20.10.2024 | 12:00

Людмила Кривошапкина: «Кырдьартан куттанымаҥ»

Людмила Кривошапкина: «Кырдьартан куттанымаҥ»
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Людмила Семеновна, оҕо талаана-дьоҕура төрөппүттэриттэн, өбүгэ дьонуттан бэриллэр диэҥҥэ тугу этиэҥ этэй?

– Аҕам Семен Прокопьевич Кривошапкин Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ этэ. Баара-суоҕа уон сэттэлээх уолчаан тылланан туран аармыйаҕа барбыт. Сэрииттэн кэлэн баран ийэбин Уус Алдан кыыһын кэргэн ылан, дойдутугар Кэбээйи Сиэгэн-Күөлүгэр олохсуйбуттар. Улахан эдьиийдэрим кэпсииллэринэн, аҕабыт хормуоскатын кыбына сылдьар, пляскалаан тэйэр үҥкүүһүт, ырыаһыт эбитэ үһү. Күлбүт-салбыт, кэпсэппит-ипсэппит, барбыт-кэлбит, биир сиргэ олорон турбат киһи этэ диэн ахталлар. Аҕабыт ырыаһыт, үҥкүүһүт талаана удьуор утумунан оҕолорго бэриллибит. Бииргэ төрөөбүттэрбиттэн уолаттар хоһоон суруйаллара, ырыа матыыбын айаллара, ону ааһан сүрдээх үчүгэй буочардаах буолаллара, уруһуйдуур  даҕаны этилэр.

Ийэбит иискэ барытыгар дэгиттэр этэ. Тыс имитэртэн саҕалаан, этэрбэс арааһын тигэрэ, аны оҕуруонан билэлиирэ. Мин ийэм аттытыттан арахсыбакка, көрөөччү эрэ оруоллааҕым. Онтум баара олус улахан  оскуоланы ааспыт эбиппин. Ийэм 87 сааһыгар ачыкыта суох быысабайдыыра. Сиэннэригэр бэлэх оҥортуур идэлээҕэ.

Бииргэ төрөөбүт биэс оҕоттон билигин эдьиийбиниин иккиэйэх хааллыбыт. Дьокуускайга олохсуйан, бэйэбит туһунан оҕо-уруу, сиэн ортотугар  олоробут.

– Ол аата эн иистэнньэҥ, үҥкүүһүт, ырыаһыт да буолуоххун сөп эбит. Ол эрээри баттах кырыйааччы идэтин аргыс оҥостубуккун.

– Оннук. Бэһис кылааска үөрэнэ сылдьаммын ийэм иистэнэр улахан кыптыыйынан убайым баттаҕын кырыйбытым. Ол аан бастаан баттах кырыйарга сүрэхтэниим этэ.

Билигин  миигинниин  арахсыспат тэриллэрим – кыптыый уонна тараах. Өрүү суумкам түгэҕэр илдьэ сылдьабын.

Аҕабыт эрдэ олохтон туораан, түргэнник үлэһит буоламмын ийэбэр көмө буолар санааттан баттах кырыйааччы идэтигэр биир сыллаах кууруска киирбитим. Онтон ыла бу идэбин үйэ аҥаарыгар чугаһыыр кэмҥэ илиибиттэн араарбакка илдьэ сырыттаҕым. Ити 1978 сыл этэ.

Кэлин культпросвет училище ОКПР салаатын бүтэрбитим даҕаны, баттах кырыйарбын ордорбутум. Арааһа, оҕо эрдэхпиттэн наар кыргыттары киэргэтэр мөккүөрдээхпиттэн эмиэ буолуо. Оҕолор хаастарын үргээн, баттахтарын оҥорон оонньуур идэлээҕим.

Хайа идэ ылбыт күммүттэн бииргэ төрөөбүттэрбиттэн саҕалаан, билэр-билбэт дьоммун, аймахтарбын дьиэбэр ыҥыран наар баттахтарын кырыйан, химкалаан, быыһыгар иистэнэн тахсарым. Ол барыта үлэм таһынан киэһэ, түүн буолара. Билигин санаатахпына, оннук гынан аймах-билэ дьоммунуун ыкса сибээс олохтообут, үөрүүнү бэлэхтээбит дьоллоох эбиппин. Онтубуттан үөрэбин да үөрэбин.

