14.01.2022 | 20:54

Люба Готовцева: «Киһи биир сиргэ тэпсэҥнии туруо суохтаах»

Люба Готовцева:  «Киһи биир сиргэ тэпсэҥнии туруо суохтаах»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Киһи олорорун тухары төһөлөөх элбэх киһини кытта билсэрэ, алтыһан ааһара буолуой?! Оттон суруналыыс буоллаххына, өссө элбэх киһини кытта көрсөҕүн, кэпсэтэҕин. Олоххор алтыспыт дьоҥҥун аны туран барыларын кытта сибээс туппаккын, ол эрэн искэр киллэрэн, олус үчүгэйдик саныы сылдьаҕын.

Мин Любалыын, таптаан ааттыырбынан Любушкалыын, 2000 сыллар саҥаларыгар билсибитим. Онтон ыла хайдах эрэ кинини интэриэһиргии, сонургуу, киэн тутта көрөбүн, ардыгар сураһа да сылдьабын. Онтон кини төрөппүттэрин, дьонун-сэргэтин өссө ол инниттэн билэбин.

Онон бүгүн, Бэчээт күнүнэн, кэпсэтэр, сэлэһэр киһим өрөспүүбүлүкэбит дьоно олуһун билэр, кэрэхсиир биир мааны кыыспыт, суруналыыс идэлээх Люба Готовцева буолар.

— Люба, бастатан туран, “Үрдэл” музыкальнай бириэмийэҕэ Анастасия Готовцева “Оһох уота” диэн ырыатыгар “Бастыҥ клип” анал аат ылбыккынан эҕэрдэлиибин. Клип устуута төһө ыараханый, кылгас кэм, аҕыйах мүнүүтэ иһигэр бүтүн олоҕу киинэ курдук көрдөрөн ааһаҕыт. Ол туһунан кэпсиэҥ дуо?

“Оһох уота” диэн клиби сайын мин дойдубар, Уус Алдан Баатаҕайыгар устубуппут. Дьиҥэр, мин сайын үлэлээччим суох, дойдубар сытабын, сынньанабын. Настя клип сакаастаан эрийбитигэр, куоракка сатаан кэлбэппин диэн аккаастаабытым, онуоха Настя оччоҕо мин Баатаҕайга тиийэбин дуо диэбитэ. Онуоха сөбүлэспитим, бэйэтэ эмиэ Баатаҕайтан төрүттээх буоллаҕа. Устар уолбун Толяны ыҥыран ылбытым.

Настя дьоно Сылаат диэн сайылыктаахтар, онно икки күн сытан устубуппут. Күҥҥэ хаста да ас тардан, сүрдээх үчүгэйдик дьаһанан үлэлээбиппит. Наһаа итии күннэр турбуттара, аны туран буруо, баһаар. Мин толкуйбунан, хайаан да күөх халлаан баар буолуохтаах этэ, оҕолор олбуор үрдүгэр олорон, күнү өстүөкүлэ нөҥүө көрөллөрүн курдук эҥин. Онтубут барыта буруо. Биһиги дьэ дойдубут иччилэриттэн, сиртэн-уоттан көрдөһөн-ааттаһан, ол күн күммүт тахсан кэлбитэ, устан бүтээппитин кэннэ эмиэ буруоланан барбыта.

Уопсайынан, биһиги клиптары үксүгэр таһырдьа устар буоламмыт, халлаан туругуттан наһаа тутулуктаах, онон сиэри-туому тутуһан, сири-уоту аһатан, иччилэртэн көрдөһөр идэлээхпит.

