07.12.2020 | 12:03

Людмила ЧЕПАЛОВА: “ҮЛЭ ТАҺААРЫЫЛААХ БУОЛАРЫГАР ҮЛЭҺИККЭ СӨПТӨӨХ УСУЛУОБУЙА ТЭРИЛЛИЭХТЭЭХ”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл “Хатас” сопхуос тэриллибитэ 60 сыла бэлиэтэнэр. Бүтүн нэһилиэги тутан олорбут, сүрүн тэрилтэлэри үлэлэппит, Хатас билиҥҥи олоҕун акылаатын үйэлэргэ уурбут, өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын хас биирдии хардыытын тыыннаах туоһута, үтүө холобура буолбут, бастыҥтан бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыт “Хатас”  сопхуос чахчы  улахан баай историялаах. Оттон ол историяны боростуой туруу үлэһит дьон оҥорбуттара.

Бүгүн биһиэхэ “Хатас” сопхуоска уһулуччу ситиһиилээхтик үлэлээбит-хамсаабыт, олоҕун саамай тахсыылаах кэмнэрин сопхуос сайдыытыгар анаабыт, билигин төрөөбүт нэһилиэгин олоҕор-дьаһаҕар төһүү күүс буолан култуура салаатын салайа сылдьар ытык киһи Людмила Михайловна Чепалова ыалдьыттыыр:

– Мин 1945 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр  Хатаска, Михаил уонна Матрена Решетниковтар дьиэ кэргэннэригэр тохсунньу томороон тымныытын оройугар күн сирин көрбүтүм. Төрөөбүт төрүт дойдум кэрэ айылҕатыгар, өҥ-быйаҥ бычалыйар көнө-налыы хонууларыгар, сыанан-арыынан аҕыыр Улуу-Арыы ходуһаларыгар күөлэһийэн улааппытым. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн ураа муостаах үрүҥ илгэтэ хантан үрүлүйэ сүүрэрин, эмис этэ хантан кэлэрин эппинэн-хааммынан билбитим.  

Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт Аҕа дойду сэриитин урусхалын кэннэ ону чөлгө түһэрии, сайдыы-үүнүү суолугар үктэннэрии нэһилиэгим  дьылҕатыгар, олоҕун суолугар арылыччы көстөр. Оҕо сылдьыахпыттан култуураҕа, спортка сыһыаннааҕым биллэр буолан, оскуоланы бүтэрэн баран үөрэх хайысхатыгар ол диэки барар санаалаах этим даҕаны, ийэм барахсан:  “Эн, ыал улахан оҕото буолаҕын, онон эн идэҥ ас-үөл, ас-таҥас кэлэр өттүгэр – тыа хаһаайыстыбаҕа буолуохтаах”, – диэн мөккүөрү үөскэппэттии чопчу сыал-сорук туруорбута. Онон тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн баран, Бүлүү улууһугар ананан, үлэбин онно саҕалаабытым.

Дьэ, онно тиийэн саха дьоно барахсаттар үйэттэн үйэҕэ  баар үгэстэрин, үтүө майгыларын эппинэн-хааммынан, өйбүнэн-санаабынан билбитим. Көр доҕоор, бу хаһан билбит киһилэригэр (оччолорго кыыстарыгар) төбөбүттэн атахпар диэри биир-биир сылаас таҥас бэлэхтээтилэр – түүлээх үтүлүгүттэн саҕалаан барытын таҥыннардылар. Аһы-үөлү этэ да барбаккын. Бүлүү улууһун Хаҕын нэһилиэгин дьонун-сэргэтин күн бүгүҥҥэ диэри наһаа сылаастык ахтабын-саныыбын. Наһаа сэмэй, үлэһит – хараҥаттан хараҥаны холбуур туруу дьоннордоох, хас да отделениелаах улахан сопхуоска үлэлээбитим.

Дьиэ кэргэнинээн.

Билигин олохпун барытын ыраҥалаан, ырытан санаан ааһарбар дьоҥҥо-сэрэгэҕэ эрэли, инники кэмҥэ сырдык угуйар суолу булларбыт айар-тутар аартыкпын арыйсыбыт, тапталбын, олоҕум аргыһын, эмиэ эдэр специалист, Иркутскайдааҕы сельхозинституту бүтэрбит инженер-механик уолу Чепалов Азот Ивановиһы көрсүбүт Бүлүүм улууһун “Мастаах” сопхуоһун сиригэр-уотугар, дьонугар-сэргэтигэр махталым улахан.

