ тахсан биэртэрэ. Баҕар, Александр имнэммитэ буолуо. Дьиҥэр, Роман курдук Таҥара илэ киирбитин истээри, тахсымыахтарын сөбө. Роман үс лиитэрэлээх бааҥка толору хара искэхтээх этэ. Эдьигээнтэн ыыппыттара дуу? Кавказтан Дагестантан Уот Кудулу Байхалыттан доҕоро Загалав Абдулбеков ыыппыта дуу? Ыйыта да сатаабатаҕым. Роман наһаа астынан килиэпкэ халыҥнык сыбанара. Дойдутун дуу, доҕорун Загалав сирин  дуу аҕыннаҕа.  Дьэ, ону сии-сии, билистибит.

– Бу Макар Макарович, улахан киһи, - диэтилэр. Олимпиецтар... Бэйэлэриттэн үрдэтэн.  Дьэ, кэлин билбитим, киһи аҕай. Оччолорго кэпсэммэти ити олимпиецтарбыт билэр, өйдүүр эбиттэр.

Макар ССРС норуотунай дьокутаата буоларыгар агитацияҕа көмөлөспүтүм. Оттон мин САССР Верховнай Сэбиэтигэр дьокутаат буоларбар иэһин төлөспүтэ. Үлэлиир тэрилтэтэ –  Өрөспүүбүлүкэ Прокуратурата уонна дьокутаат кэллиэгэтэ Андрей Борисов үлэлиир Саха театра миигин күүстэринэн, “Эн наадаҕын!” диэн, кандидатынан туруорбуттара (оччолорго кинилэр ССРС норуодунай дьокутааттара этилэр уонна илии баттаан, “Почему мы поддерживаем Ивана Ушницкого?” диэн “Молодежь Якутии” хаһыакка ыстатыйа таһаарбыттара). Оччолортон көҥүл санаабыт майгыннаһар эбит. Билигин мин, Сталин репрессиятын суруйбут аҕай киһи, “Арассыыйаҕа арыт-ардыгар кытаанах илии баар буолара наада эбит” диэн санаан ылабын. Ол эрээри санааларбыт куруук биир буолбаттар. Ол да буоллар, бэйэ-бэйэбитин истиһэбит ээ. Ити гынан, бүгүн эмиэ сэҥээрсиэххэ эрэ.

“Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн интервьюта биэр эрэ”, –  диэбиппэр,

- Ээ, доҕорум барахсан, эйиэхэ кэпсиир бөҕө буоллаҕым дии. Ол гынан баран билиҥҥи былаас оччо сөп диэбэтин кэпсиир киһибин. Ону таһаараҕын дуо?

- Таһаарыахха сөп бөҕө буоллаҕа дии. Хаһыат ааптар санаатын кытта сөпсөспөт эрээри, таһаарар түгэнэ эмиэ баар буолуохтаах буоллаҕа дии.

- Оо, доҕорум барахсан, улаханы да оҥоруох киһи, хараҕыҥ оһоллонон, ааранан мин хараастабын.

- Ээ чэ, бээ, миигин кэпсэтимиэххэ. Тиэмэбитигэр киириэххэ.

– Муус устар 27 күнэ – Өрөспүүбүлүкэ күнэ,–  диирбин кытта, киһим бэйэтэ   дириҥ улаҕалаахтык, силистээхтик сөбүлэһэрин эттэ. Онуоха мин: “Дьэ эрэ!” – дии түстүм.

Ленин

– Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическэй өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ 98 сылын туолар. Аны икки сылынан  үбүлүөйдээх 100 сылын

көрсөргө бэлэмнэнии үлэтэ баран эрэр. Бэҕэһээ, муус устар 22 күнүгэр, В. И. Ленин төрөөбүтэ 150 сылын көрсүөхтээх этибит.

- Оо, дьэ, кырдьык, Ленин 100 сылыгар улахан да бырааһынньык буолбута. Оччолорго, оҕо эрээрибин, өйдүүбүн. Онто да суох, үбүлүөйэ да буолбатаҕына, сыл аайы бырааһынньык бөҕө буолара.