Оҕолору кытта үлэлиир ыарахан буолар, албыннаһан, албыннаан, тугу эрэ толкуйдаан, хастыы да устууттан сылайан хаалаллар. Настя сиэнэ Алиса сүрүн оруолга оонньообута. Камераттан эҥин куттаммат, хата күлүмэҥҥэ, оҥоойуга эҥин кыһаммат киһи буолан үөрдүбүтэ. Аны туран, ип-итиигэ оһохпутун отун да отун буолабыт. Куруук умайа туруон наада, алаадьы астаа да астаа. Ону ол диэбэккэ дьон бары үөрэ-көтө уһуллубуттара. Дэриэбинэм дьоно олус көмөлөспүттэрэ. Аҕа оруолугар быраатым Александр Белолюбскай сөбүлэспитэ, оруолун үчүгэйдик толорбута. Аҕа сирэйэ көстүбэт гына, хас биирдии киһи бу клибы көрө олорон бэйэтин аҕатын сирэйин оҥорон көрөрүн курдук хомуур уобарас эрэ курдук көрдөрбүтүм. Ийэҕэ наһаа элбэх ырыа-хоһоон ананар, аҕаҕа онно холоотоххо аҕыйах. Ол иһин бу тиэмэ, аҕа уобараһа, мин санаабар, дьону ордук таарыйда быһыылаах. Аны былыргы матасыыкылы биир ыалтан нэһиилэ булбуппут, онтубутун үс чааһы быһа собуоттаабыппыт быһыылааҕа, көтөр камераҕа уһуллан баран, бүппүтэ, турунан кэбиспитэ. Сөп буоллум диэбит курдук. Хата онтубут каадырга киирбитэ. Бу клип уһуллуутугар кыттыбыт дьоҥҥо, олохтоох дьаһалта салалтатыгар барыларыгар махтанабын. Бу кыайыы, клип уһуллуута барыта хамаанда үлэтэ буоллаҕа.

— “Кэргэммэр” диэн Кылаан Кындыл ырыатыгар клип киһини уйадытар, хас көрдөҕүм аайы хараҕым ууланар да диэххэ сөп. Дьэ, ити клип айыытыгар, туруоруутугар төһө өр кэм барбытай, ис хоһоонун хайдах толкуйдуугунуй?

- Бастаан ырыаһыттартан тылын уонна матыыбын көрдүүбүн уонна бэйэбэр иҥэринэбин, онтон сылдьабын, толкуйдуубун, ол кэннэ төбөбөр хартыына тиийэн кэлэр. Көннөрү дьиэбэр үлэлии, холобур, иһит сууйа сырыттахпына эҥин. Саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сценарий хартыыната көстө түһэр, хас биирдии хамсаныытыгар тиийэ уруһуйданан, ким эрэ бэлэмнээн биэрэрин курдук. Ити клибы толкуйдуурбар Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар  дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэ олук буолбута. Кулуба, кыыһын быыһаары, НКВД үлэһиттэрэ кэлбиттэригэр оҕотун хамначчыт курдук таҥыннаран баран, хамначчыт уолугар туттарар. Ол уолу бэйэтэ наһаа үчүгэйдик, атаҕастаабакка ииппит, ол иһин уол киниэхэ олус бэриниилээх эбит. Кыыспын үчүгэйдик харайаар, көрөөр-истээр диэн баран хаайыыга барар уонна сүтэр, кэлбэт. Кыыс үөрэхтээх, ааҕар-суруйар, сүрдээх кыраһыабай эбит. Ол да буоллар кэргэн кэпсэтэ кэлэр баайдары, бааһынайдары сирэн, син биир хамначчыт уолугар кэргэн тахсан, төрдү-ууһу тэнитэр. Ити ырыа тиэмэтигэр итинник клип толкуйдаабытым, биллэн турар, бэйэбиттэн уларытан-тэлэритэн. Үс Хатыҥҥа ампаардаах сир баар, онно тиийэн биир күн иһигэр устубуппут.

Эрдэттэн туох наадатын испииһэктиибин, харах уутугар тиийэ барытын атыылаһаҕыт диэн этэбин, оттон атынын, таҥаһын-сабын, реквизиттэри бэйэм булабын, артыыстары кытта кэпсэтэбин уонна хайдах уһулларын этэбин. Муоматтан төрүттээх Анатолий Хадов диэн сүрдээх талааннаах, күүстээх айылҕалаах уолу кытта тапсаммыт иккиэн тандем буолан үлэлии сылдьабыт. Мин тугу көрөрбүн кини төбөтүгэр эмиэ тута оннук көрөр. Онон  кини устубутун киһи тугу да уларыппат, оннук барар. Холобур, атын дьону кытта сатаан үлэлээбэппин, олох атыннык оҥорон таһаараллар, онон, мин санаабар, бэйэҥ аҥааргын үлэ өттүгэр булар диэн бу дьол, табыллыы буолар. Миэхэ хараххар тугу көрөргүн тылгынан кэпсээ диир. Биһиги остуоруйа жанрыгар үлэлиибит. Онон сороҕор киһи үөйбэтэх, фантастика эйгэтиттэн да хартыыналар элбэхтэр, ону оруобуна оҥорон таһаарар. Онон ити уолбун наһаа сыаналыыбын уонна харыстыыбын.