БИИР ЫНАХТАН – 3750 КГ ҮҮТ

Сылга 6000 кг киилэ үүт биэрэр ынахпыт.

– Онтон дойдугар төннөн кэлэн тугу үлэлээтиҥ? Оччотооҕу кэм туруу үлэһиттэрин ахтан-санаан ааһыахха. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит сопхуос үлэтэ хайдах тэриллэр этэй?

– Онтон дьонум – төрөппүттэрим көмөҕө-тирэххэ наадыйар кэмнэрэ кэллэ диэн, дьоммор чугаһаан, Хатаспар көһөн кэлбитим. Кэлээт даҕаны, омуннаан эттэххэ, сарсыҥҥытыттан үлэҕэ ылбыттара. Кэргэним Азот Иванович инженер-механик үөрэхтээх, инньэ гынан кини эмиэ олох үөһүгэр буола түспүтэ. Үлэлии кэлэрбэр “Хатас” сопхуос  сайдар-үүнэр суолун төрдүн тобулар-булар, көрдүүр, саҥа саҕалааһыннары боруобаланар кэмэ этэ. Онон мин дьиэ кэргэним курдук чугастык саныыр үлэлээбит кэллэктиибим кэҥиир-тэнийэр, кыаҕырар аартыкка чиҥник турар кэмигэр диэри араас түһүмэхтэрин, чахчы илэ харахпынан көрбүтүм уонна ол туһугар  күүһүм-кыаҕын, өйүм-санаам, билиим-көрүүм баарынан бэйэм сэмэй кылааппын киллэрбиппиппиттэн субу билиҥҥи кэмҥэ киэн тутта, астына саныыбын.

Сопхуоска үлэлиир сылларбар ветеринарнай фельдшеринэн, кэлин Благовещенскай сельхозинститутун бүтэрэн, зооинженер идэтин ылан, зоотехнигынан, профком бэрэссэдээтэлинэн, живкомплекс начаалынньыгынан үлэлээбитим.

Мин көрбүтүм-билбитим диэн инчэҕэй, намыһах хотоннор, үгүстэ-элбэхтэ ыалдьар сүөһү. Ытаспытым табыллыбат буолартан, барыта соруйан оҥорбут курдук биир сиргэ тэпсэҥнээһинтэн. Ол эрэн маяк буолар дьоннордоох, күүстээх салайааччылардаах, дьиҥ-чахчы  үрдүк таһымнаах исписэлиистэрдээх буоламмыт бииртэн-биир саҥаны-сонуну киллэрэн, улам-улам сырдаан, кэҥээн, үрдээн испиппит. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҥа үлэ ньымалара маҥнайгынан, биһиэхэ, “Хатас” сопхуоһугар, киирэллэрэ. Холобур, хотон үлэтэ бүттүүн механизацияламмыта, саҥа таас живкомплекстар тутуллубуттара, дьэ, онно аныгы үлэ ньымалара киирбиттэрэ. Бастакынан “поточно-цеховое производство молока” диэн хайысха киирбитин түмүгэр хас биирдии ынахтан 3750 кг үүтү ыыры ситиспиппит.

Аны эбии аһылыгы ааҕан- суоттаан, буһаран, паардаан, хааһылаан сиэтэрбит. От, сиилэс хаачыстыбатыгар кытаанах ирдэбил турара. Дьэ, онно этэ, үөрэ-үөрэ үлэҕэ барыы, онно этэ астына-астына айыы-тутуу. Билигин сыллар ааспыттарын кэннэ санаатахпына “Хатас” биир саамай күүстээх өрүтэ үлэни тэрийиигэ уонна үлэһити биир санааҕа киллэриигэ эбит.Хас биирдии киһи – салайааччы, оробуочай – сопхуос  үлэтин хайа баҕарар түһүмэҕэр, хайа хайысхатыгар үлэлиириттэн тутулуга суох, наһаа да бэриниилээхтик, чиэһинэйдик, туруулаһан туран үлэлииллэрэ.

