07.06.2021 | 18:45

Маһы ыллатар уус, ырыаһыт, үҥкүүһүт, артыыс...

Маһы ыллатар уус, ырыаһыт, үҥкүүһүт, артыыс...
Ааптар: Сардаана Багынанова
Бөлөххө киир

Хатас олохтооҕо Андрей Лукич Малышев-Толлуман – “Эр Бэрдэ” балаһабыт бүгүҥҥү ыалдьыта. Кини Горнай улууһуттан төрүттээх.

СӨ култууратын туйгуна, “Уус – уран оҥоһуктар” бэлиэ хаһаайына, мас ууһа, столяр идэлээх. Хоһоон суруйар, ырыа айар, үҥкүүлүүр. Хатастааҕы норуодунай театр солбуллубат артыыһа. Барыга-бары дэгиттэр талааннаах эр бэрдэ. Кини тугу сатаабатаҕа баарай... Маһы ыллатар уус, байанайдаах булчут. Кини талаанын хаартыскалар кэрэһилииллэр.

 

Дэгиттэр талааннаах

Андрей Малышев:

– Горнай оройуонун Аһыма бөһүөлэгэр үһүс оҕонон төрөөбүтүм. Ийэм Екатерина Ивановна Попова сопхуоска ыанньыксыттыыр этэ. Кини аймах балтыта Мария Николаевна Хохоловаҕа иитиллибитим.   Бэрдьигэстээххэ орто оскуоланы бүтэрбитим, ыал буолбутум. Кэргэннээхпин, уоллаах кыыс оҕолордоохпут, биэс сиэннээхпит. 1974 сылтан Култуура дьиэтигэр уус-уран самодеятельноска кыттыахпыттан ыла билиҥҥэ диэри ыллыыбын, үҥкүүлүүбүн, норуодунай театрга араас оруолларга  оонньоон кэллим. Уһанар идэлээх буолан, ол талааммын сайыннаран, билигин барытыгар уһанабын.

Илиибэр мас сылааһын тутан улааппытым

– Биһиги олорор түөлбэбитигэр үксэ уолаттар этибит. Онон бары кыра эрдэхпититтэн арааһынай маһы була-була, ону эрбээн, массыына оҥосторбут. Хайдах эрэ оннук үөрэнэн хаалбыппыт. Муста түстүбүт даҕаны, ким тоһоҕо, ким мас, ким эрбии булара. Аһара үлүһүйэммит, илиибитин быста-быста уһана сатыырбыт. Оччолорго төрөппүттэрбит мөхпөттөр этэ. Тоҕо диэтэххэ, бары уолаттар буоламмыт, биир түөлбэ иһигэр мустаммыт, арааһы оонньуурбут, уһанан да ыларбыт. Мастары эрбээн баран, быһаҕынан быһан ойуулуу сатыыр этибит. Маһынан уһанарга оннук интэриэстээх этибит. Улаатан истэхпит аайы саа-саадах, бэстилиэт оҥосторбут. Кимиэнэ эрэ табыллар, кимиэнэ эрэ табыллыбат этэ. Онон оҕо эрдэхпиттэн, бэйэм да билбэппинэн маска сыстыбыппын. Билигин ол оҕо саас кэмнэрин наһаа үчүгэйдик саныыбын. Оҕо инники идэтэ кыратыттан биллэр дииллэригэр сөбүлэһэбин.

Ленинград куоракка үөрэммитим

– Бэрдьигэстээххэ оскуоланы бүтэрэн баран, биэс сыл устата Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр үлэҕэ киирэн, араас үлэлэргэ үлэлээбитим. Онно кырдьаҕас маастардары батыһа сылдьан, дьиэ өрөмүөнүгэр, сарай көтүрүүтүгэр үлэлээбитим. Ону таба көрөннөр, тутууга сыстаҕас эбит диэннэр, сантехник киһиэхэ сыһыараллар. Кинини кытта бииргэ сылдьаммын, дьиэ өрөмүөнүгэр радиатордары кытта үлэлээммин, элбэххэ үөрэммитим, уопутурбутум. Быыһыгар хачыгаардыырым. Ол үлэлии сылдьан, Ленинград куоракка үөрэнэ барбытым. Мас ууһун үөрэҕэр, “Школа столяров краснодеревщиков” диэн идэҕэ уһуйар училищеҕа киирэн үөрэммитим. Манна икки сыл үөрэммитим. Үөрэхпин бүтэрэн баран, хараабылы оҥорор собуокка үлэҕэ киирэн, миэбэл сыаҕар үлэлээбитим. Барыта мас үлэтэ, онон үөрэ-көтө үлэлээбитим. Саха сириттэн соҕотох этим.

Сахалыы оҥоһуктарга Чурапчыга уһуйуллубутум

– Дойдубар Бэрдьигэстээххэ төннөн кэлэн, “Якутмебель” тэрилтэ Горнайдааҕы филиалыгар үлэлии киирбитим. Айар үлэм хайысхатын уларытаары, бытовой комбинат столярнай сыаҕыгар үлэҕэ көспүтүм. Манна сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Маска күүскэ уһаныым, дьэ, мантан саҕаламмыта. Бэйэ толкуйунан  үлэлиир кыах бэриллэн, айар талааным  аһыллыбыта. Дьэ,  онно үлэлии сырыттахпына, тэрилтэм дириэктэрэ Татьяна Егоровна Пахомова үлэҕэ сонун хайысхалары киллэриэххэ, элбэҕи сайыннарыахха наада диэн сыалтан сахалыы мас иһиттэри, остуоллары оҥорорго, миигин Чурапчы оройуонугар стажировкаҕа ыыппыта. Онно тиийэммин, уус идэлээх Павел Алексеевич Варламов диэн киһиэхэ түбэһэммин, сахалыы чорооннору, остуоллары оҥорорго уһуйуллубутум. Онон сахалыы тыыннаах оҥоһуктары уһанарга мин киниттэн үөрэммитим.

Иэйии киирдэҕинэ...

– Улахан кытыйаны оҥоробун. Маны бэрт аҕыйах киһи оҥорор. Тиит маһы хайа охсон баран, илиинэн хаһаҕын. Кини көстүүтэ улахан буолан, үлэтэ сүрдээх уустук, бырыынчык. Тиит мастан оҥоһуллубут кытыйаларбынан элбэх быыстапкаларга кыттыбытым. Дьон сүрдээҕин сэҥээрэллэр. Онтон чорооннорбун барытын хатыҥтан чочуйабын. Уус киһиэхэ иэйии диэн баар. “Арай маннык гыннахха” диэн санааттан маһынан оҥоһукка ылсаҕын. Кэнники сылларга саха балаҕанын тутуутунан үлүһүйдүм. РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Эрнст Алексеевич Александров диэн уус киһини кытта чугастык билсэн, бэркэ тапсан үлэлии сылдьабыт. Кинини кытта сэргэлэргэ, сахалыы балаҕаҥҥа, киһи уҥуохтарыгар, сахалыы миэбэлгэ сүрдээх элбэҕи үлэлээтибит. Кини миигин уус кистэлэҥнэригэр элбэххэ үөрэттэ. Билигин да бииргэ үлэлиибит. Онон киниэхэ махталым улахан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...