23.08.2021 | 14:06

Любомир Михайлов-Уххаан: «Сааскы-күһүҥҥү өртөөһүнү тыа сирдэригэр сокуонунан көҥүллүөххэ»

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Бүгүн кэпсиир дьоруойум олох оргуйар үөһүгэр сылдьар, юрист идэлээх буолан сокуон хараҕынан кырдьык иһин туруулаһар, эколог быһыытынан Ийэ айылҕабытын көмүскүүр, аны билигин ыҥырыы таһааран баҕа өттүнэн баһаары кытта охсуһа барааччылары түмэр.  Любомир Николаевич Михайлов-Уххаан – чөл олох уонна спорт пропагандиһа, иллээх-эйэлээх ыал аҕа баһылыга, Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот фронун Саха сиринээҕи салаатын экологияҕа эксперэ, СӨ Айылҕа харыстабылыгар уопсастыбаннай экологическай сүбэтин чилиэнэ, "Марха өрүс көмүскээччилэрэ" түмсүү бэрэссэдээтэлэ, адвокат.

Ойор-тэбэр оҕо сааһым

– Мин 1969 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр Ленинскэй оройуон Маалыкай сэлиэнньэтигэр 7 оҕолоох ыалга үһүс оҕонон, бастакы уолунан төрөөбүтүм. Түөрт аҥаар киилэттэн тахса ыйааһыннаах күн сирин көрбүппүн, ону ийэм көтөҕөн олорон оҕом улааттаҕына улахан киһи буолуо диэн «Уххаан» диэн хос ааты иҥэрбит. Онтум билигин миэхэ харысхал аатым буолар, күн бүгүҥҥэ диэри доҕотторум сахалыы Уххаан дииллэр. Бииргэ төрөөбүт 7-бит. Мин кэннибиттэн түөрт уол төрөөбүтэ. Кыра эрдэхпиттэн араас үлэҕэ сыстан улааппытым, сайын от оттоон, саас саһааннаан, кыһын мас хайытан, дьиэҕэ кыстаан киллэрэрбит.

1976 сыллаахха Маалыкай орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим,  пионердыы сылдьан Володя Дубинин аатынан этэрээккэ биир көхтөөх кыттааччы этим, онтон Ленинскэй Хомсомуол кэккэтигэр киирбитим. Оскуолаҕа спорт араас көрүҥүнэн – көҥүл тустуунан,  волейболунан, остуол тенниһинэн, баскетболунан, футболунан дьарыктаммытым. Саахымат бастакы дуоскатыгар оскуолаҕа уонна Ньурба улууһугар оҕолорго элбэхтэ чөмпүйүөн буолбутум. 8-с кылааска үөрэнэ сылдьан остуол тенниһигэр абсолютнай чөмпүйүөннээбитим. Көҥүл тустууга аатырбыт тренер Дмитрий Петрович Коркин аатын сүгэр Чурапчытааҕы спортивнай интэринээт-оскуолаҕа  тиийэ үөрэммитим.  Математиканы, географияны, физкультураны ордорор этим. Убаастыыр учууталым Николай Степанович Васильев инники идэбин таларбар төһүү күүс буолбута, кини дьон кэһиллибит быраабын сокуонунан көмүскээн миэхэ үтүө холобур көрдөрбүтүгэр махталым улахан. Оскуола кэмнэригэр көҥүл тустууга тренердэрбэр – Маалыкайга Владимир Григорьевич Тыасытовка, улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин аатынан спортивнай интэринээт-оскуола дириэктэрэ Константин Сергеевич Постниковка, тренердэрим Петр Николаевич Калачевка, Николай Николаевич Решетниковка, Семен Семенович Морфуновка, учуутал эдьиийдэрбэр Марфа Семеновна Наумоваҕа, Галина Семеновна Монастыреваҕа уо.д.а учууталларбар махталым муҥура суох.

1986 сыллаахха Маалыкай орто оскуолатын икки предмеккэ “орто” уонна атыттарга “үчүгэй”, “туйгун” сыаналаах ситии-хотуу аттестаттаах, эбиитин тыраахтар ыытар бырааптаах бүтэрбитим.

