01.09.2022 | 10:00

Любовь Алексеева: «Оҕо бэйэтин кыаҕынан үөрэниэхтээх»

Любовь Алексеева:  «Оҕо бэйэтин кыаҕынан үөрэниэхтээх»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Төрөппүт оҕотун оскуолаҕа хайдах бэлэмниэхтээҕий? Билиҥҥи үөрэнээччи саха тылын, литературатын тоҕо ыарырҕатарый? Оҕо тыла сайдарыгар туох олук буоларый? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьытын кытта сэһэргэстибит. Билсиҥ, Уус Алдан улууһун Тумул орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын учуутала Любовь Афанасьевна Алексеева. Кини үөрэҕириигэ, оҕону иитиигэ, ааҕыыга көрүүлэрин, санааларын үллэһиннэ.

Учуутал буолар баҕа санаалаах улааппытым

– Любовь Афанасьевна, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.

– Мин Амма улууһун Абаҕа орто оскуолатын бүтэрэн баран, Нерюнгритааҕы техническэй институт филиалыгар “Педагогика и методика начального образования” диэн салааҕа үөрэммитим. Тумул орто оскуолатыгар 2003 сыллаахха үлэлии кэлбитим. Онон учууталынан үлэлээбитим 19 сыл буолла. Бу үөрэх дьыла бүттэҕинэ, 20 сылым. Билигин алтыс выпускпун үөрэтэ сылдьабын. Биһиги оскуолабыт 91 үөрэнээччилээх. Мин кылааспар үс оҕолоохпун.

– Учуутал идэтин тоҕо талбыккыный?

– Аҕабынан Чурапчыбын. Кини өттүнэн аймахтарым Васильевтар - учуутал династиялара. Кыра эрдэхпиттэн эдьиийдэрбин, убайдарбын көрөн, учуутал буолабын диэн бигэ быһаарынан улааппытым. Дьиҥинэн, үөрэнэ сылдьан нуучча тылын, литературатын учуутала буолуохпун баҕарар этим. Онтон бүтэрэрим саҕана алын сүһүөх кылаас учуутала буолар суолу талбытым.

– Сорохтор оскуолаҕа практикалана тиийэн баран идэлэрин таба тайамматахтарын өйдүүллэр, оҕолору кытта сатаан үлэлиэ суохпут диэн түмүккэ кэлэллэр, үөрэхтэрин быраҕар түгэннэрэ баар. Эйиэхэ оннук саарбахтааһын суоҕа дуо?

–  Суох, оннук санаа хаһан да киирбэтэҕэ. Практикабын Амма гимназиятыгар барбытым. Уопуттаах учууталга түбэһэн, чэпчэкитик ааспытым. Бэйэм оҕолору кытта үлэлиирбин оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Лааҕырдарга баһаатайынан үөрэ-көтө үлэлиирим. Оскуоланы бүтэриэм иннинэ “Ыллык” айар түмсүүгэ дьарыктаммытым, онно эмиэ оскуола үөрэнээччилэрин, уһуйаан иитиллээччилэрин кытта тэҥҥэ сылдьыбытым. Ол кэмтэн оҕону кытта үлэлиир баҕа санаа үөскээбит дии саныыбын. 

– Оскуолаҕа учууталынан ананан баран, бастакы Билии күнүн өйдүүгүн дуо? Төһө долгуйбуккунуй?

– Биллэн турар, долгутуулаах этэ. Оҕолор дьылҕаларын быһаарар эппиэтинэспин өйдөөбүтүм. Сибэкки дьөрбөтүн тутан, олус үөрбүппүн бу баардыы ахтабын. Оҕо сылдьан лааҕырга үлэлээбиппэр сибэкки дьөрбөтүн туттарбыттара, онно “Учуутал буолар наһаа да үчүгэй эбит” дии санаабыппын өйдүүбүн. Билии күнүгэр оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэ-көтө мусталлара олус үчүгэй. 