Биллэн турар, үлэ тэрээһинэ салайааччылартан тутулуктааҕа. Биһиги ол чааһыгар олус табыллыбыт дьоллоох дьоммут диэн сыаналыыбын. Ол курдук, сопхуос үлэтин салайар хамаанда олус күүстээх үрдүк кылаастаах профессионаллар этэ. Дириэктэрбит Парасковья Павловна Федорова – Ленин уордьанын кавалера, Үлэ Кыһыл Знамятын уордьанын, Бочуот знагын  кавалердара этэ, СӨ “Полярная звезда” уордьан хаһаайына, СӨ уонна РФ Тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина, Хатас нэһилиэгин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, аҥаардас үлэнэн аатырбыт улуу киһи – бэйэтин тула, этэргэ дылы, көрөн да кэбистэҕинэ өйдөһөр, өйүүр дьону муспута.

Кадрдары кытта үлэни олус дириҥник хорутан, бары өттүттэн толкуйдаан Прокопий Прокопьевич Софронов баһылаабыта-көһүлээбитэ. Кинини кытта кэпсэтэн-сэһэргэһэн тахсыбыт киһи хайдах да сыыһа-халты суолу тутуспат буолара. Ол курдук бэйэтин үлэтигэр наһаа бэриниилээх уонна ол үлэм, дьыалам дьоҥҥо туһалаах диэн ис сүрэҕиттэн эрэнэр-итэҕэйэр буолан, онно сөптөөх-тылы-өһү булара, өйү-санааны угара.

Кинилэр биир саамай таба тайаммыт өрүттэрэ – үлэлиир усулуобуйаны олохтооһун – үлэһити туттар тэрилинэн, техниканан толору хааччыйыыны, механизациялааһыны тэрийии этэ. Минньигэс, сылаас астаах остолобуой үлэлиирэ; автолавка кэлэн табаар бастыҥын маҥнайгынан биһиэхэ атыылыыра; медицинскэй көмө,  кэмиттэн кэмигэр көрөн профилактика – массаас кабинетыттан саҕалаан доруобуйа туругун бөҕөргөтөр усулуобуйа – барыта баара. Дьэ, уонна ол кэннэ кытаанах ирдэбил турара.

Каадырдары кытта үлэ өссө биир үтүө түмүгүн биир чаҕылхай көстүүтэ – бэйэ иһиттэн исписэлииһи иитэн таһаарыы, анал үөрэх кыһаларыгар үөрэттэрии этэ.

СҮӨҺҮ ИИТИИТЭ УОННА ОҔУРУОТ АҺЫН ҮҮННЭРИИТЭ

Бэтэринээринэй сулууспа үлэтин түгэннэрэ.

– Чахчы маннык тэрээһиннээх, үлэһиккэ бары усулуобуйаны олохтуур үлэ билигин тэриллэрэ саарбах... Аныгы киһи истэн сөҕөрүн кэпсиигин эбээт.

– Сопхуоспут үлэтин  сүрүн хайысхата сүөһү иитиитэ уонна оҕуруот аһын үүннэриитэ этэ. Дьэ, уонна ол хайысха тула үлэлиир улахан хаһаайыстыба буолан таҕыстахпыт дии. Ити барыта толору үлэлээн-хамсаан, сайдан тахсарыгар элбэх техника наада – механизатордар халыҥ хамаандалара, саҥа тутуулар, баар тутуулар табыгастаах буолуохтарын наада этэ. Ол тутуулар  куруутун үлэ усулуобуйатыгар эппиэттиир буолалларыгар – тутуу биригээдэтэ; сүөһүбүт бородууксуйатын ылыаххын баҕардаххына кини сылы быһа аһыыр аһын хааччыйар – кормопроизводство, оттуур биригээдэ, аһын-үөлүн ааҕар-суоттуур зоотехниктар; сүөһү чөл, чэгиэн туруктаах эмис доруобай буоларыгар ветеринарнай сулууспа уо.д.а.

Сүөһүнү иитии чахчыта да айылҕа эргиирэ этэ, киниттэн ылыллар бородууксуйа туга да хаалбат этэ – этиттэн, үүтүттэн ураты тириитигэр, ноһуомугар тиийэ туһаныллара.  