- Чахчы оннук этэ. Оттон билигин ол оннугар Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылары киллэриини бигэргэтэр куоластааһыны анаабыттара, коронавирус буулаан, көстө. В.В. Путин «В.И. Ленин судаарыстыбаннай деятель буолбатах, революционер эрэ, өрөспүүбүлүкэлэр ССРС-ка киириилэрин уонна тахсыыларын көҥүл өттүнэн тэрийэн, «мина замедленного действия» оҥорбута” диэн этэн турар. Онон ССРС-һы ыспыт Ленин курдук. В.В. Путин ити этиитин кэнниттэн эбитэ дуу, В.И. Ленин сааһын бэлиэтээбэт буоллубут. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 100 сылынан биир да учуонай, биир да хомуньуус ыстатыйа суруйбатаҕа. Арай хомуньуус буола сылдьыбатах киһи мин, “Кыым” уонна “Туймаада” хаһыаттар сөбүлэһэннэр, бэчээттэтэн турабын. В.И. Ленин революционер буоларын ааһан, ССРС курдук улуу дойдуну олохтообут судаарыстыбаннай деятель буолара саарбаҕа суох дии саныыбын, ону тэҥэ улахан учуонай-теоретик. Кини научнай үлэлэрэ Библия кэнниттэн аан дойдуга иккис миэстэлээхтэр. Улуу Кытайга В.И. Ленин мэтириэтэ Маркс, Энгельс кэнниттэн турар.

Уруккуттан санаабытын этэргэ дьулуспуппут

Автономнай өрөспүүбүлүкэ хайдах тэриллибитин ырытыам иннинэ, сахалар былыр-былыргыттан, ыраахтааҕы саҕаттан, хайдах бырааптарын кэҥэтэргэ дьулуспуттарын кылгас соҕустук санатыам этэ.

1677 сыллаахха Мазары Бозеков ыраахтааҕыга тиийэн, кэккэ боппуруостары туруорсан турар. Оччолорго, туох да сырыы суоҕуна, атынан айаннаан тиийэн, атах тэпсэн олорон ыраахтааҕыны кытта кэпсэтии киһи санаатыгар да баппат суол. Онтон 1768 сыллаахха Софрон Сыранов ыраахтааҕыга тиийэн, саха кинээстэригэр түһээн хомуйуутун быраабын биэрэргэ туруорсубут. Ол эмиэ улахан ситиһии буоллаҕа. Өр-өтөр буолбат, 1789 сыллаахха, Алексей Аржаков Екатерина II императрицаҕа тиийэн, Иркутскай губернияҕа быһа киирии, Саха сиригэр суут баар буолуутун, сиргэ чааһынай бас билиини, үөрэхтээһин уонна төрөөбүт тылы үөрэтии боппуруостарын туруорсар. 1827 сыллаахха кулун тутар 11 күнүгэр  Дьокуускайга Степной Дума арыллар. Дума нолуок, олохтоох салайыныы, баай-дуол учуотун, сир оҥоһуутун боппуруостарын быһаарар буолар.

1912 сыллаахха В.В. Никифоров (Күлүмнүүр) тэрийиитинэн Саха сиринээҕи инородецтар (бары олохтоох омуктары итинник ааттыыллара) сийиэстэрэ буолбута. Онно Судаарыстыбаннай Дуумаҕа сахалар бэрэстэбиитэлистибэлэрин, Саха сиригэр земство киллэриитин, түһээн сорох көрүҥнэрин көтүрүүнү, оскуола уонна тимир суол тутуутун боппуруостарын туруорсубуттара. Бэл, оччолорго, тимир суол боппуруоһун туруорсубуттар эбит.

1917 сыл бэс ыйыгар федералистар сойуустара Г.В. Ксенофонтов саҕалааһынынан, Арассыыйа бэрэсидьиэн салайыылаах федеративнай судаарыстыба буоларын уонна Сибиир автономиятын боппуруостарын туруорсубуттара.