— Эн эргиччи айар дьоҕурдаах киһигин. Суруналыыскын, суруйааччыгын, хоһоон айаҕын, клип устаҕын, шоулары тэрийэҕин, ыллыыгын, хаартыскаҕа түһэрэҕин, аны туран, ааспыт сылга “Дьол тааһа” диэн сериалга уһулуннуҥ. Өссө туох кистэлэҥ талааннааххыный, билигин тугунан дьарыктанаҕын?

- Бу олоххо кэлэн баран тугу баҕарар оҥоруохха наада диир киһибин. Баҕар гороскобум Игирэлэр буолан буолуо. Ыллааһынтан саҕалаан, тугунан барытынан дьарыктанабын. Чиэһинэйдик эттэххэ, билигин ыллыахпын баҕарбаппын. Киһи биир сиргэ тэпсэҥнии туруо суохтаах, сайдан иһиэхтээх, илии-атах, сиэл-кутурук үүннэриниэхтээх. Хаартыскаҕа түһэрэрбин сөбүлүүбүн. Сааһырдахпына онон дьарыктанарым буолуо диибин. Бу олоххо саамай таптыырым айылҕа. Онно сырыттахпына эрэ күүс-уох, санаа-оноо ылабын, сылын аайы үс ый устата дойдубар Баатаҕайга барабын уонна үс ыйы быһа онно сытабын. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тыаҕа соҕотоҕун сылдьабын, ойон тураат үлэлээх киһи курдук барабын. Ол сылдьан ону-маны барытын толкуйдуубун, туох да атын үлэ, дьиэ-уот кыһалҕата төбөҕүн сынньыбат. Оннук сырыттаххына, айылҕа кистэлэҥин барытын көрдөрөр эбит, ол кэнниттэн туох эрэ дьикти эниэргийэ уонна күүс ылаҕын. Онтуҥ барыта толору идея буолар, онтугун сүкпүтүнэн куоракка кэлэҕин уонна, дьэ, арааһынайы барытын айаҕын. Ураты, тыыппалаах идея билигин сүрдээх үчүгэйдик атыыланар. Кими да үтүктүбэккэ, бэйэҥ айан таһаарбыт идеяҥ былдьаһыкка барар. Ол иһин буолуо баҕар, сакаас наһаа элбэх. Оннук ситиһиигэ киһи мээнэ кэлбэт. Элбэҕи үлэлиэххин наада, маныаха мин элбэх суолу-ииһи, элбэх сыыһаны ааһан, харчы да сүтэрэн хайаан, кэлин уопутуран, атахпар бигэтик турдаҕым. Аны көрөөччү уйулҕатын, дьон тугу көрүөн баҕарарын эмиэ билиэххэ, учуоттуохха наада.

Отунан-маһынан дьарыктаммытым уонтан тахса сыл буолла. Эбэбиттэн, ийэбиттэн утумнаан кэллэҕэ буолуо. Пандемия кэмигэр дьону кытта бу дьарыкпын үллэстииһикпин диэн, сайын онлайн-марафон курдук ыытан, дьону үөрэтэбин – оту-маһы сөпкө туттарга, харайарга видеонан көрдөрө-көрдөрө быһаарабын. Дьон олус биһириир, сайыны быһа тэҥҥэ хомуйсаллар. Ол туһунан инстаграмм сирэйбэр билиһиннэрээччибин.

— Сериалга уһуллубутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо, киинэҥ “ийэтигэр” Домна Уйгуроваҕа олус майгынныыр этиҥ.

Ити сериалга Домна Уйгуроваҕа майгынныыгын диэн ыҥырбыттара. Дьиҥэр, камераҕа уһулларбын сөбүлээбэппин, сатаан артыыстаабаппын, тоҥуй соҕуспун, кыбыстабын эҥин. Артыыстыыр киһи син биир талааннаах буолуохтаах буоллаҕа, мин курдук кулук-халык тутта олорбокко. Ол иһин акккаастана сатаабытым, уһуллуохтааҕар бэйэм уһуларбын сөбүлүүбүн, ону көрдөһөн-ааттаһан, хайаан да кытын, наһаа майгынныыгын диэн, уонна кэргэним үлэлиир тэрилтэтэ буолан сөбүлэҥмин биэрбитим. Аны ыҥырбаккыт, биирдэ эрэ уһуллабын, улахан тыла суох кыракый оруол диэн. Онтон арай сценарийбыт кэҥээн-уһаан барда, өссө ыҥыр да ыҥыр, аны кыратык саҥараҕын диэн буолла. Кэлин тиһэҕэр син хас да эпизодка уһуллубутум, саҥаран эҥин киирэн бардым быһыылаах этэ. Ол да буоллар киинэҕэ уһуллуу чопчу миэнэ буолбатах эбит дии санаабытым.