Оҕуруот аһын үүннэриигэ аһаҕас уонна сабыылаах грунт диэн баар этэ. Сүөһү үлэтигэр биир да күн тохтоло суох үлэ буоллаҕына, биирдэ санаатахха, оҕуруот үлэтэ сезоннай  үлэ курдук эрээри, төгүрүк сыл тохтообокко үлэлээтэххэ эрэ үрдүк үүнүүнү ылаҕын. Оҕуруот үлэтин биир уратыта үүнүүнү хомуйууга хайаан да субуотунньук, күүрүүлээх үлэ – араас сиргэ баар бааһыналарга үлэлии сылдьар тыһыынчанан киһини, сүүһүнэн массыынаны биир организм курдук үлэлэтии, аны ол массыыналар тиэммит бородууксуйаларын батарыы, хаһааныы, уурунуу...

Аны бииртэн биир улахан дьиэ-уот, производственнай тутуулар (ыскылааттар, гараастар, мастарыскыайдар, живкомплекс) бу барыта Сахабыт сирин 8 ыйдаах аам-даам тымныытын тулуйуохтаах, үлэлэрин тохтотуо суохтаахтар – манна коммунальнай хаһаайыстыба түбүктээх үлэтэ элбэҕи быһаарара.

"Хатас" сопхуоһун бэтэрээннэрэ.

Бу хас биирдии ааттаабыт хайысхам аайы сатабыллаах салайааччы, дириҥ билиилээх, киэҥ эйгэлээх, тус көрүүлээх исписэлиистэр салайаллара. Сүөһү иитиитин сыаҕын уопуттаах Любовь Николаевна Харитонова, Михаил Матвеевич Попов, Василий Васильевич Мокрощупов, Елена Афанасьевна Мокрощупова, Клавдия Михайловна Решетникова, Капитолина Иннокентьевна Решетникова салайаннар үрдүк таһымҥа таһаарбыттара. Кормопроизводство сыаҕын Радий Михайлович Уваровскай, Фекла Гаврильевна Олесова, Дмитрий Иннокентьевич Охлопков үлэлээннэр хаачыстыбалаах сүөһү аһылыгын бэлэмнээһини тэрийбиттэрэ.  Механизация сыаҕын сатабыллаахтык Лев Аркадьевич Порядин, Азот Иванович Чепалов, Афанасий Григорьевич Аргунов, Спартак Константинович Окороков салайбыттара.

Чэ, ити курдук сопхуос үлэтэ ис иһиттэн тахсар ситимнээх, сибээстээх үлэ буоллаҕа дии. 

БАРЫ БИИР КИҺИ КУРДУК

Социалистическай үлэ кыайыылаахтара.

– Уопсайынанноруот муудараһа диэн өйдөбүл баар. Ол иһин норуоттан тахсыбыт хаһан баҕарар үйэлээх, бөҕө-таҕа буолар. Бэргэн этии баар дии:Биир киһи барыбыт туһугар, бары биир киһи туһугар”, – диэн. Барыта ити этиигэ сыттаҕа дии –  Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, идеянан сирдэтинии. Ити  үчүгэйтэн ураты, туох да мөкүнү да, бөрүкүтэ да суоҕу аҕалбатаҕа. Ийэ дойдутун таптыыр, бэриниилээх киһи хайдах да, хайа да өттүнэн дьоҥҥо-сэргэҕэ көмө-тирэх, өйөбүл буолар уонна, биллэн турар, киниэхэ эмиэ оннук сыһыан төннөн кэлэр буоллаҕа дии.

Үлэлиир ыччаты кытта “наставничество” диэн баара сүрдээх көдьүүстээх, туһалаах, үтүө көрдөрүүлээх этэ.  Сүөһү иитиитин сыаҕар эдэр ыччакка наставнигынан Розалия Иннокентьевна Решетникова, Ирина Илларионовна Баишева, Анна Андреевна Варламова, Александра Иннокентьевна Жиркова уо.д.а. буолаллара.

– Тэҥнээн көрөр кыахтаах киһи, билиҥҥи үлэни туох дии саныыгын?