1917 сыл сэтинньи 15 күнүгэр Арассыыйа «Декларация прав народов России» диэн туох да сүҥкэн суолталаах докумуону ылыммыта. Ол докумуон быһыытынан, Арассыыйа норуоттара тэҥ бырааптаах уонна суверенитеттаах буолуохтаахтара. Арассыыйа норуоттара арахсар да быраапка тиийэ бэйэлэрин бэйэлэрэ быһаарынар, туспа судаарыстыба да тэринэр бырааптаах буолуохтаахтара, ханнык да национальнай религиознай привилегия уонна хааччахтааһын суох буолуохтааҕа, ахсааннарынан аҕыйах омуктар уонна этнографическай бөлөхтөр көҥүллүк сайдыахтаахтар диэн этэ. Бу докумуону В.И. Ленин дьаһайан оҥотторбута. Аҕыйах сыллааҕыта ХНТ конвенцията ити докумуон үгүс балаһыанньаларын өйөөбүтэ.

Сүүрбэһис сыллар ортолоругар (хойутаан баран диэххэ сөп) П.В. Ксенофонтов, үрдүк үөрэхтээх юрист-адвокат, М.К. Аммосов ыҥырыытынан соҕурууттан кэлэн баран, ити декларацияҕа олоҕуран саха бастыҥ дьонун мунньар. Кинилэр В.И. Ленин теориятыгар олоҕуран, ССРС Төрүт сокуонун өйөөн туран, Саха сирин союзнай өрөспүүбүлүкэ оҥоруу, Сойууһу уонна Саха сирин кытта союзнай дуогабар түһэрсии, Саха сирэ бэйэтин сирдэрин, сиртэн хостонор баайын, уутун уонна ойуурун бас билиитин боппуруостарын, киһи быраабын харыстааһын, былаас салааларын тыырсыы боппуруостарын туруорсубуттара. Тоҕус бииргэ төрөөбүт Ксенофонтовтар оччолорго да бары үрдүк үөрэхтээх этилэр. Төрдүлэрэ грузиннар эбит. Ити боппуруос туруутун саҕана И.В. Сталин автономия теориятыгар киирэн олорор кэмэ этэ, салгыыта кэлин Аммосовка, Ойуунускайга, Бараховка тиийэ охсуулаах буолбута. Ити кэмҥэ М.К. Аммосов И.В. Сталины уонна С.К. Орджоникидзены тутуспута, ол иһин буоллаҕа буолуо, П.В. Ксенофонтовы кытта тыл-тылга киирсибэтэхтэрэ.

Уруккуга олоҕуруу

Манна даҕатан этэн аһарар буоллахха, балаҕан ыйын 27 күнүнээҕи 1990 сыллаах «судаарыстыбаннай суверенитет» туһунан Декларация сүрүн балаһыанньалара, 1992 сыллаах Саха сирин Төрүт сокуонун сүрүн балаһыанньалара П.В. Ксенофонтовтаах туруорсубут боппуруостарыгар, бырагыраамаларыгар олоҕурбута. 1992 сыл кулун тутар 31 күнүгэр Федеративнай дуогабар баттаһыытыгар Саха сириттэн М.Е. Николаев, К.Е. Иванов баһылыктаах дэлэгээссийэ, ультиматум оҥорон туран, өрөспүүбүлүкэлэр, судаарыстыбалар уонна бас билиилээх буолуохтаахтар диэни киллэттэрбиттэрэ. Ити П.В. Ксенофонтов теориятын салгыыта. М.Е. Николаев П.В. Ксенофонтов туруорсубут бырагырааматын дириҥник өйдөөбүт диэн санааҕа киирбитим.