— “Оһох уота” диэн ырыа клибыгар Анастасия Готовцева аҕатын, оҕо сааһын туһунан көрдөрүллэр. Итинэн сиэттэрэн эн бэйэҥ аҕаҥ Игнат Петрович туһунан кэпсиэҥ дуо? Кини эмиэ эргиччи талааннаах, нэһилиэк баһылыга, дэгиттэр спортсмен, ырыаһыт бэрдэ этэ диэн билэбин.

Аҕам улууска биллэр киһи этэ, нэһилиэгэр 20-чэ сыл баһылыгынан үлэлээбитэ, ол тухары дьон тала турар этэ. Айылҕаттан талааннаах, эдэриттэн дэгиттэр спортсмен. Кини кыайыыларын киһи ааҕан сиппэт, грамоталара саһаан курдук сааһыланан турар буолааччы, мэтээлэ баппат элбэх, кубок үөһэ кубок. Улуус саамай күүстээх киһитэ эҥин диэн биллэрэ. Ол да буоллар күүһүн хаһан да көрдөрбөт, кистэнэр этэ, былыргы сахалардыы сэмэй буоллаҕа. Арай биир түгэни кэпсиэм. Кэргэним аан бастаан күтүөттүү кэлбитигэр кинини үтэн-анньан көрбүтэ. Тохсунньу тымныытыгар, киһи тумаҥҥа чачайар сатаан да тыыммат дьыбардаах күнүгэр ойбоҥҥо уу баһа бардыбыт диэтэ. Салааскаҕа улахан бүтүөнү уурбут, онно кэргэним уу баһан аҕалыахтаах. Ойбонтон дьиэбитигэр үрдүк баҕайы сыыры тахсаҕын. Максим тиийэн уу баһан хадьыктаһан, соһон-сыһан сыыры тахсан истэҕинэ, арай аҕам икки илиитигэр биирдии бүтүөннээх аттынан сыыры сүүрэн тахсыбыт. Дьэ онно аҕабын улаханнык сөхпүт этэ.

Ону таһынан дьону сөхтөрбүтэ да элбэх этэ. Көтөҕөн аҕалбыт тааһа сытар, билигин даҕаны ким да өндөтө илик. Баһылык быһыытынан дэриэбинэтигэр олус элбэҕи оҥорбута, хочуолунай, оҕо уһуйаана тутуутуттан саҕалаан, уу-хаар, сылаас киириитэ, суол оҥотторуута. Уопсайынан, салайааччы быһыытынан, дьону кытта сатаан кэпсэтэр буолан, элбэҕи ситиспитэ. Ол курдук аата-суола, регалията элбэх, ситиһиитин киһи кыайан ааҕан сиппэт. Киһи быһыытынан биһиэхэ олус сымнаҕас, миэхэ кыыһырбытын, куолаһын соноппутун өйдөөбөппүн, наһаа киэҥ көҕүстээх, куруук күлэ-үөрэ, дьээбэлэнэ сылдьар, айылҕалаах, сүүс сылга биирдэ төрүүр киһи диэн итинник дьону ааттаан эрдэхтэрэ. Атаһа-доҕоро наһаа элбэх этэ. Дьонтон ылбакка, наар дьоҥҥо эниэргийэ биэрэ, көмөлөһө сылдьара, итинник дьон сэдэхтик көстөн ааһаллар диэн билигин олорон сыаналыыбын.

— Дойдумсах диэн киһи туһунан буолар быһыылаах. Мин төрөөбүт дэриэбинэбэр сылдьыбатахпына, сайылаабатахпына, ыалдьан да барыахпын сөп курдук. Эн эмиэ дойдумсаххын истэн соһуйдум. Хайдах эрэ Люба сайын омук сирдэринэн, соҕуруунан күүлэйдиирэ буолуо дии санаабытым.