Төрөппүттэрим

Аҕам Николай Семенович Михайлов 1932 сыллаахха Ньурба улууһун Малдьаҕар нэһилиэгэр Хомустаах алааһыгар күн сирин көрбүт. Маалыкай орто оскуолатын бүтэрэн баран, 1956-1960 сылларга Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэр, онно бэтэринээр идэтин ылан улууһугар кэлэн Хатыҥ-Сыһыыга Таркаайы сопхуоска, Маалыкайга Степан Васильев аатынан сопхуоска бэтэринээринэн үлэлиир. Онтон 1980 сыллаахтан 1998 сылга диэри Ньурба улууһугар «Харахтарынан көрбөттөр» уопсастыбаларыгар бэрэссэдээтэлинэн ситиһиилээхтик үлэлээн дьон махталын ылбыта. Аҕам 1998 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ.

Ийэм Клавдия Николаевна Тимофеева-Михайлова 1937 сыллаахха Ленинскэй оройуон Малдьаҕар нэһилиэгэр Мохулу алааһыгар төрөөбүт. Кыра эрдэҕиттэн холкуоска сүөһү үлэһитинэн, онтон оройуон бытовой кэмбинээтигэр оһох оттооччунан, дьиэ хомуйааччынан үлэлиир. Кэлин биэнсийэҕэ тахсан, сиэннэрин көрсөн дьиэтигэр олорбута. 1996 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ.

 

Кинилэринэн киэн туттабын

Мин төрүттэрим Ньурба улууһун Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөн-үөскээн тэнийбиттэрэ, биир дойдулаахтара үөрэхтээх буолалларын ситиһэр туһугар үлэлээбиттэрэ. Ол курдук аҕам өттүбүнэн эһэм, саха саарына Семен Климович Михайлов 1893 сыллаахха төрөөбүт. 1916 -1918 с.с. Малдьаҕар нэһилиэгин кинээһинэн, нэһилиэгэр бастакы суруксутунан, улууска тиийэ докумуоннары оҥорор киһинэн биллибит. Эһэм Ньурба улууһугар сэбиэскэй былаас олохтоноругар күүскэ үлэлэспит киһинэн буолар. 1918 с. Ньурба улууһун Земскэй милииссийэтин бастакы начаалынньыгынан, 1919 с. ыам ыйын 13 күнүттэн Ньурба улууһун Волостной инороднай Управатын бэрэссэдээтэлинэн (билиҥҥинэн Ньурба улууһун аҕа баһылыгынан) үлэлээбит. 1927-1928 с.с. Малдьаҕар оскуолата умайбытыгар оскуола тутуутугар матырыйаалларын булан, тиэйэр-таһар үлэлэри сүрүннээн, прораб үлэтигэр көмөлөһөн, тутааччыларга астарын, хамнастарын хааччыйан, салайан саҥа 7 кылаастаах оскуоланы туттарбыт.

Эһэм аҕата, хос эһэм Клим Тязиков – соҕурууттан кэлбит политсыылынай, үөрэхтээх киһи. Ол саҕанааҕы былаас кэлии киһи араспаанньатыттан иҥниэхтэрэ диэн кэргэнин араспаанньатын ылан Михайлов диэн буолбут. Кинилэр 9 оҕоломмуттар. Хос эһэбит Клим Тязиков Малдьаҕар нэһилиэгэр бастакы үөрэхтээх киһи буолан, оҕолору ааҕарга, суруйарга, суоттуурга, олор истэригэр бэйэтин оҕолорун кытары тэҥҥэ ини-бии бырааттыы Семен Николаевич Донскойдары үөрэппит. Кэлин Донскойдар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы үөрэх уонна сир наркомнарынан ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ. Ньурба улууһун Малдьаҕар нэһилиэгиттэн элбэх учуонай, үөрэхтээх дьон үүнэн-сайдан тахсыбыттара.

Абаҕам Николай Климович Михайлов (1896-1951 с.с) Бүлүүтээҕи учууталлар семинарияларын үөрэнэн бүтэрбит. Ньурбаҕа үлэлии сылдьан, 1919 сыллаахха Малдьаҕар оскуолатыгар бастакы учууталынан ситиһиилээхтик үлэлээн, элбэх оҕону үөрэппит үтүөлээх. Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы уонна 1922 сыллаахха  Саха Автономиятын олохтоспут дьоннортон биирдэстэрэ буолар. 1926 сыллаахха IV-с Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр съезтэригэр делегатынан талыллан, көхтөөх кыттыыны ылан Уобаластааҕы Хонтуруоллуур хамыыһыйаҕа үлэлээбит. 1931-1951 с.с. Дьокуускай куоракка, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар  сэрии ыар кэмнэригэр, сэрии кэннинээҕи сылларга элбэх дьон күөмчүлэммит бырааптарын көмүскээбитин билиҥҥэ диэри дьон махтанан кэпсиирэ туоһулуур.