Дьарык уонна төрөппүт көмөтүнэн

– Хас биирдии учуутал оҕолору үөрэтэр туспа ньымалары, албастары туттар. Сүрүн болҕомтоҕун туохха уураҕыный?

–  Оҕо саҥатыгар, тыла сайдарыгар элбэх сырабын уурабын. Үөрэнээччилэрим санааларын сааһылаан, дьаарыстаан, холкутук саҥаралларын туһугар үгүс үлэни ыытарга дьулуһабын. Холобур, иккис выпускпар олус долгуйар, дьон иннигэр сатаан тыл эппэт оҕолор бааллара. Ону таба көрөн, Куукула тыйаатырын үлэлэтэн саҕалаабытым, оҕолорбун быыс кэннигэр саһыарбытым. Остуоруйаларбытын оҕо уһуйааныгар тахсан көрдөрөр буолбуппут. Төрөппүттэр көмөлөрүнэн куукула арааһын тикпиппит. Оҕолор үөрэн-көтөн, бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһан, бэркэ үлэлээбиттэрэ. Кырачааннары кытта алтыһан, бэйэлэрин улахан дьон курдук санаммыттара. Билигин биир үөрэнээччим уһуйаан үлэһитэ буолан олорор.

– Кырдьык, оҕо эрэ барыта санаатын сайа эппэт, өйтөн суруйууну кыайбат, дьон иннигэр саҥарарын ыарырҕатар. Аны туран, кэнники кэмҥэ саҥарар дьоҕурдара ситэ сайдыбатах оҕолор оскуолаҕа киирэллэрэ үксээтэ. Ити кыһалҕаны быһаарарга ханнык ньымалары туһанаҕыный?

– Бэһис выпускпар үс оҕо саҥарарын ыарырҕатар этэ. Ону логопед үөрэҕим суох эрээри, сонун ньымалары көрдөөн, “Веселый язычок” диэн куруһуогу арыйбытым. Онно араас эрчиллиилэри оҥорон, түргэнник саҥарарга үөрэммиппит. Билигин биир үөрэнээччибин көрдөххө, хайдах даҕаны кыра сылдьан мөлтөхтүк саҥарар этэ диэбэккин, дорҕоонун барытын сөпкө, чуолкайдык саҥарар.  

Итиннэ эбэн эттэххэ, мөлтөхтүк саҥарар оҕолор таба суруйууга ыарахаттары көрсөллөр. Ол да буоллар, дьаныардаах дьарык көмөтүнэн үтүө түмүктэри ситиһиэххэ сөп дии саныыбын. Аны туран, төрөппүт сүрүн тирэх буолар диэн этиэхпин баҕарабын. Оҕону кытта элбэхтик кэпсэтиэххэ наада. Манна даҕатан эттэххэ, төрөппүт көмөлөстөҕүнэ эрэ, учуутал үлэтэ таһаарыылаах, үтүө түмүктээх буолар. Онон бэйэм төрөппүттэрбэр махтанабын.

– Уруокка оҕолору хайдах үлэлэтэҕин?

– Үөрэнээччи барыта уруокка көхтөөхтүк кыттарын ситиһэ сатыыбын. Ханна эрэ таабырын киллэрэн, быыһыгар эрчиллии биэрэн. Оҕо дьарыктаныан иннинэ туох сыаллаах оҥорорбутун ыйытабын. Сороҕор үөрэнээччи баҕатынан дьиэҕэ үлэни биэрэбин. Оҕо бэйэтэ таларыгар кыах биэрэбин. Холобур, ким эрэ ааҕан баран кэпсиирдии, ким эрэ уруһуйдаан кэлиэ.

«Ааҕар балаҕан» 

– Билигин үөрэҕирии эйгэтигэр бырайыагынан үлэ биһирэнэр. Бу хайысханан туох үлэни ыытаҕыный?