Дьону кэрэ оҥорор, үҥкүүлүүр, уруһуйдуур, ону ааһан хоһуйууга холонор эбиккин дии, Людмила?

– Киһи бэйэтин туругун тылынан эрэ буолбакка, хоһуйуунан, ырыанан тириэрдэрэ өссө дириҥ буолар эбит.

2011 сыллаахха аймаҕынан мустаммыт ыһыахтаабыппыт. Улаханнык ытыгылыыр киһим абаҕам онно: «Дьэ, кэһиилээх кэлэргин күүтэбит»,– диэбитигэр наһаа долгуйбутум. Хайдах эрэ кини нөҥүө аҕам өттүнэн өбүгэ дьонум миигиттэн тугу эрэ эрэнэ күүтэллэр, итэҕэйэллэр эбит диэн өйдөбүл кэлбитэ. Ол түүн ис сүрэхпиттэн аһары таттаран туран аймах дьоммор кэһиим бу диэммин хоһуйуу суруйбутум:

Хоту хайалаах дойдубун

Ахтан, долгуйан ылабын.

Аймах билэ дьоннорбун

Истэ-билэ ырытабын.

 

Ол кэрэ көстүүлээх дойдуга

Уһаан тэнийэн олордоҕо

Үтүмэн өбүгэ саҕаттан

Киэн туттар төрүччү аймаҕым.

Ыйытыыгар хоруйдаабычча эттэхпинэ, итинник хоһуйуулар биирдэ эмэ киирэллэр. Ол киһи аныыр чугас эрэ дьонугар уйаҕас туругун тириэрдэригэр эбит дии саныыбын.

Дьүөгэлэрбэр бэйэлэрин уобарастарынан уруһуйдааччыбын. Хамсана-имсэнэ сылдьарбын сөбүлүүбүн. Ол иһин билигин даҕаны тренажернай саалаҕа дьарыктанабын.

– 1978 сылтан күн бүгүҥҥэ диэри биирдэ талбыт идэҕэр бэриниилээхтик үлэлии сылдьаҕын диэн эттэххэ дөбөҥ. Идэҕэ сөпкө тайаныы чахчы дуоһуйууну биэрэр дииллэрэ кырдьык буоллаҕа?

– Оннук этиэххэ сөп бөҕө буоллаҕа. Дьокуускайдааҕы «Үһүс саас оскуолата» диэн Социальнай хааччыйыы өрөспүүбүлүкэтээҕи кэлим киинин бырайыагын куруһуоктарыгар дьарыктана таарыйа, үлэлии, дьоҥҥо кэрэни бэлэхтии сылдьарбыттан үөрэбин эрэ. Социальнай хааччыйыы өрөспүүбүлүкэтээҕи кэлим киинин дириэктэрэ Наталья Пахомова, Дьокуускай куораттааҕы «Үһүс саас оскуолатын» дириэктэрэ Пелагея Прядезникова биир санаанан үлэлииллэрин бэлиэтиибин уонна махтанабын.  Дьоҥҥо Айыы санааны олохтуу сылдьар  салайааччыларбыт үтүө ыллыктаах үлэлэрин аартыга арылла, кэҥии турдун! Кинилэр үтүө холобурдарыгар тирэнэн, бэйэм парикмахер идэбинэн кырдьаҕастарга, кыамматтарга баттахтарын кырыйаммын, кинилэр курдук  эмиэ үтүөнү,  кэрэни  үксэтэбин.

– Кырдьык даҕаны, кырдьаҕастарга босхо баттах кырыйар аахсыйалары тэрийэргин истибитим.

– Нэһилиэнньэ саастаах, кыаммат араҥатыгар кыра да буоллар үөрүүнү оҥоруохтаахпын диэн баҕа санаанан салайтаран, быйыл, балаҕан ыйын сылаас күннэрин баттаһа, 70-тан үөһэ саастаахтарга босхо баттаҕы  кырыйыыны тэрийбитим. Элбэх  киһи  истиһэн  кэлэн, махтал бөҕө  буолбуттара. Уопсайынан, кырдьаҕас дьон оҕо курдук буолаллар, кыраттан даҕаны оҕолуу истиҥник үөрэллэрин, махтаналларын көрөр олус үчүгэй.