Дьэ, суох, доҕор. Дойдубар үс ый лигиччи баран сытабын. Мөлүйүөннээх да контрагы, дуогабары эттиннэр, аккаастанабын, тоҕо диэтэххэ саха сайына кылгас, онтубун хас биирдии мүнүүтэтин дэриэбинэҕэ эрэ атаарарбын сөбүлүүбүн. Оҕолорбун эмиэ оннук илдьэ сылдьабын, үлэҕэ үөрэтэбин. Куорат оҕото син биир хара үлэни, тыа олоҕун билиэхтээх, айылҕаны кытта алтыһыахтаах. Улаатан баран түүллэригэр монитор сирэйин буолбакка, дэриэбинэни, эбэлэрин, эһэлэрин дьиэтин, тыаны, ойууру көрүөхтэрин баҕарабын. Уонна оҕо көҥүл сылдьарга үөрэнэр. Куорат курдук хас светофортан, ыттан-кустан, куһаҕан дьонтон куттаммакка, хас атылын хонтуруоллата сылдьыбакка. Дэриэбинэҕэ хайдах да сырыт, бэйэтин хонтуруоллана үөрэнэр, арааһы барытын көҕүлүүр, сайдар, ону ситиһэ сатыыбын. Ону таһынан киэҥ эйгэни кытта билсэр буоллаҕа, этэргэ дылы, амтаһыйан, сытырҕаан, тутан-хабан көрөн, айылҕаны кытта тыыннаахтыы билсэр. Куоракка суоҕу элбэҕи билэр. Бэйэм, үөһэ этэн аһарбытын курдук, ойон тураат тыаҕа барабын, дьонум бары онно кыһамматтар, үөрэммиттэр, сир астыыбын, от-мас хомуйабын, айылҕалыын алтыһабын. Онтон атын сайыны оҥорон көрбөппүн.

— Сахалар үҥэр-сүктэр кыылбытын – сылгыны, дьөһөгөй оҕотун ытыктыыргын, сөбүлүүргүн хаартыскаларгыттан көрөбүн...

Сылгылары кытта мин наһаа тапсабын, туох эрэ аптаах курдук сибээстээхпит. Миигин кытта биирдэ эмит сиргэ барар дьон дьиибэргээччилэр, алааска таҕыстаххына сылгылар туох эрэ курдук эйиэхэ сүүрэн кэлэллэр диэн. Тоҕо куоппаккыный, куттаммаккыный дииллэр. Кырдьык, тула өттүбүттэн төгүрүччү сүүрэн кэлэллэр, дьон куотан хаалааччылар. Имэрийэбин, сиэппэр астаах буоллахпына, килиэп эҥин биэрэбин, хаартыскаҕа түһэрэбин, кэпсэтэбит диэбит курдук. Ол иһин ити түбэстим да түһэрэ сылдьабын. Дьон сэргээбит хаартыскатынан алта муус маҥан альбинос сылгыны түһэрбитим буолар, ойуурга, хаарга туралларын, бары биэлэр. Тыбыс тымныыттан кырыарбыттар, кырдьык да олус кыраһыабай хартыына, көстүү этэ, киһи итинниккэ мээнэ түбэспэт. Остуоруйа аттарын курдук тыаттан, хаар-муус быыһыттан муус маҥан алта дьөһөгөй тахсан кэлбиттэрэ. Францияттан дьон сакаастаабыттара, Арассыыйа туһунан кинигэҕэ таһаарбыттар үһү, ол кинигэни булбатаҕым.

— Кэргэҥҥинээн Максим Березинныын иккиэн суруналыыстаргыт, айар үлэһиттэргит. Хайа-хайаҕыт, этэргэ дылы, бииртэн-биир саҥа сүүрээннэри, идеялары толкуйдуугут, айаҕыт-тутаҕыт. Дьиэ кэргэниҥ, оҕолоруҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

Иккиэн айар үлэһиттэр буоламмыт тапсабыт. Тута тыл аҥаарыттан өйдөһөбүт, туох идея киирбитинэн бэйэ-бэйэбитин толорсон биэрэбит. Бастакынан кэргэммэр кэпсиибин, иккиэн ырытабыт, сүбэлэһэбит, онтон дьэ киэҥ араҥаҕа таһаарабыт. Аттыгар итинник өйдүүр киһи баара наһаа үчүгэй.