Саха сиригэр хайдах автономия буолбут боппуруоһугар киирэбит. Муус устар 13 күнүгэр 1921 сыллаахха П.А. Ойуунускай, «Декларация прав трудящихся РСФСР» уонна РКП Х-с съеһин тезистэригэр олоҕуран, ЦК РКП (б) Сибиирдээҕи бюротугар Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буолуутун туһунан дакылаат оҥорор. Атыыр мөккүөр буолан, хайдыһан хаалаллар. «Саха уобалаһа ыраах кырыы сытар, нэһилиэнньэтэ туох да култуурата суох, Япония уонна АХШ былдьаан ылыахтара” диэн буолар. Хотимскай уонна Смирнов утараллар, Яковлев уонна Чуцкаев, автономияны аккаастааһын Сэбиэскэй былаас национальнай боппуруоска политикатын утарар уонна сахалар истэригэр националистическай хамсааһын тахсыан сөп диэн, Саха сирэ автономия буолуутун өйүүллэр. Итиннэ олоҕуран, НКН коллегиятын 1922 сыл тохсунньу 6 күнүнээҕи уурааҕынан, Саха сиригэр автономия тэриллиитин аккаастаан кэбиһэр. Биһиги дьоммут ыксыыллар. Мин сэрэйэрбинэн, М.К. Аммосов оччолорго Москваҕа баар буолар. Хайаан да бэйэтин учууталларыгар Орджоникидзеҕа уонна Ярославскайга тахсыбыт буолуохтаах. Ону таһынан И.В. Сталин Саха сириттэн дьокутаат буола сылдьыбытын сорохтор өҋдүүр буолуохтаахтар. Ол иһин да буолуо, нэдиэлэ да буолбакка, Сталин тохсунньу 13 күнүгэр национальностар народнай комиссардарын солбуйааччытыгар Карклиҥҥа «сахалар автономия боппуруостарын көр, мин Аммосовы өйүүбүн» диэн кэбиһэр. НКН кэллиэгийэтэ тохсунньу 17 күнүгэр уурааҕын көтүрэргэ тиийэр. Онтон Политбюро мунньаҕар В.И. Ленин автономияны өйүүр. Ол кэнниттэн Енукидзе илии баттааһыннаах ВЦИК Президиума өйүүр. Бүтэһигэр, муус устар 27 күнүгэр 1922 с., Саха автономиятын оҥорор туһунан ЦИК Декретэ тахсар. Онон Саха сирэ автономнай республика буолуута боростуой буолбатах этэ. Оччотооҕу 25-30 саастаах эдэр дьон үлэлэрэ-хамнастара далааһыннааҕыттан сөҕөҕүн эрэ. Кинилэр утарсыы, үлэ-хамнас бөҕөнү көрсөн, Сэбиэскэй Социалистическэй судаарыстыбаны олохтоспуттара. Билигин биһиги Аммосовы, Ойуунускайы, Бараховы ытыгылыыбыт, өйдүү-саныы сылдьабыт. Кинилэр олох атын социалистическэй судаарыстыбаны олохтоспуттара эбээт. Билигин арай Аммосов, Ойуунускай тиллэн кэлэллэрэ буоллар, туох диэхтэрэ эбитэ буолла…

Дьонноро сытыйар капитализмы олохтоон, Милтон Фридман теориятын быһыытынан норуот үгүс өттө быста дьадайыахтаах тускулун тутуһан олороллор. Сирдэрин баайын, ойуурдарын, ууларын бас билбэт, оҕолоро муҥутуур улахан харчыга үөрэнэр буоллулар. Отоннорун, тэллэйдэрин, сирдэрин аһын харчыга хомуйарга күһэлиннилэр. Ыраахтааҕы былааһын да саҕана түһээн көрбөтөх дьыалалара. Ханна хамсан, тугу гыммытыҥ барыта нолуок, харчы төлөбүрэ буолла, өссө ол харчы ханнык олигарх хармааныгар барарын ким да билбэт...

Полициябыт, прокуратурабыт салалталарын туораттан аҕалан аныыр практика барда. Бэл, Бырабыыталыстыбабыт бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар, Саха сиригэр олохтоох каадыртан кыахтаах киһи суоҕар дылы, туораттан аҕалар буоллулар. Каадыр боппуруоһун үүннэрии төттөрү бараары гынна. Цифровой экономикаҕа, политикаҕа киирэн, аҕыйах киһи салайа олорон байар буолла... Дистанционнай үөрэх, үлэ учуутал, быраас ахсаанын аҕыйатыыга тиэрдиэн сөп. 60 сааһын ааспыт дьон доруобуйатыгар кыһаллыбат буолуу политиката туруон эмиэ сөп. Планетаҕа киһи наһаа элбээри гынна дииллэрэ буолуо...