“Ааҕар балаҕан” диэн куруһуоктаахпын. Онно оҕолор ааҕаллар, тиэкистэри көрөн, бэйэлэрэ айар үлэҕэ холоноллор. Дьиҥэр, оҕо эрэ барыта айбат. Ону саатар санааларын сатаан суруйалларын, аахпыттарын кэпсииллэрин ситиһэр курдук үлэлиир лиистэри бэлэмниибин. Куруһуокка сахалыы, нууччалыы остуоруйалары, араас сурунааллары ааҕабыт. Бастакы сылларбытыгар үбүлүөйдээх суруйааччыларынан баран испиппит. Сыл аайы оҕо суруйааччытын үбүлүөйэ түбэспэт, онон кэнники тиэмэлэринэн сирдэтинэр буолбуппут. Оскуолабыт библиотекара С.И. Стрекаловская, нэһилиэкпит библиотекара С.А. Прудецкая буолан, ыкса ситимнээхтик үлэлиибит. Оҕолор библиотекаҕа сөбүлээн сылдьаллар.

Манна эбэн эттэххэ, айылҕаттан бытаан оҕолор баар буолаллар. Холобур, сорохтор оскуолаҕа буукубаны билбэккэ, аахпакка киирэллэр, түргэн оҕолортон хаалан иһиэхтэрин сөп. Онуоха маршрутнай каарта диэни киллэрэ сылдьыбытым. Ол курдук, биирдии бэйэлэригэр сорудахтардаах карточкалары биэрэбин, ону зачет курдук туттараллар. Холобур, аахпыт айымньыларын ис хоһоонун кэпсииллэр эбэтэр ыйытыыларга хоруйдууллар. Сорудахтарын толордохторун аайы илии баттаан иһэбин. Ити ньыма оҕо тиэкиһи кытта үлэлииригэр үчүгэй этэ.

Үлэбин түмэр кэмим кэллэ диэн санааттан бу саас социальнай ситимҥэ сахалыы, нууччалыы ааҕыыга аналлаах бөлөх арыйбытым. Онно дьону кытта билиибин-көрүүбүн, уопуппун үллэстэбин, уруокка, үлэбэр туттар ньымаларбын кэпсиибин.

– Ааҕыы дьиэ кэргэнтэн саҕаланар диибит. Ийэ быһыытынан төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэ этигиний?

–  Мин оҕобун кытта оскуолаҕа киириэр, онтон алын сүһүөҕү бүтэриэр диэри остуоруйа ааҕарбыт. Күҥҥэ 20-чэ мүнүүтэ сөп буолар. Сынньалаҥҥа, айаҥҥа ааҕар үчүгэй. Энциклопедия оҕо элбэҕи билэригэр-көрөрүгэр олус үчүгэй. Билигин оҕолор Корея кинигэлэрин (комикс курдуктар) ааҕаллар. Ити эмиэ ааҕыы эйгэтигэр киллэрэр суол. Уопсайынан, оҕо баҕарар кинигэтин ылан, көрдөрөн, усулуобуйа тэрийэн сыһыарыахха сөп.  

– Айар дьоҕурдааххын билэбин. Хаһааҥҥыттан суруйаҕыный?

– Амма улууһун Абаҕа орто оскуолатыгар үөрэнэр кэммэр нэһилиэк библиотекатыгар Галина Ильинична Захарова салалтатынан “Ыллык” айар түмсүүгэ дьарыктаммытым, онтон ыла хоһоон суруйар буолбутум. Ольга Иванова-Сидоркевич “Амма чэчиригэр” эмиэ кыратык сылдьыбытым. “Таптал таҥарата” диэн ырыа айбытым. Кэлин соччо суруйбаппын, ол да буоллар бэйэм хоһооннорбун биирдэ эмит ааҕабын. 