Икки оҕолоохпут, кыыспыт Туйаана 4-с кылааска үөрэнэр, уолбут Эрхан быйыл 10 кылаас. Туйаана кыракый бизнестээх, көтөрдөр, чыычаахтар түүлэрин хомуйан инстаграмҥа атыылыыр. Аукцион оҥорор. Бастаан атыылыырыгар биир түүтэ 10 эҥин солкуобай этэ, билигин 1000-1500 солкуобай. Тыйаатырдар көстүүм эҥин оҥороллоругар атыылаһаллар. Көтөрдөр тустарынан дакылаат бөҕөтө суруйбута, оскуолатыгар иккис миэстэ буолбута,  өрөспүүбүлүкэҕэ алта бастыҥ иһигэр киирбитэ. Уолбут волейболлуур, аныгы оҕолор курдук компьютерынан дьарыктанар. 

— Саҥа сылга саҥардыы үктэннибит, саҥа дьылы ханна, хайдах ыллыгыт, дьиэ кэргэн туох үгэстээххитий?

Саҥа дьылы буоларын курдук дьиэбитигэр ыллыбыт. Наар үлэлиир буоламмыт, ханна да сатаан барбаппыт. Быйыл да онтон туора турбатыбыт, реклама бөҕөтүн уһуллубут, билигин да уста сылдьабыт. Ол кэннэ дьэ үлэ арыый үмүрүйбүтүн кэннэ ханна эрэ муораҕа барааччыбыт эбэтэр үгэс быһыытынан дьоммутугар дэриэбинэҕэ тахсабыт.

— Хайдах хаһаайкаҕыный, ийэҕиний, кэргэҥҥиний?

Бэйэбин наһаа хайҕамматарбын да, төһө кыалларынан дьиэбин-уоппун көрө-харайа сатыыбын. Сорох дьахталлар дьиэҥ ыһыллаҕас буоллаҕына төбөҥ иһэ эмиэ ыһыллаҕас дииллэр дии, мин эмиэ хомуннахпына биирдэ төбөбөр бэрээдэктэнэбин, онон наар хомуна сатыыбын. Ийэ быһыытынан эбээһинэспин толоробун, “күн күөрэйдин, хаҥ хаарайдын”, сэрии да буоллун күҥҥэ хайаан да иккитэ ас астыыбын, күнүскү уонна киэһээҥҥи аһылыгы. Оҕолорум, кэргэним бары дьиэҕэ эрэ аһыыллар, эбиэттэригэр хайаан да кэлэллэр. Оҕолорбун кытта хаһыытаабакка-ыһыытаабакка, мөхпөккө-эппэккэ кэпсэтэ сатыыбын. Үлүбээй үрдүттэн буруйдуу охсон мөҕүү-этии биһиэхэ суох. Улахан дьон курдук кэпсэтэбит, быһааран, быһаарсан, оҕону кытта куруук кэпсэтэ сылдьыахха наада.

— Кэргэҥҥинээн Максимныын билсибиккит туһунан кэпсиэҥ дуо?

Максимы кытта быыбарга үлэлии, ырыаһыттыы сылдьан билсибиппит. Тумусов бэрэсидьиэҥҥэ турар кэмэ этэ. Киниэхэ үлэлээбиппит. Онно биһигини эдэрдэр бөлөхтөрүгэр укпуттара. Барыта 18-таах оҕолор этэ, арай биһиги эрэ кырдьаҕастарбыт, 20-бититтэн тахсыбыт дьоммут. Иккиэн эт саастыылар түбэһэн хаалбыппыт, тута  тапсыбыппыт, хайдах эрэ наһаа үчүгэйдик ухаасыбайдыыр, таҥаспын тутар, сүгэр-көтөҕөр, остолобуойга аһылык, оптуобуска миэстэ уурбут буолааччы. Онно болҕомтобун хатаабытым. Атыттар бары миэхэ көннөрү эдьиий, балыс курдук сыһыаннаһаллар этэ. Онно хайдах эрэ уратытык, этэргэ дылы, “дама” курдук сананан киниэхэ тардыспытым, онтон билсэн, сыл буолан баран бииргэ олорбуппут, уолламмыппыт. Уолбут Эрхан 17 сааһын туолар.