Аҕам убайа Антон Михайлов сэриигэ баран, сэрии толоонугар сураҕа суох сүтэн дойдутугар төннүбэтэх.

Ийэм өттүнэн Тимофеевтар бүгүрү үлэһит дьонунан биллэн, күн бүгүҥҥэ диэри нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар олохсуйан дьоһун үлэһит дьон аатын ыла сылдьаллар. Таайдарым Семен, Николай Николаевич Тимофеевтар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ кыттан, кыайыы-хотуу кынаттанан дойдуларыгар төннүбүттэрэ, дьон, норуот туһугар үтүмэн үлэни үлэлээбиттэрэ.

 

Оскуола – производство – үрдүк үөрэх

Ол саҕана, бары билэргит курдук, хомсомуол ыҥырыытынан оскуола кэнниттэн производствоҕа тахсар үгэс баара. Онон оскуола кэнниттэн төрөппүттэрбэр көмөлөһөн, бырааттарым улааталларыгар көмө буолан, бэйэм төрөөбүт сопхуоспар үлэлии хаалбытым. Онно ынах сүөһү пиэрмэтигэр кырдьаҕас дьону, дьахталлары кытта ыанньыксыттаабытым. Ол кэмҥэ хас биирдии ыанньыксыт 18-20-лии ынаҕы илиитинэн ыыра. Күҥҥэ түөртүүтэ раздойдаан, туҥуй бургунастары ыан 2000 лиитирэ үүтү ыабытым. Көрөр ынахтаргын сууйан-тараан, ыраастык тутуохтааххын, отунан, сиилэһинэн, эбии аһылыгынан (комбикорм хааһынан), от дулҕаны сүгэнэн үлтү кырбаан, ону уулаах тимир буочукаҕа буһаран, туустаан бэйэҥ илиигинэн тутан-хабан аһатаҕын. Оччоҕуна ынаҕыҥ элбэх үүтү биэрэр. Ынахтары уулатыы, ынах сааҕын күрдьүү, ону хотон таһыгар таһааран балбаахтааһын барыта ыанньыксыт илиитин үлэтэ буолара. Онон дьиэҕэр үлтү  сылайан кэлэн баран сынньана түһэн ыларгар бириэмэ тиийбэт курдуга. Үлэҥ сылаалаах, таҥаһыҥ-сабыҥ барыта ынах сааҕын сыта. Сарсыарда алтаттан киэһэ 11 чааска диэри үлэлиирим. Бырааттарым утуйа сыттахтарына барарым, үлэлээн кэлэрбэр эмиэ утуйа сытар буолааччылар.

Сопхуоска оннук биир сыл үлэлээн баран 1987 сыллаахха 18 сааспар Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы барбытым.

1987-1989 с.с. Аҕа дойдубар ытык иэспин төлөөн,  олорор дьиэ ыларга диэн 3 сыллаах үлэҕэ дуогабардаһан Камчатскай кыраай Елизово оройуонун Раздольнай бөһүөлэгэр үлэлии хаалбытым. Сүөһү механизированнай пиэрмэтигэр ыанньыксытынан ситиһиилээхтик үлэлээн, ийэм эппит кэс тылын толорон, бырааттарым улааталларыгар төрөппүттэрбэр көмөлөспүтүм. Оччолорго хас биирдии ыанар ынахтан элбэх үүтү ыаһыҥҥа күрэхтэһии буолара. Биир сылга биир ыанар ынахтан 4500-5000 лиитирэттэн элбэх үүтү ыабыт ыанньыксыт «Социалистическай Үлэ Дьоруойа» буолара. Ол кирбиини куоһарбытым диэн билиҥҥэ диэри киэн тутта кэпсиибин.