Билигин өрөбүллэргэ аахсыйа диэн ааттааммын иккилии мөһөөххө кырыйталыыбын. Биһиги бары ийэлэр, эбээлэр, хос эбээлэр буоларбыт быһыытынан, син биир оҕолорбутугар көмөлөһөбүт; ону учуоттааммын маннык  чэпчэтиилэри  оҥоробун.

– Бу нэдиэлэҕэ аны Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Эн дьоҥҥо холобур буолар ыал ийэтинэҕин. Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсэтиэх.

– Орто дойдуга аналбынан тапталбын көрсөммүн, ийэ буолар үрдүк дьолу бэлэхтээбит киһим Андрейым этэ. Кэргэним киһи быһыытынан наһаа сэмэй майгылааҕа. Эмиэ айар үлэһит этэ. Кини таҥан-оҥорон таһаарбыт хаһыаттара, сурунааллара олох атын көрүҥнээхтэрэ. Олоҥхоҕо аналлаах улахан  кинигэни оҥорбута. Кинигэлэрин дьон-сэргэ аахтын диэн библиотекаҕа  туттарбыппыт.

Кини бу олохтон барбытын да кэнниттэн аатын ааттатар, киэн туттар оҕолордоох, сиэннэрдээх. Ийэ буолар дьолу бэлэхтээбит киһибэр анабыл хоһоонноохпун. Кэнэҕэскитин, баҕар, ырыа буоллаҕына, оҕолорбор, сиэннэрбэр анааммын ыллыам.

Көтүтэр ол дьоллоох түгэним,

Көтүтэр ол күүстээх ситимим,

Көтүтэр ол иэйиим мичээрэ,

Көтүтэр кут кэрэ дорҕооно...

Биһиги Андрейбыныын күн сирин көрдөрбүт оҕолорбут бары үлэһиттэр. Бэйэлэрэ ийэ, аҕа буолбут дьон. Аҕатын аатын сүгэр кыра уол Андрей Трифонов графическай дизайнер. Английскайдыы, кэриэйдии холкутук кэпсэтэр. Кыыспыт Настя үлэтин таһынан иллэҥ кэмигэр эмиэ дьону киэргэтэрин сөбүлүүр дьарыктаах. Улахан уол Игорь хореограф идэлээх.

Сиэннэр күн бокуойа суохтар. Быластылыынтан саҕалаан, уруһуйдьуттар. Гимнастика, сүүрүү, үҥкүү – бу барыта күннээҕи дьарыктара буолан, үүнэллэр-сайдаллар.

– Дьоллоох ийэбин, эбээбин диэн сананаҕын дуо?

– Биллэн турар, ийэ, эбээ буоларбынан, оҕолорум миэхэ өрүү көмө, тирэх буолалларынан дьоллоохпун. «Ийэбит биһигини кытаанахтык ииппитиҥ олохпутугар туһалаах эбит»,– диэн махтаналлар.

Быйыл 65 саастаах үбүлүөйбэр оҕолорум миэхэ анаабыт махтал, таптал тыллара олоҕум биир бэлиэ түгэнэ буолла. Ийэ киһиэхэ, бу диэн эттэххэ, оҕо тапталыттан, махталыттан ордук дьол туох кэлиэй?! Уопсайынан, олоҕу хайдах баарынан ылынаммын, бэйэбэр сайдыы кирилиэһинэн дабайыым – бу  барыта оҕолорбор, сиэннэрбэр  үтүө  холобур  буоларыттан наһаа үөрэбин, астынабын.

Онон кырдьар саас диэн наһаа үчүгэй эбит! Кырдьартан куттанымаҥ!

Олоххун хайдах тыынныырыҥ барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Ис туругу көрүнэн, ийэ куту иһиллэнэн, доруобуйаҕа болҕомто ууран сылдьан бэйэ тэтиминэн олоруу – бу дьол биир көрүҥэ.

Людмила Семеновна, эйигин Ийэ күнүнэн эҕэрдэлиибит. Биһиэхэ санааҕын сайа этэн аһаҕастык үллэстибиккэр махталбыт мааныта буоллун. Маннык куруук үөрэ-көтө сырыт!

 

Хаартыскалар: Дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...