Билигин Төрүт сокуоҥҥа уларыйыы быһыытынан федеральнай территориялар диэн баар буолуохтаахтар. Арассыыйа территорията уобаластар, кыраайдар өрөспүүбүлүкэлэр сирдэриттэн турар ээ. Ордон турар сир суох. Оччоҕо федеральнай территория диэн ким сирэ, территорията буоларый? Бары «ураа»-ны кытта сөбүлэһээри олоробут. Наар хам баттана үөрэнэн дуу, сөбүлэһэргэ эрэ үөрэммит дьоммут. Киэҥник толкуйдуу үөрэммэтэхпит дуу, хайдах дуу...

1992 сыллаах Саха сирин Төрүт сокуонугар 5-с ыстатыйа быһыытынан сирбит, сирбит баайа, уубут, ойуурбут, сиртэн хостонор баайбыт, салгыммыт, континентальнай шельф Саха сирин бас билиитэ уонна норуотун баайа диэн этэ. Бэрт элбэх сүбэнэн оҥоһуллубута. 6-с ыстатыйа быһыытынан Саха сиригэр ядернай дэлби тэптэрии суох буолуохтаах, промышленнай тобох аҕалыллыа суохтаах, химическэй, бактериологическэй тургутуу, маассабай өлөрүү сэбэ суох буолуохтаах диэн оҥоһуллубута. Саха сирин Бэрэсидьиэнэ Саха сиригэр 15 сыл олорбут муударай, 40 сааһын туолбут уонна 60 сааһыгар диэри саастаах, саха тылын билэр гражданин буолуохтаах диэн этэ. Судаарыстыба үөрэхтээһинэ, ол иһигэр үрдүк үөрэх эмиэ, босхо буолуохтааҕа.

Скандинавскай дойдуларга сиртэн хостонор баай суотугар босхо үөрэнэллэр. Олус баай дьоҥҥо нолуок 60-80% тиийэр. Францияҕа, АХШ эмиэ оннук. Арассыыйаҕа нолуок олигархтарга үрдээбэт. Дефолт буоллаҕына, бааннары, баай дьону өйүүллэр.

1992 сыллааҕы Саха сирин Төрүт сокуонун элбэх үчүгэй өрүттэрин ааттыы туруохха сөп. 100 дойду Төрүт сокуонун үөрэтии буолбута. Ону В.В. Путин, Бэрэсидьиэн буолан баран, Арассыыйа Төрүт сокуонугар сөп түбэһиннэрии диэн аатттаан, ыллаттаран кэбиспитэ. Аны билигин Арассыыйа Бэрэсидьиэнинэн 25 сыл Арассыыйаҕа олорбут, кыраныысса таһыгар олорботох гражданин буолуохтаах диэн буолла. Билиҥҥи бэрэсидьиэн сүүрбэттэн тахса сыл бэрэсидьиэннээбэтэх курдук.

1993 сыллаахха Арассыыйа Төрүт сокуона олус ыарахан быһыыга-майгыга ылыллыбыта. Ельцин уонна Хасбулатов, ол аата Бэрэсидьиэн уонна Парламент утарыта турсан, Парламены ытыылаах, киһи бөҕө өлүүлээх кэмин кэнниттэн сүрдээх күүстээх Бэрэсидьиэн былаастаах Төрүт сокуон ылыллыбыта. Дэлэҕэ, “Ельцин Конституцията” диэхтэрэ дуо.

Тосту уларыйыылар

Билигин ити Конституцияҕа Америка сүбэһиттэрэ кыттыбыттара, бэл диэтэр, КРУ разведчиктара орооспуттара биллэн таҕыста. Ол да иһин экономикаҕа судаарыстыба кыттыһыа суохтаах, ырыынак бэйэтэ дьаһайар, сиртэн хостонор баай чааһынай бас билиигэ буолуохтаахтар диэн нуормалар киирбиттэр. Дьэ, ол да иһин сиртэн хостонор баайбытын былаас былдьыыр. Ньиэп сыаната түһэр да буоллар, бензин сыаната сиэри таһынан үрдүк. Атын дойдуларга, бэл, дьадаҥы Венесуэлаҕа, бензин сыаната босхону эрэ үрдүнэн. Соторутааҥҥа диэри Конституцияны тыытымаҥ, биэнсийэҕэ тахсыы сааһын үрдэтимэҥ диэн этэ. Онтон, уот ылар курдук, 180 кыраадыс тосту уларыта оҕустулар. Олох хаамыытынан уларыйыы тахсыахтааҕын бары да өйдүүбүт, ол гынан баран элбэх эксперт этэринэн, Төрүт сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии сүрүн сыала Бэрэсидьиэн боломуочуйатын болдьоҕун уһатыы дииллэр. ЦИК салайааччыта  Э. Панфилова соторутааҥҥы интервьютугар «куоластааҥ-куоластаамаҥ, уларытыы киирэн турар» диэтэ. Оннооҕор саҥардыллыбыт Конституция туһунан кинигэ-брошюра тахсыбыт үһү.