– Аны билигин үлэлии олорор “Баҕарах” ХЭТ туһунан олох быһыта-орута ол куһаҕан, бу куһаҕан диэн этэр кыаҕым суох. Сүрдээх элбэх киһи кэлэн үлэлээн барда, сорохторун чиэһинэ эттэхпинэ, ааттарын да өйдөөбөккө хааллым. Ол эрэн биири этиэхпин баҕарабын – баҕалаах буолуохха наада, туппуттан туораабакка, ылсыбыты бырахпакка, саҕалаабыты сайыннардахха туох эрэ тахсар, салҕанар. Бу билигин, күн бүгүн Хатас биһиги ытыктыыр убаастыыр киһибит Иннокентий Дмитриевич Панаев сыдьаана, тыа хаһаайыстыбатыгар салайааччы быһыытынан буһуу-хатыы оскуолатын барбыт Иван Константинович Сивцев кэлбитигэр, биһиги, бэтэрээннэр, истэ-билэ үөрэбит, сахалыы сэмэйдик элбэҕи эрэнэ кэтэһэбит.

КЫҺЫЛ МУННУКТАН КУЛТУУРА ЭЙГЭТИГЭР

Хатаска ньургуһун күнэ.

– Быйыл төрөөбүтүм 75, култуура эйгэтигэр кэлбитим 25, киһи быһыытынан аһыллан-арыллан, салайааччы быһыытынан буспут-хаппыт таптыыр-ахтар  “Хатас” сопхуоһум 60 сыла. 

Култуура эйгэтигэр кылаатым кулуупка кэлбиппиттэн саҕаламмыта диир арыыйда тутах буолуо, тоҕо диэтэххинэ, бэйэбин өйдүөхпүттэн ырыа ымыылаах, үҥкүү таҥаралаах этим. Оскуола саҕаттан устудьуоннуур да сылларбар, үлэлиир да кэммэр кэрэ эйгэтигэр тардыһарым. Киһи барахсан бу орто дойдуга олорорун тухары туох эрэ кэрэҕэ, сырдыкка дьулуһардаах буоллаҕына эрэ түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буолар. Бу өйдөбүлү тутуһан хомуллар-тэриллэр туһугар, үгүс элбэх күрэхтэр, көрүүлэр,  бэстибээллэр, кэнсиэрдэр тэрилиннэхтэрэ бөҕө дии, тэриллиэхтэрэ да буоллаҕа.

“Хатас” сопхуоска үлэлии сылдьан Кыһыл муннукпутугар атахпытын соттон киирэр ыраас этэ. Аны онно үлэлии сылдьан биир уталыйбат, өйдөбүл диирим дуу, ирдэбил диирим дуу, баара – эн ханнык да түгэҥҥэ куруутун ыраас таҥастаах,  хомуллуулаах баттахтаах буолуохтааххын, аны үлэҕэр кэлэр-барар суолгар  мааны, муодунай таҥастаах, сэргэх сэбэрэлээх буолуохтааххын диэн. Ити ис турук , ис иһиттэн култууралаах буолуу буоллаҕа дии.

Оччолорго хамнас үчүгэй, сарсын тугу  аһыыбыт, таҥнабыт диэн муҥатыйааччы суох. Үлэ күөстүү оргуйар, олох тигинээн олорор, инньэ гынан дьоммут-сэргэбит сүрдээх көхтөөхтөр этэ. Аны “Школа, производство, ВУЗ” диэн хамсааһынынан ыччат  90%  сопхуоска үлэлиир! Дьэ, онно мин үҥкүү туруорабын, ырыа ыллатабын, сыаҥка туруорабын уо.д.а.

– “Тускул” култуура киинин салайааччыта буолаҕын. Билиҥҥи дьаҥ тарҕаммыт кэмигэр хайдах үлэлии олороҕут?

– Аны буола турар балаһыанньаҕа үлэ-хамнас хардыыта-хаамыыта диэҥҥэ диэ... Бу балаһыанньа саҕаланыытыгар бары даҕаны уоска бэрдэрбит курдук биир-икки нэдиэлэ толкуйга түспүппүт. Мин үлэм хамаандата улахан өттө эдэр эрчимнээх, этэргэ дылы иҥэһэ үрдүгэр сылдьар дьон, аныгы технологияны олох үчүгэйдик билэр дьон. Онно салайааччы быһыытынан аччаабыта биир-икки хардыы инники сылдьар былааны, торуму оҥорон биэрэбин, дьэ уонна тигинэччи, тэтими ыһыктыбаттыы үлэлиибит. Онон тутан олорор дьоммутун биири да сүтэрбэтибит, сорох хайысхаҕа төттөрүтүн кэҥээн-тэнийэн биэрдибит.