 

Идэм – оҕо сааһым ыра санаата

Дойдубутугар правовой судаарыстыба, сокуон, бэрээдэк баар буоларын туһугар,  дьон күөмчүлэммит бырааптарын көмүскүүр санааттан оҕо сааспыттан ыра санаа оҥосто сылдьыбыт баҕа санаабын, сыалбын-сорукпун ситиһэн хоту дойдуга – Муома улууһугар  1994 сыллаахтан  Ис дьыала салаатыгар милиционерынан үлэбин саҕалаабытым. Икки сыл үлэлээн баран, 1996 сыллаахха Дьокуускайга кэлэн олохсуйуохпуттан дьоҥҥо көмөлөһөн, сокуон өттүнэн көмүскэллээх буолалларын ситиһэн кэллим.

2005 сыллаахха Санкт-Петербурдааҕы Профсоюзтар гуманитарнай университеттарын Саха сиринээҕи филиалыгар юридическай факультекка үөрэнэ киирэн, 2011 сыллаахха Санкт-Петербурга тиийэн дипломмун ситиһиилээхтик көмүскээн үөрэхпин бүтэрэн, юрист идэтин ылбытым. Дипломум тиэмэтэ билиҥҥи кэмҥэ саамай наадалаах – «Реализация права граждан РФ на оказание бесплатной квалифицированной юридической помощи». Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан, куораттарыттан, нэһилиэктэриттэн кыһалҕаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөн, Ис дьыала уорганнарыгар 27 сыл үлэлээн, дьон интэриэстэрин, бырааптарын көмүскээн кэллим.

2017-2019 с.с. СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕыттан (Ил Түмэн) СӨ Адвокатскай палаататын квалификационнай хамыыһыйатыгар бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитим.

Уопсастыбаннай олоҕум

Ньурба улууһун дьиҥнээх патриота буоларым быһыытынан, Дьокуускай куоракка Ньурба улууһуттан төрүттээхтэр түмсүүлэригэр куруук бииргэ үлэлэһэбин. Ньурба улууһун Бордоҥ нэһилиэгин землячествотыгар элбэх үлэни ыыттым, ол иһигэр сэрии бэтэрээннэрин, огдооболорун эҕэрдэлээһин, кыаммат, элбэх оҕолоохторго, инбэлиит дьоҥҥо көмөлөһүү, араас ыарыынан ыалдьыбыт дьоҥҥо көмөлөһөр аһымал аахсыйаларга кыттыы, ыһыахтарга саха норуотун төрүт спордун көрүҥнэригэр, саха таҥаһын күрэҕэр, саахымакка, бильярдка, остуол тенниһигэр күрэхтэһии тэрийсиитигэр, кыттааһыныгар, айылҕа харыстабылын эйгэтигэр субуотунньуктарга, Марха, Өлүөнэ өрүстэрбит ыраас, көмүскэллээх буолалларын туһугар барытыгар кыттыыны ылан иһэбин.

2017-2018 с.с. СӨ остуол тенниһигэр Федерациятын салайааччытынан үлэлээн, остуол тенниһэ үрдүк таһымҥа тахсарын туһугар элбэх үлэни ыыттыбыт, 2018 сылга аан бастаан Саха сирин остуол тенниһин күүстээх бэтэрээннэрин кытта Улуу Кытай Хэйхэ куоратыгар доҕордоһуу күрэхтэһиитин тэрийэн, кыттыыны ылан, теннисистэр тас дойдуга тахсар кыахтаналларыгар бастакынан аартыгы арыйбыппыт.

2012 сылтан форумнарга төрөөбүт дойдубут айылҕатын харыстыырга, Марха өрүспүтүн көмүскүүргэ элбэхтэ форумнарга суруйан кэллим. Онтон 2018 сылтан араас министиэристибэлэргэ сурук суруйан эппиэттэрин тутуохпуттан, уутун иһэн улааппыт Марха өрүспүт уутун хаачыстыбата киртийэ турарыттан, өрүспүтүн киртитэллэрин тохтотор туһугар, араагынан ыалдьыы элбии турара дьону дьиксиннэрэриттэн дойдум дьонун көмүскүүргэ сананан, 2018 сылтан «Марха өрүс көмүскээччилэрэ» уопсастыбаннай экологическай түмсүү тэринэн үлэлии сылдьабыт. Марха өрүс тула олорор нэһилиэк дьоно миигин салайааччынан таллылар. Дьонум улахан эппиэтинэс сүктэрдилэр, норуотум, кэнчээри ыччаппыт туһугар күүстээх үлэ саҕаланна. 2019 с. Ньурбатааҕы ХБК фабрикатыгар уопсастыбаннай хонтуруол чэрчитинэн Накыын карьерын бэрэбиэркэлээтибит, уу анаалыһын ыларга “АЛРОСА” хампаанньатын экологтарын, Ньурбатааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрин кытары бииргэ сылдьыстыбыт. 2018 сылга Айсен Сергеевич Николаев СӨ Ил Дарханын дуоһунаһыгар киирээт, биир бастакынан «Об экологическом благополучии» Ыйааҕы таһаарбыта  экология туһугар үлэбитигэр төһүү күүс буолар. Марха өрүспүтүн көмүскүүр сыалтан араас хаһыаттарга, сайтарга, социальнай ситимҥэ элбэх ыстатыйалары, уу анаалыстарын көрдөрүүтүн, үлэбит туһунан суруйан, баар балаһыанньаны дьиҥнээхтик иһитиннэрэн биир дойдулаахтарбыт сэҥээриилэрин ыллыбыт, түмэр сыаллаах элбэх былаан ылынан үлэлии сылдьабыт. Быйыл Маалыкай, Марха кусталарын нэһилиэктэрэ бары ыраас ууну иһэллэрин ситистибит.