Тыл суолтатын быһаарарга бириэмэбит баранар

– Саха тылыгар, литературатыгар (чуолаан алын сүһүөх кылаастарга) электроннай матырыйаал олус аҕыйаҕын дистанционнай үөрэх көрдөрдө. 

– Ити баар кыһалҕа. Учууталлар бассаапка бөлөхпүтүгэр ыарырҕатар түгэннэрбитигэр бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөбүт, өйөһөбүт.

Сайын уоппускам кэмигэр үһүс кылаас оҕолоругар (бэйэм кылааһым – үһүстэр) “Литература ааҕыыта” диэн үлэлиир тэтэрээт бастакы чааһын оҥордум. Оҕолор маннык тэтэрээккэ сөбүлээн үлэлииллэр. Ойуулаах-бичиктээх, дьэрэкээн өҥнөөх буолан, үөрэнээччи болҕомтотун тардар. Араас сорудахтары киллэрэ сатаатым, хас уруок аайы хатыланар сорудах аҕыйах. Оҕо кырааскалыырын, таайарын сөбүлүүрүн учуоттаан, онно сөптөөх гына оҥордум. Кэллиэгэлэрим сэҥээрдилэр, сэргээтилэр. Сорохтор сыанатын олус чэпчэки гыммыккын диэтилэр. Итиэннэ атын кылаастарга эмиэ оҥороруҥ буоллар диэн баҕа санааларын эттилэр. Саҥа үөрэх дьылыгар  тэтэрээт иккис чааһыгар үлэлиэм, атын кылаастарга төһө кыайарбынан оҥоро сатыам.

– Төрөппүттэр саха тылыгар учуобунньук ыарахан, оҕолорбутун кытта тэҥҥэ үөрэнэбит, сорох сорудахтары бэйэбит да кыайбаппыт диэн муҥатыйаллара үгүс. Маннык кыһалҕаны көрсөҕүт дуо?

– Үксүн саха тылыгар “Эрчиллиигэ биир тыл көппүт үһү” дииллэрин истэбит. Биһиги оскуолабытыгар саха тылын учууталлара олус күүстээхтэр. Онон итинник түгэннэргэ кинилэртэн ыйытабыт, сүбэлэттэрэбит.

Аны туран, атын-атын предметтэргэ тиэмэлэри үөрэтии кэмэ араастаһар. Холобур, былырыын оҕолорум иккис кылааска английскай тыл уруогар солбуйар ааты барбыттара. Бу тиэмэни нуучча тылыгар кыһын үөрэтэбит, оттон саха тылыгар аат тылы да билэ илик буолаллар. Ол эбэтэр саха тылыгар тиэмэ хаалан иһэр.   Ону хайдах эрэ тэҥнээн оҥоһуллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

– Саха тылын туттуллар эйгэтэ кыараҕас буолара кистэл буолбатах.  Кэтээн көрдөххүнэ, оҕолор сахалыы айымньы тылын-өһүн төһө өйдүүллэрий?

– Инники выпусктар арыый чэпчэкитик ылыналлар этэ. Билигин “саһыл” диэни да билбэт оҕолор баар буолаллар, “лиса” дииллэр. Онон айымньы ис хоһоонун кэпсэппэккэ, тыл суолтатын быһаарыыга бириэмэбит баранар. Аны туран, нууччалыы эрэ саҥарар оҕолор элбээн иһэллэр. Кинилэр ордук ыарырҕаталлар, төрүт дорҕооннору кыайан саҥарбат да түгэннэрэ баар.

– Литература учуобунньуктарыгар (нуучча литературатыгар эмиэ) киирбит айымньылар “эргэрдилэр”, билиҥҥи оҕоҕо сөп түбэспэттэр диэн санаа баар. Ол эрээри классика өлбөт-сүппэт үйэлээҕин өйдүүбүт. Эн санааҥ?