Эрдэ оҥоһулла, хаһаанылла, үлэлэнэ сылдьыбыппытын ситэрэн-хоторон биэрдибит, саҥа хайысхалар таҕыстылар. Сопхуос саҕаттан өйбөр-санаабар, сүрэхпэр иҥмит өйдөбүлүнэн – үлэ усулуобуйатын төһө кыайарбынан оҥоробун уонна дьэ ирдиибин.

Саҥа технологиянан быһа эфирдэри ыытабыт, аныгылыы таһымнаах кинигэлэри (мультимедийнэй) таһаарабыт.  Уопсайынан олоҕум тухары салайар үлэбэр  (ханна үлэлиирбиттэн тутулуга суох)  саамай көмөлөөх ньыма – былаан уонна анаалыс. Былаанныах-барыллыах иннинэ тугу баҕарарбын олох чуолкайдык билиэхтээхпин, сыалбар тиийиэхпэр диэри кэлэр сылларга үлэм түһүмэхтэрин чопчу көрүөхтээхпин, эбэтэр аныгылыы эттэххэ исписэлиистэрбин кытта форсайт оҥостон, ырытан үлэбитин сайыннарабыт. Куруутун “тоҕо?” диэҥҥэ эппиэттээх буоллахха, ол аата сөптөөх анаалыһы оҥостоҕун, ол аата инникигэ хардыылыыр кыахтааххын. 

ОНЛАЙН ҮЛЭНИ БАҺЫЛААТЫБЫТ

– Хатаска култуура тэрилтэтэ аһыллыбыта бу үүнэр сылга 90 сыла буолар. Дьэ, ол тухары дойду олоҕун хардыытынан түһүүлээх да, тахсыылаах да кэмнэр бааллара. Мин манна ананан кэлэн баран аан бастакы улахан сыалым-соругум урукку да, билиҥҥи да үлэни сибээстээн,  ситимнээн, нууччатытан эттэххэ систиэмэлээн, сааһылааһын-наардааһын этэ. Дьэ, онно ханна, туохха күүстээх да, мөлтөх да өрүттэр тахсан кэлбиттэрэ. Инньэ гынан сыалбыт-сорукпут өссө чуолкай, дьэҥкэ буолбута, чопчуламмыта. Ол күнтэн бу күҥҥэ диэри кэпсээтэххэ, ырыттахха биир бачча ыстатыйа буолуон сөп.

Күн бүгүн салайа сылдьар кэллэктиибим эргиччи өттүнэн  сүрдээх күүстээх састаап – эдэрдэр да бааллар, орто да саастаахтар бааллар. Ол бэйэ бэйэни ситэрсэн, байытан ситимнээх үлэни ыытарга мөккүөрэ суох үчүгэй эрэ өрүттээх. Театрым испэктээкили да оонньуур, киинэни да устар,  уруһуйдьуттарым Арассыыйа таһымыгар тахсаннар, үлэлэрэ  Третьяковскай галереяҕа турда, иистэнньэҥнэрбит үлэлэрэ Иваново куоракка бастыҥнар ахсааннарыгар киирбиттэрэ, куонкурустарга тиийэн кыттан эрэ буолбакка, салгыы үлэлэһэргэ олук оҥостоммут, оннооҕор бу пандемия кэмигэр Бразилияны кытта 3 төгүл быһа эфиргэ тахсан, дьиэҕэ олорор туристары куйаар нөҥүө Саха омугу кытта билиһиннэрдибит.

Дойдубут дьонун-сэргэтин,  үлэлээбит үлэбит туһунан кинигэлэри таһаартаатыбыт, бэл диэтэр “Саха Сирэ” хаһыат редакциятын кытта үлэлэһэммит, Кыайыы күнүгэр Хатас бэтэрээннэригэр анаммыт сыһыарыы нүөмэр таһаартардыбыт. Күргүөм ырыаҕа туһуламмыт сыаллаах-соруктаах үлэ түмүгүнэн уонунан ырыа кэллэктииптээхпит.

Биир улахан кыайыыбыт хас эмит  уонунан сылларга умнууга хаалбыты – киинэ индустриятын сайыннарыы үлэтигэр утуйар ууну умнан да туран туруорсуу, үлэлэһии түмүгүнэн кинотеатрдаахпыт. Кинотеатр диибин, тоҕо диэтэххэ, кинотеатр диэн статуһу ыларга анаммыт ирдэбил биһиэхэ барыта баар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...