— Ыал буолан олорууга, өйдөһүүгэ саамай кылаабынайа туох дии саныыгын.

Ыал буолан олорууга саамай сүрүнэ диэн өйдөһүү, бэйэ-бэйэни убаастаһыы. Холобур, эр киһитэ да суох олоруом дииллэр гынан баран, дьиэ иһигэр дьахтар төһө даҕаны аһы-үөлү, дьиэни-уоту дьаһайбытын иһин, дьиэ тас өттүн син биир эр киһи дьаһайар. Кини айылҕаттан эниэргийэтэ, кыаҕа, сүгэрэ-көтөҕөрө элбэх, хардыыта киэҥ, онон көмүскээччи буолар, кини суох буолан хааллаҕына тирииҥ аһыллар, барытыттан куттана сылдьаҕын, тугу да кыаммат курдук буолан хаалаҕын.

Мин наһаа атаах кэргэммин, тугу да гыммаппын, халлааҥҥа көтө сылдьар айар куттаах киһибин. Дьиэ төлөбүрэ хайдах төлөнөрүн, уот хайдах ааҕылларын да билбэппин, нолуок эҥин хайдах төлөнөрүгэр төбөбүн сыспаппын. Ити чааһын барытын кэргэним дьаһайар, оҕолору таһыыга тиийэ, мин дьиэ иһигэр хаһаайкабын, оҕолору иитэбин, ийэ быһыытынан сылдьабын. Уруок ааҕыытын хонтуруоллуубун, таҥас-сап, ас-үөл, кыраһыабай көстүү, дьиэ ис бараана. Итинник эр киһи уонна дьахтар диэн долбуурунан наардаан ууруохха баар эбит, уонна оҕолору кытта наар бииргэ сылдьыахха наада, дэриэбинэҕэ, айылҕаҕа, сир астааһына буоллун, омук сиригэр буоллун. Ити дьиэ кэргэни наһаа чугаһатар.

Ыһыытаспакка-хаһыытаспакка, холкутук, этиһэр да буоллахха, ыарахан тыллары саҥарсыбакка олоруохха. Тыл диэн наһаа күүстээх буоллаҕа, мин бэйэм сахалыы ыараханнык саҥарыахпын сөп, ол иһин тылбын чугас дьоммор наар кыатана сатыыбын. Ол кэриэтин саҥата суох сылдьабын.

Кыра да бырааһынньыктары үгэс курдук бэлиэтиэххэ наада. Омук киэнэ эҥин диэн араарбакка. Холобур Сибэтиэй Балантыын күнэ, мин санаабар, таптыыр киһигэр болҕомто ууруу, өссө биирдэ бииргэ буолуу албаһа да диэххэ сөп. Билигин уопсайынан тыыннаах кэпсэтии, киһи киһиэхэ болҕомтото тиийбэт буолла.

Бары дьоллоох буолуҥ, ыарахан кэмнэр, ыарыы аастыннар, бэйэ-бэйэни өйөһүөххэ, хас биирдии күнү сыаналыахха, олох диэн эмискэ быстан хаалыан сөп эбит. Бу соторутааҕыта бэйэбинэн биллим, чугас киһибин сүтэрэ сыстым. Чугас дьоҥҥутун харыстааҥ, олох наһаа түргэнник элэс гынан хаалар, онон киһи үчүгэйдик олоруохтаах, дьону кытта сылаас сыһыаннаах буолуохха, кимиэхэ да өстүйбэккэ, ымсыырбакка, кими да эрэйдээбэккэ, биир ортотун тутуһан холкутук сылдьыахха наада быһыылаах. Бэйэҥ сөбүлүүр дьыалаҕынан дьарыктанан сылдьыы, олоруу, сөптөөх суолун буллаҕына, толору дьоллоноҕун. Оҥорор түмүктэргиттэн искэр үөрэ сылдьыы, туох эрэ үчүгэйи оҥоруу киһиэхэ наһаа наада. Мин билигин остуоруйа оҥорорбуттан наһаа астынабын, дуоһуйабын, түмүктэрбиттэн үөрэбин. Ону бар дьоммор баҕарабын.

— Люба, истиҥ кэпсээҥҥэр махтал, талааныҥ өссө арыллан истин, дьону, көрөөччүлэри үөрдэ тур, баҕа санааҥ барыта туолуохтун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....