– Классика хайаан да наадалаах дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ литература уруоктара иитэр үлэни кытта быһаччы ситимнээхтэр. Ол эрээри оҕолор сорох түгэҥҥэ сэбиэскэй кэм идеологиятын өйдүүллэрэ ыарахан. Холобур, пионер диэн кимин билбэттэр. Аныгы оҕоҕо сөп түбэһэр идеаллар баар буолуохтаахтар быһыылаах. Ол эрээри классика бэйэтин сыалын-соругун син биир толорор дии саныыбын.   

 

Оскуоланан куттаамаҥ

– Сорох төрөппүттэр оҕолорун оскуолаҕа эрдэ биэрэ сатыыллар. Бу туһунан туох дии саныыгын?

 – Оҕо билиитинэн эрэ бэлэм буолуо суохтаах. Кини оскуолаҕа социальнай өттүнэн эмиэ бэлэм киириэхтээх, бэйэтин үөрэнээччи быһыытынан ылыныахтаах. Холобур, сорох оҕо оскуолаҕа  буукубаны барытын билэн, оннооҕор ааҕан киириэн, ол эрээри ноҕуруусканы уйумуон сөп. Ытыы сылдьар, настырыанньата суох буолар. Итинник туруктаах доруобуйатыгар оҕустарыан сөп. Эбэтэр түөрт сааһыттан аахпыт уонна оскуолаҕа эрдэ киирбит оҕо, баҕар, айымньыны ааҕыа, ол эрээри ис хоһоонун илдьиритэ, ырыта олоруон баҕарыа суоҕа. Ол иһин төрөппүт учууталга эбэтэр психологка бэрэбиэркэлэтэн баран оҕотун оскуолаҕа биэрэрэ ордук.

– Төрөппүт оҕотун оскуолаҕа хайдах бэлэмниэхтээҕий? Тугу сүбэлиигин?

– Бастатан туран, ийэ, аҕа оҕону оскуоланан куттуо суохтаахтар. “Учууталыҥ мөҕүө”, “Учууталгар этиэм” эҥин диэн тыллары туттары тумнуохтаахтар. Эбэтэр дьиэҕэ үлэни сор-муҥ курдук оҥоруо суохтаахтар. Оҕо оскуола туһунан үчүгэй эрэ өйдөбүллээх буолуохтаах. Маны таһынан, төрөппүт оҕотун сыаната арыый намыһах да буоллаҕына, мөхпөтө-эппэтэ ордук. Оҕо бэйэтин кыаҕынан үөрэниэхтээх. Оскуола ирдэбилэ элбэх, онно оҕону сыыйа-баайа, аргыый аҕай киллэрэр ордук. Оччоҕуна үөрэ-көтө үөрэнэ кэлиэҕэ.

– Сорох оҕо билиини, этэргэ дылы, “ааһан иһэн” сомсор. Сорохтор айылҕаттан бытаан буолаллар. Кылааска атын-атын таһымнаах оҕолор бааллар. Холобур, биир үөрэнээччи төгүл табылыыссатын аҕыйах күнүнэн билиэҕэ, иккис оҕо үөрэх дьылын быһа соһуллуоҕа.  Ону учуутал хайдах эрэ тэҥниэхтээх дуо?

– Учуутал оҕо кыаҕын учуоттаан сорудаҕы биэриэхтээх. Арыый бытаан оҕоҕо аҕыйах сорудах, ол эрээри эрчиллиитэ элбэх буолуон наада. Ол эрээри оҕо барыта кылааһы кытта тэҥҥэ үлэлиэхтээх, бырагырааманы өйдүөхтээх. Мин эрдэттэн пропедевтическай үлэни ыытабын. Холобур, бу оҕо ыарырҕатыа дии санаатахпына, инникитин кэлиэхтээх сорудахтарга майгынныыр сорудахтары биэрэбин, оччоҕуна арыый бэлэм буолар.

Бу саас кылааһым оҕолоругар, туохха ыарырҕаталларын быһаараары, араас диагностикалары ыыппытым. Онно тирэҕирэн, кинилэргэ сөптөөх сорудахтары толкуйдуохтаахпын.

