03.02.2024 | 18:00

«Мааны мандар» Алыптаах Туйаарата

«Мааны мандар» Алыптаах Туйаарата
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Арчы дьиэтин иһинэн саха ииһин пропагандалыыр, киэҥ эйгэҕэ тарҕатар, сөргүтэр “Мааны мандар” түмсүү сэттис сылын үлэлиир. Иискэ баҕалаахтары уһуйар, төрүт үгэскэ үөрэтэр түмсүү уһуйааччыта Туйаара Иннокентьевна Александрова соторутааҕыта аатын Алыптаах Туйаара Лэгэнтэй кыыһа диэн уларытан, айымньылаах үлэтин суола өссө киэҥник тыргыллар.

Иистэнньэҥ идэлэнэрбин кырабыттан билэр этим

Лэгэнтэй кыыһа Туйаара Уус Алдан Баатаҕайыттан төрүттээх. Бастаан Намнааҕы педколледжка уруһуй, черчение учууталын идэтин баһылаабыт, онтон Педакадемияҕа искусство уонна дизайн факультетыгар үөрэммит. 9 сыл оҕолору үөрэтэн баран, улахан дьону үөрэтэр суолга үктэммит.

– Олох оҕо эрдэхпиттэн, кып-кырабыттан иистэнньэҥ-худуоһунньук буолуохтаахпын билэр курдук этим. Оннук “ону-маны тигэр киһи буолабын” диэн билэн улааппытым. Оҕо уһуйааныгар сылдьар сааспыттан бастакы сииктэрбин тикпитим, ийэм быысапка араас сииктэрин үөрэтэр этэ. 10 сааспыттан иистэнэр массыынаҕа дьууппа тиктэн кэтэр оҕо буолбутум.

Иискэ дьоҕур киһиэхэ айылҕаттан, удьуорунан бэриллэр дуу, эбэтэр олох сыһыана да суох киһини үөрэтэн таһаарыахха сөп дии саныыгын дуу?

– Ииһи идэ оҥостон, үйэтин тухары дьарыктанар, үрдүк таһымҥа иистэнэр киһи син биир айылҕаттан айдарыылаах, тарбаҕар талаана үөһээлэртэн бэриллибит буолар. Оттон бэйэҕэ, дьиэ кэргэҥҥэ иистэнэр киһини уһуйан таһаарыахха сөп бөҕө буоллаҕа – иистэнэр массыынаны сатаан туһанарга, иннэни таба тутарга, табатык быһарга үөрэтиэххэ сөп.

Сахалыы трансформер таҥастар

Баҕалаах дьону үөрэ көрсөбүт

– “Мааны мандар” түмсүүгэ баҕалаахтар киириэхтэрин сөп дуо?

– Түмсүүбүт сэттис сылын үлэлиир. Бу түмсүү бырайыагын ааптарынан Арчы дьиэтин уус-уран салайааччыта Любовь Радиковна Константинова – Кыталы Куо буолар. Кини ыҥырыытынан үлэлии сылдьабын.

Биһиги түмсүүбүтүгэр ким баҕалаах кыттыһыан сөп. Олоххо көхтөөх, үөрэххэ көтүппэккэ сылдьарга бэлэм, баҕалаах дьону ылабыт.

Биһиги түмсүүбүтүгэр эдэрдэр кэлэллэрэ өссө ордук дии саныыбын. Кинилэр сайдалларыгар, үөрэнэллэригэр, өр сыл дьарыктанан таһымнарын үрдэтинэллэригэр олус табыгастаахтык үлэлиибит.

 

Төрүт ииһи сөргүтүүнү таһынан күннээҕигэ кэтиллэр сахалыы таҥаһы тарҕатар эбиккит. Сөргүтэн, сүһэн ылан тигии уустуктардаах дуу? Аныгы сахалыы таҥаһы толкуйдаан таһаарар ыарахан дуу?

– Сахалыы таҥаһы күннээҕи олоххо кэтиини тарҕата сатыыбыт. Көннөрү былаачыйа эрэ буолбакка, онно симэх, араас аксессуар эмиэ киирсэллэр. Саха таҥаһын уларытан, ханарытан, аныгылыы тыыннааһын омук быһыытынан сайдыыбытын көрдөрөр дии саныыбын.

Хайаан да былыргы курдук эбэтэр тирии таҥаһы таҥна сылдьыбаппыт биллэр. Холобур, оҕуруону, быысапканы массыынанан тигэр ньыманы аныгы саха тобулбута ыраатта – күннээҕи таҥаска олус барсар. Түргэнник оҥоһуллар ньымалары туттан, төрүт таҥаспытын элбэх киһиэхэ тарҕатыа этибит.

Оттон быыстапкаҕа турар, саха култууратын кэпсиир, үгэстэрин билиһиннэрэр, киэҥ эйгэҕэ тахсар үлэ анаан-минээн илиинэн тигиллибитэ ордук сыаналанар. 