Хайаан да кыттыһыахтаахпыт

Онон куоластааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттан, бэйэбит позициябытын этэрбит наада. Уларытыыларга киһи өйүүр да, утарар да нуормалара бааллар, ону биир пакетынан куоластаталлар. Оччоҕо хайдах куоластыыбыт диэн норуот мунчааран ыйытара оруннаах.

Судаарыстыбаны кытта сибээстээх сокуоннары оҥорон таһаарар албастарга тохтоон ааһыам этэ. Бэйэм Саха сиригэр дьокутааттаабытым уонна сокуону оҥорор кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ этим, ССРС-ка сокуону оҥорор кэмитиэт хос кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим уонна конституционнай быраапка, судаарыстыба уонна быраап теориятыгар исписэлииспин. Судаарыстыба диэн бэйэтэ территориялаах, атын дойдулартан тутулуга суох былааһын тэринэр (ол сувереннай), публичнай былаастаах (судаарыстыба былааһын итинник ааттыыллар, билиҥҥитэ олохтоох салайыныы былааһа онно киирбэт), кылаассабай уопсастыбалаах (билигин кылаастар суохтар, ол оннугар баай, харчылаах олигархтар араҥалара үөскээн таҕыста), бэйэтин санаатын дойдутун иһигэр модьуйан оҥотторор аппарааттаах (ол аппараата: полиция, прокуратура, суут уонна аармыйа). Билигин дьон сокуон үксэ баай араҥа туһугар оҥоһуллар диирэ оруннаах курдук. Федерация сэбиэтигэр уонна Госдуумаҕа элбэх харчылаах уонна үрдүк үлэҕэ үлэлээн сылдьыбыт дьон олороллор. Нэһилиэнньэ даҕаны харчылаах эрэ дьону дьокутаакка талар буолан турар. Кыра ону-маны –  детсад дуу, кулууп дуу – туттарыахпыт диэтилэр да, сөп буолан хаалаллар. Ол кэнниттэн куукуна иһигэр айдаараллар. Арассыыйа Төрүт сокуонугар көннөрүүлэр киириэхтээхтэрин быһыытынан, Федерация сэбиэтигэр «уһулуччу өҥөлөөхтөр» үйэ-саас тухары Федерация чилиэнэ буолуохтаахтар. Билигин Госдуумаҕа  «Единэй Арассыыйа» саамай аптарытыаттаах. Биллэн турар, ханнык баҕарар партия бэйэтин интэриэһин туруулаһар. Атын партиялар этиилэрин ылыммат. Дуумаҕа куоластааһын партия бириинсибинэн барар. Дьэ, ол иһин Акимов, Борисов, Данчикова биэнсийэҕэ тахсыы сааһын уһатарга куоластаан тураллар. Хотугу ыарахан усулуобуйалаах территорияларга биэнсийэҕэ тахсыы сааһын уһаппат туһунан туруорсуу суох... Өрөспүүбүлүкэ да парламеныгар үксүлэрэ харчылаах тэрилтэ салайааччылара, «Единэй Арассыыйа» чилиэннэрэ олороллор. Парламент спикерэ П.В. Гоголев санаатын аһаҕастык эппитигэр уонна куоластаабытыгар айдаан бөҕө, «политический труп» диэн буолбута. Мин тус бэйэм сыаналыырбынан, П.В. Гоголев позициялаах, бэйэтин эрэ интэриэһин көрбөт, өрөспүүбүлүкэ интэриэһинэн салайтарар. Норуокка «с ним можно идти в разведку» дииллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...