Дойду – дьонунан

– Уус Алдан Тумула өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан чөл олохтоох буолбута. Нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөххүн билэбин. Ол туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?

– Биһиги нэһилиэкпит олохтоохторо туохха барытыгар олус көхтөөхтөр. Сыл аайы нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар бэстибээли көтүппэппит. Мин хоһоон ааҕыытыгар, үҥкүүгэ кыттабын, хоһооҥҥо лауреат буола сылдьыбытым. Оскуола профсойууһугар үс сыл бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим. Онно эмиэ кэккэ ситиһиилэрдэммиппит. Оскуола усулуобуйатын сырдатыыга улууска бастаабыппыт. Кэлэктиибинэн түмсэн, Ойуунускай туһунан испэктээк туруоран, миэстэлэспиппит. Түөлбэлэринэн олус элбэх тэрээһин ыытыллар. Онно эмиэ көхтөөхтүк кытта сатыыбын. Дьиэ кэргэнинэн, кэтэх хаһаайыстыбабытынан араас күрэхтэргэ кыттабыт. Баһылыкпыт сүбэтинэн нэһилиэк дьокутаатыгар кандидатынан туруоруннум.

 

Сүрүн тирэҕэ – дьиэ кэргэнэ

– Кэтэх хаһаайыстыбаҕыт туһунан кэпсии түс.

– 25 төбөлөөхпүт, алта ыанар ынахтаахпыт. Түөрт козалаахпыт, икки тыһы ыаныллар. Ону таһынан, быйылгыттан индюк, цесарка иитэн эрэбит. Кэргэним цесарка уонна индюк сымыыттара перепелка кэнниттэн бастыҥнар диэн, бэйэтэ баҕаран ыллыбыт. Астарын үчүгэйдик көрүөххэ наада эбит. Куурусса курдук буолбатах. Индюктар кыраларыгар туустааҕы сиэбэттэр. Улаатан баран уотурбаны, сиэмэни, ас тобоҕун сиир буоллулар.

Коза үүтэ туһалааҕын бары билэбит. Биһиги быырпах, суорат, иэдьэгэй оҥоробут. Сороҕор сүөгэйгэ кутабыт эбэтэр бэйэтинэн сүөгэй оҥостон сиибит.

Коза үүтэ аллергиялаах оҕоҕо ордук үчүгэй. Биһиги оҕобут кыра эрдэҕинэ аллергиялаах этэ, билигин арыый чэпчэкитик аһарынар буолла. Уолбут коза үүтүн туһунан дакылаат суруйан, улуус, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттыбыта.

Сайын аайы дьон сиэринэн оҕуруот аһын арааһын олордобут. Быйыл хаппыыста, луук олордон саҕалаатыбыт.

– Үлэһит киһи үчүгэйдик сынньаныахтаах. Дьиэ кэргэнинэн иллэҥ кэмҥитин хайдах атаараҕытый?

– Биир үлэттэн атын үлэҕэ көһөбүт быһыылаах (күлэр). Айылҕаҕа сынньанарбытын туохтааҕар да ордоробут. Бэйэм сарсыарда аайы хаамабын, сэрээккэлиибин, онтон дуоһуйабын, чэбдигирэбин.

– Саҥа үөрэх дьылыгар туох былааннааххыный?

– Омук тылын учуутала тиийбэт диэн учууталлары саҥалыы бэлэмниир кууруска үөрэнэ сылдьабын, быйыл дипломмун көмүскүөхтээхпин. Инникитин үлэлэрбин түмэн, суруйааччыларга аналлаах паапкалары эбэтэр лэпбуктары оҥоруохпун баҕарабын.

– Любовь Афанасьевна, кэпсээниҥ иһин махтанабын, айымньылаах үлэҕэр саҥа саҕахтары баҕарабын.    

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...