 

Саха дьахтарыгар, кыыһыгар, саастаах эбээлэрбит, кыра оҕолорбут да буоллун – сахалыы таҥас барыбытыгар баар буолуохтаах. Ыалдьыттыы барарга, араас тэрээһиннэргэ, көрсүһүүлэргэ, бырааһынньыктарга кэтиллэр таҥас элбэх, ону кытта, былаачыйа, көстүүм, кэһиэччик эрэ буолбакка, атах таҥаһа наада. Кыһыҥҥы таҥас этэрбэһэ, унтуута, үтүлүгэ, соно күннээҕигэ кэтэр уонна мааныга кэтэр араастара элбэх. Сылаастык түүлээххэ сууланан сахалыы таҥнарбыт төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй?!

Ол барыта кыаллыбат буоллаҕына, сахалыы аксессуарынан да солбуйуохха сөп диибит. Холобур, көннөрү былаачыйа таһынан сахалыы кур, хаппар-суумка, симэх-киэргэл иилиннэххэ, сахалыы тыыннана түһэбит.

 

Сахалыы тураҕас таҥас

– Төрүт ииһи биллэхпитинэ, үчүгэйдик үөрэттэхпитинэ эрэ сахалыы аныгылыы таҥаһынан дьарыктаныахпытын сөп диэн санаанан салайтаран, биһиги бууктаах сон кэмпилиэктэрин тикпиппит. Ол курдук, былыргы төрүт иис ньымаларыттан саҕалаан билэн-көрөн эрэ баран, аныгылыы сахалыы таҥаска киирбиппит.

 

Тураҕас таҥас (трансформер) толкуйдаан тикпиккит быыстапкаларга дьон биһирэбилин ыларын билэбит. Ол туһунан кэпсээ...

– “Кыбытык кырдала” диэн ааттаабыт кэллиэксийэбитигэр  тураҕас соннорбутун кыбытык тигиилээн таһаарбыппыт. Сон – сиэҕэ уһуллар, устата кылгыыр, сэлиэччиккэ кубулуйар. Холобур, таһырдьа кэтиллэр халтаҥ сон дьиэҕэ сэлиэччик оруолун толорор кыахтаах. Бу үлэлэрбитинэн Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах “Северная радуга” диэн бэстибээлгэ Санкт-Петербурга баран кыайбыппыт. Өлүөхүмэҕэ буолбут Олоҥхо ыһыаҕар эмиэ бастакы миэстэни ылбыппыт.

 

– Дьоҥҥо наһаа биһирэниэх курдук таҥастар эбит – бары өттүнэн барыстаах курдук көрдүм, дьону үөрэтэҕин дуо?

– Маннык таҥаһы тигиигэ дьону үөрэтиэхпин сөп. Чахчы дьон олус сэргээтэ, сонун сүүрээн буолла. Уопуттаах соҕус иистэнньэҥнэр тигиэхтэр этэ, саҥа саҕалааччыларга уустуктардаах буолуоҕа.

Бу тураҕас таҥаспыт дьону тугунан эмэ саҥанан, сонун, дьикти көстүүнэн соһутар баҕаттан үөскээбитэ.

 

Судургуттан – уустукка

– Саха ииһин ханнык көрүҥүн дьон ордук сэҥээрэр эбитий?

– Дьон син биир боростуойтан саҕалыыр. Боростуой халадаайтан, кыра суумкаттан саҕалаан иистэнэллэр. Бастаан кэлээччилэр оннугу интэриэһиргииллэр. Онтон дьэ ылларан иһэллэр уонна хайа көрүҥүнэн баралларын быһаарыналлар – оҕуруо, кыбытык, аттарыы, кэтэр таҥас хайысхатынан о.д.а.

 

Билигин үгүспүт халадаайдаах, хаһыаччыктаах буолла. Оттон кыһыҥҥы сон сакааска тигиллэр буоллаҕына, билигин төһө сыаналаах буолуон сөбүй? Сатаан тиктибэт эрээри, тиктэрэн кэтиэн баҕарар дьон бааллар...

– Кыһыҥҥы сону тигии үлэтэ эрэ 35 тыһыынчаттан кыра буолара сатаммат диэн сыаналыыбын. Манна өссө матырыйаалын сыаната эбиллэр, аны соҥҥо бэргэһэтэ, үтүлүгэ, өттүк симэҕэ тигиллиэхтээх.

Биллэн турар, саха таҥаһа чэпчэки сыаналаах буолбат. Сону тиктэрэ сорунан баран күндү түүлээҕи эҥин туттуохха наада. Ол эрэн сахалыы таҥас хас биирдии дьахтары, кэрэ аҥаары дьоллуур, ураты тыыннаах, харысхаллаах таҥас буолар, ханнык да билиҥҥи муода буолбут искусственнай түү саҕынньаҕы кытта тэҥнэһиэн сатаммат. Билигин “экомех” диэни муода оҥордулар, онтукалара, төттөрүтүн, экологияҕа буортулаах, хас да сүүһүнэн сылларга сытан ымыйар, айылҕаны киртитэр таҥас...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...