Түгэнинэн туһанан, «Марха өрүс көмүскээччилэрэ» түмсүү көхтөөх чилиэннэригэр улахан махталбын тиэрдэбин.

Ойуур баһаардарын туһунан санааларым

Быйыл хаһааҥҥытааҕар да кураан сайын буолла, төһө да күүстээх үлэ ыытыллыбытын үрдүнэн, ойуур баһаардара билигин да тохтуу иликтэр. Мантан салгыы баһаары утары охсуһууга тус санааларбын үллэстиэхпин баҕарабын.

Сааскы-күһүҥҥү өртөөһүнү тыа сирдэригэр сокуонунан көҥүллүөххэ.

“Якутлесресурс” уонна “Авиалесоохрана” тэрилтэлэр үлэһиттэрин ахсаанын элбэтиэххэ.

 Улуустарга анал тиэхиньикэнэн  “Якутлесресурс” уонна “Авиалесоохрана” тэрилтэлэри хааччыйыахха.

Ойуур хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үбүлээһини элбэтэр ньымалары тобулуохха.

Өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэбит эдэр дьоммутун үөрэх кыһаларыгар үөрэтэн үрдүк категориялаах инструктордары, десантниктары уонна парашютистары бэлэмниэхтээхпит.

Уһуйаан, оскуола саҕаттан экологическай култуура уруоктарын ыытан тулалыыр эйгэни харыстыырга дириҥник үөрэтэри ситиһиэхтээхпит.

Сир баайын хостуур, айылҕаны буортулуур тэрилтэлэртэн лицензияларын былдьыыр уонна айылҕаҕа хоромньу таһаардахтарына улахан ыстараап төлүүллэрин туһугар норуот дьокутааттара күүскэ үлэлэһиэхтээхтэр.

 Уопсастыбаннай хонтуруол күүһүрүөхтээх, судаарыстыба өттүттэн уопсастыбаннай экологтарга уонна уопсастыбаннай экология тэрилтэлэригэр, түмсүүлэригэр улахан болҕомто уонна көмө баар буолуохтаах.

Улуус уонна нэһилиэк баһылыктара бэйэлэрин территорияларыгар хаһаайынныы сыһыаннаһан, нэһилиэк тула минерализованнай балаһалары тыраахтарынан кэҥэтэн хастаралларын ситиһиэхтээхтэр.

 Улууска, нэһилиэккэ баһаар турбатаҕын ситиспит түмсүүлээх нэһилиэктэргэ, улуустарга судаарыстыба өттүттэн күүстээх өйөбүл оҥорон саҥа кулууптары, оскуолалары, спортивнай саалалары тутталларыгар булгуччу көмө, өйөбүл баар буолуохтаах.

Баҕа өттүнэн хамсааһыны нэһилиэктэргэ, куораттарга, улуустарга, өрөспүүбүлүкэҕэ сокуон чэрчитинэн күүһүрдүөхтээхпит.

 

От ыйын 9 күнүгэр "Марха өрүс көмүскээччилэрэ" түмсүү Дьокуускай куорат уопсастыбанньыктарын, Ил Түмэн дьокутааттарын, СӨ бырабыыталыстыбатын, Дьокуускай куорат Дууматын, Уопсастыбаннай палаата чилиэннэрин, суруналыыстары, блогердары, улуустар землячестволарын көҕүлээччилэрин, улуустар бэрэстэбиитэллэрин, бары тэрилтэ үлэһиттэрин кытта көрсөн Горнай, Хаҥалас уонна да атын улуустарга улахан ойуур баһаардара турбуттарынан, Бүлүү федеральнай суол кылгас кэмҥэ сабылла сылдьыбытынан сибээстээн бары хомуллан, сомоҕолоһон,  Ийэ сирбитин ойуур баһаардарыттан быыһыахха диэн бачыым көтөхпүппүт.

Ол курдук, от ыйын 10 күнүгэр "Марха өрүс көмүскээччилэрэ" түмсүү биир бастакынан Дьокуускайтан 178 биэрэстэлээх Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгин сиригэр бэйэбит тиэхиньикэбитинэн баран, ойууру харабыллыыр авиация үлэһиттэригэр баһаары умуруорарга көмөлөспүппүт.

Ойуур баһаарын утары үлэҕэ 4 этиибин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир гражданскай уопсастыба сайдарыгар уонна киһи быраабын көмүскүүр Сүбэҕэ суругунан киллэрдим.

Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, уопсастыбанньыктара Сахабыт сирин айылҕатын, тулалыыр эйгэбитин  харыстыаххайыҥ, өрүстэрбитин көмүскээн кэнчээри ыччаппытыгар ыраас салгыны, кэрэ айылҕаны, ыраас өрүстэрбитин хаалларар туһугар турунуоххайыҥ диэн ыҥырабын.

Дьиэ кэргэним

Олоҕум аргыһа – Екатерина Романовна Михайлова, икки үрдүк үөрэхтээх, биирэ терапевт-быраас, иккиһэ – экономист-бухгалтер. Билигин иккис идэтинэн тэрилтэҕэ бухгалтердыыр. Икки оҕолоохпут. Уолбут Родион үөрэҕин бүтэрдэҕинэ идэтинэн юрист буолар санаалаах. Кыыспыт Кристина Дьокуускай куорат оскуолатыгар ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар.

Биллэн турар, ханнык баҕарар күрэҕи иилээн-саҕалаан ыытарга элбэх күүс-уох, бириэмэ ирдэнэр. Кэргэммэр араас таһымнаах күрэхтэри тэрийэрбэр, үгүс уопсастыбаннай үлэбэр күүс-көмө, сүбэ-ама, өйөбүл буола сылдьарыгар улаханнык махтанабын.

Иллэҥ кэммэр даачабар үлэлиирбин, араас историческай, политическай кинигэлэри, хаһыаттары, сурунааллары ааҕарбын, сэриилээх, детективнэй киинэлэри көрөрбүн сөбүлүүбүн. Ону тэҥэ кыралаан хаһыаттарга ыстатыйалары суруйабын, саахыматтыыбын, теннистиибин. Дьиэ кэргэнинэн айанныырбытын сөбүлүүбүт, ол курдук Абый улууһун Кэбэргэнэ Майыарыгар, Төрүт күөлгэ, Азия дойдуларыгар, Крымҥа, Ялтаҕа, Кавказка, Москваҕа, Санкт-Петербурга, Владивостокка, Петропавловск-Камчатскайга, уо.д.а. куораттарга сылдьыбыппыт.

Түмүкпэр, орто омурҕаммын ааспыт киһи буоларым быһыытынан, дьиэ кэргэним, бииргэ төрөөбүттэрим, аймахтарым, доҕотторум, биир дойдулаахтарым, Саха сирин олохтоохторо бары ыраас айылҕаҕа олорон чэгиэн-чэбдик, чөл олохтоох, доруобай буолалларыгар баҕа санаабын тиэрдэбин. Айылҕалыын алтыһан, ийэ сирбитин харахпыт харатын курдук харыстаан, мас, үүнээйи олордон, кэнчээри ыччаппытыгар хаалларарга дьулуһуохтаахпыт, туруулаһыахтаахпыт. Хас биирдии киһи талан ылбыт идэтинэн үлэлээн, чөл олохтонон, спордунан дьарыктанан эт-сиин өттүнэн чэгиэн буоларыгар, сөбүлүүр дьарык булан, Сахабыт сирэ, Арассыыйа сайдарыгар сэмэй кылааппытын киллэриэхтээхпит диэн бигэ санаалаахпын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...